Прокопьева Мария Алексеевна 100 саастаах үбүлүөйэ

Төрөппүттэрбит – холобур буолар дьон
Биһиги ийэбит Прокопьева Мария Алексеевна 1921 сыл от ыйын 1 күнүгэр «Силээн» сиригэр «Бэс балаҕан» диэн өтөххө, күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ, Прокопьева Анна Ивановна. Аҕата, Прокопьев Алексей Семенович. Кинилэр 13 оҕоломмуттарыттан 2 –ки оҕо кыраларыгар төннүбүттэр. Улаатан киһи буолбуттара 11 оҕо эбит. 3 оҕону дьон ииттэ ылбыттар.
Аҕалара Өлөксөй байанайдаах булчута, ийэбит, булт аһынан олорбуппут диэн кэпсээччи.

Читать далее Прокопьева Мария Алексеевна 100 саастаах үбүлүөйэ

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр биһиги сэбиэскэй дойдубутугар алдьархай ааҥнаабыта, Германия хос моонньохторун кытары сэриинэн саба түспүтэ. Ити 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр этэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта. Төһө да кэм-кэрдии ырааттар, көлүөнэттэн көлүөнэ солбуһан кэлэн истэр көҥүл, эйэлээх олох иһин турууласпыттар туһунан кэпсиир, суруйар – биһиги ытык иэспит.

1941 сыл от ыйыгар 1921-23 сыллаах төрүөх эдэр дьону Дьокуускайтан уонна өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыттан сэриигэ ыҥырыы саҕаламмыт.
1941 с. фроҥҥа Саха сириттэн барыта 16 964 киһи барбыт. Кинилэр ол сыл күһүнүгэр бастакы бойобуой сүрэхтэниини ылбыттар уонна сүрүннээн Москва уонна Ленинград оборуонатыгар кыттыбыттар. Сахалар үгүстэрэ нууччалыы билбэт буоланнар, ити улахан ыарахаттары үөскэппитэ. Сэрии бастакы сылларыгар маассабай өлүү буолбута.
1942 сыллаахха мобилизация бэс ыйын 6 күнүттэн саҕаламмыт уонна хас да түһүмэҕинэн ахсынньы 22 күнүгэр диэри ыытыллыбыт. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр барыта 5 863 саллаат ыҥырыллыбыт.
1943 сыллаахха тохсунньу 28 күнүттэн ахсынньы 28 күнүгэр диэри сэриигэ фроҥҥа мобилизация түмүгэр 4 125 саллаат ыҥырыллыбыта.
1944-1945 сыллардаахха барыта 2 160 саллаат (1944 с. — 1 626 буойун, 1945 с. — 534) ыҥырыллыбыта.
САССР 1941-1945 сс. барыта 62 091 саллаат, ол иһигэр 414 дьахтар сэриигэ ыҥырыллыбыта. 32 тыһыынчаттан тахса киһи сэрии хонуутуттан эргиллибэтэх.

Билигин биһиги Аҕа Дойду улуу сэриитин сылларыгар өбүгэлэрбит көрдөрбүт хорсун быһыыларын иһин махтаныах тустаахпыт.

Художник изображения Пантелеймон Васильевич П. 

Ыһыах ыйа — бэс ыйа.

Ыhыах диэн Саха Саҥа дьылын күнэ уонна сайын, айылҕа тыллыытын бэлиэ күнэ. Ыһыах ыйа — бэс ыйа. Биэлэри тутан, кымыс көөнньөрөллөр. Ыһыах туһүлгэтигэр ыраахтан, чугастан кэлбит ыалдьыттар уохтаах кымыһы иһэллэр, үтэһэлээх этинэн күндүлэнэллэр. Илии-атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, оhуохай дьиэрэйэр, ырыа дэлэйэр. Ат сүүрдүүлэрэ ыытыллаллар.

Былыр былыргыттан ыhыах төрүкү күн сайыҥҥы туруутугар буолара, ол эбэтэр бэс ыйын 21—22 күннэригэр. Билигин араас улуустарга, нэhилиэктэргэ уонна сирдэргэ бэс ыйын 10 — 25 күннэригэр ыытыллар.

Сорох чинчийээччилэр этэллэринэн ыһыах Саҥа сылы көрсүү бырааһынньыга буолбатах — күнү көрсүү, Үөһээҥҥи Үрүҥ Айыылар сиргэ саамай чугаһаан турар кэмнэригэр түбэһиннэрэн, Үөһээҥҥи Айыыларга сүгүрүйүү итэҕэл күнэ дииллэр.

Үрүҥ тунах ыһыах уйгулара улааттын

Бэс ыйын 17 күнүгэр кунус 11 ч. төрөөбүт Баппаҕаайыбыт туонатыгар Илбэҥэлиир эбэ түһүлгэтигэр Үрүҥ Тунах ыһыах алгыһа түстэннэ. Унаар түптэни субурутан үрүҥ илгэни түстээтилэр нэһилиэкпит Далбар Хотуттара. Айыы санаалаах алгысчыт Васильев И.Г.- Алгыс Уйбаан уҥа өттүгэр 9 туруйа уолаттардааах, хаҥас өттүгэр 7 кыталык кыыс арыалдьыттаах Аал уот нөҥүө үрдүк айыылартан көрдөһөн , уйгуну-быйаҥы түстээн алгыс түһэрдэ.

“Баппаҕаайы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ алгыс түһүн иҥэринэҥҥит нус-хас олохтоох , чөл-доруобай туруктаах буолуҥ, үлэҕэ-үөрэххэ үрдүк дабайыылаах, ситиһиилээх буолуҥ “ – диэн нэһилиэкпит аҕа баһылыга Николаев Е.А. бэйэтин тылын анаата.


Үрүҥ тунах ыһыах уйгулара улааттын , төлкөлөрдөөх түһүлгэ төбүрүөнэ кэҥээтин, ырыа тойук дьиэрэйдин, торҕо күөҕэ чэлгийдин, тохтор тойугунан эҕэрдэлээтэ культура бэтэрээнэ Матрена Кириллина.

Оһуор солко охсуллар уһун-суһуох субуллар “Айыллаан” нарын намчы кыргыттара үҥкүүннэн киэргэттилэр. Уйгулаах ыһыахха ылбаҕай ырыаһыттар Туйара Григорьева, Мичил Шамаев дьон көҕүн тардан ырыаннан киэргэттилэр.

Баппаҕаайы сирэ саргыланнын,

Туруук ыччаппыт туругурдун

Алгыс баһа сыаланнын
Дом!Дом!Дом!