
Үрүӊ көмүс кыырпа5ынан
Үрүлүйэр уулаах.
Байанайдаах халыӊ тыанан
Халыӊ курдуу куустарыылаах.
Үрдүк күннээх Илбэҥэлиир эбэ
Кэпсээннээҕэр өссө кэрэ.
ϴрүү дьоллоох Баппаҕаайы сирэ
ϴйүм – санаам тиэрдэр сирэ.
2017 сылтан сэтинньи ыйга Баппаҕаайы олохтоохторо түмсэн «Нэһилиэк күнүн» үөрэ-көтө, өрө көтө5үүлээхтик бэлиэтиибит. Күндү дьоммут, дойдубут инники сайдыытын кэрэһэлиир төрүт буолбут нэһилиэкпит күнүнэн итии-истиҥ төлөннөөх эҕэрдэ!
Сэтинньи 20 күнүгэр нэһилиэкпит 109 сааһын өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтибит. Нэһилиэкпит талааннаахтара биир түһүлгэҕэ мустан кэнсиэр бастыҥын көрдөрдүлэр.
Нэһилиэк күнүнэн бар дьоммутугар алгыстаах э5эрдэлэрин тириэрдэллэр…

Эдэр талааннаах кыыспыт Кэскилээнэ Федорова Дьокуускайтан куораттан кэлэн ырыаларын бэлэхтээтэ


Тапталлаах нэһилиэкпит төрөөбүт күнүгэр тэрээһиҥҥэ бары кыттыбыт нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ, түмсүүлэрэ , оскуола оҕолорун бөлөхтөрө, эдэр ыччаттарбыт , талааннаах биир дойдулаахтарбытыгар сцена бэтэрээнэ Виктор Платоновка, эдэр талааннаах кыргыттарбыт Даша Никифорова, Кэскилээнэ Федорова өссө төгүл түмсүүлээхпитин көрдөрдүбүт. 2027 сылга нэһилиэкпит 110 сыллаах үбүлүөйүн өрө көтөҕүллүүлээхтик көрсөргө дьулуһабыт. Өрүү үүнэ – сайда чэчирии тур, тапталлаах Баппаҕаайыбыт.























































