Дьөһөгөй оҕотун маанылаах киэргэлэ, сиэдэрэй симэҕэ

Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үрүҥ Тунах Ыһыахха куйаар ситиминэн ыытыллар

“Дьөһөгөй оҕотун маанылаах киэргэлэ, сиэдэрэй симэҕэ” күрэх

Б А Л А Һ Ы А Н Н Ь А Т А

Тэрийээччилэр: “Алаһа” сынньалаҥ киинэ

Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 21 күнэ.2021с.

Сыала-соруга:

  • Саха сылгытын сиэдэрэй симэҕин куйаар ситиминэн киэҥ эйгэҕэ таһаарыы;
  • Ат көлө үгэс буолбут кэрэ симэҕин көрдөрүү;
  • Саха омук үгэстэрин үйэтитии;

Күрэх усулуобуйата:

Ат көлө кэрэ көстүүлээх киэргэлэ чаппараах, кычым, лэпсэ тикпит дьон кыттыыны ылар. Хаартыскаҕа түһэрэн коллаж оҥорон ыытар.

Күрэх ирдэбиллэрэ:

  • Кыттааччы киһи тикпит ат симэҕин таһыгар хаартыскаҕа баар буолуохтаах, сахалыы таҥастаах түспүтэ биһирэнэр;
  • Кыттааччы төлүүр усунуоһа биир көрүҥ 100 солк;
  • Кыттар киһи хаартыскатын, усунуоһун
    89627358123 нүөмэргэ Туйара Кирилловна Г., эбэтэр
    89644190794 нүөмэргэ Вероника Владимировна Х. ыытаҕыт.

Күрэх түмүгүнэн:

  • Хаартыскалары бэс ыйын 20 күнүгэр диэри ыытаҕыт;
  • Түмүк бэс ыйын 21 күнүгэр тахсар;
  • Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан туоһу суруктар, бириистэр туттарыллаллар;

Добавить комментарий