Үрүҥ тунах ыһыах уйгулара улааттын

Бэс ыйын 17 күнүгэр кунус 11 ч. төрөөбүт Баппаҕаайыбыт туонатыгар Илбэҥэлиир эбэ түһүлгэтигэр Үрүҥ Тунах ыһыах алгыһа түстэннэ. Унаар түптэни субурутан үрүҥ илгэни түстээтилэр нэһилиэкпит Далбар Хотуттара. Айыы санаалаах алгысчыт Васильев И.Г.- Алгыс Уйбаан уҥа өттүгэр 9 туруйа уолаттардааах, хаҥас өттүгэр 7 кыталык кыыс арыалдьыттаах Аал уот нөҥүө үрдүк айыылартан көрдөһөн , уйгуну-быйаҥы түстээн алгыс түһэрдэ.

“Баппаҕаайы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ алгыс түһүн иҥэринэҥҥит нус-хас олохтоох , чөл-доруобай туруктаах буолуҥ, үлэҕэ-үөрэххэ үрдүк дабайыылаах, ситиһиилээх буолуҥ “ – диэн нэһилиэкпит аҕа баһылыга Николаев Е.А. бэйэтин тылын анаата.


Үрүҥ тунах ыһыах уйгулара улааттын , төлкөлөрдөөх түһүлгэ төбүрүөнэ кэҥээтин, ырыа тойук дьиэрэйдин, торҕо күөҕэ чэлгийдин, тохтор тойугунан эҕэрдэлээтэ культура бэтэрээнэ Матрена Кириллина.

Оһуор солко охсуллар уһун-суһуох субуллар “Айыллаан” нарын намчы кыргыттара үҥкүүннэн киэргэттилэр. Уйгулаах ыһыахха ылбаҕай ырыаһыттар Туйара Григорьева, Мичил Шамаев дьон көҕүн тардан ырыаннан киэргэттилэр.

Баппаҕаайы сирэ саргыланнын,

Туруук ыччаппыт туругурдун

Алгыс баһа сыаланнын
Дом!Дом!Дом!

Добавить комментарий