Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр биһиги сэбиэскэй дойдубутугар алдьархай ааҥнаабыта, Германия хос моонньохторун кытары сэриинэн саба түспүтэ. Ити 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр этэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта. Төһө да кэм-кэрдии ырааттар, көлүөнэттэн көлүөнэ солбуһан кэлэн истэр көҥүл, эйэлээх олох иһин турууласпыттар туһунан кэпсиир, суруйар – биһиги ытык иэспит.
1941 сыл от ыйыгар 1921-23 сыллаах төрүөх эдэр дьону Дьокуускайтан уонна өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыттан сэриигэ ыҥырыы саҕаламмыт.
1941 с. фроҥҥа Саха сириттэн барыта 16 964 киһи барбыт. Кинилэр ол сыл күһүнүгэр бастакы бойобуой сүрэхтэниини ылбыттар уонна сүрүннээн Москва уонна Ленинград оборуонатыгар кыттыбыттар. Сахалар үгүстэрэ нууччалыы билбэт буоланнар, ити улахан ыарахаттары үөскэппитэ. Сэрии бастакы сылларыгар маассабай өлүү буолбута.
1942 сыллаахха мобилизация бэс ыйын 6 күнүттэн саҕаламмыт уонна хас да түһүмэҕинэн ахсынньы 22 күнүгэр диэри ыытыллыбыт. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр барыта 5 863 саллаат ыҥырыллыбыт.
1943 сыллаахха тохсунньу 28 күнүттэн ахсынньы 28 күнүгэр диэри сэриигэ фроҥҥа мобилизация түмүгэр 4 125 саллаат ыҥырыллыбыта.
1944-1945 сыллардаахха барыта 2 160 саллаат (1944 с. — 1 626 буойун, 1945 с. — 534) ыҥырыллыбыта.
САССР 1941-1945 сс. барыта 62 091 саллаат, ол иһигэр 414 дьахтар сэриигэ ыҥырыллыбыта. 32 тыһыынчаттан тахса киһи сэрии хонуутуттан эргиллибэтэх.
Билигин биһиги Аҕа Дойду улуу сэриитин сылларыгар өбүгэлэрбит көрдөрбүт хорсун быһыыларын иһин махтаныах тустаахпыт.
Художник изображения Пантелеймон Васильевич П.