Прокопьева Мария Алексеевна 100 саастаах үбүлүөйэ

Төрөппүттэрбит – холобур буолар дьон
Биһиги ийэбит Прокопьева Мария Алексеевна 1921 сыл от ыйын 1 күнүгэр «Силээн» сиригэр «Бэс балаҕан» диэн өтөххө, күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ, Прокопьева Анна Ивановна. Аҕата, Прокопьев Алексей Семенович. Кинилэр 13 оҕоломмуттарыттан 2 –ки оҕо кыраларыгар төннүбүттэр. Улаатан киһи буолбуттара 11 оҕо эбит. 3 оҕону дьон ииттэ ылбыттар.
Аҕалара Өлөксөй байанайдаах булчута, ийэбит, булт аһынан олорбуппут диэн кэпсээччи.


Ийэбит элбэх оҕолоох ыалга төрөөн, үөрэх диэни билбэтэҕэ.
Кыратыттан үлэһитэ,туругаһа олоругаһа бэрт буолан, дьонугар көмөлөһөн, кыра быраатын, балыстарын көрсөн, араас үлэҕэ эриллэн улааппыта.
Дьонун кытары олорон сүөһү көрөөччүннэн, сылгыһытынан үлэлээбит.
Силээҥҥэ, ийэбит дьонун кытары олордоҕуна Аҕабыт Петров Николай Никифорович кэргэн кэпсэтэн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттар.
Ыал буолан 6 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. 2 – ки оҕолоро кыраларыгар тымныйан, ыалдьан төннөөхтөөбүттэр.
Алеша диэн уоллара киһи буолан, аармыйаттан кэлэн, Намҥа, педучилищаҕа үөрэнэ сылдьан, оһолго түбэһэн суох буолбута.
Билигин биһиги 3 оҕолоро баарбыт. Улахан эдьиийбит Прокопьева Антонина Николаевна,кэргэнэ Слепцов Алексей Алексеевич 2 кыыс оҕолоохтор.
Улахан кыыс Третьякова Марианна Алексеевна, кэргэнэ Третьяков Петр Петрович, 3 оҕолоохтор: Тимур, Динара, Алгыстаан.
Кыра кыыс Жирохова Вероника Алексеевна кэргэнэ Жирохов Владимир Афанасьевич, 2 оҕолоохтор Нарыйаана, Арчын.
Убайбыт, Прокопьев Анатолий Николаевич кэргэнэ Яковлева Галина Семеновна. 4 оҕолоохтор: Слава эдэр сааһыгар ыалдьан суох буолбута.
Улахан кыыстара Винокурова Татьяна Васильевна, кэргэнэ Винокуров Константин Эдуардович 2 оҕолоохтор Валерия, Айина. Прокопьев Алексей Анатольевич 1 кыыс оҕолоох Сайаана, Прокопьева Күннэй Анатольевна.


Мин кыра кыыстара Иванова Клавдия Николаевна, кэргэним Иванов Иван Кимович 4 – т оҕолоохпут Афанасьева Марина Ивановна, Иванов Николай Иванович, Корякина Мария Ивановна, Иванова Сайаана Ивановна.
Улахан кыыспыт Марина 1 оҕолоох Арылхан, Корякина Мария Ивановна кэргэнэ Корякин Ньургустан Мичильевич 2 оҕолоохтор: Урсун, Ньургуйаана.
Бары этэҥҥэ дьоммут үтүө ааттарын салҕаан олоробут.
Ийэлээхпит, дьоннорун кытары Силээҥҥэ олордохторуна колхозтааһын тэриллэн, колхозка чилиэнинэн киллэрэннэр Сортуолга барыларын көһөрбүттэр. Сортуолга тиийэн «Сталин», «Октябрь» колхозтарга өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэр.
Сортуолга «Ийэ күөл» диэн сиргэ эмиэ олоро сылдьыбыттар, онно улахан оҕолоро төрөөбүттэр, кыра оҕолоро «Баай эбэҕэ» олордохторуна төрөөбүттэр.
Дьоммутун, Сортуолга улэлии сырыттахтарына ыраах ким да урут олоро сылдьыбатах урэх баһыгар олохсута илдьибиттэр «Баай эбэҕэ».


10-ча киһи буолан, хас да ыал дьон уонна сулумах дьон буолан, тиийэн 200 cүөһү киирэр хотонун тутан, дьиэ балаҕан тутаннар, дьэ нэһиилэ кыстыкка киирэн, олохторун булуммуттар. Ийэбит ыарахан улэ этэ диэн кэпсиир. Эдэр сэнэх, үлэһиттэрэ, кыайаллара бэрт буолан, аҕыйах кэм иһигэр күүскэ үлэлээтэхтэрэ.
Урукку дьон барахсаттар, оннук үлэһит туруу дьон этилэрэ. «Баай эбэҕэ» дьонум 10-ча сыл олорбуттар. Онтон «Харбалаах» диэн учаастакка көһөн кэлбиттэр.
Урукку, сүөһү үлэһитин учаастактан учаастакка көһөрөн иһэллэрэ. Ханна барыҥ диэтилэр көһөн иһэллэрэ. Онон эмиэ олохторо, хас эмэ төгүл ыараан биэрэрэ. Кинилэртэн ыйыта да барбаттара урукку олох ирдэбилэ кытаанаҕа бэрт буоллаҕа.
Бэрэдэктээх буоланнар үлэни кыайдахтара. Ол көспүт сирдэригэр ким бэлэмэ кэлиэй, барытын саҥаттан тэринэллэрэ, тымныы дьиэ, хотон ыарахан үлэтэ буолара.
Сүөһү үлэһиттэрин оҕолорун барыларын хомуйан, үөрэнэр оҕолору интернакка олордон оскуолаҕа үөрэтэллэрэ, кыра оҕолору сылга дьыссаакка көрөллөрө, харыйаллара. Биһиги оҕолор эмиэ дьыссаакка сылдьан, интернаакка олорон, оскуолаҕа үөрэммиппит. Олорбуттарын тухары элбэх сиргэ көстөхтөрө…
Урукку ыарахан сылларга эбиитин ыарахан ыарыылар тураннар, киһи бөҕөтө суорума суолланаахтаабыттар. Уоспа, корь ыарыылара турбуттар. Ийэм корь ыарыыга ыалдьан өлө сыспытым, күөмэйбин салаппытым диэччи. Сааһыран истэҕинэ, сорох сайын ийэбит саҥатын, күөмэйэ ыалдьан, истибэккэ сайылааччыбыт. Ол ыарахан ыарыы содула буоллаҕа. Аҕабыт, Петров Николай Никифорович 1932 сыллаахха, «Соболоох» учаастакка элбэх оҕолоох, Петровтарга кун сирин көрбүтэ. Ийэтэ Петрова Матрёна Михайловна, аҕата Петров Никифор Николаевич. Аҕабыт 5 кылаас үөрэхтээҕэ. Наадатын суруйара, ааҕара. Өргө дылы кинигэ бөҕөтүн ааҕааччы.


Элбэх оҕолоох ыал буолан, олохторо кырыымчыга, аас туор олохтоохторо ыарахан сыллар тураннар элбэх оҕолоро кыраларыгар төннүбүттэрэ. Ордон хаалбыт биэс оҕолоро улаатан, киһи-хара буолтара. Аҕабыт эдэригэр бэйэтин лаппа кыанар эбит.
От охсуутугар куруук бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыт. Саамай ситэн сылдьар кэмигэр балтараа гаа сири күҥҥэ охсоро, оннук аҕыйах киһи охсоро үһү.
Аҕабыт Ньукулай майгылаах мааныта, киэҥ көҕүстээх, дьиҥ эр киһилии аҕыйах саҥалаах хорутуулаах үлэһит, маастар сүөһү көрөөччү, чемпион, рекордсмен ыанньыксыт, хоннохтоох от охсооччу, отчут бастыҥа.
Эдэр сылдьан учуотчуктаан, табаһыттаан, таһаҕас таһыытыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбит.
Кыра кэмҥэ ларекка да атыыһыттыы сылдьыбыт.
Саамай тахсыылаахтык «Арыылаахха» олорон ыанньыксыттаабыта буолар. «Орто Бүлүү» совхозка аан бастаан 2000 тыһыынчалаахтар кирбиилэрин ситиспит.
Хас биирдии фуражнай ынаҕыттан 2 – ки тыһыынчаттан тахса килограмм үүтү ыан рекорд олохтообута. Хас биирдии ынаҕын бүөбэйдээн синньилэрин уһуннук массажтаан элбэх үүтү ыыры ситиспитэ. Аҕабыт бу олохтон 2005 сыллаахха туораабыта.
Ийэбит Маарыйа Сортуолга олорон уһуннук сүөһү үлэтигэр үлэлээбитэ. Ыанньыксыттаабыта, подсос сүөһүгэ, ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Биһиги оҕолор сүөһү көрүүтүгэр дьоммутугар көмөлөһүү бөҕөтө буолааччыбыт. Ол көмөлөспүппүт билигин олохпутугар олус туһалаата. Убайым Туолук уонна мин ыал буолан олорорбутппут тухары сүөһү тутан кэллибит. Кэлин совхозтар тэриллэн ийэбит «Орто Бүлүү» совхозка ыанньыксытынан, ньирэй, субай сүөһү көрөөччүтүнэн өр сылларга үлэлээбитэ. Онтон « Баппаҕаайы» совхозка эмиэ ыанньыксыттаабыта, хотон харабылынан ырыганнаабыт сүөһүнү көрдөрөллөрө. Пенсияҕа да таҕыстар үлэҕэ син биир киһи тиийбэккэ ыҥыран үлэлэтээччилэр. Сүөһү үлэтигэр 70 – ча сыл үлэлээбитэ. Кыра 10 – х эрдэҕиттэн .

Бары үлэлээбит сылларыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ийэбит киһи быһыытынан кытаанах, күүстээх санаалаах, куруутун күлэ – үөрэ сылдьар, элбэх кэпсээннээх, сэһэннээх киһи.
Олоххо көхтөөх сыһыаннаах, билиҥҥэ дылы ким хаһан, хайа дьыл кэмигэр төрөөбүтүн ааҕа билэр.
Өйүгэр хатыырынан тэҥнээҕэ суох. Урут дьоннор арыый эдэр эрдэҕинэ төрүччү оҥоосторулар кэлэн, сурунан, атах тэпсэн олорон, сэһэргэһэн астынан барааччылар.
Үөрэммитэ буоллар дьэ сүрдээх билиилээх учуутал дуу иитээччи дуу буолуо этэ дии саныыбыт биһиги. Бэйэтэ телевизортан иҥин, хаһыаттан көрөн ааҕар этэ.
Илиитин да баттыыра, ол барыта бэйэтэ үөрэтэн.
Ийэбит бу аҕыйах сыллааҕыта диэри Хатаска олорор бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр 3 – 4 сырыы баран күүлэйдээн кэлтэ.
Сааһыран баран элбэхтик айаннаабыта. Кулуубка, концертарга, ыһыахтарга 90 – н ааһыар дылы көтүппэккэ сылдьааччы.
Биһиги оҕолоро ийэбит баҕатын толорон, ханна барыан баҕарарын эттэ да, илдьэ сатааччыбыт.


Мээнэ кырдьаҕас киһи оннук активнай буолбат. Ийэбит уһун үйэлэниитин биир кистэлэҥэ барытын билэ көрө сатыыра, ол уһун үйэлээтэ дии саныыбыт. Уопсайынан барыны бары билэ-көрө сатыыр, интэриэһиргиир киһи өргө дылы кырдьыбат, түөһэйбэт эбит диэн санааҕа кэллибит. Баттаҕын 90-гар дылы кырааскалатааччы. Ол эмиэ олоххо тардыһыы биир күүстээх өрутэ, сэнэх буолан көстөөрү. Бэйэтин билиҥҥэ дылы ыраастык көрүнэр, таҥаһын-сабын сааһылыыр, аккуратнай баҕайы биһиги ийэбит. Ийэбит ырыа тылын билэрэ, үөрэммитэ буоллар дьэ ырыа арааһын ыллыа этэ. Куолаһа сүрдээх күүстээх, сахалыы кылыһахтаах куоластаах, өссө уруһуйдьут, сүөһүнү сылгыны үүт-үкчү уруһуйдуур. Дьоммут олохторо төһө да ыараханын, уустугун иһин кырдьар саастарыгар өйөһөн өйдөһөн бииргэ олорбуттара. Сиэннэрэ улааталларыгар күүс-көмө буолбуттара, бэйэлэрэ олох хойукка дылы кэтэх сүөһү тутан олорбуттара. Аҕалаах,
ийэбит дьоҥҥо сэргэҕэ үтүө өйдөбүлү, үлэлэринэн, олохторунан, мааны майгыларынан хаалларбыттара биһиэхэ оҕолоругар куруук күүс, көмө-өйөбүл буолар.


Кинилэр үтүө ааттарыгар сууланан, мааныланан олорон кэллибит Ньукулай, Маарыйа оҕолоро дэтэн. Кинилэр үлэннэн такайаннар дьон сэргэ ортотугар этэҥҥэ олоробут. Биһиги оҕолоро кинилэр ааттарын түһэн биэрбэт курдук үлэлии-хамныы сылдьабыт.
Ийэбит билиҥҥэ дылы сырдыкка, кэрэҕэ уһуйа олороргор махтанабыт, сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит. Эн төһө да олоххор ыарахаттары көрсүбүтүҥ иһин инниҥ хоту диэки дьулуурдаахтык, хорутуулаахтык айаннаан, олорон 100 сааскын туоллун! Биһиги оҕолоро ийэбитинэн, эбээбитинэн киэн туттабыт!

Бачча сааскар дылы аттыбытыгар сүбэ ама буолан, араҥаччылыы олороргуттан, бука бары чугас дьонуҥ бу сиргэ саамай дьоллоох дьон буолабыт! Кунду ийэбитин, эбээбитин 100 сааскын томточчу туолбуккунан ис сурэхпититтэн олус үөрэн, долгуйан туран эҕэрдэлиибит! Күндү киһибитин бу курдук күлэ-үөрэ, олоххо күүскэ тардыһан, дьонуҥ-оҕолоруҥ, сиэннэриҥ далбардарыгар этэҥҥэ олор алгыыбыт! Биһиги эйиигин күүскэ, таптыыбыт, сыллыыбыт! Үтүө киһиэхэ уруй-айхал! Үлэ киһитигэр уруй-айхал! Саха далбар хотунугар уруй айхал! Дом!
Оҕолоро, сиэннэрэ.

Илбэҥэ, 2021 с.

Ытыктабыллаах Мария Алексеевна! Биир Үйэ олорбут өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн, 100 сааскын туолбут үөрүүлээх күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Өр сыллар тухары үтүө суобастаахтык, хайа баҕарар үлэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, нэһилиэкпит, улууспут, республикабыт сайдарын туһугар үгүс сыралаах кылааккын киллэрбиккинэн биһиэхэ үтүө холобур буолаҕын, эйигинэн киэн туттабыт, барҕа махталбытын биллэрэбит. Эйэҕэс ийэ, тапталлаах эбээ, хос эбээ буолаҥҥын оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ тапталларыгар уйдаран өссө да уһуннук, ыалдьыбакка олороргор баҕарабыт.

Добавить комментарий