Балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха Сирин судаарыстыбаннаһын күнэ

1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР уон иккис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыта. Бу историяҕа киирбит докумуон өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экономическай бигэ туруктаах буолуутун, норуот духуобунай сайдыытын түстээбитэ.

Саха норуотун чулуу, бас-көс дьоно, үөрэхтээхтэрэ XVII үйэ 70-с сылларыттан саҕалаан, бэйэни салайыныы быраабын уруккуттан туруорсубуттара. Тыгын Дархан сиэнэ Маһары Баһыакап Россия ыраахтааҕытыгар Москваҕа икки төгүл бара сылдьыбыта. Бороҕон улууһун кулубата Сэһэн Ардьакыап Екатерина ыраахтааҕыга “Сахалар тустарынан былааны» илдьибитэ.

Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын олохтонуутугар олук уурбут дьоммутунан Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Василий Никифоров-Күлүмнүүр, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов уонна да атыттар буолаллар. Кинилэр сүҥкэн үлэлэринэн 1922 с. муус устар 27 күнүгэр РСФСР Президиумун Киин кэмитиэтин Уурааҕынан Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Республиката (Якутская Автономная Советская Социалистическая Республика) тэриллибитэ. Бу кэмтэн ыла судаарыстыбаннас өйдөбүлэ киирбитэ, өрөспүүбүлүкэ олоҕор улахан дьайыыны оҥорбута.

Читать далее Балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха Сирин судаарыстыбаннаһын күнэ

Саха сирин урбаанньытын кунэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ 2001сыл ахсынньы 13 күнүнээҕи ыйааҕынан балаҕан ыйын төрдүс өрөбүлэ предприниматель (урбаанньыт) күнүнэн бигэргэтиллибитэ. Бу олохтоммут бырааһынньык олоххо көхтөөх дьыалабыай дьон өҥөлөрүн билинэр бырааһынньыгынан буолар. Урбаанньыттар диэн- олус хорсун, ыарахаттартан чаҕыйбат, модун санаалаах , үгүс үтүөнү дьоҥҥо баҕарар , олоҕу сайыннарар аналлаахтар бу эйгэҕэ киирэллэр. Экэниэмикэ ырыынагын усулуобуйатыгар урбаанньыт дьоҕургутунан өрөспүүбүлүкэ, нэһилиэк олоҕо тупсарыгар кылааккытын киллэрэҕит.
Баппаҕаайы нэһилиэгэр 12 урбаанньыт үлэлии хамныы сылдьаллар.

Читать далее Саха сирин урбаанньытын кунэ

“Оҕуруотум быйаҥнаах үүнүүтэ”

🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁
Баппа5аайы нэһилиэгэр
“Оҕуруотум быйаҥнаах үүнүүтэ” диэн куйаар 🌐ситимин нөҥүө
ыытыллар 📸хаартысканнан күрэх
б а л а һ ы а н н ь а т а
Ыытыллар күнэ – ыйа: Балаҕан ыйын 21 күнүттэн – 30 күнүгэр дылы.
🌻 Күрэх усулуобуйта:
Оҕуруоккутугар үүннэрбит саамай бөдөҥ хортуосканы🥔 моркуобу🥕 субуекулэни🍎кабачкины🍆линейка5а тутан хаартыскаҕа 📸түһэрэн кыттыаххытын сөп.
🌻 Күрэххэ кыттыы иһин взноһа 1️⃣0️⃣0️⃣ солк.
Күрэххэ кыттар хаартыскаларгытын 89644190794, 89627358123 нүөмэрдэр ватсаптарыгар ыытаҕыт. Хаартыскалар📸 инстаграм – alasadosugovoy страницатыгар тахсыахтара.
🌻 Күрэх түмүгэ: алтынньы ый 1 күнүгэр тахсар.
🌻 Күрэх түмүгүнэн: кыайыылаахтарга анал ааттар, бириистэр туттарыллаллар.

Тэрийэр “Алаһа” СК

“Дойдум сирин аһыттан сомсон”

🌞☀️🌞☀️🌞☀️🌞☀️
Баппа5аайы нэһилиэгэр
“Дойдум сирин аһыттан сомсон” диэн куйаар🌐 ситимин нөҥүө
ыытыллар хаартысканнан📸 күрэх
б а л а һ ы а н н ь а т а
🍁 Ыытыллар күнэ – ыйа: Балаҕан ыйын 21 күнүттэн – 28 күнүгэр дылы.
🍁 Күрэх усулуобуйата:
Айылҕа быйаҥыттан сомсон сир астыы(хаптаҕас 🍇ыт тиҥилэҕэ🍓 сугун🫐 моонньоҕон 🍇отон🍒 уо.д.а.) сылдьан түспут хаартысканнан📸 кыттыаххытын сөп.
Кыттар дьон ыытар хаартыската 3-тэн элбэҕэ суох буолуохтаах.
🍁 Күрэххэ кыттыы иһин взноһа 1️⃣0️⃣0️⃣солк.
Күрэххэ кыттар хаартыскаларгытын
89644190794📲
89627358123 📲
нүөмэрдэр ватсаптарыгар ыытаҕыт. Хаартыскалар📸 инстаграм – alasadosugovoy страницатыгар тахсыахтара.
🍁Күрэх балаҕан ыйын 29 күнүгэр түмүк тахсар.
🍁 Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтарга грамоталар, анал бириистэр туттарыллаллар.

Тэрийэр “Алаһа” СК

Выборы в Илбенге

Здание нашего Досугового центра является помещением для голосования на выборах разного уровня уже многие годы, который расположен в центре села Илбенге. В этом году 17,18,19 сентября прошли выборы депутатов Государственной Думы Федерального Собрания Российской Федерации восьмого созыва.

Избирательный участок был укомплектован всем необходимым технологическим оборудованием:

ящик для голосования,

кабины для тайного голосования,

переносная урна для голосования вне помещения,

герб и флаг России.

В состав УИК вошли люди с активной гражданской позицией: в их числе молодые специалисты, работники муниципальных учреждений и предприятий наслега.

В целях обеспечения организационно-разъяснительной работы в период подготовки и проведения выборов депутатов была проведена:

– размещение информационных плакатов, календарей, содержащих сведения о кандидатах;

– вручение избирателям приглашений и уведомлений о месте расположения участковой избирательной комиссии.

Читать далее Выборы в Илбенге