1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР уон иккис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыта. Бу историяҕа киирбит докумуон өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экономическай бигэ туруктаах буолуутун, норуот духуобунай сайдыытын түстээбитэ.
Саха норуотун чулуу, бас-көс дьоно, үөрэхтээхтэрэ XVII үйэ 70-с сылларыттан саҕалаан, бэйэни салайыныы быраабын уруккуттан туруорсубуттара. Тыгын Дархан сиэнэ Маһары Баһыакап Россия ыраахтааҕытыгар Москваҕа икки төгүл бара сылдьыбыта. Бороҕон улууһун кулубата Сэһэн Ардьакыап Екатерина ыраахтааҕыга “Сахалар тустарынан былааны» илдьибитэ.
Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын олохтонуутугар олук уурбут дьоммутунан Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Василий Никифоров-Күлүмнүүр, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов уонна да атыттар буолаллар. Кинилэр сүҥкэн үлэлэринэн 1922 с. муус устар 27 күнүгэр РСФСР Президиумун Киин кэмитиэтин Уурааҕынан Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Республиката (Якутская Автономная Советская Социалистическая Республика) тэриллибитэ. Бу кэмтэн ыла судаарыстыбаннас өйдөбүлэ киирбитэ, өрөспүүбүлүкэ олоҕор улахан дьайыыны оҥорбута.