ҮЛЭ – ХАМНАС ҮӨҺҮГЭР СЫЛДЬАР СУОППАР ИДЭЛЭЭХ ДЬОММУТУГАР

СУОППАР КҮНҮНЭН ЭҔЭРДЭ

Суоппардар идэлээх күннэрэ  1976 сылтан Советска Союз үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан олохтонон алтынньы ый бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Оччотооҕу кэмтэн билигин даҕаны көлөтө суох дойду экономиката да, дьон-сэргэ күннээҕи да олоҕо туруктаах буолар кыаҕа суох. Күчүмэҕэй сырыылаах суолларынан уонунан тыһыынча массыына айанныыр, дьону таһар, таһаҕас тиэрдэр. Суоппар идэтэ – күннэтэ элбэх сыраны уонна эппиэтинэһи эрэйэр уустук үлэ буолар. Баппаҕаайы нэһилиэгин совхоз да билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэк сайдарыгар кэлэн- баран, сүүрэн- көтөн суоппар киһи олоҕун көлөһө үрдүгэр анаатаҕа. Ол курдук дьон – сэргэ туһугар таһаҕас таһан, дьону тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдэн айа-тута үлэлиир суоппардарбытын тустаах күҥҥүтүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Айаҥҥыт суола көнө, үтүө аргыстаах буоллун! Аартыккыт аһаҕас, алгыстаах буоллун!

Читать далее ҮЛЭ – ХАМНАС ҮӨҺҮГЭР СЫЛДЬАР СУОППАР ИДЭЛЭЭХ ДЬОММУТУГАР

АЛРОСА дивидена култуура тэрилтэлэригэр.

Бүлүү улууһун дьаһалтата “АЛРОСА” дивиденын нэһилиэктэр сайдыыларыгар куонкурус тэрийэн түҥэппитэ олус кэрэхсэбиллээх. “Баппаҕаайы нэһилиэгэ МТ” Алаһа СК материально-техническай туруга тупсарыгар куонкуруска кыттан 140 сымнаҕас кириэһилэҕэ үп ылла.
Балаҕан ыйыгар ИП Голиков А.А. договордаһан 140 кириэһилэлэри оҥорон , таҥан туруоран барда.

Читать далее АЛРОСА дивидена култуура тэрилтэлэригэр.

“Эн, комсомол – мин дьолум…”

Баппа5аайы нэһилиэгэр комсомол ячейката 1933 сыл. күһүн тэриллибитэ. Комсомол сэкирэтээринэн аан бастаан Шамаева Мария Ефимовна уонна солбуйааччытынан Шамаев Тит Иванович үлэлээбиттэрэ.
Икки учааскларга биирдии бюролар тэриллибиттэрэ. Холкуос үрдүнэн биир комитет үлэлээбитэ. Оччотооҕу комсомолецтар орто оскуоланы бүтэрэн бараннар производствоҕа 2 сыл үлэлииллэрэ.
Үлэҕэ көҕүлүүр сыаллаах ыччат- комсомольскай звенолара тэриллибиттэрэ. Нэһилиэккэ комсомольскай тэрилтэ

Читать далее “Эн, комсомол – мин дьолум…”

ИЛБЭҤЭ СУЛУСТААХ ИЙЭЛЭРЭ

Ийэбит – күннээх тэҥэ киһибит

Ийэбит – күн сирин кэрэтэ.

Ийэбит – күн сирин көрдөрбүт

Аан дойду – дьиэ кэргэнин тутулун төһүүтэ!

Күн сиригэр Ийэ баар буолан киһи аймах төрүүр-ууһуур, дойдуну тутар- сайыннарар.

Ийэттэн саҕаланар дьиэ кэргэн нус-хас олоҕо, дьиэ кэргэн олоҕуттан үөскүүр уопсастыба төрүт укулаата, дьон-аймах сайдар-чэчириир олоҕо.

Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгэ бүтүн Саха Республикатын үрдүнэн 13 Герой ийэлэрдээҕинэн аар саарга аатырар, суон сураҕырар. Уонтан тахсалыы оҕолоох Герой ийэлэрбит элбэх ыччаты тэнитэн, хас да көлүөнэ дьону олох устун эрэллээхтик хаамтара сылдьалларыттан, ама ким киэн туттубат буолуой!

Бу 13 Герой ийэлэрбититтэн 144 оҕо күн сирин көрөн, былыта суох дьоллоох оҕо сааһы билэн улаатан, үөрэхтэнэн үлэһит, ыал-күүс буолан республика араас муннуктарыгар олохсуйан, төрөөбүт Илбэҥэлэрин бар дьоҥҥо ааттаталлар. Онтон 13 Герой ийэлэрбит ити ыччаттарыттан 376 сиэн, 335 хос сиэн, 11 хос хос сиэн төрөөн-ууһаан, 866 киһиэхэ тиийэн, сирдээҕи олохпутун киэргэтэ сылдьаллар. Саха дьоно маны элбэх силистээх-мутуктаах, хойуу лабаалаах сириэдийэ үүнэн турар Аал – луук маска саамай сөпкө холууллар.

Бу ыччаттар ортолоругар талааннаах учуонайдар, элбэх үтүөкэннээх учууталлар, эмчиттэр, быраастар, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар инженердэр, тутааччылар, экономистар, араас бааннар үлэһиттэрэ, предпринимателлэр, республика Правительствотын аппаратын эппиэттээх үлэһиттэрэ уо.д.а.бааллар.

2018с. Герой ийэлэрбитин чиэстээн, ааттарын үйэтитэр сыаллаах Баппаҕаайы нэһилиэгин дьаһалтатын көмөтүнэн Ийэ скверин үөрүүлээх быһыыга-майгыга олоҕуран туруорбута.

Ийэ күнүгэр анаан Ийэ скверин үөрүүлээхтик арыйыыга нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, Герой ийэлэр, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн кыттыыны ылан, ахтан-санаан аастылар, үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Читать далее ИЛБЭҤЭ СУЛУСТААХ ИЙЭЛЭРЭ

Түөлбэ «Айыына» поздравляет своих учителей с Днём Учителя

В Баппагайинском наслеге функционирует 6 түөлб. Сегодня түөлбэ «Айыына» поздравляет своих учителей с Днём Учителя🖋🖌📚📖📙«В нашем түөлбэ проживает 9 учителей, они являются основными активистами в жизни туелбэ. И мы ежегодно шлем поздравление нашим уважаемым , дорогим учителям с профессиональным праздником»- от всей души рассказывает Лидия Дмитриевна руководитель түөлбэ «Айыына»💐💐💐

Аҕам саастаах дьоммутугар истиҥ эҕэрдэ

Күндү Баппаҕаайы нэһилиэгин сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрэ, ытыктабыллаах аҕам саастаах дьоммут!
Бу ураты суолталаах күн биһиги аҕам саастаах кырдьаҕастарбытыгар төрөөбүт дойдугут сайдыытыгар сүҥкэн кылааккыт, албан ааттаах үлэҕит, эстибэт эрчимҥит уонна дойду, норуот туһугар бэриниигит иһин истиҥ махтал тылларын этэбит.
Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэрэ ытыктабыл уонна үгэс эрэ быһыытынан бэлиэтээһин буолбакка, аҕа көлүөнэ дьонугар күннэтэ ахсаабат болҕомто, истиҥ кыһамньы уурарбытын санатар ытык күн буолар. Күндү аҕам саастаах ытык дьоммут!
Эһигини Аҕам саастаах дьон аан дойдутааҕы күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу дьыл кэмэ уларыйар кэмигэр бэйэҕитин харыстана сылдьыҥ диэн ыҥырабыт! Чугас дьоҥҥут, оҕолоргут чэгиэн буоллуннар!

Алта уон сааскытынан айхаллыыбыт – уруйдуубут, эҕэрдэ этигэнин этэбит, алгыспытын аныыбыт! Махтал мааны тылларын тиэрдэбит! Ис сүрэхтэн тахсар тылларын тэҥҥэ үллэстэн үөрүүгүт үрдээтин, саргыгыт салалыннын! Баҕа санааҕыт барыта барҕара туолуохтун, алгыспыт үтүөтэ, санаабыт сырдыга эһиэхэ тиийиэхтин.

Читать далее Аҕам саастаах дьоммутугар истиҥ эҕэрдэ