Күндү Баппаҕаайы нэһилиэгин сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрэ, ытыктабыллаах аҕам саастаах дьоммут!
Бу ураты суолталаах күн биһиги аҕам саастаах кырдьаҕастарбытыгар төрөөбүт дойдугут сайдыытыгар сүҥкэн кылааккыт, албан ааттаах үлэҕит, эстибэт эрчимҥит уонна дойду, норуот туһугар бэриниигит иһин истиҥ махтал тылларын этэбит.
Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэрэ ытыктабыл уонна үгэс эрэ быһыытынан бэлиэтээһин буолбакка, аҕа көлүөнэ дьонугар күннэтэ ахсаабат болҕомто, истиҥ кыһамньы уурарбытын санатар ытык күн буолар. Күндү аҕам саастаах ытык дьоммут!
Эһигини Аҕам саастаах дьон аан дойдутааҕы күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу дьыл кэмэ уларыйар кэмигэр бэйэҕитин харыстана сылдьыҥ диэн ыҥырабыт! Чугас дьоҥҥут, оҕолоргут чэгиэн буоллуннар!
⠀
Алта уон сааскытынан айхаллыыбыт – уруйдуубут, эҕэрдэ этигэнин этэбит, алгыспытын аныыбыт! Махтал мааны тылларын тиэрдэбит! Ис сүрэхтэн тахсар тылларын тэҥҥэ үллэстэн үөрүүгүт үрдээтин, саргыгыт салалыннын! Баҕа санааҕыт барыта барҕара туолуохтун, алгыспыт үтүөтэ, санаабыт сырдыга эһиэхэ тиийиэхтин.