ОЛУННЬУ ЫЙ 13 КУНЭ — ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК-БИЧИК КҮНЭ!

Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр тубэhиннэрэн, олунньу 13 күнэ төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Бу дьаhал Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан 1996 сыллаахха олохтоммута.

Семен Андреевич Новгородов 1892 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр Боотуруускай улууhугар төрөөбутэ. 1905—1912 сылларга Якутскайга реальнай училищеҕа үөрэммитэ. Манна үөрэнэ сылдьан «Саха саҥата» диэн сахалыы тылынан бастакы общественнай-политическай уонна литературнай уус-уран сурунаал тахсарыгар улахан кыттыыны ылбыта. 1913 с. Семен Андреевич Петербург университетын илиҥҥи тылларын факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэнэ сылдьан, 1914 с. С.А.Новгородов Орто уонна Илиҥҥи Азияны үөрэтэр комиссия сорудаҕынан татаар фольклоругар, тылыгар элбэх матырыйаалы хомуйбута. 1917 с. Семен Андреевич Новгородов латинскай алфавикка олоҕуран, сахалыы маассабай алфавиты оҥорбута. «Сахалыы сурук-бичик» диэн кинигэни таhаарбыта. Онтон 1922 с. С.А. Новгородов салалтатынан суруллубут «Бастааҥҥы сурук-бичик», 1923 с. «Сурук-бичик», «Ааҕар кинигэ» тахсыбыттара. 1924 с. Новгородов алфавитын официальнай алфавит быһыытынан биллибитэ. 1923 с. Семен Андреевич үөрэҕин бүтэрэн баран, Петроградтааҕы университет общественнай наукаларга факультетыгар Арҕааҥҥы уонна Илиҥҥи дойдулар литератураларын уонна тылларын тэҥнээн үөрэтэр институкка научнай үлэһитинэн киирбитэ. Хомойуох иһин, кини эдэр сааьыгар, күөгэйэр күнүгэр сылдьан, баара-суоҕа 32 саастааҕар 1924 с. ыалдьан өлбүтэ. Семен Андреевич Новгородов кылгас буолан баран, бэрт чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Кини сырдык аата төрөөбүт норуота баарын тухары өрүү ааттана, айхаллана туруоҕа.

“Төрөөбүт литератураҕын төһө билэҕин?”
викторина

“Отправить” баттаабыккыт кэннэ хоруйа сирэй үөһэ өттүгэр тахсар.

Добавить комментарий