Бугун нэьилиэкпитигэр олус учугэй тэрээьин буолан ааста. Саха АССР тэриллиьиьэ 100 сылыгар анаан «Ааспыт ааспат ахтыл5ана…» советскай кэми санатар олус сэргэх биэчэри женсовет салайааччыта Ирина Николаевна Жиркова уонна туелбэлэр ыыттылар.
Спортсаалага 80-с сылларга уонна ол иннинээги кэмнэ оноьуллубут мал- сал, танас-сап, иистэнэр массыынаттан, радиолаттан сагалаан улахан быыстапка турда. «Дьоннор урукку кэминээги малы салы уураллар да эбит,-диэн се5е махтайа кердубут хаартыскага тустубут.
Быыстапка5а маллары нэьилиэк олохтоохторо дьиэлэриттэн агалан туруордулар. Буруоннан арчылатан, тойугунан эгэрдэлэтэн тэрээьини Ирина Николаевна салайан ыытта. Дьон беге то5уоруьа мустубут, угустэр «ретро» танас кэппиттэр, сорохтор сахалыы сайбаччы былааччыйа кэтэн уерэн кетен кытыннылар. Ырыаьыттар баянынан ыллаатылар, оьуохайдьыттар оьуокай эттилэр,
80 сыллардаах ырыаларынан флеш-моб ункуулээтибит. Сылдьыбыт дьон уерэн-кетен ким эдэр сааьын, ким ого сааьын санаан викторина5а кехтеехтук кытыннылар советскай саганаагы ас, мал сыанатын ейдууллэр а5ай эбит диэн тумуккэ кэллибит.
Женсовет салайааччытыгар Ирина Николаевнага киниэхэ кемелеспут дьонно бука бары махталбытын тиэрдэбит, ессе да маннык тэрээьиннэр ыытылла турдуннар.