Баппа5аайыга күргүөм оһуохай

Муус устар 27 күнэ Саха Автономията төрүттэммитин оруобуна 100 сыла. Бу күн Баппаҕаайы нэһилиэгэр 100 сылынан 100 киһи кыттыылаах күргүөм оһуохай ыытылынна . “Эрэл” спортсаалага күнүс 14 ч сахалыы таҥастаах дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна. Өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан тэрээһини Саха Өрөспүүбүлүкэтин гиминиттэн саҕалаатыбыт, нэһилиэк дьонун эҕэрдэлээтэ Баппаҕаайы нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Гаврил Иванович Алексеев. Мустубут дьон төбүрүөннээн түмсэн күргүөм оһуохайын төрүттээтилэр. Оһуохайы бастакыннан таһаарда самодеятельность кыттыылааҕа оһуохайдьыт Иван Кимович Иванов, салгыы эттэ култуура ветерана, тойуксут, оһуохайдьыт Матрена Егоровна Кириллина. Оһуохайы салҕаата эдэр этээччи оҕолору фольклорга уһуйааччы Марина Ивановна Афанасьева, түмүктээтэ кэскиллээх оһуохай этээччи Баппаҕаайы орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ Сандал Антонов. Күргүөм оһуохайга 116 киһи (ол иһигэр 12 оҕо) кыттыыны ылла. Үөрүүлээх оһуохай кэннэ өбүгэ оонньуулара: ох саанан ытыы, түү мээчиги таба быраҕыы, хабылык, хаамыска, таайбараҥ атыы-эргиэн ыытылыннылар, Өйдөбүнньүк уопсай хаартыскаҕа түстүлэр.Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон көхтөөхтүк кытыннылар үөрүү-көтүү өрөгөйдөөтө.

Оhуохай
Читать далее Баппа5аайыга күргүөм оһуохай