Муус устар 30 кунугэр Баппа5аайы нэьилиэгэр Алаьа СК саалатыгар дьоро киэьээ буолла. Саха Автономията теруттэммитэ 100 сылыгар, Саха Республикатыгар Ийэ сылыгар аналлаах «Туойабын Ийэ сирбин» тэрилтэлэр икки ардыларыгар ырыа курэ5э ыытылынна.
Кыттааччы белехтер ирдэбил быьыытынан иккилии ырыаны: Саха Сирин уонна Ийэ туьунан ырыалары толордулар. 1 туьумэххэ – Тереебут Республикабыт туьунан ырыа арааьа олус учугэйдик толорулунна. 2 туьумэххэ кун тэнэ киьибит Кун Кубэй ийэлэргэ аналлаах ырыалар дьиэрэйдилэр. Тэрилтэлэр эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ, танастара саптара мааныта дьууллуур субэ ыарахаттары уескэттэ. Ол эрээри курэх аата курэх онон 4 киьилээх субэ тумугу таьаарда.
Дьууллуур субэ председателя хоровик уерэхтээх, култуура ветерана, муусука учуутала Матрена Егоровна Кириллина тумугу биллэрдэ: 3 уктэллээх лауреат аатын ылла Алаьа СК, 2 уктэллээх лауреат аатын ылла Баппа5аайы школа-сад, оскуола иннинээ5и саастаах оголору иитэр сайыннарар уьуйаан коллектива, 1 лауреат аатын ыллылар Баппа5аайы учууталларын коллектива, «Кылаан бириис» хаьаайынынан буолла Олохтоох дьаьалта коллектива👏🏻👏🏻👏🏻 « Керееччу биьирэбилэ» анал ааты куоластаан таллылар керееччулэр, бу анал ааты ылла эмиэ Олохтоох дьаьалта коллектива.👏🏻👏🏻👏🏻
Ырыа курэгэр кыттыбыт бары ырыаьыттарга , дьууллуур субэ5э бар5а махтал буолуохтун.