Ыам ыйыҥ 9 күнэ киһи аймахха сүдү суолталаах күн буолар. 1945 сыллаахха Сэбиэскэй Армия фашисткай халабырдьыттартан дойдуну босхолообута. Ол кэмтэн ыла сыл аайы Улуу Кыайыы күнүн ахтан-санаан ааһабыт, “Ураа” хаһыытыыбыт, олохторун толук уурбут саллааттарга сүгүрүйэбит, сэрии кыттыылаахтарын уруйдуубут-айхаллыыбыт, кыайыыны уһансыбыттары чиэстиибит. Баппа5аайы нэһилиэгиттэн 74 киһи уоттаах сэриигэ ыҥырыллан саа-саадах тутан сэриилэспиттэрэ. Олортон 44 киһи кыргыһыы хонуутугар сырдык тыыннара быстыбыта, сура5а суох сүппүттэрэ…Төннөн кэлбит буойуттарбыт эйэлээх оло5ү уһансыбыттара, дьиэ- уот тэринэн о5о-уруу төрөтөн сэрии бэтэрээнэ бочуоттаах ааты ылан олорон ааспыттара.
Кыайыы күнүгэр аналлаах тэрээһиммит Баппа5аайы нэһилиэгин эр дьонноро кыттыылаах, нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Николаев Е.А. салайыытынан техника параатынан са5аланна, параат кыттыылаахтара, сэрии бэтэрээннэрэ олорбут дьиэлэригэр тохтоон ахтан-санаан аастылар.
Күнүс 14 ч. нэһилиэнньэ олохтоохторо, о5олор параакка та5ыстылар. Кыайыыга анаммыт болуоссакка митинг, гирлянда ууруута, э5эрдэ этиитэ, хаартыска5а түһүү ыытылынна. Төһө да тымныы тыаллаах халлаан турдар дьон-сэргэ Кыайыы күнүн көхтөөхтүк көрүстүлэр.
Баппа5аайы нэһилиэгэр 12 тыыл бэтэрээнэ, 14 сэрии кэмин оголоро олороллор. Тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии кэмин о5олоро уонна а5ам саастаахтар салгыы кулуупка тэрээһиҥҥэ сырыттылар. Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Николаөв Е.А. тыыл бэтэрээннэригэр дойду Президена Путин В.В., улуус баһылыга Винокуров С.Н. э5эрдэ суруктарын уонна тус бэйэтин, олохтоох дьаһалта аатыттан бэлэхтэри туттарда. Бырааһынньыктаа5ы минньигэс астаах остуол тула кэлбит ыалдьыттар ирэ-хоро кэпсэтэн, ырыа-тойук истэн, э5эрдэлэһэн сэргэхсийдилэр.
18ч. “Алаһа” СК бэлэмнээбит «Көрсүһүү» музыкальнай постановкатын көрдөрдө, ол кэннэ «Өйдөбүнньүк чүмэчи» ууруутугар сэрииттэн эргиллибэтэх буойуттар пааматынньыктарыгар чүмэчи уурдубут. Улуу Кыайыы 77сылын көрсөр тэрээһин көхтөөхтүк ааста.
Техника параатыгар 2 сылын кыттыбыт актыыбынай эр дьоммутугар Николаев В.М., Алексеев М.Г, Харлампьев К.Х. махталбытын тиэрдэбит. Минньигэс ас астаабыт оскуола, уһуйаан, балыыһа, кулууп, дьаһалта, ЖКХ, ЯТЭК –заправка тэрилтэлэригэр бэтэрээннэр, тэрийээччилэр ааттарыттан бар5а махтал тылларын этэбит.
Читать далее Улуу Кыайыы 77 сылыгар →