Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105 ,
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллар «Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха»
“Хомуһуннаах хомус дорҕооно!”
хомусчут оҕолорго күөн-күрэс
балаһыанньата
Буолар күнэ – дьыла, бириэмэтэ: бэс ыйын 16к. 2022 сыл
Ыытыллар миэстэтэ: «Ыһыах түһүлгэтэ»
Күөн-күрэс сыала-соруга:
• Үгэс буолбут ньымалары сөргүтүү, үйэтитии (сыыйа тардыы, күөрэгэйдэтии, хаастатыы уо.да.);
• Саха төрүт хомуһун оҕолорго утумнаахтык үөрэтии;
• Талааннаах оҕолору сайыннарыы;
Күрэскэ кыттааччылар:
• Биирдиилээн оҕолор кытталлар
Күөн-күрэс ирдэбиллэрэ:
• Үгэс буолбут ньымаларынан (сыыйа тардыы, күөрэгэйдэтии, хаастатыы уо.да.) хомуска тардыы;
• Хомусчут толорор таһыма, дорҕоонун эгэлгэтэ, дьиктитэ;
• Кыттааччы оҕо сахалыы таҥастаах буолара ирдэнэр;
• Хомуска дьүһүйүү ис хоһоонун арыйыы;
• Хомуһунан дьүһүйүү 5 мүнүүтэттэн ордуо суохтаах;
• Кыттааччы төлүүр усунуоһа 100 солк.
• Сайаапкаларгытын бэс ыйын 15 күнүгэр диэри “Алаьа” СК – Харлампьева В.В. 89644190794, Григорьева Т.К. 89627358123, Кириллин Г.С. 89644240553 биэрэгит.
Биһирэбил көрүҥнэрэ:
• I,II,III миэстэ олохтонор;
• Хас биирдии кыттааччыга Үрүҥ тунах Ыһыах туоһу суруга туттарыллар;
• Дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта бүтэһиктээх;
Сүрүннээччилэр:
Харлампьева Вероника Владимировна 89644190794
Григорьева Туйара Кирилловна 89627358123