Бүлүү улууһун Үрүҥ Тунах Ыһыаҕар Сыа Бүлүү сиригэр, Хомустаах эбэ хотун кытылыгар Баппаҕаайы нэһилиэгин дьоллоох түһүлгэтигэр, үөрүүлээх быһыыга- майгыга олоҕуран Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт ытык сэргэ туруордубут сиэри – туому толордо СР култууратын туйгуна, норуот хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха АССР спордун маастара,
Аан дархан оһуохай этээччи, алгысчыт, Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн төрүттээх Афанасий Егорович Алексеев алгыһы түһэрдэ. Ону тэҥэ Баппаҕаайыттан төрүттээх Дьокуускай куорат мэрэ Е.Н. Григорьев, Бүлүү улууһун баһылыга С.Н. Винокуров, нэһилиэкпит баһылыга Е.А. Николаев кыттыыны ылан долгутуулаах, үөрүүлээх күммүттүн өссө ситэрэн толорон биэрдилэр.
Икки сыллаах тохтобул кэнниттэн дьон сэргэ өрө көтөҕүллэн, үөрэн, астынан дуоһуйан тарҕастылар. Инникитин баҕа санааларын кытта былааннарын билиһиннэрдилэр, салгыы сайдыы туһугар бары бииргэ үлэлииргэ ыҥырдылар. Онон кэлбит быйаҥнаах сайыммытын үтүө алгыһынан күүстээхтик көрүстүбүт