Быйыл Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105, Народнай учуутала М.А.Алексеев төрөөбүтэ 105 сылыгар, Саха АССР төрүттэммитэ 100 уонна нэһилиэкпитигэр дьиэ кэргэн сылларыгар аналлаах “Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыах” үөрүүлээхтик буолан ааста.
Ыһыах аһыллыытыгар түһүлгэҕэ тоҕус эдэр ыаллара киирэн тоҕус томторҕолоох түптэ маҥан буруотун унаарытан ыраастаан арчылаатылар.
Ол кэннэ үрдүк айыыларга сүгүрүйэн, алгыс баһын сыалаан, аал уот нөҥүө көрдөһөн Алгыс Уйбаан уҥа өттүгэр тоҕус уолаттардаах, хаҥас өттүгэр сэттэ кыталык кыыстаах алгыһы түһэрдэ.
Ыһыахха кэлбит ыалдьыттар, олохтоохтор алгыһы иҥэринэн санаалыын көтөҕүллэн оһуохайдаан ойдулар, эһиэкэйдээн тэйдилэр. Оһуохай тылын таһаарда СР култууратын туйгуна, спорт маастара, Аан Дархан оһуохай этээччи биир дойдулаахпыт Афанасий Егорович Алексеев. Ыһыаҕы уруйдуур сыаллаах нэһилиэк дьоно кыттыылаах улахан хорга Алексей Тимофеев тылларыгар, Марк Жирков муусукатыгар ” Төрөөбүт дойду туһунан ырыа” толордулар.
Ыллаан – туойан ситэрэн биэрдилэр биир дойдулаахтарбыт СР култууратын туйгуна, Саха государственнай эстрадатын артыыһа Байтыкан Батаакап уонна Мария Грязнухина ыллаан – туойан, эҕэрдэлээн киэргэттилэр.
Маны тэҥҥэ араас күрэхтэр буоллулар. Оҕолорго ” Чыып- Чаап саҥалаах, чаабы – чыыбы чабырҕах…”, ” Хомуһуннаах хомус дорҕооно”,
улахан дьоҥҥо “Саргыны салайан, утуму тутуһан!” оһуохай күрэҕэ, “Өбүгэ үгэһин сөргүтэн” иистэнньэҥнэр күрэхтэрэ, “Сыа арыы үрүттээх, саха мааны аһа-Саламаат” саламаат күрэҕэ,
“Сандалы Саарына” аһастаах эр дьоҥҥо күрэхтэрэ,
түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт “Төрүттүүр төрүт түөлбэ” диэн түһүлгэ киэргэтиитин күрэхтэрэ бэрт тэрээһиннээхтик буолан, араас грамоталарынан, бириистэринэн бириэмийэлэр туттарыллыбыттара.