Госуслуга парольун умнубут буоллахха кылгас субэ.
Наада буолар
– телефон (смартфон),
– телефоҥҥут номерын сурунуоххутун сөп,
– паспорт номера,
Смартфоҥҥа Госуслуга сайтын браузерга арыйабыт (холобура google chrome)
“Войти” диэн баттанар
“Восстановить” кнопканы баттаан пароль уларытыыны саҕалыыбыт
Электроннай почта эбэтэр сотовай телефон номерын суруйуҥ диир, бу сырыыга сотовай номер көмөтүнэн туттабыт,
- Телефоммут номера суруллар
- Аллараа өттүгэр “Продолжить” кнопка баттанар
Аныгыс сырыыга госуслуга көмүскэлин ааһабыт,
Ол наадатыттан тахсыбыт коду (уруһуй) аллараа “Код” диэн строкаҕа хатылаан суруллар уонна “Продолжить” баттанар.
Код суруга сатаан көстүбэт сырыытыгар “Другой код” көмөтүнэн уларытыахха сөп, оннук түгэҥҥэ атын код уруһуйа тахсар,
эбэтэр сатаан код көстүбэтэҕинэ “Прослушать” кнопканнан коды ааҕан иһитиннэриэххэ сөп (нуучалыы =) )
Код толоруллубут холобура маннык курдук буолар
Код сөпкө сурулуннаҕына паспорт сериятын уонна номерын ыйытар,
Строкаҕа паспорбыт сыыппараларын суруллар, ол кэннэ “Продолжить” кнопка баттанар
Бу сырыыга Госуслугаҕа киллэриллибит кистэлэҥ боппуруос хоруй тыл “Ответ” строкаҕа суруллар (бу хоруй тыла өйгө тутулла сылдьыахтаах =) ),
“Продолжить” кнопка баттанар
Ол кэннэ СМС кэлэр, ол СМС “Код потверждения” строкаҕа киллэриллэр, алҕас сыыһа суруйдаххытына биир мүнүүтэ кэнниттэн саҥа коды “Отправить повторно” кнопканнан ылыахха сөп, код суруллубутун кэннэ “Продолжить” баттанар
Саҥа пароль “Введите пароль” строкаҕа,
“Повторить пароль” саҥа парольу хатылаан толор (сыыһа суруллубут буоллаҕына “пароли не совпадают” тахсар, оннук түгэҥҥэ парольгутун саҥаттан суруйан көрүҥ)
Телефон номера уонна саҥа оҥорбут
пароль суруллар,
“Войти” баттаан киириллэр