ИЙЭ БААР БУ СИРГЭ ААН ДОЙДУ ААННЬАЛА…

САССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылыгар аналлаах “Ийэ баар бу сиргэ – аан дойду аанньала…” ырыаһыт ийэлэр күрэхтэрэ алтынньы 22 күнүгэр Алаһа СК олус сэргэхтик ааста. Нэһилиэк биэс күн күбэй ийэлэрэ кыттыыны ыллылар.

Күрэх кыттааччылара
Бу киэһэ бэйэлэрин ырыаларын тойуктарын бэлэхтээтилэр, ыаллыы сытар Горнай улууһуттан Маҥаны нэһилиэгин аҕа түмсүүтүн ырыаһыттара СӨ культуратын туйгуна Семён Никифоров, баянист, элбэх ырыа автора, СӨ культуратын туйгуна Алексей Вензель уонна Народнай поэт Семен Данилов 105 сааһыгар аналлаах республиканскай ырыа күрэҕин гран-при хаһаайына Николай Андреев. Баян доҕуһуоллаах ырыалары истэн көрөөччүлэр астыннылар , ытыстарын тыаһын харыстаабакка тыаһаттылар.

Күрэх кыттааччыларын үс киһилээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата Никифоров С.К. (Орто Сурт), Харлампьев К.Х., Алексеев Г.И.

“КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ” үрдүк ааты ылла Сахайыына Платонова
“Лауреат” үрдүк аатын ылла Светлана Оленова
“Дипломант” үрдүк аатын ылла Декабрина Иванова
«Кэрэ куолас» анал аат хаһаайкатынан буолла Винна Алексеева
«Чуор куолас» анал аат хаһаайкатынан буолла Розалия Яковлева


Добавить комментарий