Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы, Саха сиригэр үлэ, Бүлүү улууһугар доруобуйа, Баппаҕаайы нэһилиэгэр үйэтитии сылларын
чэрчитинэн ыытыллар кийииттэр күөн – күрэстэрин балаһыанньата:
Буолар сирэ:
Баппаҕаайы нэһилиэгэ, „Алаһа“СК
Буолар күнэ – дьыла: Кулун тутар 8 күнэ, 2023 с.
Буолар чааһа: 19.00 ч.
Сыала – соруга:
• Нэһилиэк кийииттэрин киэҥ эйгэҕэ таһаарыы;
• Кийииттэр талааннарын арыйыы;
• Чөл – чэбдик олоххо көҕүлээһин;
Күөн – күрэс түһүмэхтэрэ:
• “Дьолум уйата” – дьиэ кэргэни билиһиннэрии(сахалыы таҥастаах);
• “Талааным – таптыыр дойдум кэрэ дьонун кэрэхсэттин” – дьоҕуру көрдөрүү;
• “Сандалым амтаннаах аһа” ;
• “Үтүөкэн өйүм – маанылаах майгым” – ыйытыктарга хоруйдар;
• “Киэһээҥҥи былааччыйа”;
Күөн – күрэс ирдэбилэ:
• Кыттааччы сааһа хааччахтаммат;
• Биир өйөбүл көмөлөһөөччү көҥүллэнэр;
Наҕараадалааһын:
• Кыайыылаахха – бастыҥ анал аат, кылаан бириис. Бары кыттааччыларга биһирэбил анал ааттар, бэлэхтэр.
Тэрийэр: „Алаһа“ СК