саха торут тылын кунэ

Тыл омук тыына

⚜️⚜️⚜️Олунньу 13 күнэ Саха сиригэр📖🖊️📖🖍️”Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ” Баппаҕаайытааҕы Алаһа СК “Тыл омук -тыына ” диэн нэһилиэкпит түмсүүлэрэ, ансамбыллара кыттыылаах олус сэргэх тэрээһин буолан ааста. Барыта 9 түмсүүттэн 27 киһи кытынна. Оонньуу- күрэҕи тойугунан аста Баппаҕаайытааҕы норуодунай учуутал М.А.Алексеев аатынан орто оскуола музыкаҕа учуутала Кириллина М.Е.

Бастакы түһүмэххэ сканворд таайдылар, иккис түһүмэххэ хамаандаттан биирдии киһи мүнүүтэҕэ аахтылар.


Баппаҕаайытааҕы орто оскуола библиотекара Платонова С С , Алаһа СК уус уран салайааччыта Григорьева Т. К., звукооформитель Кириллин Г.С., дьүүллүүр сүбэ буолан түмүгү таһаардылар 🙌🙌🙌. Оонньууну бэлэмнээн ыытта олохтоох бибилэтиэкэ библиотекара Сидорова А.М. Оонньууну ыытарга көмөлөстө Тарабукин М.И.
Бастыҥ сканворд таайааччылар Бильярдистар уонна дьахтар Сэбиэтин хамаандалара буоллулар👍✊🏻
Бастыҥ мүнүүтэҕэ ааҕааччы дьахтар Сэбиэтин хамаандатыттан Жиркова И.Н. мүнүүтэҕэ 193 тылы ааҕан бастаата. Күрэх түмүгүнэн бастакы миэстэни ылла- дьахтар Сэбиэтин хамаандата, иккиһи- бэтэрээннэр Сэбиэттэрин хамаандата, үсүһү- бильярдистар.👍🏻👍🏻👍🏻👏👏👏👏👏 Бары түмсүүлэр хамаанда тэринэ охсон көхтөөх кыттыыны ылбыттарыгар махтал!🙏🏻🙌

Добавить комментарий