Учуутал уонна уһуйааччы, Үлэ, Доруобуйа сылларынан

Олунньу 16 күнүгэр Баппаҕаайы нэһилиэгэр Арассыыйа5а учуутал уонна уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ, Бүлүү улууһугар доруобуйа, Баппаҕаайы нэһилиэгэр үйэтитии сылларыгар
аналлаах тэрээһин буолан ааста.

4 түһүмэхтээх көрүү-күрэххэ М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатын учууталларын уонна Баппаҕаайытааҕы балыыһа үлэһиттэрин коллективтара олус үчүгэйдик бэлэмнэнэн кытыннылар.


Визиткаҕа тэрилтэлэрин билиһиннэрдилэр, “Үлэм биир күнэ” диэн түһүмэххэ үлэлэрин биир күнүн сыанаҕа оонньоон көрдөрдүлэр. “Угадай мелодию” түһүмэххэ сахалыы, нуччалыы ырыалары таайдылар. “Мин үлэм истиилэ” түһүмэххэ үлэҕэ кэтиллэр таҥастарын муодалаан көрдөрдүлэр.

Көрүү- күрэххэ кыттыбыт тэрилтэлэр грамота уонна бэлэх туттулар. Үлэ сылыгар тэрилтэлэрбитигэр таһаарыылаах үлэни, доруобуйа сылынан кытаанах доруобуйаны баҕарабыт!

Добавить комментарий