Бүлүүтээҕи быткомбинат филиала Баппаҕаайыга 1972 сыллаахха иистэнньэҥ Мыреева көҕүлээһининэн арыллыбыта. Онтон ыла элбэх киьи үлэлээн-хамсаан, иистэнэн, атах танаһын улларан ааспыта. Атах таҥаһын улларааччынан үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыттара:
Акимова Марфа Николаевна.
( 24.03.1921-27.11.1996)
1940-41 сс. Баппаҕаайы орто оскуолатын 5 кылааһын бүтэрбитэ. Сталин аатынан холкуоска, 1958-71 сс. дьааһылаҕа үлэлээбитэ.
Наҕараадалара – “Ветеран труда»,” Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин», «Ийэ буолуу» мэтээллэринэн, «Ийэ Албан аата уордьан III степенинэн» наҕараадаламмыта.
Марфа Николаевна атах таҥаһын улларыытыгар үлэлээбитэ.
Биһиги ийэбит Акимова Марфа Николаевна 1921 сыллаахха Сортуол учаастагар төрөөбүтэ. 1942 мыллааха аҕабытынаан Акимов Яков Семеновичтыын ыал буолбуттара.Ийэбит сытыы-хотуу буолан эдэриттэн колхоз араас үлэтигэр үлэлээбитэӨ сүөһү көрүүтэ,от үлэтэ.Бурдук быһыытыгар Алексеева Мариялыын тэҥнээхтэрэ суох үһү. Иккиэн стахановецтар. Ийэбит охсубут сириттэн дьон кэпсииринэн 2т от кэлэр үһү,ол аата балтараа га сири охсор эбит. Аҕабыт 1943сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыт уонна 1945сыллаахха инбэлиит буолан эргиллэн кэлэн сүөһү көрүүтүгэр биригэдьииринэн,суотутунан үлэлээбитэ. Аҕабыт 37 сыл колхоз, совхоз бухгалтерынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ийэбит үлэтин таһынан уран тарбахтаах иистэнньэҥ этэ, сатаабата суоҕа, тэлигириэйкэ, кэлин дьахтар сонун, саҕынньаҕын, түүлээх бэргэһэлэри, араас ырбаахылары, таҥастары тигэн дьон махталын, убаастабылын ылара. Дьахталлары иискэ үөрэтэрэ. Сытыы-хотуу диэн бэкээринэҕэ солбуоһуҥҥа үлэҕэ ыҥыраллара, детсадка повардаабыта, ньээньэлээбитэ. 1973сыллааха быткомбинат филиала аһыллыбытыгар пенсияҕа тахсан баран атах таҥаһын улларыыга үөрэнэн Платонов Николай Платоновичтыын үлэлээбиттэрэ. Кинилэр кыра дьиэлэригэр. Ол саҕана таба тыһа көстүбэт буолан үксэ тайах,сылгы, ынах тыһыттан тигиллибитбуолан олус кытаанах, ыарахан үлэ этэ. Ону Ньукулайдыын кыайа-хото уллараллара. Кэлин быткомбинаттан уурайан да баран дьиэтигэр ииһин тохтоппотоҕо.Тирии имитэн, тигэн, улларан биэрэрэ. Өссө билэни оҕуруолуура.Оҕуруолаах араас суумкалары тигэрэ. Кинилэргэ Сидорова Д.Е.,Васильева В.И.,Прокопьева А.Н.үөрэнэн бэйэлэрэ улларар буолбуттара.Антонина Николаевна билигин нэһилиэккэ тутаах киһиӨ унтуулары бэртээхэй гына улларар. Ийэлээх аҕабыт бу орто дойдуга сэттэ оҕону төрөтөн, үөрэттэрэн дьон-сэргэ ытыктабылын- махталын ылан дьоллоох олҕу олорон ааспыттара.
Ахтыыны суруйда кыыҺа Акимова Варвара Яковлевна. 15.03.2023с.
Платонов Николай Платонович.
(01.07.1925 – 14.10.1990)
Мин, 1974 сыллаахха Булуу оройуонун бытовой комбинатын Баппаҕаайытааҕы филиалыгар үлэлии кэлбиппэр, атах таҥаһын улларааччылар 1973 сылтан үлэлии олорор этилэр. Сайын отпускаҕа сылдьан баран, балаҕан ыйын бүтүүтэ үлэлииллэрэ. Урут хас биирдии тэрилтэ үлэьитигэр окко былаан биэрэллэрэ, ол иһин уоппуска кэмигэр Николай Платонович, аҥар атаҕа суох икки тайах маһынан сырыттар да, Арыылаахха ЛТО оҕолоругар оттуур тэриллэрин кыраабылларын оҥорон, хотуурдарын уктаан, таптайан, сытыылаан бэлэмниирэ. Кэлин ЛТО диэн уурайбытын кэннэ Силээҥҥэ улахан дьон оттуур звенотугар сылдьан, оттуур тэриллэрин бэлэмниирэ.
Күһүн тымныы түһүөн иннинэ, сорох саҥа тигэн, сорох көтүрэн тас уллуҥун уллаттара аҕалаллара. Марфа Николаевналыын аан бастаан үлэлээбиттэрэ, клиеннэри кытта ыкса сибээстээх этилэр. Сорохтор тас уллуҥ буолуохтааҕын барытын көтүрэн баран аҕалаллара. Ону өйдөтөн, хайдах көтүрүөхтээхтэрин көрдөрөн үөрэтэн, субэлээн биэрэллэрэ.
Николай Платонович бэйэтин идэтигэр эдэрдэри үөрэппитэ Федорова Иринаны, Прокопьева Антонинаны, Васильева Валентинаны атах таҥаьын хайдах улларарга уһуйбута. Үлэтигэр наһаа кыһамньылаах, дьулуурдаах бэриниилээх этэ.
Ыксаллаах сакаастары киэһэ үлэ чааһын кэннэ хойукка диэри олорон тигэрэ. Дэриэбинэ дьонун атаҕын таҥаьын барытын кини улларара, өссө Орто Сууртан, Лөкөчөөнтөн сакаастар киирэллэрэ. Бүлүү бытовойуттан былаан бөҕөнү туһэрэллэр этэ, ону Николай Платонович куруук 100% тас өттүнэн толороро уонна тикпитэ барыта хаачыстыбалаах буолара. Сыралаах улэтэ элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан бэлиэтэммиттэрэ.
Ахтыыны суруйдум 1974 – 1992 сылларга Баппаҕаайы бытовой комбинат филиалын заведующайа Дмитриева Светлана Кононовна.
Васильева Валентина Ивановна.
(22.07.1955 – 17.08.1990)
Васильева Валентина Ивановна 1955 сыллаахха от ыйын 22 кунугэр төрөөбүтэ. 1978 сыллаахха бэкээринэ5э пекарь көмөлөһөөччүтэ диэнинэн үлэлээбитэ. 1979 сыллаахха атах таҥаһын улларааччы үөрэнээччитинэн киирбитэ. Кыра эрдэ5иттэн иискэ сыһыаннаах буолан сылы кыайбат иһигэр атах таҥаһын улларыытын мындыр үлэтин баһылаан обувщик буолбута. 1981 сыллаахха Баппаҕаайы совхозка кассирынан улэлии көспүтэ. Валентина Ивановна 3 оҕону төрөтөн ийэ буолар дьолун билбитэ. 1990 сыл атырдьах ыйын 17 күнүгэр ыарахан ыарыыттан эдэр сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ.
Сидорова Дария Егоровна.
(24.03.1949-12.10.2006)
Сидорова Дария Егоровна 1949 сыллаахха кулун тутар 24 кунугэр элбэх оҕолоох Новиковтар дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оскуоланы бутэрэн баран Чита куоракка иис үөрэҕэр үөрэммитэ. Бастаан үөрэҕин бутэрээт Бэрдьигэстээххэ үлэлээбитэ. 1974 сыллаахха Бүлүүтээҕи олох-дьаһах комбинатын Баппаҕаайытааҕы филиалыгар иистэнньэҥинэн киирбитэ. 20-тэн тахса сыл закройщицанан уонна иистэнньэҥинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, Үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэр бастыҥ үлэһит этэ. Нэһилиэк дьонун элбэх махталын ылбыт, уран тарбахтаах, мындыр иистэнньэҥ, дэгиттэр талааннаах киһи этэ. Кини барыга бары маастар этэ, ол курдук, таҥас ханнык баҕарар көрүҥүн тигэрэ, атах таҥаһын улларара, оһуор анньара, баайара, быысапкалыыра, түүлээҕи эмиэ тигэрэ. Бастыҥ үлэтин иһин элбэх бочуотунай грамоталарынан, «Победитель социалистического соревнования» диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Үлэтинэн, дьиэ кэргэнинэн эрэ муҥурдаммакка нэһилиэккэ буолар культурнай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара. «Алаһа хотуттара», «Сэргэхсийии» ырыа ансаамбылларыгар ыллыыра, иистэнньэҥнэр күрэхтэригэр кыттан бастаан «Көмүс сүүтүк» диэн ааты ылбыта. Алта оҕо амарах ийэтэ пенсияҕа тахсан да баран, дьиэтигэр олорон эмиэ таптыыр идэтин бырахпатаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыы сылдьыбыта. Кэргэнэ Сидоров Михаил Михайлович эдэр сааһыттан ыалдьан инбэлиит буолан улахан дьиэ кэргэн түбүгүн, кыһалҕатын барытын бэйэтин санныгар сүкпүтэ. 2007 сыллаахха алтынньы 12 күнүгэр ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.
Григорьева Варвара Афанасьевна.
(15.09.1931- 13.12.1999)
1931 с. Сортуолга төрөөбүтэ. 1948 с. 4 кылааһы бүтэрбитэ. «Сталин» аатынан холкуоска 10 сыл сүөһү үлэтигэр, сороҕор ыанньыксытынан үлэлээбитэ. 1962-64 сс. Баппаҕаайы 7 кылаастаах оскуолатыгар интернакка остуорастаабыта, 1964-90 сс. Илбэҥэтээҕи маҕаһыын уонна бытовой комбинат остуораһа, 1981 с. пекарняттан пенсияҕа тахсыбыта. “Ветеран труда”,” Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, “Кыайыы 50 сыла” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
1975 сыл алтынньы 18 кунуттэн бытовой комбинат филиалыгар остуораһынан, истопнигынан үлэлээбитэ. Оччолорго филиал ыал дьиэтигэр үлэлиирэ. Варвара Афанасьевна 1981 сыллаахха пенсияҕа тахсан да баран 1984 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри үлэлээбитэ.
Күн тэҥэ киһибит – ийэбит барахсан…
( ийэбит – «Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллээх, тыыл бэтэрээнэ, «Материнская Слава» I, II, III истиэпэннээх уордьаннаах Григорьева Варвара Афанасьевна аатын үйэтитэн)
Ийэбит дьиэҕэ киирэн кэллэҕинэ дьиэбит иһэ сырдыы түһэргэ дылыта, онтон суох буоллаҕына хайдах эрэ киһи тэһийбэт курдук буолан ылара. Оннук күндү киһи буоллаҕа, ийэбит барахсан…
Биһиги ийэбит Григорьева Варвара Афанасьевна балаҕан ыйын 15 күнүгэр 1931 сыллаахха Бүлүү Баппаҕаайытын Илбэҥэ нэһилиэгин Соболоох учаастагар, Харба Көлуйэ өтөҕөр күн сирин көрбүтэ. Николаева Евдокия Егоровна, Григорьев Афанасий дьиэ кэргэнигэр бэһис оҕонон төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт убайдара Бүөтүр (Бүөчээ), Киргиэлэй, Уйбаан, эдьиийэ Маарыйа. Эбээбит Евдокия, ийэбит үс эрэ саастааҕар, эрдэ олохтон туораан, биһиги ийэбитин уонна кыра убайын Уйбааны аҕалара Афанасий соҕотоҕун улаатыннартаабыт. Онон ийэ тапталын билбэккэ улаатаахтаабыттар эбит. Эһээбит бултаан-алтаан сэрии сут дьылларын, аччыктааһыны, таҥас-сап кырыымчыгыттан тоҥууну-хатыыны этэҥҥэ туораабыттар. Ийэбит уон сааһыгар оскуолаҕа үөрэнэ киирэр, түөрт кылаас үөрэхтэнэр. Харба Көлүйэттэн биир көстөөх сиргэ Илбэҥэҕэ сатыы баран үөрэнэр эбит. «Таҥаһым-сабым мөлтөх буолан, кыһын наһаа тоҥор этим» – диэн кэпсиир буолара. Сэрии сылларыгар оҕолор холкуос бүппэт үлэтигэр – окко, бурдук ыһыытыгар оҕус сиэтэллэрэ, хомуурга сылдьаллара. Харба Көлүйэ өтөҕөр иккиэйэҕин эрэ олорор кэмнэригэр, эһээбит Афанасий ийэбит 18 саастааҕар улаханнык ыалдьан хаалар. Өлөрдүү ыалдьа сытан, эһээбит ийэбитигэр «соторулаары гынным быһыылаах, миигин дьонноох сиргэ илдьиэҥ этэ» диэн этэн, ийэбит барахсан соҕотох ынаҕын көлүйэн, аҕатын сыарҕаҕа сытыаран, Соболооххо илдьэр. «Нэһиилэ өйөөн, ыалга киллэрэн истэхпинэ, боруогу атыллаан иһэн тыына быстаахтаабыта» диэн кэлин биһиэхэ кэпсиирэ. Аҕата өлбүтүн кэннэ ийэбитин оччотооҕу салалта Соболооххо көһөрөн аҕалан, аҕабыт дьонугар дьукаах олордубуттар, холкуоска ыанньыксытынан үлэлиир. Эрэйдээх – мускуурдаах олох сөрөөбүт, олус үлэһит, түргэн-тарҕан туттуулаах, үтүө-сымнаҕас майгылаах кыыһы эбэбит Екатерина Филипповна таба көрөн, уолун кытта ыал оҥортуурга сананар. Ол курдук 1950 сыллаахха дьоммут ыал буолаллар. 1955 сыллаахха бастакы оҕолоро Степан төрүүр. Онтон утуу-субуу өссө аҕыс оҕолоноллор – Александр, Ольга, Елизавета, Афанасий, Азалия, Лена, Екатерина, Евдокия. Маҥнай ыал буолан баран, дьоммут Соболоох учаастагар олороллор, Ворошилов аатынан холкуоска иккиэн суеһү көрүүтүгэр үлэлииллэр. 1962 сыллаахха улахан уол Степан оскуолаҕа киирэригэр, алтыс оҕо төрүүрүгэр Илбэҥэҕэ көһөн кэлэллэр. Илбэҥэҕэ ийэбит араас сылларга оскуола интернатыгар, бэкээринэҕэ, маҕаһыыҥҥа үлэлээбитэ. Бэкээринэҕэ үлэлиир кэмигэр ууларын күөлтэн оргуһуоҕунан таһан килиэптэрин астыыллар эбит. Улахан уола Степан «начальнай кылааска сылдьан атыыһыт Ньукулай уола Гошалыын сайынын оргуһуоҕунан дэриэбинэ килиэбин астыыр уутун 10-лыыта сүүрүүнэн сылдьан баһар этибит. Ийэбит уурайбытын кэннэ айдаараннар оҕуһунан баһар буолбуттара» – диэн ахтар. Маҕаһыыҥҥа үлэлиир кэмигэр түүн-күнүс таһаҕас кэллэҕинэ ону сүөкэһэ барарын өйдүүбүт. Бу ыарахан үлэни ийэбит барахсан саҥата –иҥэтэ суох тулуйан сылдьыбыт эбит. Доруобуйата кыайбат буолбутун кэннэ, пенсияҕа тахсыар дылы бытовой комбинакка үлэлээбитэ.
Ийэлээх аҕабыт биһигини атахпытыгар туруораары түүннэри-күннэри үлэлииллэрэ. Оччотооҕу кэм кэрдиитинэн биһиги дэлэгэйдик иитиллибиппит. Ийэбит буһарбыт килиэбин сыта, амтана билигин да баар курдук. А5абыт ийэбит эрэ астаабыт килиэбин сиирэ. Ынахтарын үүтүн сүөгэйдээн, күөрчэхтээн, арыы таптайан, халбыйбыт үүттэн суораттаан, арыы уутуттан быыппахтаан куруук толору астаах остуоллаах буолара. Быыппаҕын улахан сиэнэ Андрей кыра сылдьан «богатырский напиток» дии-дии иһэрэ бу баар. Ийэбит олус иистэнньэҥ, мындыр буолан, таҥнар таҥаспытын сонугар, бэргэһэтигэр тиийэ бэйэтэ тигэрэ. Ыһыахха биһиэхэ кыргыттарыгар куруук саҥа былааччыйа, сэлээппэ тигэттээн, ону сайбаччы кэтэн ыһыахтыы барарбытын өйдүүбүт. Этэрбэспитин эмиэ бэйэтэ тигэр да, улларар да этэ. Дьоммут куруук иитэр суеһүлээх, араас кэмҥэ сылгы, куурусса, хоруолук, сибиинньэ да иитэ сылдьыбыттара. Сайынын «эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут – хараҕын хастар» – диэн сарсыарда сөпкө ийэбит туруортуур этэ. Киһи ахсаанынан окко былаан биэрэр буоланнар, ийэбит үлэтин быыһыгар оттуур этэ. Оччотооҕуга күөлбүт кытыытыгар от да бөҕө үүнэр этэ, сүөһү киирбэтин диэн күрүөтүн үчүгэйдик оҥороллоро. Ийэбит чугастыы онно баар күрүөтүн оттуур этэ. Кэлин Өбүгэ диэн Илбэҥэттэн чугас сири бэркэ сөбүлээн үс сиргэ күрүөлэнэн оттуур буолбута. Кыралар ийэбитинээн оттуур этибит. Аҕабыт сайыны быһа улахан оҕолорун кытта сопхуос отун хоно сылдьан оттуур буолан, оттообут отун ийэбит бэйэтэ кээһэр, күрүөтүн бэйэтэ тутар этэ, биһиги оҕолор көмөлөһөн кэлин наһыылкалаһар буолбуппут. Дьиэбитигэр төннөрбүтүгэр ньирэй сииригэр диэн үс биэрэстэлээх сиртэн от сүгэн кэлэрбит. Ооҕуй курдук ийэбит кэнниттэн от сүгэн баран ойуур ыллыгын устун, силистэн силискэ ыстаҥалаан субуһарбыт бу баар курдук… Ийэбитин батыһа сылдьан сир астаан, отонноон, тэллэйдээн, сэбирдэхтээн, биир да күнү туһата суох аһарбат буоларбыт. Заготовкаҕа анаан күһүн буочуканан отону хомуйар этибит. Устудьуоннуур сылларбытыгар дьоммут эт-арыы ыыталларын таһынан, ийэбит барахсан наар күөрчэхтээн, бэрэски, кэтилиэт оҥорон ыытара. Алаадьыны ынах арыытыгар тонорон баран кэһиилээн ыытарын сылытан сиир олус да минньигэс буолара. Хас кэһии ыыттаҕын аайы сылаас иһирэх тыллардаах сурук суруйбут буолара. Дьоммут биһигини булгуччу үөрэхтээх, идэлээх оҥорорго дьулуһаллара, биһигиттэн оҕолоруттан, сиэннэриттэн ону кытаанахтык ирдииллэрэ. Ол курдук кинилэр көмөлөрүнэн бииргэ төрөөбүттэртэн 6 киьи үрдүк үөрэхтээх, 3 киһи орто анал үөрэхтээхтэр. Сиэннэрэ эмиэ ону батыһан араас үөрэх кыһаларыгар ситиһиилээхтик үөрэммиттэрэ да, үөрэнэллэр да.
Ийэбит барахсан сып-сырдыгынан көрбут, орто көнө уҥуохтаах, сытыары-сымнаҕас майгылаах буолара, наҕыл, аа-дьуо саҥалааҕа. Хаһан да кими да кытта этиһэ сылдьарын, куһаҕаннык саҥарарын өйдөөбөппүт. Дойдубутугар сайын тиийдэхпитинэ ийэбитин кытта оттообут, сир астаабыт сирдэрбитин кэрийэн, уруккуну-хойуккуну ахтыһарбыт биһиэхэ оҕолоругар-сиэннэригэр олус күндү. Харбалаахха (Халкый сиригэр), аҕабыт элбэхтэ оттообут сиригэр, үүтээнигэр тиийэн хонон-сынньанан кэллэххэ күүс ылбыт саҕа сананабыт.
Ийэбит аҕабытынаан ыал буолан 49 сыл олорбуттара, кыһыл көмүс сыбаайбатыгар биир сылынан тиийээхтээбэтэҕэ. Биһигини дьоммут чиэһинэй, сэмэй буоларга, кырдьаҕаһы-кыамматы убаастыырга, үлэни таптыырга, айылҕаны, кыылы-сүөлу харыстыырга, аһыныгас буоларга үөрэппиттэрэ. Күн сирин көрдөрбүт ийэлээх аҕабытыгар махталбыт муҥура суох, кинилэринэн киэн туттарбыт, ытыктыырбыт, таптыырбыт сылтан сыл күүһүрэр. Наһаа ахтабыт, суохтуубут…
Кыргыттара Попова Е.И., Петрова А.И.
Ыам ыйа, 2022 сыл.
Алексеева Христина Степановна.
( 12.01.1925- 28.01.2022)
1925 с. Чукчакаҕа төрөөбүтэ. Баппаҕаайы начальнай оскуолатын бүтэрбитэ. 1942-84 сс. «Сталин» аатынан, «Октябрь» холкуостарга, « Орто-Бүлүү”, «Баппаҕаайы» сопхуостарга асчытынан, ыанньыксытынан, ньирэй көрөөччүннэн, наставнигынан үлэлээбитэ.
«Ветеран труда», «Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин», «Кыайыы 50 сыла» мэтээллэринэн, партия райкомун, райсовет исполкомун Бочуотунай грамоталарынан , «Республика тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах ветерана”,”Саха Республикатын сайдыыта” бэлиэ хаһаайката, “Улуус Күн Күбэй ийэтэ” бэлиэ, “Республика 385 сыла” юбилейнай знагынан наҕараадаламмыта.
Күн күбэй ийэбит Алексеева Христина Степановна 1925 сыллаахха тохсунньу 12 күнүгэр Чукчака өтөҕөр күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр алталар этэ, үс уол , үс кыыс. Уоттаах сэрии ыар сылларыгар Сталин колхозка 1941с. субай сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ. 1965 сылтан Октябрь колхозка үүт эрийээччинэн үлэлээбитэ. 1967 сыл колхоз бөдөҥсүйэн Орто Булуу совхозка дайаарканнан, ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Онтон 1970- 1980 сс.охраннигынан, ыччат наставнигынан өр сылларга үлэлээбитэ. 1986-90сс.бытовой комбинат филиалыгар остуораһынан үлэлээбитэ. МаннаПлатонов Николай Платонович, Софронова Федора, Антонова Клара, Алексеева Светлана бииргэ үлэлээбиттэрэ.
Ийэбит алта оҕону төрөтөн, 11 сиэннэнэн, 10 хос сиэннэнэн дьоллоох олоҕу олорбута. Аҕабытынаан Егор Алексеевичтыын 70 сыл бииргэ олорон, 2022 сыл тохсунньу 28 күнүгэр 97 сааһыгар күн сириттэн барбыта.
Ахтыыны суруйдум кыыһа Антонова Надежда Егоровна. 14.03.2023с.