сылгыьыт кунэ

Кулун тутар 21 күнэ Саха Сиригэр Сылгыһыт күнэ

Сылгыһыт – ыарахан уонна эппиэттээх үлэ. Киһи эрэ барыта сылгыһыт буолан төрөөбөт, сылгыһыт уустук идэтин талбат. Кыһыннары-сайыннары биир өрөбүлэ суох ыҥыыр үрдүгэр олорон, сыһыылары сыыйан, алаастары кэрийэн, үрэхтэри быһан, сыспай сиэллээҕи көрүү-истии ыарахан,уустук үлэ.

Кириллина Мария Николаевна.

(01.07.1913-2003)

1935с. Сталин аатынан колхоз чилиэнэ буолбута, субай көрүүтүгэр, сылгыһытынан, ферма тас үлэтигэр пенсияҕа тахсыар диэри Сталин аатынан, Октябрь колхозтарга, ОртоБүлүү совхозкаүтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Сэрии сылларыгар таһаарыылаах үлэтэ 1941-1945сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Эйэлээх кэмҥэ ылбыт наҕараадалара – Улуу Кыайыы 30,40,50сс. юбилейнай, Үлэ ветерана мэтээллэр.

Кириллина Мария Николаевна « Сортуол» учаастагар Үөт Көлүйэ өтөҕөр 1913 сыллаахха төрөөбүтэ. Ийэтэ Заровняева  Варвара Филипповна Горнай улууһун Кэптин нэһилиэгиттэн төрүттээх, аҕата  Кириллин Николай Прокопьевич ( Сортуол). Бииргэ төрөөбүттэрэФеодосия, Матрена,Мария, Марфа,Григорий, Семен. Мария сытыы-хотуу, кыайыылаах буолан колхоз араас үлэтигэр кыһын сүөһү көрүүтэ, сайын от үлэтэ. Ханнык баҕарар үлэҕэ эр киһиттэн итээбэтэ, ол иһин кинини Сталин колхоз сылгыһытынан анаабыттара. Ол саҕана колхоз бэрэссэдээтэлинэн Кириллин Кузьма Гаврильевич үлэлээбитэ, сүрдээх үлэһит киһи этэ. Мария Николаевна өр сылга Платонов Николай Платоновичтыын сылгыһыттаабыттара. Мария чахчы үлэһит дьахтар этэ. Миигин акка мэҥэстэ сылдьара, оччолорго 15-16 саастааҕым. Кэлин сааспын ситэн бэлэм сылгыһыт идэтин Мария Николаевна үөрэтиитинэн-такайыытынан баһылаабытым. Кыһын тымныыга,сайын итиигэ-куйааска эр дьонтон итэҕэһэ суох ыраах учаастактарынан сылдьара. Биир бириэмэҕэ Таскин Никифор Федорович, Платонов Николай Платонович буолан үлэлээбиппит. Сылгы төрүөҕэ үчүгэй буолааччы. Сылгыбыт отун барытын хаар түһүөр диэри бэйэбит оттуурбут.Мария тэбис-тэҥҥэ сылдьыһара.Кини биир уол оҕолооҕо 22 сааһыгар сааҕа дэҥнэнэн эдэр сааһыгар өлбүтэ. Кэргэнэ Семенов Николай Филиппович эмиэ колхозка сүөһү көрүүтүгэр, тутууга, мас кэрдиитигэр, кэлин сылгыһыттыы сылдьан хомолтолоохтук эмискэ бу сиртэн барбыта. Мария Николаевна төһө да аһыы бөҕөтүн көрдөр сымнаҕас, элэккэй,үтүө киһи этэ. 80 сааһыгар диэри бэйэтэ оттоон,балтын Марфа Николаевна оҕолорун,сиэннэрин көмөлөһүннэрэн сүөһүтүн көрбүтэ.Кини 90 сааһыгар 2003 сыл күн сириттэн киһи быһыытынан үтүө ,амарах үлэһит киһи күрэммитэ. «Килбиэннээх үлэтин иһин” Сталин,” Кыайыы 50сыла” юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.Үлэ,тыыл бэтэрээнэ этэ.

Ахтыыны суруйдум  Бүлүү улууһун,  Баппаҕаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, « Бочуот Знага”  орден кавалера, ВДНХ быыстапка кыттыылааҕа, өр сылларга сылгыһыттаабыт үлэ,тыыл бэтэрээнэ Алексеев Егор Алексеевич.

Платонов Николай Платонович.

(01.07.1925 – 14.10.1990)

Биһиги аҕабыт, Платонов Николай Платонович,  1923 сыллаахха Ньукуола таҥаратын күн , сурукка киирбитинэн  от ыйын бастакы күнүгэр  1925 сыллаахха   Настаа уонна Былатыан Былатыанаптарга бастакы оҕонон төрөөбүт. Төрөппүттэрэ оскуолаҕа биэримээри сааһын кыччаппыттар. Икки бырааттаа5а Уйбаан уонна Мэхээлэ.

Ыал улахан оҕото буолан кыра эрдэҕиттэн улэҕэ эриллэн улааппыта.  Ыстаалын аатынан холкуоска 1940 – 1959 сылларга сылгыһытынан Кириллина Мария Николаевналыын, Алексеев Конон…, Алексеев Егор Алексеевичтыын  үлэлээбиттэрэ.  Ас-таҥас кырыымчыгар, уоттаах сэрии кэмигэр тоҥору-хатары аахсыбакка үлэлээбиттрэ.

1953 сыллаахха ийэбитин, Акимова Вера Семеновналыын холбоһон ыал буолбуттара, икки уол, үс кыыс о5оломмуттара. Кэлин 1960 сыллаахха сэллик ыарыытыгар ыалдьан, аҥар атаҕын быстаран  инбэлиит буолбута, биһигини көрөн олорбута. Айылҕаттан уус-мындыр этэ. Дэриэбинэ олохтоохторугар хаатыҥка  улларара,  сылгы кутуругуттан дьиэ харбыыр щетканы, дьиэҕэ туттуллар табуретка арааһын ,ынах ыырга олоппостору, таҥас ыйыыр ыскааптары, окко туттуллар тэрили барытын оҥороро. Бэйэтин туттар тэрилэ барыта сытыы буолара, ол иһин саҥа дьиэ туттаачыларга ыҥырыкка сылдьара. Илии устурууһун тайаҕар иилинэн һлэлии барара. Урут дьиэ маһын барытын илиинэн устуруустуур этилэр..

Чугас ыалларбыт бары быһахтарын, сугэлэрин, кыптыыйдарын  сытыылаталлара, уктаталлара. Көнө саастаах  тиит маһы тыыран,  үчүгэй баҕайы туулары өрөрө. Оннук маһы Матрена Николаевна Андреева эрэ сөпкө булан аҕалар диэччи. Аны туостан  тууйас арааһын оҥороро. Туоһун Алексеев Алексей…( Ытыган) хастаан аҕалара.

1970-1973 сылларга харааска, уолаттарын көмөлөһуннэрэн, оһох оттооччунан үлэлээбитэ. Ол үлэтин быыһыгар сопхуоска Алексеев Василий Алексеевичтыын оҕус сыарҕатын, хатыҥ мастан оҥороллоро.

1974-1989 сылга диэри Бүлүү оройуонун бытовой комбинатын Баппаҕаайытааҕы филиалыгар атах таҥаьын улларааччынан  үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмнэригэр наһаа бэриниилээхтик үлэлээбитэ, кыүаллан туран, хаачыстыбалаахтык тигэрэ. Ыксаллаах диэтэхтэринэ киэһэ хойукка диэри олорон иистэнэрэ. Биэрбит былааннарын куруук аһары толороро. Сайынын отпускатын кэмигэр (инбэлиит диэн аахсыбакка) окко былаан биэрэллэрэ. Ол иьин сайыны быһа оҕо лааҕырыгар Арыылаахха, онтон кэлин улахан дьон  звенотугар Силээҥҥэ баран, оттуур тэриллэрин оҥорон, хотуурдарын таптайан, оҕустарар тэриллэрин сытыылаан биэрэрэ. Астарын астаан, чэйдэрин өрөн тоьуйара.

Аҕабыт барахсан аныгы үйэҕэ төрөөбүтэ буоллар, тарбаҕыгар талааннах киһи, саха сатаабатаҕа суох дииллэрин курдук, тугу барытын оҥоруо этэ. Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр аҕабытын холобур гынан кэпсиибит.

Ахтыыны суруйда кыыһа Светлана Алексеева. 17.03.2023с.

Алексеев Михаил Сидорович.

( 21.01.1931 – 1985)

Михаил Сидорович эдэр сааһыгар милиция курсун бүтэрэн баран 12 сыл милицияҕа үлэлээбитэ.Онтон механизаторынан 20-тэн тахса сыл, кэлин икки сыл коннигынан үлэлээбитэ. Үлэлээбит сылларын тухары элбэх бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, Ударник Коммунистического труда буола сылдьыбыта. 54 сааһыгар олохтон барбыта.

Алексеев Гаврил Капитонович

(15.02.1935 – 03.06.2005)

1935 с. Хомустаахха төрөөбүтэ, оскуола 3 кылааһын бүтэрбитэ. 1952 сылтан «Сталин», «Октябрь» холкуостарга, «Орто-Бүлүү”, «Баппаҕаайы» сопхуостарга сылгыһытынан, субай сүөһү бостуугунан үлэлээбитэ. ВДНХ боруонса мэтээлинэн, «В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээн Килбиэннээх үлэтин иһин” , “Үлэ ветерана», «Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кэмигэр Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаламмыта.

Алексеев Гаврил Капитонович 1935 с. Баппаҕаайы нэһилиэгин Сортуол учаастагар төрөөбүтэ. Оҕо сааһа сэрии сылларыгар ааспыта, онон оскуолаҕа кыайан үөрэммэтэҕэ. Кыра сааһыттан үлэҕэ эриллэн улааппыта. Сылгыга сыстаҕас уол Сталин аатынан колхозка сылгыһытынан үлэҕэ киирбитэ. Гаврил Капитонович нэһилиэк чулуу сылгыһыттарын Федор Алексеевич Антоновы, Егор Алексеевич Алексеевы, Николай Кононович Никифоровы, Николай Филиппович Никифоровы кытта алтыһан үлэлээбитэ. Сылгыны дэриэбинэттэн 6 көс ыраах «Баай Эбэҕэ» илдьэн хаһыыга аһаталлара, саас төрүүр биэлэри туспа көрөн-харайан төрөтөллөрө. үлэтигэр сүрдээх кыһамньылаах үлэһит кулун деловой тахсыытын 95% ситиспитин иһин 1964 сыллаахха Бүтүн Союзтааҕы Норуот хаһаайыстыбатын Быыстапкатыгар кыттан боруонса мэтээлинэн, «Үлэҕэ килбиэнин иһин», 1970 с. «В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сааһа» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. 1990 с. «Ветеран труда» ааты ылбыта. 1996 с. оҕо сааһыгар тыылга үлэлээбитэ сыаналанан, «Ветеран тыла»үрдүк аат иҥэриллибитэ. Гаврил Капитонович сылгы иитиитигэр олоһун анаабыт киһи, кини «Баппаҕаайы» совхозка кулун деловой тахсыытын үрдэтэн хас да төгүл «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа» ааты ылбыта. Кини сахалыы сытыары сымнаҕас майгылааҕа, онон дьон-сэргэ ортотугар дириҥ ытыктабылынан ахтыллара. Олоҕун аргыһынаан Анна Гаврильевналыын 7 оҕону төрөтөн-иитэн атахтарыгар туруоран дьон кэккэтигэр таһаарбыттара, билигин кинилэр олохторун сиэннэрэ салгыыллар.

Алексеев Олег Гаврильевич.

(1.10.1973- 5.01.2020)

Алексеев Олег Гаврильевич алтынньы 1 күнүгэр 1973 сыллааха элбэх оҕолоох  Алексеевтар дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Баппаҕаайы орто оскуолатын бүтэрэн баран совхозка үлэлии киирбитэ.Аҕатын удьуордаан сылгыһыт идэтин баһылаан, нэһилиэккэ сылгыһытынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Былыр-былыргыттан өбүгэ саҕаттан, биһиги дьоммут, «хаанынан бэриллибит удьуордааһын» диэн бу маны этэллэрэ эбитэ буолуо. 2020 сыл тохсунньу 5 күнүгэр өлбүтэ.

Антонов Федор Алексеевич.

(1935-1982)

Антонов Федор Алексеевич 1935 сыллаахха Баппаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии сылларын оҕото буолан ас-таҥас тиийбэт ыарахан кэмнэригэр оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ, оҕо буолан оонньооботоҕо, колхоз араас үлэтигэр көмөлөһөн үлэлээн барбыта. Салгыы саҥардыы улаатан эрэр уолчаан Сталин аатынан колхозка чилиэнинэн киирэн сылгыһытынан үлэлээбитэ. Сылгыга сыстаҕас буолан, үлэтин түмүгэ, көрдөрүүтэ эмиэ оннук этэ.
Тулаайах хаалбыт кулуну аҕалан хайдах аһыахтааҕын ыйан-кэрдэн, быһааран биэрэн, сайыны быһа оҕолоругар көрдөрөрө, күһүн төлөһүйбүт убаһа буолан уопсайга төннөрө.
1960 сыллаахха Лөкөчөөҥҥө, оччотооҕуга сылгы иитиитигэр хаалан иһэр звеноҕа сылгы иитиитин өрө тардар соруктаах ыыппыттара. Онно тиийэн Лөкөчөөҥҥө сылгыһытынан 5 сыл үлэлээн Октябрь колхоһу сылгы иитиитигэр инникилэр кэккэлэригэр таһаарбыт улахан өҥөлөөх киһиннэн биллэр. Уопуттаах сылгыһыт олох оскуолатын ымпыгын-чымпыгын үөрэтэн, сылгы кыстыгын, хаһыыны, эбии аһатыыны сөпкө дьүөрэлээн үрдүк көрдөрүүнү ситиһэрэ.
Сылгыһыт сылаас дьиэҕэ таалалаабат. Сылгыны дэриэбинэттэн алта көс ыраах сытар Баай Эбэҕэ илдьэн хаһыыга аһаталлара, саас төрүүр биэни туспа көрөн-харайан төрөтөллөрө, кулуну тыыннаахтыы иитии, көрүү, төрүөҕү үчүгэй туруктаахтык иитии – бу барыта сыл түмүгүнэн кулун деловой тахсыытын былаанын толоруу, аһары толоруу сылгыһыт сыралаах үлэтин түмүгэ.
Федор Алексеевич түбүктээх үлэтэ элбэх ахсааннаах араас таһымнаах Бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэммитэ, кулун деловой тахсыытын былаанын аһары толорон убаһанан бириэмийэҕэ тиксэрэ.
Сылгы иитиитигэр өссө да үлэлиэҕин, дьону уһуйуоҕун, эдэр сааһыгар ыалдьан 1982 сыллаахха өлбүтэ.

Антонов Егор Федорович.

(1959 – 2004)

Сылгыһыт оҕото аҕатын утумнаан, сылгыһыт идэтин таллаҕына, кини төрүттэрэ киэн тутталлар. Федор Алексеевич уола, Егор Федорович, аҕатын туйаҕын хатаран, 1986-2004 сс. Баппаҕаайы совхозка сылгыһытынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Антонов Егор Федорович 1959 сыллаахха Баппаҕаайы нэһилиэгэр тереебутэ. Баппаҕаайы орто  оскуолатын бүтэрэн баран, Советскай Армия кэккэтигэр сулууспалаан ытык  иэһин чиэстээхтик толорон кэлэн, “Баппаҕаайы” совхозка рабочайынан үлэҕэ  киирбитэ. Аҕатын, Антонов Федор Алексеевиһы,  утумнаан сылгыһыт идэтин талбыта. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар аҕатын кытта  уһун өрөбүллэргэ, сайын сылгыга   сылдьара, аҕата тылынан суолун каартатын ыйан  соҕотохтуу сылгы үөрүн көрдөрө ыытара, ону Егор муммакка баран булан, көрөн киэһэ кэлэрэ. Кыратыттан Сортуол Илбэҥэ икки ардыгар сорукка-наадаҕа элбэхтик кэлэрэ-барара. Онон сиргэ сылдьа үөрүйэх этэ.

Ханнык да хара үлэттэн иҥнэн-толлон турбат,  үлэҕэ кыайыылаах киһи буола улааппыта. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сайын аайы илиинэн 10-н тахса  тонна оту оттоон  совхозка туттарара.

Ол курдук 1986 сылтан “Баппаҕаайы” совхозка сылгыһытынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Оччолорго сылгы биригэдьииринэн Никифоров Николай Филиппович үлэлээбитэ. Баай Эбэ, Силээн учаастактарынан  илдьэ сылдьан сылгыны хастаран аһатан кыстаталлара. Төрүүр биэлэри кичэйэн көрүү, быыһаан төрөтүү  түмүгэр кулун деловой тахсыытын былаанын аһары толорон, үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэллэрэ. Егор Федорович эдэр сааһыгар ыарахан ыарыыттан 2004 сыллаахха олохтон туораабыта. Төһө да кылгас кэмҥэ үлэлээтэр, үлэҕэ ситиһиилэрэ Бочуотунай грамоталарынан, Махтал суруктарынан  бэлиэтэммиттэрэ.

Никифоров Николай Кононович.

(9.11.1929-2004)

1929 с. Маалтааныга төрөөбүтэ, 1943 с. оскуола 4 кылааһын бүтэрбитэ. «Ворошилов» аатынан холкуоска киирбитэ, онтон бөдөҥсүйбүт «Октябрь»  холкуоска булчутунан, ферма тас үлэтигэр сылдьыбыта. Николай Кононович «Октябрь» холкуоска, «Орто-Бүлүү”, «Баппаҕаайы «сопхуостарга 1967-84 сс. сылгыһытынан үлэлиир, сүрдээх бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Кини «Ветеран труда», «Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Килбиэннээх үлэтин иһин», «Кыайыы 50 сыла» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Никифоров Николай Кононович 1929 сыллаахха сэтинньи 9 кунугэр Силээн учааскатыгар дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр 6 этилэр. Аҕата Конон Дмитриевич оччотооҕу киһи сиэринэн колхозка салайар, таба иитиитин үлэтигэр сыстан үлэлиирэ. Ийэтэ Марыына ыанньыксытынан, сүөһү көрүүтүгэр илиитин араарбакка үлэлиирэ.

Николай Кононович 4 кылаас үөрэхтээх, ойор-тэбэр оҕо сааһа сэрии сылларыгар түбэһэн, кыра сааһыттан үлэҕэ эриллэн улааппыта. 1949 сыллаахха Октябрь колхозка үлэлии киирбитэ. 1952-55 сс. Советскай Армия кэккэтигэр ытык иэһин толорон Камчаткаҕа сулууспалаабыта. Армияттан кэлээт, сиппит-хоппут киһи колхоһугар үлэлии киирбитэ уонна Камчаткаттан табанан таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыта. 1957 сыллаахха бэйэтин курдук элбэх оҕолоох ыал кыыһын, Ульяна Степановнаны, кэргэн ылан, 48 сылбииргэ ньир-бааччы олорон, 8 оҕону төрөтөн, улаатыннаран, дьоһуннаах дьон гынан, олох киэҥ аартыгар таһаардылар, элбэх сиэн, хос сиэн үөрүүтүн биллилэр.

1962 сыллаахтан Николай Кононович сылгыһытынан ананан үлэлээбитэ. Кини чулуу сылгыһыттар Антонов Ф.А., Алексеев Е.А., Алексеев Г.К. биригээдэлэригэр үлэлээн Баай Эбэ, Силээн учааскаларыгар сылдьан сылгыны хастаран аһатан, төрүүр биэлэри кичэйэн көрүү түмүгэр кулун деловой тахсыытын былаанын аһара толороннор, үчүгэй көрдүрүүнү ситиһэллэрэ. 1966 сыллаахха элбэх кулуну ылан, Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта, харчынан бириэмийэлэммитэ.

Николай Кононович бөдөҥсүйбүт «Октябрь» колхозка, «Орто Бүлүү», «Баппаҕаайы» совхозтарга сылгыһытынан үтүө суобастаахтык 22 сыл устата үлэлээбитэ. Кини дьөһөгөй оҕотун кытта алтыһан, олоҕун сылгы иитиитигэр анаабыта, дэлэҕэ даҕаны «Сылгыһыт Ньукулай» диэн ааттаныа дуо? Төһө даҕаны пенсияҕа таҕыстар кыһынын кочегарынан, сайынын ыанньык бостуугунан, от оттооһунугар илиитин араарбакка үлэлээбитэ.

1985 с. «Ветеран труда», 1992 с. «Ветеран тыла»үрдүк аатын ылбыта, 1995 с. «Улуу Кыайыы 50 сыла» мэтээлининэн наҕараадаламмыта. 2004 сыллаахха уһун ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.

Николай Кононович олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар, күүһүн-уоҕун биэрэн үлэлээбит үлэтинэн киэн тутталлар.

Иванов Марк Гаврильевич

(10.03.1930 – 25.04.2012)

1930 с. төрөөбүтэ, 1939 с. оскуола 1 кылааһын бүтэрбитэ. Тулаайах буолан 13 сааһыттан«Андреев» холкуоска 11 сыл сылгыһыт, 3 сыл кадровай булчут, « Октябрь»  холкуоска, «Орто-Бүлүү”, «Баппаҕаайы» сопхуостарга сылгыһыт, табаһыт, муҥхаһыт идэлээх. Марк Гаврильевич ханнык да үлэттэн чаҕыйбат, хоһуун үлэһит.

Наҕараадалара-“Ветеран труда», «Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Килбиэннээх үлэтин иһин», «Кыайыы 50 сыла» мэтээллэр.

Марк Гаврильевич 1929 сыллаахха Баппаҕаайы нэһилиэгин Лөкөчөөн сиригэр төрөөбүтэ. Уоттаах сэрии сылларыгар, 1943 сыллахха аҕата өлөн, ыал улахан оҕото буоларынан, ийэтигэр көмөлөһөр сыалтан, холкуос араас үлэтигэр үлэлээбитэ. «Андреев» аатынан холкуоска Муоһааны диэн сиргэ бэйэтин кытта саастыы Алексеев Иван Степановичтыын 30 сылгыны көрөн кыстыгы этэҥҥэ туораппыттара. Оччолорго сылгы ферматын сэбиэдиссэйинэн Алексеев Гаврил үлэлиирэ. Онтон ыла кини сылгыга сыстан барбыта. 1945 сыллахтан Марк Гаврильевич сылгыһытынан үлэлии киирбитэ, оччолорго сылгы ферматын сэбиэдиссэйинэн Николаев Никон (Боччоо) үлэлиирэ. 180-ча биэни түөрт буолан көрбүттэрэ, үчүгэй төрүөҕү ылан, икки убаһанан бириэмийэлэммиттэрэ уонна «Похвальный лист» туппуттара. Марк Гаврильевич 13 сыл, 1958 сыллаахха диэри сылгыһытынан таһаарыылаахтык үлэлээн баран, уурайан 5 сыл кадровай булчутунан, онтон 1963 сылтан «Октябрь» холкуоска табаһытынан киирэн 360 табаны көрбүтэ-истибитэ. Таба иитиигэр 11 сыл үлэлээбитэ. 1974 сыллаахтан, эмиэ сылгыһытынан үлэлии киирбитэ. Ити сылларга «Баппаҕаайы» сопхуос кулун деловой тахсыытыгар үчүгэй көрдөрүүлэри ситиһэрэ. Ферма сэбиэдиссэйинэн Николай Филиппович Никифоров үлэлээбитэ. Эн-мин дэһэн, иллээхтик – эйэлээхтик биир коллектив буолан үлэлээбит дьоно Алексеев Е.А., Алексеев Г.К., Таскин Г.Н., Лукин Е.Н. буолаллар. Алексеев Гаврил Капитонович уонна Антонов Николай Степанович үс буолан, Баай эбэҕэ икки кыһын кыстаабыттарын, 70 убаһаны, 120 биэни уонна 30-ча сутаарбыт биэлэри көрбүттэрин ахтар: от тиийбэккэ балбааҕы туустаах биэрэн уонна бэһи охторон, лабаатын-мутугун бурдукка булкуйан аһаппыттарын саныыр. Бу дьыл итинник тэринэн син сылгыны кыстатан турардаахпыт диэн ахтар. Марк Гаврильевич дьаныардаах үлэтэ элбэх ахсааннаах бочуотунай грамоталарынан, эҕэрдэ, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. Ветеран тыла үрдүк аатын сүгэр. Марк Гаврильевич олоҕун аргыһынаан, Евдокия Игнатьевналыын, үйэ аҥаарыттан ордук кэм иллээхтик олорон 11 оҕону төрөтөн улаатыннаран, элбэх сиэн, хос сиэн минньигэс сытын билбитэ.

Данилов Василий Николаевич.

( 11.03.1959- 16.12.2019)

Биһиги аҕабыт Данилов Василий Николаевич Горнай оройуонун Маҥаны нэһилиэгэр уон оҕолоох Герой-ийэ Степанова Ульяна Филипповна, аҕата Данилов Николай Спиридонович дьиэ кэргэнигэр 4 оҕонон 1959 сыллаахха төрөөбүтэ. Ийэтэ доярка, аҕата үйэтин тухары сылгыһыт .Маҥаны орто оскуолатыгар 9 кылааһы бүтэрбитэ. 1975 с. Бүлүү улууһун  Илбэҥэтигэр рабочайынан үлэлии кэлбитэ. Онтон 1976-78 сс. аармыйа5а сулууспалаабыта. 1979 сыллаахха ийэбинээн Антонова Галина Афанасьевналыын ыал буолан биэс  оҕолонон, тоҕус сиэннэнэн ньир-бааччы олорбуттара. 1980 сыллаахха Баппаҕаайы совхозка рабочайынан үлэҕэ киирбитэ, онтон 1982-86 сылларга сылгыһытынан Баай Эбэннэн, Силээнинэн сылгыһытынан үлэлээбитэ. Харыйалаахха 1985сыллаахха сылгы хаайар бүтэй туппуттара. Кэлин кочегарынан, рабочайынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.Саһыл ферматыгар Афанасий Сергеевичтыын үлэлээбиттэрэ. Маны таһынан аҕабыт байанайдаах булчут этэ, кыһынын саһылы,саарбаны бултаһааччы. Саас-күһүн кус-хаас булдугар сылдьааччы, улахан булду өлөрдөҕүнэ чугас ыалларыгар бэрсээччи.Онтон 2012 сыллаахха Арыылаах учаастагар чааһынай конебаза туттан сылгы иитиитинэн дьарыктаммыта. Ону таһынан  чааһынай ыалларга дьиэ тутуутугар прорабынан үлэлээччи, элбэх дьиэ,гараж тутуспута.

Ахтыыны суруйда кыыһа Степанова Е.В. 16.03.2023 сыл.

Никифоров Николай Филиппович.

(01.07.1931 – 10.10.2008)

1932 с. Силээҥҥэ төрөөбүтэ, 1945 с. 5 кылааһы бүтэрбитэ.” Сталин” холкуос чилиэнэ, 1950-54 сс. үлэтин саҕалаабыта, 1954-66 сс. “Октябрь” холкуоска сылгы биригэдьиирэ, “Орто-Бүлүү“ сопхуоска биригэдьиир.

Николай Филиппович Никифоров 1931 сыллаахха Баппаҕаайы нэһилиэгэр, «Баай Эбэ» чугаһыгар баар Силээн Тоһоҕолооҕор колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр этэ. Аҕалара Силип Никифоров оҕолоро кыра эрдэҕинэ өлөн, ийэлэрэ Мотуруона оҕолорун аччыктаабат – сутаабат эрэ икки ардынан иитэлээн атахтарыгар туруорбута. Сталин колхозка кыра сааһыттан хара үлэҕэ миккиллибитэ. Сортуол бааһынатыгар бурдук ыһаллара. Миэлинсэни оҕуһунан эрийтэрэн, быспыт бурдуктарын суорунаҕа тартараллара. Онно кини – күнннүктээн оҕус сиэтээччинэн сылдьара, тартарбыт бурдуктарын ыскылаакка эмиэ оҕуһунан төттөрү илдьэллэрэ. Бугул түгэҕин харбааччынан, мунньааччынан аччык кэриэтэ улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлэһэллэрэ, хара үлэҕэ элбэхтик эриллибитэ, мускуллубута. Бурдук атаҕын биэрдэхтэринэ ууга – хаарга буккуйан хааһы оҥостон сииллэрэ.
Сортуол бөдөҥ уолаттара Ыылаах диэн күөлгэ туулаан балык ыллахтарына, бары үллэстэн буһаран сииллэрэ. Онно Ньукулай балтын Ылдьаананы батыһыннара сылдьан, балта атаҕын маска хайа үктээн, өргө диэри атаҕынан эрэй бөҕөтүн көрбүтүн куруук саныыра.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии буоларыгар кини баара – суоҕа 10 саастаа5а, улуу Кыайыы буоларыгар 14 саастааҕа. Ол да буоллар, сэрии ыар сылларын этинэн-хаанынан, сүрэҕинэн – быарынан билбитэ.
1949 сылтан Октябрь колхозка чилиэнинэн киирбитэ. Араас үлэҕэ үлэлээбитэ.
1951 сылтан, үс сыл табаҕа үлэлээбит таһаҕасчытынан. Туора үрэххэ араас таһаҕаһы, Иванов Дьөгүөрдүүн элбэх туркунан тиэрдибиттэр. Манна дьаам тохтоон ааһар сирэ эбит. Кыһын куһаҕан таҥастаах-саптаах буолан, тоҥон-хатан, аччыктаан, айан араас моһоллорун син туораан, таһаҕастарын этэҥҥэ тиэрдэллэрэ. Кэлин таба биригэдьииринэн, Никифоров Куонаан Никифоровичтыын элбэхтик эриһэн үлэлээбиттэр.
1952 сыллаахха Арыылаах фермаҕа ыанньыксытынан үлэлиир Варвара Петровнаны көрсөн ыал буолбута. Варвара Петровна уонна Николай Филиппович уон оҕону төрөтөн, иитэн атахтарыгар туруортаан олох киэҥ аартыгар таһаартаан, ыал – үлэһит оҥорбуттара.
1954 сылтан Николай Филиппович уонча сыл ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Манна эти – арыыны, сүөһү ис буотарактарын, төбөтүн, туйаҕын барытын ааҕан – суоттаан учуот оҥорон иһэрэ. Кытаанах хонтуруол буолара.
1964 сылтан хонуу, сүөһү биригэдьииринэн эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Бу үлэлиир сылыгар бастыҥ хаачыстыбалаах оту совхозка туттарыы күүскэ турара. Ол курдук Баай эбэнэн, Силээнинэн, Сортуолунан илиинэн оттооһун, кэлин механизированнай звенонан оттооһун тэриллибитэ. Манна оттоммут оту быалааһын, учуоттаан оройуоҥҥа сводканы биэрэн учуоттаан иһэллэрэ, дьон күннээҕи көлөһүнүн ааҕан -суоттаан киллэрии – таһаары элбэх үлэни эрэйэрэ.
Николай Филиппович салайбыт звенота 1981 сыллаахха, хас биирдии киһитигэр 52,3 т. оту оттоон XX үйэ механизация аҥардаах бастыҥ звенота ааты ылбыта. Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕынан буолбута. Кыһыҥҥы кэмҥэ сүөһүгэ эбии аһылыгы бэлэмнээһин сиилэс угуута, дулҕа-талах кырбааһына элбэх мындыр үлэни ирдиирэ.
1981 сыллаахха сылгы биригэдьииринэн анаммыта. Кырдьыга да, сылгыһыт диэн бэйэтэ эмиэ туспа айылҕаттан айдарыылаах идэ буолар, сылгыһыттаабыт дьоно бары да кыайыгас, тулуурдаах, ханнык баҕарар хаҥыл сылгыны сыһытар этилэр. Хайдахтаах да ыарахан кыстыгы этэҥҥэ туораан, элбэх кулун ылыытын ситиспиттэрэ. Ол үлэтин түмүгэр «Чемпион сылгыһыт – 1981 с.» диэн аалай лиэнтэтин кэппитэ.
Бу сылларга үчүгэй түмүктээх үлэтин иһин олохтоох нэһилиэк депутатынан иккитэ талыллан араас үлэҕэ, мунньахтарга кыттыбыта.
Кэлин совхоз ыһыллан, паайдарын үллэстэн, нэһилиэк дьоно бааһынай хаһаайыстыба тэринэн туһунан барбыттара. Николай Филиппович оҕолорун кытта паайын холбоон «Үөт Көлүйэ» диэн сиргэ сылгы базата тэринэн, сыспай сиэллээхтэрин кытта арахсыспат аргыстара оҥостон, сылгыларын көрөрө – истэрэ.
Тыыл, үлэ ветерана. 1987 с. үлэ бэтэрээнэ, 1993 с. «1941-45 сс. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Килбиэннээх үлэтин иһин» медалларынан, элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыттара. Соц. куоталаһыы кыайыылааҕа. Николай Филиппович «XX үйэ чулуу үлэһитэ» диэн бэлиэлээх.

Лукин Егор Николаевич.

(25.04.1947 – 08.11.2018)

Егор Николаевич Лукин 25.04.1947 төрөөбүтэ. 1971 сыллаахха ЯРКПУ хореографическай отделениетын ситиһиилээхтик бүтэрэн баран Горнай оройуонугар РДК балетмейстерынан үлэтин саҕалаабыта. 1973 сыллаахха Лоретта Федоровналыын ыал буолбуттара. Солоҕон нэһилиэгэр кулуупка бииргэ үлэлээбиттэрэ. 1977-78сс.эдэр ыал Илбэҥэҕэ көһөн кэлбиттэрэ, Егор Николаевич кулуупка директорынан үлэлээбитэ. Араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан бастаан, дьон –сэргэ биһирэбилин ылбыттара. Лоретта Федоровна эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүтэ. Егор Николаевич икки оҕотун кытта хаалан оҕолорун улаатыннарбыта. Кулуупка директорынан үлэлии сылдьан баран «Баппаҕаайы” совхозка сылгыһытынан үлэҕэ киирбитэ. Оччолорго кулууп үлэһитин хамнаһа кырата бэрт этэ, дьиэ кэргэнин иитэр соҕотох аҕа ол да иһин атын үлэҕэ көспүтэ буолуо. 1985 сыллаахха Алексеев Е.А. звенотугар сылгыһытынан киирбитэ. Бу сыл звено коллективнай бэдэрээккэ киирэн үлэлээбитэ. Звено биэс киһилээх этэ, опыттаах сылгыһыттар Алексеев Е.А.,Алексеев Г.К. 30-тан тахсалыы сыл үлэлээбит баай опыттаах дьон. Саҥа сылгыһыттарынан Лукин Е.Н., Таскин Г.Н.,Данилов В.Н. үлэлии киирбиттэрэ. Егор Николаевич сытыы- хотуу,сылгыга сыстаҕас да буолан олох атын эйгэҕэ үлэлии сылдьыбыт киһи сылгыһыт үлэтиттэн чаҕыйбакка үлэлии киирбитэ. Сайын аайы Баппаҕаайы совхозка от оттоон туттарара. Кини сыралаах үлэтэ үчүгэй түмүктээх буоларын элбэх бочуотунай грамоталар туоһулууллар.

Добавить комментарий