“БАЯН ДОЛГУТАР ТЫАҺЫНАН – ӨССӨ ЫЛЛАА”

Кулун тутар 25 күнүгэр Баппаҕаайы нэһилиэгэр хаһан да буолбатах дьоро киэһэ буолла. баянист, ырыаһыт Николай Семенович Платонов аатын үйэтитэн “Баян долгутар тыаһынан – өссө ыллаа” баянистарга аналлаах аһаҕас ырыа күрэҕэ  бэрт сэргэхтик ыытылынна.Куонкурус саҕаланыытыгар Платонов Н.С. оҕолоро, быраата нэһилиэк дьаһалтатыгар, Алаһа СК коллективыгар, махтал тыллары эттилэр бэлэхтэрин туттардылар. Уола Виктор Николаевич Саха сирин транспорын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин авиациятын бочуоттаах үлэһитэ, авиация бэтэрээнэ, СӨ баянистарын союһун чилиэнэ, самодеятельность кыттыылааҕа баянынан ыллаан дойдутун дьонун үөртэ. Хос эһээтин туйаҕын хатарар сиэнэ Ян Арктикатааҕы култуура институтун студена аккордеоҥҥа эһэтэ баяҥҥа оонньоон сүрдээх үчүгэй нүөмэри көрдөрдүлэр.

Куонкуруска Дьокуускай куораттан, Нам, Кэбээйи, Горнай, Хаҥалас, Бүлүү улуустарыттан 7 ырыаһыт -баянист кыттыыны ыллылар. Кыттааччылар 2 лии ырыаны толордулар, бастакыннан Үлэ, үөрэх туһунан, иккиһинэн бэйэлэрэ сөбүлүүр ырыаларын. Бииртэн биир талааннаах дьон баяннарын тыаһынан ырыаларынан көрөөччүнү долгуттулар.

Читать далее “БАЯН ДОЛГУТАР ТЫАҺЫНАН – ӨССӨ ЫЛЛАА”