Кулун тутар 25 күнүгэр Баппаҕаайы нэһилиэгэр хаһан да буолбатах дьоро киэһэ буолла. баянист, ырыаһыт Николай Семенович Платонов аатын үйэтитэн “Баян долгутар тыаһынан – өссө ыллаа” баянистарга аналлаах аһаҕас ырыа күрэҕэ бэрт сэргэхтик ыытылынна.Куонкурус саҕаланыытыгар Платонов Н.С. оҕолоро, быраата нэһилиэк дьаһалтатыгар, Алаһа СК коллективыгар, махтал тыллары эттилэр бэлэхтэрин туттардылар. Уола Виктор Николаевич Саха сирин транспорын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин авиациятын бочуоттаах үлэһитэ, авиация бэтэрээнэ, СӨ баянистарын союһун чилиэнэ, самодеятельность кыттыылааҕа баянынан ыллаан дойдутун дьонун үөртэ. Хос эһээтин туйаҕын хатарар сиэнэ Ян Арктикатааҕы култуура институтун студена аккордеоҥҥа эһэтэ баяҥҥа оонньоон сүрдээх үчүгэй нүөмэри көрдөрдүлэр.
Куонкуруска Дьокуускай куораттан, Нам, Кэбээйи, Горнай, Хаҥалас, Бүлүү улуустарыттан 7 ырыаһыт -баянист кыттыыны ыллылар. Кыттааччылар 2 лии ырыаны толордулар, бастакыннан Үлэ, үөрэх туһунан, иккиһинэн бэйэлэрэ сөбүлүүр ырыаларын. Бииртэн биир талааннаах дьон баяннарын тыаһынан ырыаларынан көрөөччүнү долгуттулар.
Дария Алексеева
Түмүк
Гран-при үрдүк аатын ылла Александр Никифоров (Бүлүүулууһа, Баппаҕаайы) бириис 20 000 уу харчыннан (Платоновтар дьиэ кэргэн туруорда)
1 ҮКТЭЛЛЭЭХ ЛАУРЕАТ Николай Макаров (Хаҥалас улууһа, Төхтүр) бириис 15000 уу харчыннан (Баппаҕаайытааҕы Алаһа СК туруорда)
2 ҮКТЭЛЛЭЭХ ЛАУРЕАТ Иван Иванов (Кэбээйи улууһа, Чагда) бириис 10000 уу харчыннан (Баппаҕаайытааҕы нэһилиэгин дьаһалтата туруорда)
3 ҮКТЭЛЛЭЭХ ЛАУРЕАТ Дария Алексеева (Горнай улууһа, Бэрдьигэстээх) бириис Термопот (Бүлүү улууһун “Культураҕа сайдыытын уонна норуот айымньытын оройуоннааҕы Киинэ” муниципальнай бүддьүөт культураҕа тэрилтэтэ туруорда)
1 ҮКТЭЛЛЭЭХ ДИПЛОМАН Алексей Осипов (Нам улууһа, Маймаҕа) бириис Саа ыраастыыр (бирииһи туруорда Платонов Н.П. оҕолоро)
2 ҮКТЭЛЛЭЭХ ДИПЛОМАН Владимир Дакаяров (Дьокуускай куорат) бириис Саа ыраастыыр (бирииһи туруорда Платонов Н.П. оҕолоро)
3 ҮКТЭЛЛЭЭХ ДИПЛОМАН Дмитрий Дьяконов (Кэбээйи улууһа, Чагда ) бириис 3000 солк. (Платонов Н.С балта Платонова А.Н бирииһи туруорда)
Анал ааттар
“Дьикти дьүрүскэн “ Дария Алексеева , 2000 (Бүлүүтээҕи урбаанньыттар сойуустара. сал.Акимов А.Я. бирииһэ)
“Кэхтибэт талаан” Дмитрий Дьяконов (Баппаҕаайы бэтэрээннэрин сэбиэтэ, бэрэссэдээтэл Николаева А.А.)
“Иэйиилээх дьүрүскэн” Владимир Дакаяров 2000 солк (Алаһа СК бирииһэ) “
“Көрөөччү биһирэбилэ” анал ааты көрөөччүлэр куоластааһыннарынан Никифоров А.Н. ылла “Булчут” маҕаһыынтан сертификат (“Сиэрдээх арассыыйа” партия Бүлүүтээҕи отделениета туруорбут бирииһэ)
Куонкуруска спонсордаабыт Платонов Николай Семенович оҕолоругар, аймахтарыгар , олохтоох дьаһалтаҕа (баһылык Николаев Е.А.) , Сиэрдээх Арассыыйа партияҕа, Бүлүүтээҕи култуура киинигэр (директор Дашевская А.А.), Бүлүүтээҕи урбаанньыттар сойуустарыгар(сал.Акимов А.Я.) улахан махталбытын тиэрдэбит. Үлэҕитигэр ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну.
Наьаа учугэй чахчы да баян до5уьуолун уйэтитэр курэх буолбут, маладьыастар.
Махтал
Николай Семенович аатын оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэнэ, аймахтара, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ дьоро киэһэнэн, баян уонна кэрэ куолас иэйэр муусукатынан үйэтиппиттэр. Барыгытыгар барҕа махтал
👍