Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр нэһилиэкпитигэр бырааһынньыктааҕы тэрээһин ЭРЭЛ спортсаалаҕа буолла. Сахалыы таҥастаах оҕолор, улахан дьоннор муһуннулар, тэрээһин арыы саҥыйахтаах алаадьыннан айах тутууттан саҕаланна. Мустубут дьону “Алаһа” дьахталлар ырыа ансамбыла “Сахам сирэ” Ангелина Файрушина ырыатынан, нэһилиэк баһылыга Николаев Е.А. эҕэрдэлээтилэр . Мустубут дьон саха төрүт үҥкүүтүгэр оһуохайга түмүстүлэр. Оһуохай тылын таһаарда кэскиллээх этээччи 10 кылаас үөрэнээччитэ Антонова Наташа ( уһуйааччы Кириллина М.Е.)
Читать далее Муус устар 27 күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэАрхив за месяц: Апрель 2023
Ахтан санаан ааһыахха…
Аан Дойдутааҕы ветеринария күнэ киһи –аймах үтүө ,чөллөөх буолуутугар сүҥкэн улахан суолталаах. Кини улууканнаах туһата- киһи аймаҕы аһылыгынан хааччыйыыга, ресурсаны эбэн биэриитигэр.
Читать далее Ахтан санаан ааһыахха…Кырыа кыһыны кыйдаан, сандал сааһы саргылаан!
Уһун кыһыммыт тымныы тыына сымнаан, сааспыт кэлэн иһэрэ лаппа биллэн эрэр…
Муус устар 16 күнүгэр нэһилиэкпитигэр кыһыны атаары буолла. Нэһилиэк олохтоохтооро , оҕолор, ыалдьыттар порт территориятыгар тоҕуоруһа мустан Алаһа СК тэрийбит оонньууларыгар олус көхтөөхтүк кытыннылар. Асчыт хотуттар, урбаанньыттар ас астаан , үтэһэлээх эт (шашлык) бүһаран атыылаатылар. Сүүйүүлээх билиэттэр оонньоннулар, күрэхтэр кыайыылаахтара бириис арааһын ылан үөрдүлэр-көттүлэр.
Читать далее Кырыа кыһыны кыйдаан, сандал сааһы саргылаан!Пасха (опрос)
после голосования можно посмотреть результат обновив страницу
[yop_poll id=”1″]
Читать далее Пасха (опрос)Баппа5аайы нэһилиэгин булчуттара
Сахалар түҥ былыргыттан төрүт дьарыктарынан бултааһын буолара. Кыһын сир-дойду маҥан кырса хаарынан бүрүлүннэҕинэ, булчуттар тэринэн-хомунан баай тыаларыгар бултуу-алтыы тахсаллара.
Ол курдук Баппаҕаайы сиригэр колхуоска, сопхуоска булчуттарынан аатырбыт, дьон-сэргэ умнубакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уос номоҕо гынан кэпсээн кэлбит булчуттарынан буолаллар:
Читать далее Баппа5аайы нэһилиэгин булчуттараМуус устар 1 күнэ КӨР – КҮЛҮҮ күнэ
Күлүү эмтээх, күлэ – үөрэ сылдьар киһи уһун үйэлэнэр, чөл куттаах, чэгиэн, чэбдик буолар диэн этиллэр. Былыр – былыргаттан, олоххо баар көрдөөх – күлүүлээх түгэннэр, эмиэ даҕаны дьон бэйэ – бэйэтигэр сыһыаныгар киһи бэркиһиир, кэлэйэн күлэр да суоллара баар. Көрдөөх сценкалары көрүү күүстээх үлэ кэнниттэн аралдьыйан саҥа күүһү – эрчими ииттинэргэр көмөлөһүө, бүгүҥҥү олох кыһалҕаларын кыайарга тирэх буоллун.
Читать далее Муус устар 1 күнэ КӨР – КҮЛҮҮ күнэ