Ахтан санаан ааһыахха…

Аан Дойдутааҕы ветеринария күнэ киһи –аймах үтүө ,чөллөөх буолуутугар сүҥкэн улахан суолталаах. Кини улууканнаах туһата- киһи аймаҕы аһылыгынан хааччыйыыга, ресурсаны эбэн биэриитигэр.

1956с. Илбэҥэҕэ зооветпункт тэриллибит, сэбиэдиссэйинэн Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн баран Үгүлээккэ ветеринарынан үлэлээбит, армияҕа сулууспалаан баран Гаврильев И.С. ананан үлэлии кэлбитэ. Кинини кытта ветсанитарынан Ньурбаҕа 1,5сыллаах курсу бүтэрбит Антонов Г.М. үлэтин саҕалаабыта. СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Гаврильев И.С., үлэ ветерана Антонов Г.М. орто дойдуттан букатыннаахтык барыахтарыгар диэри нэһилиэнньэ сүөһүтэ, сылгыта чөл туруктаах буолан, туох даҕаны дьаҥ-дьаһах сыстыбатын туһугар туох баар кыахтарын ууран, билиилэрин тарҕатан үлэлээбит специалистарынан билиниэххэ наада.

Ол кэмҥэ колхоз,совхоз сүөһүтэ сылгыта элбэх ахсааннаах буолан хаһаайыстыа бөҕөргөөбүтэ, сыстыганнаах ыарыы турбатаҕа, бруцеллез курдук ыарыы суох оҥоһуллубута. Ону таһынан совхозка хара саһыл иитэр ферма үлэлээн бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Үлэ элбэх буолара, сыстыганнаах ыарыылары утары быһыылар, хаан ылыыта былаан быһыытынан тиһигин быспакка барара. Суол-иис мөлтөх буолан сайын, кыһын фермаларга сырыы сатыы, атынан, совхоз салалтата трактор биэрэн абырыыр этэ. Иван Семенович идэтин баһылаабытын таһынан хаһаайыстыбанньык бэрдэ этэ, отделение управляющайынан кытта үлэлээн сылдьыбыта. Сүөһү,сылгы төрүүрүгэр моһуогуруутугар көмөлөһөр тарбахха баттанар специалиһынан биллэрэ.Биир бириэмэҕэ Кесарево сечение ынахха оҥорон билигин номох курдук кэпсэлгэ сылдьар.

Гаврил Моисеевич үлэтин үтүө суобастаахтыктолорооччунан биллэрэ. Ферма эдэр үлэһиттэригэр сүөһүнү хайдах көрөллөрүгэр сүбэ-ама биэрээччинэн сылдьара.

Кинилэри кытта алтыһан үлэлээн ааспыт кэмнэрбин олус истиҥник саныыбын.Былыргыта суох аныгы баар буолбат, аныгыта суох кэлэр кэм баар буолуо дуо.

Ахтан-санаан аастым СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлээх,СР Президенэ Штыров аатыттан Махтал бэлиэлээх, үлэ ветерана Николаева А.А.

 

Гаврильев Иван Семенович (16.03.1934-02.08.2007)

Үлэ,тыыл ветерана, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина. 

 

Гаврильев Иван Семенович – 1934 сыллаахха Баппаҕаайыга төрөөбүтэ. 1953 с. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун ветеринарнай салаатын бүтэрбитэ. 1956-57 сс. Баппаһаайытааҕы ветпункт сэбиэдиссэйэ. 1967-68 сс. «Орто-Бүлүү»сопхуос Лөкөчөөннөөҕү отделениетын управляющайа. 1972-80 сс. ветучаастак кылаабынай ветвраһа. 1980-82 сс. «Баппаҕаайы»сопхуос Илбэҥэ отделениетын управляющайа. Иван Семенович үлэлээбит 50-ча сыл устата сыламтата суох сопхуостар учаастактарын, отделениеларын салайан, үлэлээбит бириэмэтигэр үтүмэн үгүс үчүгэй көрдөрүүлэри ситиспитэ. Илбэҥэ отделениетын управляющайынан үлэлиир кэмигэр 1982 сыллаахха ”Арыылаахха” ньирэй ЛТО-та диэн аан бастаан бачыым көтөҕөн тэрийбитэ. Бу улахан хамсааһын, тэрээһин, управляющай, биригэдьиир (Николаев А.С.) элбэхтик сүүрэн-көтөн түбүгүрэн тэрийбиттэрэ. Иван Семенович ханна да үлэлээтин, туох эмит суолу-ииһи хаалларар, кэскиллээҕи өтө көрөн үлэлээбит дьоннортон биирдэстэрэ.

Гаврильев Иван Семенович – олоҕун бүтүннүүтүн төрөөбүт нэһилиэгэр анаабыта. Кини уопсайа 48 сыл устата ветвраһынан, управляющайынан уопсайа 50-ча сыл дьиҥ-чахчы улахан үлэни үлэлээбитэ. Иван Семенович хараҕын ортотугар нэһилиэк тыатын хаһаайыстыбата сайдыбыта, үлэтин ис сүрэҕиттэн таптыыра, онон чахчы үрдүк таһымнаах веврач этэ. Кини олоҕун тиһэх куннэригэр суруйан хаалларбыт ахтыыта:

Мин, Гаврильев Иван Семенович, 1934 сыл кулун тутар 16 күнүгэр Баппаҕаайыга төрөөбүтүм. 4 кылааһы Баппаҕаайыга, 5-6 кылаастары Хампаҕа кэлин 1949 сыллаахха 7 кылааһы бүтэрэн, бу сыл Якутскай куоракка тыа хаһаайыстыбатынтехникумугар ветотделениеҕа киирбитим. 1953сыл 19 саастаахпар техникуму бүтэрэн, Бүлүүоройуонугар атырдьах ыйыгар Үгүлээт ветпуунугар сэбиэдиссэйинэн ананан 1 сыл, армияҕа барыахпар диэри үлэлээбитим. Оччотооҕуга ¬Үгүлээт ветпууна Тылгыны нэһилиэгин эмиэ бииргэ хабан үлэлиирэ, оччотооҕу колхозтарга, ¬ Үгүлээккэ Федоров Данил Никитиһи кытта биир сыл бииргэ үлэлээбиппит, билигин өйдөөтөххө түүннэри-күнүстэри 2 нэһилиэгинэн фермалары кэрийэн плановой үлэни бүтэрэ сатыырбыт. Балтараа сыл армияҕа службалаан кэлэн баран, 1956 сыл эмиэ атырдьах ыйыгар Баппаҕаайы зооветпуунугар сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээбитим. Оччотооҕуга ветпууҥҥа зоотехнигынан Осипов Илья Афанасьевич уонна саҥа үөрэҕи бүтэрэн кэлбит Антонов Гаврил Моисеевич үлэлээбиппит.

***

Элбэх үлэлэри ветеринарнай кадртан ирдэнэрэ. Урут веткадрдар профессиональнай билиилэрин үрдэтиигэ элбэх болҕомто ууруллар этэ, ол курдук мин 2-тэ Улан-Удэєэ, 2-тэ Якутскайга 3 ыйдаахповышение квалификации ыытан үөрэтэ сылдьыбыттара, ол да иһин буолуо араас новокаиновай блокадалары, кыаллар операциялары оҥорорбут, ол курдук мин 3-тэ кесаревосечение оҥорбутум, онтон биир ынах өлбүтэ, 2-тэ тиллибитэ, хаста да ампутация матки оҥорбутум, сүөһү өлбөтөҕө уонна бу үлэлээбит кэммэр кыайан акушерскай көмөнү оҥорбокко сүөһүнүөлөрбүппүн өйдөөбөппүн. Совхозтар саҕана ветүлэһит син биир совхоз салалтатын курдук эппиэккэ сырытыннараллара, ол курдук төһө да былааҥҥын толор, профессиональнайдык үчүгэйдик үлэлээ, эт, үүт былаана туолбата, сүөһүөлүүтэ баар буолла да, эн «ветеринарнай кадр»үлэҥ куһаҕанынан ааҕыллара, ол курдук мин иккитэ райком бюротыгар дьүүллэнэн миэрэ биэрбиттээхтэр: бииригэр Бүлүү куоратыгар комбикорм умайан, күл буолбутун сүөһүгэ сиэттэрэн элбэх сүөһү ыран-дьүдьэйэн өлбүтүгэр (Якутскайдааєы лаборатория материал күлүн ыыппытын, сааһыгар, өлбүт. Өлбүтүн кэннэ, не годна в корм животным) диэн заключение кэлбитэ.

​Иккиһигэр, саас сүөһү көһүүтүгэр ньирэйдэри икки көстөөх сиргэ зоотехник, бригадир салалтатынан үрдүкү кылаас оҕолоро үүрэн иһэн арыгылаан, ньирэйдэри ыһан элбэх ньирэй мунан өлбүтүгэр, ветүлэһит үүрсүбэтэх диэн (отгонное животное диэҥҥэ ветзаконодательствоєа «при сопровождении ветработника» диэн баар үһү) сууттуу сыһан баран миэрэнэн хаалбыта. 

​Билигин ыалдьан трудовой кинигэбин илиибэр ылан, ааҕынан көрбүтүм: «1953 г. 15 августа – 14 сентября 2004 г.», эбэтэр барыта 51 сыл үлэ стажтаах буоллахпына, ыраас ветеринарнай стаһым 46 сыл 6 ый эбит: үлэлээн бүтүөхпэр диэри бухгалтерия «непрерывный ветстаж» диэҥҥэ 30-тан тахса сылы суруйа сылдьалларын биирдэ эппиппэр сөбүлээбэтэхтэрэ.

Ахтыыны суруйда Гаврильев Иван Семенович Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ, тыыл ветерана, Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина(«Баппаҕаайы нэһилиэгэ» кинигэттэн.)

Үтүө киһи олорон ааспыта
Биһиги аҕабыт Гаврильев Иван Семенович 1934 с. кулун тутар 16 күнүгэр Баппаҕаайы нэһилиэгин Маарыйа диэн учаастагар төрөөбүтэ. 1949 с. Баппаҕаайы ситэтэ суох орто оскуолатын 7-с кылааһын бүтэрэн баран, ол күһүнүгэр 9 күнү быһа сатыы хааман Дьокуускайга үөрэнэ барбыта. Ол тиийэн Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар бэтэринээр салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Кини бэйэтэ кэлин этэринэн, ол иннинэ бэтэринээр идэтин туһунан туох да улахан өйдөбүлэ, билиитэ-көрүүтэ суох, “бэтэринээр буолуом” диэн хаһан да ыра санаа оҥостубатах киһи эбит. Быһата, түбэһиитэ оннук, техникум “чугас турар” буолан биэрбит. Аҕабыт – ыал улахан оҕото — оччолорго орто үөрэҕи бүтэрэ охсон, үлэһит буолан, оҕолорун нэһиилэ тииһинэн көрөн олорор ийэтигэр көмөлөһө төннөр эрэ баҕалаах эбит. Дьиҥинэн, кини “үөрэхпэр үчүгэй этим, ханнык баҕарар атын үөрэххэ туттарсан киирэр кыахтааҕым. Пединститукка туттарсар абитуриеннар оннуларыгар баран үөрэххэ киирии эксээмэннэрин туттаран биэрэр этим – кыра төлөбүргэ” диэн кэпсиирэ.
1953 с. үөрэҕин бүтэрэн, Бүлүү улууһун Үгүлээтигэр 1 сыл ветпуун сэбиэдиссэйинэн үлэлээн баран, аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитэ. Дьэ онтон 1956 сылтан саҕалаан Баппаҕаайы зооветпуунугар сэбиэдиссэйинэн ананан баран, ханна да халбарыйбакка, дойдутугар бэтэринээр бырааһынан, отеление управляющайынан үлэлээбитэ. Бэйэтэ ахтыыга суруйбутунан, бэтэринээр үлэтигэр 46 сылтан тахса тиһигин быспат ыстаастаах эбит.
Аҕабыт, Иван Семенович, төрөөбүт дойдутугар да, үлэтигэр да олус бэриниилээх киһи этэ. Ону кини эдэр сылдьан суруммут дневниктэриттэн да көрөн итэҕэйиэххэ сөп. Онно “Баппаҕаайы дьонун курдук үлэһит, хоһуун дьон ханна да суохтар…”, “олоҕум сүрүн сыала – төрөөбүт дойдум сайдыыта” диэн курдук хабааннаах суруйуу тобус-толору. Аҕабыт үлэһит киһи этэ. Бу санаатахха, оччотооҕу бэтэринээр үлэтэ аһара элбэх түбүктээх буолар эбит этэ. Саас ынах үгэннээн төрүүрүн саҕана аҕабыт түүнү-күнү аахсыбакка атынан, матасыыкылынан учаастактарынан айаннаан тахсара. Дьиэҕэ бэрт аҕыйахтык охсуллан ааһара. Аа-дьуо хаамары сатаабат, наар бөтөрөҥүнэн эрэ сылдьар аллаах маҥан ата наар хара бадараанынан бүрүллэн, дьиэ таһыгар мэлдьи бэлэм бааллан турар буолара. Онно аҕабыт, сүрүннээн, доҕоро уонна кэллиэгэтэ Гаврил Антоновы кытта сылдьаллара.
Аҕабыт араас бити-билгэни, ичээни-отоһуту билиммэт, науканы эрэ сыаналыыр, өрө тутар киһи этэ. Онон, олус элбэх бэтэринээр кинигэтин суруйтаран, сакаастаан ылан ааҕара, үөрэтэрэ, билиитин хаҥатынара. Бурятиянан, Дьокуускайынан хас да идэни үрдэтэр куурустарга баран үөрэнэн кэлбитэ. Быһата, бэйэтин идэтигэр үрдүк таһымнаах исписэлиис этэ. Холобур, кэлин Виталий Харлампьев диэн Москубаҕа Бэтэринээр академиятын кыһыл дипломунан бүтэрбит эдэр исписэлиис кэлбитигэр, аһара бэркэ тапсан, тыа сиригэр ханна да соччо оҥоһуллубат араас уустук бэтэринээринэй эпэрээссийэлэри оҥороллорун кэпсиирэ. Ханнык эрэ “новокаиновай блокадалары” (баҕар, сыыһа өйдүүрүм буолуо), саҥа төрүүр ньирэйи ийэтин иһиттэн курдары ылыы эпэрээссийэтин уо.д.а. оҥороллоро быһыылааҕа. Атыннык эттэххэ, аҕам түөрүйэтин билэр эрээри дьиҥнээх олоххо хаһан да оҥорон көрбөтөх уустук эпэрээссийэлэрин оҥорор буолбуттарын бэркэ өрө көтөҕүллэн, көнньүөрэн олорон кэпсиир буолара.
Иван Семенович Гаврильев үлэтин таһыгар, булка эмиэ улахан көхтөөх, азартаах киһи этэ. Сааскы куска, күһүҥҥү тыаҕа көтүппэккэ уонна байанайдаахтык сылдьара. Эйэҕэс-сайаҕас, дьэллэм майгылаах, түргэн-тарҕан, туругас-олоругас киһи буолан, эдэр ыччат да киниэхэ тардыстара. 70-чалаах сааһырбыт киһи булка 20-ччэ, 30-чча саастаах эдэр дьону кытта бииргэ куомуннаһан, биир “биригээдэ” буолан, аһара бэркэ тапсан-бодоруһан сылдьар буолаллара.
Аҕабыт ийэбитин Ульяна Афанасьевнаны кытта 45 сыл иллээхтик-эйэлээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Аҕабыт дьиэ үлэтигэр, оҕону иитиигэ, кырдьыгынан эттэххэ, улахан ньэҥирэ суох киһи этэ. Дьиэтигэр хаһан да ас-таҥас атыыласпатах, астаабатах, иһит-дьиэ, таҥас сууйбатах киһи. Ол гынан баран биһигини, 6 оҕотун, бэйэтин олоххо, дьоҥҥо, үлэҕэ сыһыанынан холобур буолан улаатыннартаабыта. Билигин биһиги, кини оҕолоро, аҕабыт туһунан дьон үтүө тылынан ахтарыттан, аҕабыт дойдутун уонна дьонун-сэргэтин туһугар үлэтэ “СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ”, “Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо” диэн үрдүк ааттарынан сыаналаммытынан киэн туттабыт. Кини үтүө быһыыта-дьайыыта, олоххо тэлбит үтүө суола барыта биһигини харыстыы-араҥаччылыы сылдьара саарбаҕа суох.
Оҕолорун аатыттан, орто уола Иван Гаврильев.

Антонов Гаврил Моисеевич
(20.03.1935- 14.09.2007)

Гаврил Моисеевич Сталин аатынан, Октябрь колхозтарга, Орто-Бүлүү, Баппаҕаайы совхозтарга 42 сыл устата, эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Кини үлэлээбит сылларыгар элбэх грамотанан, дипломунан наҕараадаламмыта, IX пятилетка түмүгүнэн Коммунистическай үлэ ударнига бэлиэни ылар чиэскэ тиксибитэ.

 

     Мин, Антонов Гаврил Моисеевич Ньурбатааҕы 1,5 сыллаах колхознай ветеринарнай фельдшердар үөрэхтэрин 1956 сыллаахха бүтэрэн баран Баппаҕаайы ветпуунугар  ветсанитарынан үлэҕэ киирбитим. Ол саҕана ветпуун сэбиэдиссэйинэн Осипов Илья Афанасьевич үлэлиир этэ. Иван Семенович фельдшер этэ. Ол саҕана үс колхоз этэ: Сталин, Ворошилов, Андреев колхозтар. Онно уочаратынан барытын кэрийэн ыйы-ыйдаан сылдьарбыт. Совхоз буолуор диэри оннук сылдьыбыппыт. Совхоз саҥа тэриллэрин саҕана икки сыл кэриҥэ Баппаҕаайы ветпуунугар суос соҕотоҕун хаалан хаалбытым. 1998 сылга дылы улэлээбитим. Совхоз саҕана грамота, диплом элбэх этэ, “1Х пятилетка Коммунистическай Улэ кыайыылааҕа” диэн знак биэрбиттэрэ.

 

Ахтыыны суруйда Антонов Гаврил Моисеевич, тыыл, үлэ ветерана («Баппа5аайы нэһилиэгэ» кинигэттэн.) 22.12.2005 сыл

Аҕам туһунан ахтыы

Биһиги аҕабыт Антонов Гаврил Моисеевич 1935 сыллаахха кулун тутар 20 күнүгэр Баппаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Баппаҕаайы 4 кылаастаах оскуолатын, кэлин 7 кылааһы бүтэрэн баран, колхозка үлэлии сырыттаҕына, оччотооҕу колхоз салалтата сүөһү үлэтигэр сыстаҕас, дьоҕурдаах уолу таба көрөн, 1956 сыллаахха Ньурбаҕа ветфельдшердэр курстарыгар үөрэххэ тэрийэн ыыппыта.Аҕабыт 1956 сылтан 1997 сылга диэри төрөөбүт нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбата, чуолаан, сүөһү иитиитэ сайдарыгар бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрбитэ. Бу кэмнэргэ ынах сүөһүгэ бруцеллез, атахсыт ыарыылары утары элбэх үлэни, түбүгү көрсүбүтэ. Оччотооҕу ветеринардар ыҥыыр атынан кыһыннары-сайыннары ыраах учаастактары кэрийэллэрэ, ынахтар маассабай төрөөһүннэригэр, суһал ыҥырыкка түүннэри-күннэри, сылайары аахсыбакка, сылдьаллара, үлэлииллэрэ.Аҕабыт булчут этэ, куруук булт кэһиилээх кэлэрэ. Оҕо сааһыгар тулаайах хаалан, үлэни өрө тутара, ханнык да үлэттэн иҥнибэт-толлубат буолара. Сайын уолаттарын батыһыннара сылдьан окко үлэлэтэрэ. Олус чэнчис, бүгүрү киһи этэ, киниэхэ кир отой сыстыбата, таҥаьа-саба куруук ып-ыраас буолара. Аҕабыт чиэһинэй, суобастаах үлэтэ элбэх грамоталарынан бэлиэтэммитэ. Ийэбитиниин,Прасковья Николаевналыын эдэр саастарыгар холбоһон 40 сыл дьоллоохтук олорбуттара. «Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх» диэн норуот өһүн хоһооно этэринии, аҕабыт 7 оҕо, 19 сиэн, 20 хос сиэн тапталлаах киһитэ этэ.

Кини бу орто дойдуттан 2007 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр барбыта…Таптыыр күндү киһибит туһунан үтүө өйдөбүл өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр үйэ-саас тухары тыыннаах буолуоҕа. Оҕолоро, сиэннэрэ кини аатын ааттата туруохтара.

Ахтыыны суруйда кыыһа Константинова Августина Гаврильевна Муус устар 7 күнэ 2023 сыл.

Добавить комментарий