1941-1945 сс. Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 78 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр.

Ыам ыйын 9 күнүгэр сарсыарда 11 ч Баппаҕаайы нэһилиэгин Кыайыы болуоссатыгар нэһилиэк олохтоохторо, оҕолор Кыайыы 78 сылын көрсө үөрүүлээх миитиҥҥэ муһуннулар. Тэрээһини иилээн- саҕалаан ыытта “Алаһа” СК . Эҕэрдэ тылы эттэ нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Николаев Е.А. , бэтэрээн сэбиэтин салайааччыта Николаева А.А. кэлэр көлүөнэ ыччакка Кыайыы суолтатын , өлбөт-сүппэт өйдөбүлүн туһунан кэпсээтэ. Дойду үрдүнэн буола турар балаһыанньаны сөпкө өйдөөн нацизмы утары бары биир күүс сомоҕо буоларга ыҥырда.

М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатын оҕолоро “Музыка для всех” проегынан Үлэ сылыгар аналлаах “Салют к Победе” конкурска 3 ст .Лауреат хаһаайыннара 3-4 кылаас үөрэнээччилэрин “Веселые нотки” хор толоруутугар “Албан ааттаах суолларынан”, “Музыка для всех” проегынан Үлэ сылыгар аналлаах “Салют к Победе” 5 республиканскай “Мальчишки поют” конкурска 2 ст. Дипломант хаһаайыннара 2 кылаас уолаттара “Мин Саха уолабын” ырыалары ыллаан эҕэрдэлээтилэр.

М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатын “Молодая Гвардия” этэрээтэ
“Мин саха уолабын” 2 кылаас уолаттара куруһуок сал. Кириллина М.Е
“АЛБАН ААТТААХ СУОЛЛАРЫНАН”
3-4 кылаас оҕолоро куруһуок сал. Кириллина М.Е.

Миитин түмүктүүр чааһыгар “Саллаат хааһытынан” уонна итии чэйинэн тэрээһиҥҥэ мустубут дьону Алаһа СК үлэһиттэрэ күндүлээтилэр

Добавить комментарий