Баппаҕаайы нэһилиэгэр 11 тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ уонна 10 сэрии кэмин оҕолоро олороллор. Кыайыыны уһансыбыт ытык кырдьаҕастарбытын дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан эҕэрдэлээтибит. Улуус, нэһилиэк дьаһалталарын бэлэхтэрин туттардылар дьаһалта баһылыга Николаев Е.А. , бэтэрээн сэбиэтин салайааччыта Николаева А.А. Самодеятельность кыттыылаахтара ыллаан-туойан эҕэрдэлээтилэр.
Кыайыы күнүн тэрээһиннэригэр кыттыбыт, көмөлөспүт дьоммутугар техникалаах Кириллин Г.С., Иванов И.М.уонна олохтоох дьаһалтаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Ытыктабыллаах бэтэрээннэрбит чэгиэн сылдьыҥ, өссө да уһуннук олороргутугар баҕарабыт.
Улуу Кыайыы күнэ хаһан да умнуллубатын, суолтата сүппэтин!