Урут биьиги нэһилиэкпитигэр почтаны (суругу, хаһыаты) Орто Бүлүүттэн аттаах киһи(кольцевик) таһара. Кольцевигынан Харлампьев Г.Д. үлэлээбитэ.
1951 сыллаахха куораты кытта сибээстэһэргэ аналлаах илииннэн үлэлэтэр мотуордаах рация олохтоммута. Манна бастаан радистарынан Макаров (Абырахсирэй), Голованенко Ю.Н., Васильев Егор Васильевич үлэлээбиттэрэ. 1961 сылтан сибээс Баппаҕаайытааҕы отделениета аһыллыбыта.
Бастакы начальнигынан Павлов Василий Алексеевич кэлэн үлэлээбитэ. Онтон Корякин Степан, Попов Макарий улэлии сылдьыбыттара. Почта начальнигынан өр сылларга Петров Иван Тимофеевич үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Иван Тимофеевич үлэтигэр бэриниилээҕэ, чуолкайа, Табаарыстыы суут председателинэн үлэлээн нэһилиэнньэ ытыктабылын ылбыта.
1956 сыллаахха Дьокуускай- Бүлүү икки ардыларыгар телефон линията тардыллыбыта. Онон сибээс коммутатор нөҥүө олохтоноро. 1957-62 сс. 11 №дээх ЛТУ диэн тэрилтэ Илбэҥэҕэ кииннээн үлэлээбитэ. Онно начальнигынан Малышев Р. В., Иванов Н.И. үлэлээн сылдьыбыттара. 1966 сыллаахха Лөкөчөөн учаастагар усилительнай станция дьиэтэ тутуллан бүппүтэ.Сибээс ити сылларга коммутатор нөҥүө кэпсэтиллэр буолан кэккэ ыарахаттардаах этэ.
Баппаҕаайынэһилиэгэр сибээс отделениетын начальнигынан 17 сылустата (1967-83 сс.) Алексеев Федор Алексеевич, коммутаторынан Васильева Елизавета Алексеевна, монтерунан Харлампьев Константин Гаврильевич үлэлээбиттэрэ.