Сибээс олохтонуута

Урут биьиги нэһилиэкпитигэр почтаны (суругу, хаһыаты) Орто Бүлүүттэн аттаах киһи(кольцевик) таһара. Кольцевигынан Харлампьев Г.Д. үлэлээбитэ.
1951 сыллаахха куораты кытта сибээстэһэргэ аналлаах илииннэн үлэлэтэр мотуордаах рация олохтоммута. Манна бастаан радистарынан Макаров (Абырахсирэй), Голованенко Ю.Н., Васильев Егор Васильевич үлэлээбиттэрэ. 1961 сылтан сибээс Баппаҕаайытааҕы отделениета аһыллыбыта.
Бастакы начальнигынан Павлов Василий Алексеевич кэлэн үлэлээбитэ. Онтон Корякин Степан, Попов Макарий улэлии сылдьыбыттара. Почта начальнигынан өр сылларга Петров Иван Тимофеевич үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Иван Тимофеевич үлэтигэр бэриниилээҕэ, чуолкайа, Табаарыстыы суут председателинэн үлэлээн нэһилиэнньэ ытыктабылын ылбыта.
1956 сыллаахха Дьокуускай- Бүлүү икки ардыларыгар телефон линията тардыллыбыта. Онон сибээс коммутатор нөҥүө олохтоноро. 1957-62 сс. 11 №дээх ЛТУ диэн тэрилтэ Илбэҥэҕэ кииннээн үлэлээбитэ. Онно начальнигынан Малышев Р. В., Иванов Н.И. үлэлээн сылдьыбыттара. 1966 сыллаахха Лөкөчөөн учаастагар усилительнай станция дьиэтэ тутуллан бүппүтэ.Сибээс ити сылларга коммутатор нөҥүө кэпсэтиллэр буолан кэккэ ыарахаттардаах этэ.
Баппаҕаайынэһилиэгэр сибээс отделениетын начальнигынан 17 сылустата (1967-83 сс.) Алексеев Федор Алексеевич, коммутаторынан Васильева Елизавета Алексеевна, монтерунан Харлампьев Константин Гаврильевич үлэлээбиттэрэ.

Истиҥ иһирэх тылынан ахтыы.

Биhиги аҕабыт Алексеев Алексей Михайлович, ийэбит Алексеева Анна Федоровна Бойбоҕоттоҕо төрөөбүтэ. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр сэттэбит Алексеев Николай Алексеевич, Алексеева Татьяна Алексеевна, Алексеев Федор Алексеевич, Харлампьева Мария Алексеевна, Алексеева Дария Алексеевна, Алексеева Екатерина Алексеевна, Алексеева Прасковья Алексеевна. Ону таһынан кыраларыттан Алексеев Гаврил Алексеевич, Таскина Христина Федотовна иитиллибиттэрэ. Онон дьонум тоҕус оҕону иитэн улаатыннарбыттара. Биһиги бары Сортуолга төрөөбүппүт. Дьонум холкуос тэриллиэҕиттэн Үрэх үөһэ, Силээн диэн сирдэргэ сүөһү көрүүтүгэр өлүөхтэригэр диэри үлэлээбиттэрэ. Сэрии сылларыгар Үрэх үөһүгэр 60-ча субай сүөһүнү дьиэнэн көрөн, кинилэргэ оттоон кыстаппыттара. Аҕабыт аттаах оҕуһунан от тиэйэрэ, ийэбит сүөһү аһатара, оттон оҕолор ынах сааҕын күрдьэн таһаарарбыт, онтон Силээҥҥэ көһөрбүттэрэ онно сүөһүгэ үлэлээбиппит. Убайдарым Гаврил уонна Николай улахан буоланнар колхоз араас үлэтигэр сылдьаллара, кинилэр улахан дьоннору кытта тэҥҥэ үлэлэһэн, туулаан, туһахтаан сэрии сылларыгар сутаабатахпыт, дьоммутун кытта тэҥҥэ иитиспиттэрэ. Сэрии сылларыгар холкуос бэрэссэдээтэлэ Кириллин К.Г көҥүллээн балыктата ыытара. Биһиги оҕолор хохту хатарарбыт, мунду үөлэрбит, хатаран баран барча оҥорорбут. Күһүн хойут сиэрдийэнэн оҥоһуллубут холбоҕо күөлтэн туулаан аҕалан ыраастаан холбоҕо толору буолуор диэри муоһунан бүөлүүрбут. Кыһын холбону көтүрэн тиэйэн аҕалан сиирбит, кыһын кыра бэстэри аҕалан ириэрэн хатырыгын ыраастаан, сутукатын кыһыйан ылан чугууҥҥа сымалата барыар диэри илдьиритэн баран, хатаран-куурдан кырбаан баран, лыыбабытын кутарбыт кырбаммыт бэспитин оргутан буһаран сиирбит күһүн эрдэ кутуллубут балык, лыыба, туга да ордубат уулаан хаалар, амтана аһыы олус үчүгэй ас тахсар үрэх үөһүгэр олорорбутугар Сортуолтан үүт аннын таһарбыт, ийэбит холкуостан биэ ылан ыыра, ону кымыстаан иһэрбит. Сэрии бириэмэтигэр ынахпыт суоҕа ол иһин пиэримэттэн аҕалбыт үүппүтүнэн чэйбитин үүттэнэрбит. Холкуос салалтата абараахтаммыт ынах биэрбитэ. Онон оҕо сааспыт сэрии сылларыгар ааспыта, ыарахан кэмнэри тулуйан убайдарбын Гаврил уонна Николай үтүөлэринэн бары этэҥҥэ тиийэн олордохпут.

Алексеев Федор Алексеевич

Мин 1960с Дьокуускайга коммунально-строительнай техникуму бүтэрбитим. үөрэхпин бүтэрэн Үөһээ-Бүлүүгэ технигынан анаабыттара. Оччолорго Үөһээ-Бүлүүгэ райсовет бэрэссэдээтэлинэн Филипп Иванович Корякин этэ. Кини миигин Үөһээ-Бүлүү авиапордун тутууга анаабыта. Онтон Ньурба киһитэ кэлэн үлэҕэ ылаары гыммытын сөбүлэспэтэҕим, Бүлүүгэ ДЭУ-га суол оҥоруутугар үлэлээбитим. 1966с дойдубар «Октябрь» холкуоска технигынан үлэлээбитим.
1967 сылтан 1983 сылга диэри сибээс Илбэҥэтээҕи отделениетыгар начальнигынан, операторынан үлэлээбитим. 1983 с пенсияҕа тахсан баран, Бүлүүтээҕи ойуур хаһаайыстыбатыгар леснигинэн үлэҕэ киирбитим. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Кэргэним Алексеева Мария Николаевналыын 1962 с. ыал буолбуппут, 5 оҕолоохпут, 11сиэннээхпит. Улахан уолбут Васильев Владислав Михайлович биир кыыстаах. Иккис уолбут Алексеев Альберт Федорович товаровед үөрэхтээх, кэргэннээх, 3 оҕолоох. Үһүс уолбут Алексеев Александр Федорович авиатехник идэлээх, кэргэннээх, 2 оҕолоох Кыыспыт Гаврильева Лидия Федоровна атыыһыт, кэргэннээх, 3 оҕолоох. Кыра уолбут Станислав Федорович Таатта улууһугар Чыымнаайы нэ»илиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа, 2 оҕолоох. Кэргэним Мария Николаевна 28 сыл устата олохтоох балыыһаҕа медсиэстэрэнэн үтүө суобастаахтык үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Үлэлээбит кэмигэр элбэх грамотанан, Коммунистическай үлэ ударнига аатынан наҕараадаламмыта. Үлэ ветерана.

Биһиги ийэбит Никифорова Анна Федоровна Горнай оройуонугар Бойбоҕотто диэн сиргэ төрөөбүтэ. Ийэтэ Настаа. Ийэбит төрдө Уйбааскы уус диэн үһү. Уйбааскы уус оҕолоро Никииппэр, Сыалбача½ Уйбаан, Дьаакып уус Боһомо Уйбаан, Долхой Сүөдэр уонна биһиги эһэбит Саайбычаах. Долхой Сүөдэртэн ийэбит Аана, Даарыйа, Ньукулай, кэлин хараҕа суох буолбут Бүөтүр, Огдооччуйа уонна таайбыт Дьөгүөркэ эһэтигэр иитиллибитэ. Огдооччуйа кыыһа Варламова Анна Андреевна, үс кыыстаах Бурнашова Клавдия Михайловна Москваҕа, Окорокова Любовь Хатаска, Евдокия Дьокуускайга олороллор. Боһомоттон ийэбит эдьиийэ Өрүүнэ төрүүр. Өрүүнэ оҕолоро Кириллина Марыйа, Дьэбдьиэй кыыһа Ирина, уола Спиридон, Кириллин Николай уола Александр ыаллар, оҕолоохтор.
Саабычыахтан Огудов Сэмэн Алексеевич, Сэмэн оҕолоро Михаил, Прокопий, Петр, Наталья, Анна, Марианна, бары ыаллар оҕолордоохтор. Ийэбит быраата Слепцов Степан ыал, оҕолордоох.
Аҕабыт Алексей Михайлович төрүттэрэ Таргыайа ойуун, Тохтуона Алексей, Кэлэҕэй Алексей. Кэлэҕэйтэн Боккуо Борокуоппай, Хайҕаҥ Хабырылла төрөөбүттэр. Хоҥор Мэхээлэттэн Дьааһык Өлөксөй, Сөллөй Баһылай, Куонаан төрөөбүттэр. Куонаан оҕолоро Марк, Дуня, Света, Ульяна. Балаҕаннаахха Мэҥэ¬¬-Хаҥаластан кыһын сылгылары иитийиэхтии олорбут ыаллар кыыстарын Боккуо Борокуоппай сөбүлүү көрөн кэргэн кэпсэппит. Саас уу-хаар тахсыыта ол ыаллар кыыстарын илдьэ бараары оҥостубуттар. Олохтоохтор илдьит ыыппыттар кыыстарын илдьэ бараары сылдьаллар диэн. Кэлэҕэй Өлөксөй кыыһы Боккуоҕа илдьэ барабын диэбитигэр сөбүлэспэтэхтэр. Ол иһин кыыска: «Уолбун таптыыр буоллаххына, түүн кэлээр барыахпыт»,- диэбит. Түүн дьонноруттан кистээн тойонунаан кэлсибит. Кэлин кыыс дьоно да, кыыс да билсиспэтэхтэр үһү.
Биһиги эһэбит Алексеев Михаил Прокопьевич ойуун этэ. Ойуур баһаара буоллаҕына эһэбитин ыҥыран ардаҕы түһэртэрэллэрэ, ардах хас да түүннээх күн түһэрэ үһү.
Ыаллар сүөһүлэрэ сүттэҕинэ, өллөҕүнэ оҕонньор ыйан биэрэр үһү. Былыр ойууттар бэйэ-бэйэлэрин кытта иирсэллэрэ, өстөһөллөрө үһү. Эһэбит өстөөх ойууннааҕа үһү. Эһэбит кыыһа Балбаара Лөкөчөөҥҥө ыал олорбута. Эһэбит кыыһыгар өлө барабын диэн айаннаабыт уонна дьонун-сэргэтин кытта быраһаайдаспыт, Аара Сыарҕалаахха өстөөх ойуунун кытта көрсүһэн охсуспуттар. Улахан охсуһуу буолбут. Мас бөҕө охтубут, лааҥкы бөҕө буолбут. 1941с. сэрии кэмэ этэ. Эһэбит өлөөрү сыттаҕына быраата Ноонох Сөдүөт көрсө кэлбитигэр эппит: «Бу сытарбыттан төттөрү хайыһан өллөхпүнэ сэбиэскэйдэр хотуохтара» – диэбит. Оҕонньор сэбиэскэйдэр хотуохтара диэбит сирин диэки төттөрү хайыһан өлбүт үһү. Аҕабытыгар уонна быраатыгар Ытыган Өлөксөйгө: «Ойуурга таһааран уматтыннар, умаппатаххытына дьоҥҥо куһаҕан буолуо» -диэбит.
Ахтыы суругу суруйдум үлэ, тыыл ветерана, 2 группалаах инбэлиит
Алексеев Федор Алексеевич. 2007 сыл


Харлампьев Константин Гаврильевич

1938 сыллаахха атырдьахыйын 19 кунугэр Лекечеен Куба Саарбытыгар төрөөбүтэ. 1947 сыллаахха Андреевскай начальнай оскуола аһыллыбытыгар 1 кылааска үөрэнэ киирбитэ. Хампа оскуолатыгар 6 кылааска үөрэнэ сылдьан «переросток» буолан уурайарга күһэллибитэ. Советскай Армияба сулууспалыы барыар диэри холкуоска араас быстах үлэҕэ сылдьыбыта. Сулууспатын иэһин толорон баран 1959 с. киинэҕэ моториһынан, 1960 сылтан Булуу ГС-гар Хампа-Дьөккөн икки ардыларын линиятын онорор монтерунан киирэр. Илбэҥэ маннайгы сибээс олохтонуутугар Иванов Федот Петрович, Лыткин Алексей Егорович, онтон Малышев Р. К., Платонов Николай Семенович үлэлээбиттэрэ. 1965 с. Константин Гаврильевии Илбэҥэ, Лөкөчөөн линиятын көрүүтүгэр монтерынан аныылар. Илбэҥэ -Орто Сурт линиятын Николай Семенович Платонов көрбүт. Ол саҕана сибээс саахалланнаҕына, байыаннай балаһыанньа курдук, түүн буоллун, күнүс буоллун сатыы да, атынан да, мотоциклынан да суһаллык оҥорулларын ирдииллэрэ. Оччолорго кыһын линия хаарын тэбииллэрэ, суолүктүүллэрэ, оттонсайын линия анныгар үүммүт мастары солууллара. Сотору-сотору өрөмүөн монтердарын мунньан атын өрөмүөннэ, нэһилиэктэргэ линия тардыытыгар командировкаҕа ыыталыыллара. Платонов Н.С. уурайбытын кэннэ Васильев Егор Васильевичтыын 10-тан тахса сыл бииргэ үлэлээбиттэрэ. 1987 с. Илбэҥэҕэ АТС аһыллыбыта. Бастакы операторынан Алексеев Александр Кузьмич үлэлээбитэ. Константин Гаврильевич 1964 с. «Коммунистического удэ ударнига», 1981 с. «ССРС Сибээьин министерствотын социалистическай куоталаныыга туйгуна» диэн бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. 1988 с. улэ ветерана буолбута. Кини 30-тан тахса сыл улэлээбитэ.


Харлампьев Руслан Константинович

1973 сыллаахха кулун тутан 20 кʏнʏгэр Харлампьевтар дьиэ кэргэңңэ 3-с оӄоннон төрөөбʏтэ. Баппаӄаайы орто оскуолатыгар 1979 сыллаахха ʏөрэнэ киирбитэ. Оскуолаҕа ʏөрэнэр кэмигэр көрсʏө-сэмэй майгытынан, активист быhыытынан, ʏчʏгэй ʏөрэӄинэн, спортка ʏрдʏк ситиhиитинэн, староста быhыытынан,  бииргэ ʏөрэммит табаарыстарыгар ʏчʏгэй  холобур буолара.

1989 сыллаахха Баппаӄаайы орто оскуолатын бутэрэн баран, Баппаӄаайы совхозка Илбэңэ отделениятыгар  1 сыл бороон көрөөччʏннэн ʏлэлээбитэ.

1991 сыллааха Чита куоратка сибээс чааhыгар,  радиомастерскойга сулууспалаабыта, званията старший сержант. Сулууспа кэмигэр идэтэ:  телефонист, телеграфист, радиорелейщик; дуоhунаhа командир отделения по хранению радиолокационных станций наведения, целиуказания радиовостомеров С-47. 1993 сыллаахха ытык иэhин төлөөн дойдутугар кэлбитэ.

1993-95 сылларга Баппаӄаайы нэhилиэгэр ЖКХ ʏлэлээбитэ.

Балаӄан ыйын 1 кʏнʏгэр 1995 сыллааха Бʏлʏʏтээҕи 31 нʏөмэрдээх профтехучилищаӄа электрогазосварщик идэтигэр ʏэрэнэ киирбитэ. Бэс ыйын 26 кʏнʏгэр 1996 сыллаахха ʏөрэӄин бʏтэрэн электрогазосварщик 3 разряда, суоппар  идэлэрин  ылбыта. Ол кэннэ төрөөбʏт дойдутугар кэлэн салгыы ЖКХ ʏлэлээбитэ.

1997 сыл балаӄан ыйын 9 кʏнʏттэн  Сахателеком Бʏлʏʏ филиалыгар 3 разрядтаах линейнай электромонтерунан сибээс салаатыгар ʏлэтин саӄалаабыта. Υлэлиир кэрдиис кэмнэригэр уларыйыылар – тэрилтэ аата, ʏлэлээбит дуоьунастара, сыллара:

Государственное предприятие «Сахателеком»1997Линейный электромонтер 3 разряда
ОАО «Сахателеком»2004Линейный электромонтер 3 разряда, Вилюйского ЛТЦ с. Илбенге
ОАО «Сахателеком»2006Электромеханик линейно-технического участка №1 Вилюйского линейно-технического цеха
ОАО «Сахателеком»2007Электромеханик сектора технического обслуживания телеграфной каналообразующей аппаратуры и оконечного оборудования Вилюйского линейно-технического цеха
ОАО «Сахателеком»2010Электромонтер линейных сооружений телефонной связи 5 разряда, линейного участка Вилюйского линейно-технического цеха
ОАО «Сахателеком»2010Электромеханик линейного участка Вилюйского районного узла электросвязи
ОАО «Дальневосточная компания электросвязи» ( ОАО «Дальсвязь»)2010Электромеханик линейного участка Вилюйского централизованного узла электросвязи
ОАО междугородной и международной электрической связи «Ростелеком» (ОАО Ростелеком)2011Электромеханик линейного-технического цеха №2 межрайонного центра технической эксплуатации телекоммуникации 
ОАО междугородной и международной электрической связи «Ростелеком» (ОАО Ростелеком)2015Универсальный специалист связи, универсальной мобильной группы обслуживания района
(ПАО Ростелеком)2018Универсальный специалист связи

Ситиhиилээхтик 1999 сылтан 2002 сылга дылы Дьокуускайдаа5ы радиотехническай колледжка  кэтэхтэн үөрэммитэ уонна «Техник сети связи и системы коммутации» диэн  идэни ылбыта. 

Киэң билиилээх, үлэтигэр бэринилээх  буолан Баппаҕаайы уонна Лөкөчөөн нэьилиэктэригэр аныгы үйэ сайдыытынан куйаар ситимин, интернеты киллэрэргэ дьаныардаахтык үлэлэспитэ. Сибээс салаатыгар 22 сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.Υлэлээбит кэмнэригэр, нэьилиэгэ сайдарын туhугар туох баар кыаӄын, билиитин-көрʏʏтʏн, сатабылын барытын ууран туран ʏлэлээбитэ. Сибээс салаатыгар уhулуччу ʏтʏө суобастаах ʏлэтин сыаналаан элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан наӄараадаламмыта. Υлэтин сыанабыла:

 – Победитель в номинации «Электромеханик года» Вилюйского ЛТЦ ОАО «Сахателеком» Начальник С.Г. Баранов 2009г;

-Благодарственное письмо филиала Сахателеком ОАО «Ростелеком» в Республике Саха (Якутия) директор филиала Р.К. Тулаганов 2011;

-Почетная грамота главы муниципального района «Вилюйский улус (район)» Глава С.Н. Винокуров 2013г;

-Почетная грамота Министерство связи и информационных технологий Республики Саха (Якутия) Министр А.И. Борисов 2017г;

-Благодарственное письмо ПАО «Ростелеком» президент компании  С.Б. Калугин 2018г;

         Руслан Константинович сахалыы сайаҕас, майгылаах, саңаны тʏргэнник ылынымныа, ханнык да ʏлэттэн чаҕыйан турбат, сорсуннаах булчут, балыксыт, айылҕаҕа сылдьарын олус сөбʏлʏʏр, дэгиттэр талааннардаах мас ууhа, ыллыыр, гармошкаҕа оонньуур, бастың спортсмен, кʏʏстээх мадьыны, кыhамньылаах дьиэ кэргэн аҕа баhылыга, олус судургу боростуой, кыраттан да олус ʏөрэр киьи этэ. 

Добавить комментарий