Николай Николаевич Антонов
(05.05.1928 – 27.06.1999)
Николай Николаевич Антонов 1928 с. ыам ыйын 5 күнүгэр Баппаҕаайы нэһилиэгин Сортуол учаастагар Билиистээх эбэ хотуҥҥа күн сирин көрбүтэ. 1949 с. Баппаҕаайы ситэтэ суох оскуолатын бүтэрбитэ. Итинтэн салгыы үөрэххэ баҕалаах уол кооперативнай техникум пушно-охотоведческай отделениетыгар туттарсан киирэр, онтон доруобуйатын туругунан уурайар. 1966 с. культпросвет училищены библиотекарь идэтин ылан бүтэрэр.
1953-61 сс. кулууп сэбиэдиссэйинэн ананар. Николай Николаевич кыра сааһыттан буһуу-хатыы оскуолатын ааспыт буолан ханнык да үлэттэн толлон, чаҕыйан турбат этэ. Кулуупка сэбиэдиссэйинэн үлэлээн биир дойдулаахтарынан пьеса, концерт туруоран, фермаларга сырдатар үлэлэри тэрээһиннээхтик ыытан астыннартыыра. Кини олоххо актыыбынай позициялаах этэ. Николай Николаевич библиотекарынан үлэлиир сылларыгар оройуонна бастыҥ библиотекарь, элбэх ааҕааччылаах библиотека этэ, идэтин сөбүлүүрэ, онон ис с;рэҕлиттэн бэриниилээхтик үлэлиирэ. Кини нэһилиэк ыччата үөрэхтээх, өй-санаа өттүнэн сайдыылаах дьон буолалларыгар сүдү кылаатын киллэрбитэ. Оччотооҕу нэһилиэк актыыбынай учууталларын, ыччатын түмэн совхозка үлэ онорон таһаарыытын үрдэтэр сыаллаах куоталаһыы кубоктарын, чорооннорун онортоон производство бастыннарыгар туттараллара.
Николай Николаевич билиитин куруук үрдэтинэрэ, туохха барытыгар интэриэстээх нэһилиэгин историятын туһунан матырыйааллары хомуйара. Ити муспут матырыйаалларынан Алексеев Егор Сидоровичтыын Улуу Кыайыы 30 сылыгар аналлаах Албан аат музейын тэрийэннэр дьон-сэргэ биһирэбилин, билиниитин ылбыттара.
1975 с. Н.Н. Антонов уонна сэрии, педагогическай үлэ ветерана, краевед Е.С. Алексеевтыын сүүрэн-көтөн ~Көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ~ диэн нэһилиэккэ улахан тэрээһини иилээн-салайан ыыппыттара. Ол көрсүһүүгэ Баппаҕаайыттан төрүттээх биир дойдулаахтарбыт, сэрии ветераннара, үлэһиттэр ыраахтан-чугастан мустубуттара. Бу буолар тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын бэлиэтэ. Онтон утуу-субуу «Удьуор булчут Николаевтар», «Үлэһит Алексеевтар династиялара» тэрээһиннэр наһаа ис киирбэхтик ыытыллыбыттара, билигин да дьон астына-дуоһуйа ахталлар.
Николай Николаевич үлэтин тас өттүнэн нэһилиэк, совхоз олоҕун-дьаһаҕын, үлэ хаамыытын, пятилетка бастыҥнарын туһунан араас ыстатыйалары суруйан оройуон хаһыатыгар сырдатара.
Николай Николаевич киһи быһыытынан үтүө суобастаах, чиэһинэй, нэһилиэгин олоҕор ис-иһиттэн кыһанара. (үлэтин тас өттүгэр сопхуос отделениетыгар хонуу биригэдьииринэн өр сылларга үлэлээбитэ. Салайар дьоҕурдаах талааннаах киһи, отчуттары кытта ирэ-хоро кэпсэтэн, санаа атастаһан, санааларын көтөҕөн үрдүк таһаарыылаах үлэҕэ кынаттыыра.
Николай Николаевич ис-иһиттэн ыраас, чэнчис, барыга бары харыстабыллаахтык сыһыаннаһара, ааҕааччы оҕолортон эмиэ оннугу ирдиирэ. Кини кэргэнинээн Мария Капитоновналыын иллээхтик, ньир-бааччы олорбуттара, икки кыыһы, биир уол оҕону төрөтөн, иитэн-үөрэтэн, үөрэхтээх үлэһит дьон оҥордулар.
Николай Николаевич кэлэр-бара сылдьар этэ. Кини тоҥон-хатан, сылайан-элэйэн кэллэбинэ, кэргэнэ Мария сылаас чэйэ, аһа-үөлэ куруук бэлэм буолара. Николай Николаевич партия дьиҥнээх байыаһа этэ, олоххо тардыһар, олоҕу таптыыр күүһэ баһыйан ыарахан операциялары ааһан, үлэтинэн нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр үтүө өйдөбүлү хааллардаҕа. Николай Николаевич ыалдьа да сырыттар нэһилиэгин олохтоохторун генофондаларын үөрэтиинэн дьарыктаммыта.
Нэһилиэк историятын матырыйаалларын оҥорон, суруйан хаалларбыта кэлэр кэнчээри ыччакка көлүөнэтттэн көлүөнэҕэ туһанылла, кэпсэниллэ, байытылла туруо.
Николай Николаевич сылайары-элэйэри билбэккэ, төрөөбүт норуотун туһугар үлэлээбит үлэтэ кэмигэр сыаналамматаҕа хомолтолоох. Кини олорбут чаҕылхай олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар. Аҕаларын, эһэлэрин курдук инники к;үөҥҥэ сылдьыахтара диэн эрэнэҕин.
АХТЫЫ
Мин 1928 с. Сортуолга Хат толоон диэн от үрэх эҥээригэр балаҕан туттан олорор дьаданы ыалга басткы оҕонон төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүттэр сэттэ этибит. Онтон билигин үһэ эрэ хааллыбыт.
Төрөппүттэрим сүөһү ииттэн, ойууртан, күөлтэн бултаан аһаан олорбуттара. Кэлин колхозка киирэн үлэлээн доход үллэстэн аһаабыттара.
Мин 1939 с. 11 сааспар оскуолаҕа киирбитим, 1949 с. сэттэ кылааһы бүтэрбитим. Сэрии сылларыгар үөрэммэтэҕим. Колхуоска сааскы ыһыыга, күһүннү бурдук хомууругар оҕус сиэтээччиннэн, үүрэччиннэн, сайын ийэбинээн окко үлэлээбитим.I942-43 сылларга Сталин колхоз правлениетын дьаһалынан “Ылаах” диэн улахан куөлгэ туулаан, балыктаан таһааран хатаран хохтулаан колхозка туттарар үлэҕэ бөдөн оҕолору хомуйан үлэлэтиигэ сылдьыбытым. Хатарбыт хохтубутун хастыы да атынан тиэйэн ырдаан аҕалан колхозтаахтарга туҥэтэллэрэ.Онно миигин кытта Алексеев Ник.Ал. Никифоров Ник.Филл, Петров Ник.Гавр., Алексеев Мих.Сид, Григорьев Ив. Аф. уо.д.а. бааллара.
1953 сылтан кулуупка сэбиэдиссэйинэн ылбыттара. Онно араас концертары, пьесалары бэлэмнээн туруорар этибит. Сынньалан киэһэлэри тэрийэрбит. Учааскалары, фермалары кэрийэ сылдьан агитационнай маассабай үлэлэри, концертары ыытарбыт. Социалистическай куоталаһыылары тэрийэрбит.
1960 сылтан 1983 сылга дылы олохтоох библиотека5а библиотекарынан үлэлээбитим. Ити са5ана оскуола үөрэнээччилэрэ, улахан дьон, эдэр ыччаттар. Библиотекаба наһаа элбэхтик сылдьаллара. 400-450 ааҕааччылаах буолар этибит.
Активист учууталлары, ыччаттары кытта холбоһон совхозка улэ оҥорон таһаарыытын үрдэтэр сыаллаах куоталаһыы кубоктарын, чорооннорун онортоон бастыҥ ыанньыксыкка, механизаторга, булчукка туттарарга аналлаах киэһэлэри тэрийэрбит, улэһит династиялары чиэстээһин киэһэлэрин ыытар этибит.
Түөрт уонус, биэс уонус, алта уонус сылларга дьон-сэргэ тэрилтэ үлэһититтэн саҕалаан колхозтаа5ар тиийэ улэҕэ-хамнаска наһаа эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан хаачыстыбалаахтык, таһаарыылаахтык үлэлииллэрэ. Үлэлээммит үлэни тэрилтэ салайааччылара, колхоз салайааччылара, бригадирдар күннэтэ хонтуруоллаан, кэмнээн туталлара. Уопсай мал-сал, туттар сэп-сэбиргэл, ас-үөл ыһыллыбат тоҕуллубат, мээнэ быраҕыллыбат, алдьатыллыбат, бэйэ туһатыгар ылан кистэниллибэт, уурунуллубат этэ. Үлэһит буруйунан алдьаммыт туттар сэп, быа-туһах, куһаҕан көрүүттэн өлбут сүөһү буруйдаахтан төлөтүллэр этэ.
Ити барытын түмүгэр үлэҕэ дисциплина олус үчүгэй буолара. Оччолорго маҕаһыыҥҥа арыгы буочуканан баар буолара. Барыта 96 спирт этэ. Ол үрдүнэн итирик сылдьар киһи кулуупка, общественнай миэстэлэргэ көстубэт этэ. Комсомоллаах эдэр ыччат сыыһа туттаран холуочуйбутун биллэхтэринэ нөҥүө күнүгэр комсомольскай мунньахха дьүүллэнэн сэмэлэнэр бэрээдгэ баара.
Ити барытын түмүгэр оччотооҕу эдэр ыччат наһаа бэрээдэктээх, кырдьаҕаһы ытыктыыр, убаастыыр таҥара курдук көрөр, тутар этэ.
Тыыл, үлэ ветерана, нэһилиэк төрүт олохтооҕо Антонов Николай Николаевич. 7/4 1999 с.