Ыам ыйын 31 күнүгэр Баппаҕаайыга нэһилиэк инники сайдыытыгар олус улахан суолталаах тэрээһин буолан ааста. Ол курдук “ЭРЭЛ” спортивнай саалаҕа биир дойдулаахпыт, Баппаҕаайылар холобур оҥостор, киэҥ туттар киһибит Саха АССР физкультурнай- спортивнай хамсааһынын салайааччыта, Саха Сирин спорткомитетын председателя, Саха сиригэр Манчаары оонньууларын төрүттээччи, оһуохайдьыт,алгысчыт, биир дойдулаахпыт АЛЕКСЕЕВ АФАНАСИЙ ЕГОРОВИЧ аатын үөрүүлээх-быһыыга иҥэрдибит.
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/d940fec3-cb78-4a18-aba3-3db2ae7ac654-2.jpg?resize=474%2C261&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/image-6.jpg?resize=474%2C250&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/img_0831.jpg?resize=474%2C632&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/image-2.jpg?resize=474%2C722&ssl=1)
Бу тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куораттан Афанасий Егорович Алексеев, Токусаров Иван Августович– Гроссмейстер, спорт маастараҤДрузьянов Михаил Егорович – СР физическай культура үтүөлээх үлэһитэ, спорт маастара; Афанасьева Зинаида Егоровна – ГБУ РС(Я) “УФКиМС” Саха Өрөспүүбүлүкэтинфизическай культураҕа уонна спортка управлениетынфизкультурнай-чэбдигирдэр салаатын салайааччыта:
Габышева Анастасия Иннокентьевна- Сыдьаайа Саха Республикатын култууратын туйгуна, “Сыдьаайа” айар киин салайааччыта, үҥкүү айан туруорааччы, илиҥҥи үҥкүүннэн 19 cыл тухары Саха сирин кэрэ аҥардарын угуттаабыт маастар, спорт управлениетын спорт ивнай инструктора; Посельскай Василий Федорович- спортивнай суруналыыс,
Бүлүү улууһуттан Седалищев Дмитрий Сергеевич – Подполковник, РФ ис дьыалатын министерствотын ветерана, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Бүлүү улууһун ветераннарын сэбиэтин председателин солбуйааччы;
Алексеев Иван Иванович Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай-профессиональнай колледж директора, оройуон сэбиэтин депутата;Лөкөчөөнтөн сиэн балта Аида Афанасьевна, быраата Александр Афанасьевич Леонтьевтар ыалдьыттаатылар.
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/image.jpg?resize=474%2C246&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/image-1.jpg?resize=474%2C790&ssl=1)
Кэлбит ыалдьыттар , нэһилиэк баһылыга Николаев Егор Афанасьевич, оскуола директора Макаров Виталий Владиславович эҕэрдэ тыл бастыҥын, махталларын сүдү киһибитигэр эттилэр.
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/img_0832.jpg?resize=474%2C356&ssl=1)
2010 сылтан Афанасий Егорович М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатын бүтэрэр спортка бастыҥ көрдөрүүлээх оҕоҕо Гран туттарар үтүө үгэстээх. Граны ылар чиэскэ тигистэ 2023 сыллааҕы выпускник Николай Николаев – бастыҥ үөрэнээччи, дэгиттэр спортсмен.
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/image-3.jpg?resize=474%2C326&ssl=1)
Нэһилиэк олохтоохторо, оҕолор- кыралыын улаханныын бука бары спорт бырааһынньыгар кыттыыны ыллылар, гимнастикалаатылар, маассабай сүүрүүгэ кытыннылар, маастар кылаастарга кытыннылар.
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/image-4.jpg?resize=474%2C258&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/image-7.jpg?resize=474%2C281&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/img_0854.jpg?resize=474%2C631&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/img_0853.jpg?resize=474%2C632&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/img_0855.jpg?resize=474%2C632&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/image-5.jpg?resize=474%2C295&ssl=1)
Нэһилиэкпит түөлбэлэрэ кыра оҕотуттан саҕалаан 15 киһилээх эстафетаҕа хамаандалары туруоран олус тыҥааһыннаах күрэх буолла.
1 миэстэ “Эрэл” , 2 миэстэ “Кэлтэгэй”, 3 миэстэ “Кэскил “ түөлбэлэр ыланнар бу бэлиэ күҥҥэ үөрүү өрөгөйүн биллилэр.
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/8f0f9a64-e783-4fb4-8e00-a8d7ab211d71.jpg?resize=474%2C356&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/d92c7fac-e6ed-461c-a0a5-bd4243b9d484.jpg?resize=474%2C355&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/d9cb2f73-3586-4fc6-9aa5-67da6c0cd63c.jpg?resize=474%2C356&ssl=1)
Кэлбит ыалдьыттары сахалыы минньигэс астаах остуол тэрийэн чэйдэтэн, сүөгэй, кус кэһиилээн атаардыбыт.
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/06/44fe7e2f-a745-45a5-8f17-785d331160ec.jpg?resize=474%2C267&ssl=1)
Баппаҕаайылар 100 % маассабай спордунан дьарыктанар нэһилиэктэр ахсааннарыгар киирэн Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар холобур буоларбытынан киэҥ туттабыт ол бачыыммытын салгыы түһэн биэриэхпит суоҕа диэн эрэннэрэн хааллыбыт.