Баппаҕаайы нэһилиэгин -Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар ыытыллар “ӨБҮГЭ УТУМУНАН” дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньата

“ӨБҮГЭ УТУМУНАН” дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньата

Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан
Баппаҕаайы нэһилиэгин -Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар ыытыллар

“ӨБҮГЭ УТУМУНАН”

дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньата

Буолар күнэ: Бэс ыйын 15 күнэ.2023с.
Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ

Күрэх көрүҥнэрэ:

  • Күн төгүрүк алаадьы буһарыыта(ыал ийэтэ);
  • Үөтүнэн оҕуһу, ынаҕы, ньирэйи оҥорор(ыал аҕата);
  • Күүгүнэйинэн оҕо тыас таһаарар(оҕо кыттар);
  • Түү мээчиги быраҕыы(дьиэ кэргэн бары кыттар);

Күрэх ирдэбиллэрэ:

  • Алаадьыны буһарыытыгар(газ оһох, сковородка, ст.ложка, 0,5л.алаадьы тиэстэтэ, мас арыыта уонна туттар тэрилин) ийэ аҕалар;
  • Эр киһи мас оҥоһуктарын 15-20мүн. оҥоруохтаах(быһах аҕалар);
  • Оҕо күүгүнэйин оҥорон аҕалар;
  • Кыттар дьиэ кэргэн сахалыы таҥастаах кыттар;
  • Кыайыылаах дьиэ кэргэҥҥэ спонсордар, тэрийээччилэр бириистэрэ уонна грамоталар туттарыллаллар;

Кэлиҥ, кыттыҥ өбүгэбит үгэстэрин сөргүтүөҕүҥ!

Добавить комментарий