Баппаҕаайы нэһилиэгин -Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар “ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС” оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт

ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС – оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт

Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан

Баппаҕаайы нэһилиэгин  -Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар

“ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС”

оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт

Буолар күнэ: Бэс ыйын 15 күнэ 2023 сыл

Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ

            Кыттааччы оҕолор 2 бөлөххө арахсаллар

I – бөлөххө оскуола иннинээҕи 5-7 саастаахтар;

II – бөлөххө 8-10 саастаахтар.

Күрэххэ кыттыы ирдэбиллэрэ

  • Кыттааччы оҕо биир ырыаны толорор, үлэ, дойду, айылҕа, сайын туһунан;
  • Ырыаны  толороругар  сөп түбэһэр таҥаһа- саба.

Күрэх түмүгүнэн  кыайыылаахтар  грамоталарынан уонна өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланыахтара

Күндү оҕолор актыыбынай кыттыыны ылыҥ!

Сиһилии билсэр нүөмэргит 89627358123

Добавить комментарий