Баппаҕаайы участковай балыыһата

Саха АССР доруобуйатын харыстабылын министерствотын 119 №-дээх бирикээhинэн 1938 сыллааахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр биэс миэстэлээх фельдшерскэй-акушерскай пуун аhыллыбыта. Ити 125 кв.км хабар билиҥҥи Лѳкѳчѳѳн, Баппаҕаайы нэhилиэктэрин сирин уонна Танара үрэххэ кѳмүс хостонор сирин эмиэ хабара, нэhилиэнньэтэ 910 киhи. Фельдшеринэн Тобольскайдааҕы фельдшерскэй-акушерскай оскуоланы бүтэрбит Желтовская Нина Петровна  – сэбиэдиссэйинэн, Жернова Полина Ивановна – акушерканан ананан үлэлээбиттэрэ. Медпууҥҥа аналлаах дьиэ суоҕа, оччолорго нэhилиэк сэбиэтин исполкомун председателинэн Таскин Егор Николаевич үлэлиирэ, кини сельсовет дьиэтин медпууҥҥа анаан онорторон биэрбитэ. Андреев, Ворошилов, Сталин колхозтар күүстэринэн саҥа балыыhа дьиэтэ 1938-39 сылларга тутуллан үлэҕэ киирбитэ.

Трахома (одуруун) ыарыытын суох оҥорор сыалтан 1964 с. Сортуол, Арыылаах учаастактарыгар фельдшерскэй-акушерскай пууннар тэриллэ сылдьыбыттара.

Биhиги нэhилиэкпитигэр 1938 с. бастакы анал үѳрэхтээх эмп үлэhиттэрэ кэлбиттэрэ. Кинилэр кэннилэриттэн утуу-субуу фельдшерскэй-акушерскай пуун үлэhиттэрэ кэлитэлээн барбыттара. Олор истэригэр биhиги биир дойдулаахтарбыт үлэлээн-олорон ааспыттара.

Быраастар:

Андреев Егор Николаевич, Баппаҕаайыттан бастакы хирург-врач, 1975-76 сс.
Петрова Татьяна Алексеевна, СР Доруобуйа харыстабылын туйгуна, 1977-99 сс.

Фельдшердэр, акушеркалар:

Алексеева Елизавета Егоровна 1957-58 сс.
Шамаева Мария Дмитриевна, 1974-77 сс.
Таскина Дария Алексеевна, 1973-88 сс.

Медицинскэй сестралар:

Алексеева Мария Игнатьевна, 1940-1980 сс.
Каратаева Вера Афанасьевна, 1955-88 сс.
Иванова Мария Константиновна, 1956-80 сс.
Алексеева Христина Васильевна, 1962-78 сс.
Алексеева Мария Николаевна, 1969-1991 сс.

Санитаркалар:

Гаврильева Александра Николаевна, 1943-68 сс.
Алексеева Татьяна Алексеевна II,
Гаврильева Аграфена Васильевна
Иванова Анна Николаевна, 1954-83 сс.
Семенова Варвара Васильевна, 1955- сс.
Васильева Анна Николаевна
Николаева Мария Егоровна
Васильева Парасковья Алексеевна, 1962-74 сс.
Николаева Евдокия Игнатьевна, 1968-81 сс.
Федорова Мария Семеновна, 1968-78 сс.
Николаева Федора Спиридоновна, 1972-87 сс.
Никифорова Варвара Петровна, 1972-86 сс.

Балыыhа завхозтара:

Алексеев Егор Николаевич, 1964 с.
Гаврильева Ульяна Афанасьевна, 1964-80 сс.
Алексеева Аграфена Семеновна, 1980-91 сс.
Харлампьева Нина Петровна, 1996-2004 сс.

Ат кѳлѳнү кѳрѳѳччү:

Алексеев Конон Михайлович, 1961-79 сс.

«Суhал кѳмѳ» массыынатыгар суоппардаабыттара:

Петров Альберт Трофимович
Степанов Власий Семенович
Спиридонова Люция Никитична
Алексеев Эдуард Михайлович

Оhох оттооччулар:

Харлампьев Гаврил Дмитриевич
Платонова Александра Федотовна
Софронова Федора Гаврильевна

Прачкалар:

Константинова Матрена Николаевна, 1960-83 сс.

Повардар:

Алексеева Татьяна Алексеевна – I


Алексеева Елизавета Егоровна

1932 с. тохсунньу 20 күнүгэр Бүлүү Баппаҕаайытын Арыылаах Хайата диэн учаастагар төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы медучилищены 1957 с. ситиһиилээхтик бүтэрэн, нэһилиэгиттэн бастакынан биэлсэр үөрэҕин баһылаан, дойдутугар Илбэҥэҕэ ананан үлэлии кэлбитэ. Төрөппүттэрин кытта дьоллоохтук бииргэ олорон үлэлии сырыттаҕына, киһини быстах солбуйа бараҕын диэн, 1958 с. Бүлүү тыатыгар Бөтүҥҥэ ыыппыттар. Илбэҥэҕэ төннүбүтүн кэннэ, 1959 с. аны Лөкөчөөҥҥө сэбиэдиссэйинэн быһа анаан кэбиспиттэр, онон кырдьаҕас дьонун хаалларан, урут билбэт сиригэр үлэлии барбыт. Лөкөчөөҥҥө үлэлии сылдьан Леонтьев Афанасий Ивановиһы кытта 1962 с. холбоһон ыал буолбуттара. Үс оҕоломмуттара, оҕолорун барыларын үөрэхтээх дьон оҥорбуттара. Сыралаах үлэтэ  нэһилиэк, оройуон, республика салалталарын элбэх Хайҕал суруктарынан, ол иһигэр СР Верховнай Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан, хас да пятилеткалар ударниктарын, соцкуоталаһыы кыайыылааҕын, “СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна», “Бүлүү улууһун  сайдыытыгар кылаатын иһин» анал знактарынан бэлиэтэммитэ.

Петрова Татьяна Алексеевна

Петрова Татьяна Алексеевна 1944 сыл тохсунньу 20 күнүгэр Баппаҕаайы нэhилиэгэр Харбалаах диэн сиргэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ тѳрѳѳбүтэ. Дьокуускай куорат терапевтическай отделениетыгар дежурнай медсестранан үлэлии сылдьан,  1977 сыллаахха СГУ медицинскэй факультетын киэhээҥҥи отделениетын үѳрэнэн бүтэрэн баран, Баппаҕаайытааҕы участковай балыыhаҕа главнай барааhынан олоҕун тиhэх күнүгэр дылы үлэлээбитэ.

Балыыhа материальнай-техническэй базата тупсарыгар, ыарыhахтар ыарыыларын чэпчэтэллэригэр, үлэhиттэр үлэлиир, олорор усулуобуйалара тупсарыгар туох баар күүhүн, сатабылын уурара, түүнүн-күнүhүн аахсыбакка сылдьан үлэлиирэ. Кэпсэтинньэҥ, аhаҕас дууhалаах буолан коллективын бииргэ түмэрэ, түргэнник уопасай тыл булара.

Андреев Егор Николаевич

(15.08.1939 – 1980)

Андреев Егор Николаевич Баппаҕаайыттан бастакы хирург быраас, Илбэҥэҕэ бырааһынан 1975-76 сылларга үлэлээбитэ. Олус ирдэбиллээх быраас эбит. Нэдиэлэ саҕаланыыта сиэстэрэлэрин кытары палаталары обходтуура, онон кини кэлиэн иннинэ, ыарыһахтары бэлэмнииллэрэ. Быраас ирдэбили кытаанахтык толорор да, толотторор да этэ. Быраас быһыытынан, дьиҥнээх профессионал этэ. Тонкай психолог буолан Егор Николаевич быраас этикатын чахчы баһылаабыт этэ.

Алексеева Мария Игнатьевна

(1921-1995 сс.)

Алексеева Мария Игнатьевна олохтоох балыыhаҕа 1941 сыл балаҕан ыйыттан 1971 сылга дылы медсестранан үлэлээбитэ. Кини «За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг.», «За доблестный труд 100-летие со дня рождения В.И.Ленина», 40 лет Победы ВОВ 1941-1945 гг., «За долголетний добросовестный труд» от имени Президиума Верховного Совета СССР указом Президиумом Верховного Совета ЯАСССР от 26 октября 1976 г. Ветеран труда.

Алексеева Татьяна Алексеевна

Алексеева Татьяна Алексеевна 1931 с. Сортуолга тѳрѳѳбүтэ. «Сталин» колхоз чилиэнэ этэ. 1971-81 сс. балыыhаҕа санитарканан үлэлээбитэ. Үлэлээбит кэмнэригэр элбэх грамоталарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаламмыта.

Алексеева Аграфена Семеновна

Алексеева Аграфена Семеновна 1929 с. балаҕан ыйын 17 күнүгэр Баппаҕаайы нэhилиэгэр, Арыылаах алааска тѳрѳѳбүтэ. Баппаҕаайы участковай балыыhатыгар 1980-1993 сс. завхоhунан үлэлээбитэ. Балыыhа маhын, уутун, мууhун булара, үлэhиттэр ыйдааҕы хамнастарын сельсоветтан ылан түҥэтэрэ.

Спиридонова Люция Никитична

Спиридонова Люция Никитична 1956 сыллаахха Илбэҥэҕэ тѳрѳѳбүтэ.1982 с. БУБ «Суhал кѳмѳ» массыынатыгар суоппарынан үлэлии киирбитэ, онтон салгыы санитаркалаабыта. Үлэлиир сылларыгар элбэх грамоталарынан бэлиэтэммитэ, үлэ бэтэрээнэ буолбута.

Иванова Анна Николаевна

Иванова Анна Николаевна 1921 сыллаахха Сортуолга тѳрѳѳбүтэ. 1954 сыллаахха участковай балыыhаҕа санитарканан үлэлии киирбитэ. 1976 с. пенсияҕа тахсыбыта. 1988 сылга диэри үлэлээн баран уурайбыта.

Алексеева Татьяна Алексеевна (Тээппэ)

Алексеева Татьяна Алексеевна (Тээппэ) 1929 сыллаахха сэттэ Сортуолтан тѳрүттээх ыалга тѳрѳѳбүтэ. 1962 сыллаахха Баппа ҕаайы участковай балыыhатыгар оhох оттооччунан үлэлээбитэ.

Алексеева Христина Васильевна

Алексеева Христина Васильевна 1927 сыллаахха кулун тутар 9 күнүгэр Сортуол учаастагар элбэх оҕолоох ыалга тѳрѳѳбүтэ. 1962 сылтан Бүлүү райбольницатыгар үлэhитинэн ылбыттара. Ол курдук Сортуол учаастагар медпууҥҥа 4 сыл медсестралаабыта. Баппаҕаайытааҕы участковай балыыhаҕа медсестрана үтүѳ суобастаахтык 15 сыл устата үлэлээбитэ.

Иванова Мария Константиновна

Иванова Мария Константиновна 1964 сыллаахха Баппаҕаайы участковай балыыhатыгар 10 койкалаах буолан саҥардыллыбыта. Ити кэмҥэ Мария Константиновна медсестранан үлэлиирэ. Ыраас, түргэн-тарҕан, бүтэригэс, толорумтуо этэ. Үтүѳ суобастаахтык үлэлээн, Үлэ ветерана, социалистическай куоталаhыы кыайыылааҕа буолара. Ону таhынан араас субуотунньукка, концертка кѳхтѳѳхтүк кыттара.

Таскина Дария Алексеевна

Таскина Дария Алексеевна 1967 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медучилищены бүтэрбитэ. Үѳhээ Бүлүүгэ ананан Быракааннаа ҕы ФАП-ка сэбиэдиссэйинэн, акушерканан, вызовной фельдшеринэн үлэлээбитэ.
1973 сыллаахха дойдутугар кэлэн сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Сайын атынан сылдьан ферма үлэhиттэригэр, ЛТО оҕолоругар, отчуттарга сылдьаллара. Оччотооҕу дьахталлары манна тѳрѳтѳллѳрѳ. Араас ыарахан түгэн буоллаҕына, санзадание ыҥыраллара.
Үлэлэрин таhынан сопхуоска кѳмѳлѳhѳллѳрѳ, концертарга, бал-маскарадтарга кыттан миэстэлэhэллэрэ. Балыыhаттан 1988 сыллаахха уурайан баран, хойукка диэри детсадка медсестралаабыта.

Каратаева Вера Афанасьевна

Каратаева Вера Афанасьевна 1935 сыллаахха Тааhаҕар нэhилиэгэр тѳрѳѳбүтэ. Баппаҕаайыга медсестранан ананан 1955 сыллаахха үлэлии кэлбитэ. Ол саҕана оҕолор ортолоругар корь, саhарар, дизентерия ыарыылара элбэх буолара. Вера Афанасьевна эдэр, энергичнай, сулумах буолан, Бүлүүттэн эмп аҕалыытыгар сылдьара. Ыраах учаастактарга вызовка барара. Балыыhаҕа 30 сыл медсестранан үлэлээн баран, 1985 сыллаахха пенсияҕа тахсыбыта. Ол кэннэ поварынан уонна молочнай кухняҕа үлэлии сылдьыбыта.

Алексеева Мария Николаевна

Алексеева Мария Николаевна 1963 сыллаахха үс ый медсестра курсугар үѳрэнэн баран, Хампаҕа дьуhуурунай медсестранан үлэлээбитэ. Баппаҕаайыга 1969 сыллаахха кэлэн, дьуhуурунай медсестранан анаммыта. Үтүѳ суобастаах үлэтин иhин элбэх грамоталарынан наҕараадаламмыта. 1982 сыллаахха коммунистическай үлэ ударнигын аатын ылбыта.

Алексеев Конон Михайлович

Алексеев Конон Михайлович Сортуол ТОЗ табаарыстыба, колхоз бастакы чилиэннэриттэн биирдэстэрэ. Үлэни кыайар-хотор буолан, колхоз тѳhүү үлэhитэ этэ. 1961 сыллаахтан балыыhаҕа ат кѳлѳнү кѳрѳѳччүнэн-бостууктааччынан үлэлээбитэ. Сайын атыгар оттоон, ата куруук туруктаах буолара. Кыhын балыыhа тас үлэтигэр ат кѳлүнэн муус таhара, уу баhара, араас үлэлэри толороро. Ити курдук үтүѳ суобастаахтык 1979 сыллаахха диэри үлэлээбитэ.

Николаева Евдокия Игнатьевна

Николаева Евдокия Игнатьевна 1968 сыллаахха Баппаҕаайы участковай балыыhатыгар санитарканан үлэлии киирбитэ. Балыыhаҕа куруук 30-ча киhи сытара, ыараханнык ыалдьар, сытар ыарыhахтары барыларын бүѳчүкэйдииллэрэ, таҥастарын сууйаллара. Кыра оҕолору аhаталлара – таҥыннараллара. Үлэлэригэр суткалаан үлэлиир кэмнэрэ элбэх.

Платонова Александра Федоровна

Платонова Александра Федоровна (1925-2000 сс.) Үѳhээ Бүлүү Хоротуттан тѳрүттээх. 1951 сыллаахха Платонов Н. С. кэргэн тахсан, 1960-1984 сс. Илбэҥэҕэ олорбута, үлэлээбитэ. Бастаан оскуолаҕа интернат поварынан, онтон Баппаҕаайы участковай балыыhатыгар нээнньэнэн, маhын бэйэтэ хайытан, кыстаан оhох оттооччунан үлэлээбитэ.
«За доблестный труд в ВОВ 1941-1945гг.», «Ветеран труда», к 30-летию, 40-летию, 50-летию Победы мэдээллэринэн наҕараадаламмыта.



Ахтыылар


Андреев Егор Николаевич

(15.08.1939 – 1980 c.с.)

Егор Николаевич айылҕа өй өттүн бэккэ бэрсибит киһитэ. Үрдүк үөрэҕи кэбэҕэстик ылыммыт буолуохтаах. Талааннаах быраас дииллэрэ. Баппаҕаайыттан бастакы хирург быраас буолуоҕа хаалбыт дэһэллэрин эмиэ истибитим…

Бастакы кэргэнэ Тамара Дмитриевна диэн Хаҥаластан төрүттээх, киниттэн кыыһа Федорова (Андреева) Марина Егоровна Покровскайга ыал буолан олорор, Хаҥалас улууһун киин бухгалтериятыгар үлэлиир. Кэргэнинээн  Федоров Василий Гаврильевичтыын икки уоллаахтар: Гаврил метеоролог, климатолог идэтин баһылыыр, быйыл дипломун көмүскүүр уонна Алексей, оскуола 8-с кылааһын үөрэнээччитэ, информационнай технологиянан интэриэһиргиир эбит.

Егор Николаевич Илбэҥэҕэ бырааһынан үлэлии сылдьан (1975-76 сс.) Софья Семеновнаны, физика учууталын кытта билсэн ыал буолбуттара, Үгүлээккэ көһөн уол уонна кыыс оҕоломмуттара. Андреев Владислав Егорович билигин Новосибирскай куоракка олорор, үлэлиир. Кычкина (Андреева) Альбина Егоровна кэргэнинээн Николай Николаевич Кычкинныын Дьокуускайга олороллор. Андрей диэн уоллара быйыл оскуоланы бүтэрдэ, информационнай технология инновационнай менеджменын кытта инникитин олоҕун сибээстиир баҕалаах. Альбина Егоровна өрөспүүбүлүкэҕэ туттах киһи – бу тыҥааһыннаах кэмҥэ урбаанньыт дьон быраабын көмүскүүр боломуочунай буолар. Кэргэнэ Николай «Статус» программнай хааччыйыы киинин салайар.

Егор Николаевич оҕолоро бары үрдүк үөрэхтээх, атахтарыгар бигэ турбут дьон буолаллар: Марина экономическэй үөрэхтээх, Москватааҕы государственнай администрирование институтун бүтэрбитэ, Владислав Благовещенскайдааҕы педагогическай университетка Учитель китайского и английского языков диэн специальноһы ылбыта, уонтан тахса сыл Саха государственнай университетыгар омук тылын кафедратыгар старшай преподавателынан үлэлээбитэ, Новосибирскай куоракка «Азбука Сибирь и Дальний Восток» компанияҕа тьютордаабыта, билигин онно «Азбука 2.0» ассоциацияны салайар, Альбина Саха государственнай университетын математика уонна информатика институтун бүтэрэн математик идэтин ылбыта. 2003 сылтан «Центр программного обеспечения» диэн тэрилтэни тэриммитэ, үөрэҕирии салаатыгар көдьүүстээх проектары, ол иһигэр  электроннай учебниктары үөрэх процеһыгар, олоххо киллэриинэн дьарыгырбыта, Сибиир уонна Уһук Илин таһымыгар тахсыбыта, ситиһиилээх предприниматель буолбута.

Хомойуох иһин, Егор Николаевич кылгас олохтоммута. 1980 сыллаахха 41 эрэ сааһыгар олохтон туораабыта.

Мин абаҕам Гошаны хайдах өйдөөбүппүнэн салгыы ахтыам. Илбэҥэҕэ мин 1974 сыллаахха балыыһаҕа саһарардаан син өр сыппыттаахпын. Онно үдүк-бадык “быраас Гоша” диэн киһи баарын өйдүүбүн. “Быраас иһэр” дии-дии төттөрү-таары сүүрэкэлииллэриттэн сылыктаатахха, медперсонал да, ыарыһахтар да бары киниттэн толлор быһыылаахтара.

Балыыһаҕа сыттахпына, төһө да биэс саастаах буолларбын, бөдөҥ баҕайы бэчээтинэй буукубаларынан сурук суруйан фельдшер эдьиийим Дария Алексеевнанан дьоммор ыытар идэлээх этим. Ону быраас Гоша билбит этэ уонна биирдэ сурук диктовкалаан суруттарда: “Сымыыт сиэхпин баҕардым, буһаран ыытыҥ” – диэн. Ол кэннэ ыыппыт сымыыттарын харахтаан да көрбөтөҕүм, миэхэ сымыыт бобуулааҕын билбэт буоллаҕым! Абаҕам дьээбэтэ эбит!

Быраас Гоша олус ирдэбиллээх быраас эбит этэ. Нэдиэлэ саҕаланыыта сиэстэрэлэрин кытары палаталары обходтуура, онон кини кэлиэн иннинэ тилигирэһии бөҕө буолаллара, ыарыһахтары бэлэмнииллэрэ. Быраас ирдэбили кытаанахтык толорор да толотторор да этэ. Быраас быһыытынан, дьиҥнээх профессионал этэ.

Биирдэ балыыһаҕа ангиналаан киирбитим. Арай биирдэ палатабыттан ыҥыран таһаардылар. Көрдөхпүнэ – дьикти-дьиибэ көстүү! Быраас ыраахтан туран шприһинэн сиэстэрэ Морууса кыыһа Гутя айаҕын атан турарыгар уу чыгыырдар. Мин дьиибэргээн бөҕө! Кыра оҕо буоламмын, көрө-көрө үөрүү бөҕөбүн. “Аны эн тураҕын?” – диэн ыйыппыттарыгар, мин үөрүүнэн сөбүлэстэҕим дии! Айахпын атыахпынан атан турдахпына, быраас “бэйи, ханна түбэһиннэрэрбин көрүөм эрэ” – дии-дии чугаһаан кэллэ да шприһин иннэтинэн күөмэйбэр биирдэ анньан кэбистэ уонна сарылаппытынан укуоллаата дуу, ириҥэбин оботтордо дуу, өйдөөбөппүн… Били эрдэттэн былааннаммыт сыалай сыаҥка мин туспар оҥоһуллубутун кэлин кэлэн өйдүүбүн. Мини операция оннук оҥорон турардаах. Дэриэбинэҕэ онтон кэпсэл барбыт үһү – “бырааспыт даже операция сатаан оҥорор эбит!” – диэн. Ол кэнниттэн күөмэйим биирдэ да ыалдьыбатаҕа.

Тонкай психолог буолан Егор Николаевич быраас этикатын чахчы баһылаабыт этэ. Мин гепатиттаабыппар да, ангиналаабыппар да оччолорго чахчы профессионально эмтээбитигэр билиҥҥэ дылы махтана саныыбын. Хаарыаннаах талааннаах быраас үлэлиэҕэ-хамсыаҕа хааллаҕа…

Егор Николаевич ыччаттара үөрэҕи ылыналлара, сонуҥҥа-сырдыкка талаһаллара аҕаларын, эһээлэрин саната туруо.

Васильева (Андреева) Ульяна Афанасьевна


Томпо улууhун Үөгэн фельшерско-акушерскай пуунугар икки сыл үлэлээн бараммын, 1968 сыл бүтүүтэ дойдубар көhөн кэлэммин акушерынан үлэҕэ киирбитим. Ол саҕана Корякина Лидия Филипповна врач, Константинова Акулина Гаврильевна фельдшер этилэр. Акулина Гаврильевна 1969 сыл атын сиргэ көспүтүгэр, Лебедева Нина Михайловна диэн соҕурууттан нуучча кыыhа үлэлии кэлбитэ.

Оччолорго медсестраларынан Иванова Мария Константиновна, Каратаева Мария Гаврильевна, Алексеева Мария Игнатьевна, күнүскүгэ Андреева Анастасия Алексеевна үлэлээбиттэрэ. Учаастак медсестратынан Алексеева Христина Васильевна үлэлиирэ. Каратаева Вера Афанасьевна дезинфектор этэ.

Санитаркаларынан Федорова Мария Семеновна, Иванова Анна Николаевна, Николаева Евдокия Игнатьевна, Васильева Прасковья Алексеевна үлэлииллэрэ.

Оhох оттооччунан Платонова Александра Федоровна үлэлиирэ. Алта оhох оттуллар маhын хайытан, сүгэн киллэрэн, күҥҥэ иккитэ оттуохха диэтэххэ элбэх сыраны, күүhү эрэйэр үлэ этэ.

Прачканан Константинова Мотрена Николаевна үлэлиирэ. Таҥас сууйар массыына суох эрдэҕинэ илиитинэн сууйара да, кини сууйбут таҥаhа өрүү ыраас буолара.

Ат көлөнү көрөөччүнэн Алексеев Конон Михайлович үлэлээбитэ. Сайынын ата кыс тахсар отун бэйэтэ оттуура, атын бэйэтин уhаайбатыгар туруоран аhатара, көрөрө – истэрэ. Суhал көмө массыыналаныахпытыгар диэри кыhын буоллун, сайын буоллун, атынан сылдьарбыт. Ол саҕана Сортуолга, Арыылаахха фермалар кыстыыллара, сайылыыллара. Өссө Соболооҕунан, Эмиhинэн, Баайынан, Харбалааҕынан, Өбүгэнэн оттууллара. Конон Михайлович атын кыhынын көлүйэн, сайынын ыҥыырдаан ыҥырыкка барарга бэлэмниирэ.

Нэһилиэккэ олорор дьон ахсаана 800-чэкэҕэ чугаһыыра. Оскуолаҕа Лөкөчөөнтөн, Горнайтан оҕолор кэлэн үөрэнэллэрэ. Үөрэнэр оҕо 200-чэкэ буолара. Илбэҥэ Орто Бүлүү совхоз отделениета, кэлин 1981 сылга туспа совхоз буолбута.

Балыыһа стационара 10 куойкалаах этэ да, өрүү 10-тан тахса ыарыһах сытан эмтэнэрэ. Онно эбии сыл аайы 10-тан тахса оҕо күн сирин манна көрөрө.

Санитаркалар, медсестралар үлэ бөҕөтүн көрсөллөрө, ыарыһаҕы көрүү – истии, эмтээһин, аһатыы, өрөбүлгэ түбэстэхтэринэ оһох оттуута, ас астааһына, төрөөччү баар кэмигэр төрөөччүнү көрүү, оҕо пеленкатын сууйуу элбэх сыраны эрэйэрэ.

Араас кэмнэргэ нэһилиэк 5 герой ийэлэрэ: Васильева Прасковья Алексеевна, Николаева Евдокия Игнатьевна, Федорова Федора Спиридоновна, Никифорова Варвара Петровна, Федорова Мария Семеновна уонна элбэх оҕолоох Васильева Елизавета Алексеевна, Степанова Галина Иннокентьевна, Шамаева Софья Никитична үлэлээбиттэрэ. Элбэх оҕону көрөн – истэн, аһатан – сиэтэн, хотоннорун толору сүөһүлэрин көрөн – аһатан, туох баар дьиэтээҕи түбүктэрин үмүрүтэн, үлэлэригэр кэлэллэрэ.

Туспа амбулатория баар буолбутугар санитаркаларынан Николаева Федора Спиридоновна, Алексеева Анна Марковна, Алексеева Татьяна Алексеевна – II үлэлээбиттэрэ. Стационарга поварынан өр кэмҥэ Алексеева Татьяна Алексеевна – I үлэлээбитэ.

1970 – 1990 сылларга медсестраларынан Николаева Антонина Николаевна, Харлампьева Лидия Афанасьевна, Алексеева Елена Алексеевна, Никифорова Людмила Михайловна, Антонова Татьяна Ивановна, Николаева Валентина Николаевна, Алексеева Сардана Васильевна, Яковлева Изольда Егоровна үлэлээбиттэрэ. Олохтоохтор махтана саныыр, убаастыыр үлэһиттэрэ.

Фельдшер Константинова Акулина Гаврильевна 1969 сыллаахха, врач Корякина Лидия Филипповна уонна фельдшер Лебедева Нина Михайловна 1970 сыллаахха атын сиргэ көһөн барбыттарыгар, биир сылтан ордук соҕотоҕун үлэлээбитим. Аата – ахсаана суох үлэни көрсүбүтүм. Сайын устата Сортуолунан Арыылааҕынан  ыҥыырдаах атынан хас эмэ төгүл соҕотоҕун сылдьыбытым.

1971 сыл Алдантан Альхимович Ольга Владимировна диэн нуучча кыыһа кэлэн арыый үөһэ тыыммытым.

1972 сыл саҥа үөрэҕи бүтэрэн, Петрова Зинаида Михайловна бырааһынан ананан үлэлии кэлбитэ. Үрдүк культуралаах, билиилээх быраас коллективка кэлээтин убаастаммыта. Зинаида Михайловна туруорсан, эргэ да буоллар туспа амбулаторияламмыппыт. Тастан көрдөрөр ыарыһахтар процедуралара, приемнара бэрээдэктэммитэ.  

1973 сыл Үөһээ Бүлүүгэ үлэлии сылдьан, Таскина Дария Алексеевна көһөн кэлэн, фельдшердээбитэ. Үлэтигэр эппиэтинэстээх, билиилээх эмчит быһыытынан улаханнык сөбүлэппитэ.

1974 сыллаахха Михайлов Петр Алексеевич бырааhынан анаммыта. Биир сыл үлэлээбитин кэннэ, Бүлүүгэ үлэҕэ ыҥыран ылбыттара.

Баппаҕаайыттан бастакы быраас Андреев Егор Николаевич 1975 сыллаахха үлэҕэ киирэн баран, иккис сылыгар эмиэ атын сиргэ көспүтэ. Егор Николаевич үлэлиир кэмигэр стационарга капитальнай ремонт ыытыллан, дьиэ иhэ толору штукатуркаламмыта.

1976 сыл Горнайга фельдшердии сылдьан, дойдутугар Акимова Варвара Яковлевна кэлбитэ.

1977 сыллаахха Илбэҥэлэр бэйэбит кыыспыт Петрова Татьяна Алексеевна үөрэҕин бүтэрэн, бырааһынан ананан үлэлии кэлбитэ уонна сүүрбэттэн тахса сыл үлэлээбитэ. Кини үлэлиир сылларыгар дэриэбинэҕэ центральнай отопление киирэн, стационарбыт онно холбонон, үөрүү – көтүү буолбута.

Татьяна Алексеевна сүүрэн – көтөн, кэпсэтиһэн, туспа саҥа амбулатория туттарбыта. Стамотологическай пууҥҥа анаан дьиэ туттарбыта да, үлэһит көстүбэккэ, аһыллыбакка хаалбытыгар оскуола начальнай кылаастара үөрэнэр оскуолалара буолбута. Кэлиҥҥи сылларга 1939 сыллаахха тутуллубут стационар дьиэтэ аварийнай туруктанан, сабыллыбытыгар, балыыһа стационара буолан үлэлии турар.

Билиҥҥи кэмҥэ 80-с сыллары «улугуруу» сылларынан аахталлар да, ол саҕана олох күөстүү оргуйара. Ким да, ханна да «улугурбутун» өйдөөбөппүн. Нэһилиэккэ хас да фермаҕа хотон аайы толору сүөһү, толооҥҥо сылгы үөрэ мэччийэрэ. Ону көрөргө хорсун – хоодуот үлэһит бөҕөтө, сайынын от үлэтигэр киһи барыта кыттара. Балыыһа коллектива күргүөмүнэн тахсан оттуурбут. Кыһынын фермаҕа дояркалары солбуйарбыт. Бырааспыт Татьяна Алексеевна тэҥҥэ сылдыһара, кэлбит – барбыт, сытыы – сыыдам киһи этэ. Үлэ бары көрүҥнэригэр тэрилтэлэринэн, түөлбэлэринэн куоталаһыы бөҕөтө. Сыл түмүгэр түмүк таһаараллара, ханнык тэрилтэ бастаабыта биллэн үөрүү – көтүү буолара. Тэрилтэнэн концертка коллектив хас биирдии үлэһитэ көхтөөхтүк кыттара. Арай биирдэ балыыһалар биһиги концерпыт буолла. Көрөөччү кулууп иһэ толору, инники жюри бөҕөтө. Биһиги долгуйан бөҕөтө. Арай бырааспыт Татьяна Алексеевна сүрдээх улаханнык ыарытыйда, хотуолаата иҥин. Аны үҥкүүгэ кыттыахтаах. Хас да ыарыыны мүлүрүтэр таблетканы истэ уонна үҥкүүлэһэ таҕыста, тахсыбатаҕына провал буолуо турдаҕа…Концерт бүтээтин, скорайынан баран, Бүлүү хирургияҕа муҥурдааҕын операциялаабыттара.

Илбэҥэҕэ аптечнай пункт 1974 сыллаахха арыллыбыта. 1981 сылтан Платонова Галина Михайловна үлэлээбитэ. Санитарканан Николаева Антонина Николаевна.

Суһал көмө суоппардарынан Алексеев Марк Алексеевич, Степанов Власий Семенович, Алексеев Алексей Кузьмич, Семенов Михаил Семенович, Петров Альберт Трофимович үлэлээбиттэрэ.

Ахтыыны суруйда: Дьячковская Тамара Алексеевна, фельдшер.


Ийэ, күн кубэй ийэ… Киhиэхэ барытыгар саамай чугас, кэрэ, ахтылҕаннаах киhи буоллаҕа. Оҕо сылдьан ийэбит үлэтинэн онно – манна баран дьиэтигэр суох буолар түгэннэригэр, хайдах эрэ дьиэ иһэ кураанахсыйбыкка, туох эрэ тиийбэт, киhи тэhийбэт курдук буолара.

Биһиги ийэбит Петрова Татьяна Алексеевна  сэрии кэнниттэн аас – туор, тиийиммэт олоххо төрөөн, ыраах Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр эдьиийигэр  Николаева Федораҕа иитиллибитэ.  Николаевтар дьиэ-кэргэн  үөрэҕи өрө туппут ыал этилэр. Ийэбит оҕо сааһыгар кэрэ Маатта сайын сибэккиннэн бүрүллэрин, Өлөннөөх алааһыгар оттуу барарын, кыһынын Эбэ түөлбэтиттэн дьүөгэтинээн Анна Мухоплевалыын тоҥон-хатан ыраах турар оскуолаҕа баран үөрэнэрин кэпсиир буолара. Кэрэ оҕо саас кэмнэрэ Бэрдьигэстээх кырдалыгар  түргэн түргэнник элэҥнээн ааспыттара. 1968 сыллаахха аҕабытын кытта  Петров Альберт Трофимовичтыын ыал буолбуттара. Ийэбит туруорбут сыалын ситиһэр, эппитин толорор этэ. Аҕабыт Альберт 12 сааһыттан төгүрүк тулаайах хаалан, 4 бииргэ төрөөбүттэрин бэйэтэ көрөн улаатыннарбыта. 3 сааһын ситэ илик оҕо 18-таах кыыс илиитигэр киирбиттэрэ. Барыларын атахтарыгар туруортаан, үрдүк үөрэххэ киллэртээн, ыал буолан дьиэ – уот тэринэллэригэр тирэх, иккис ийэ буолбута. Альбина Трофимовна география учуутала, оскуола директорынан үлэлээбитэ, Антонина Трофимовна хореграф, үөрэҕирии туйгуна, пенсияҕа олорор, Анатолий Трофимович Иркутскай куоракка тыа хаьаайыстыбатын институтун бүтэрбитэ, республикаҕа биллэр предприниматель.

Ийэбит Ордук чугастык врач идэтин ылынара, ииппит ийэтэ Федора сэрии кэмнэригэр дьон ытыктабылын ылбыт медсестра этэ. Үрдүк үөрэххэ киириэн иннинэ балыыһаҕа үлэлээн, талбыт идэтигэр бэлэмнэнэргэ быһаарыммыта, оскуола кэнниттэн Бэс күөлүн участковай балыыһатыгар, Бэрдьигэстээх оруйоннааҕы балыыһатыгар медицинскэй сестранан үлэлээбитэ. 1970 сыллаахха СГУ медицинскай факультетыгар туттарсан киирбитэ, студенныы сылдьан аҕабыт бииргэ төрөөбүт балтыларыгар, быраатыгар көмөлөһөөрү хас да үлэҕэ үлэлиир этэ. Дьокуускайга үөрэнэр кэмнэригэр үгүс элбэх ыччакка үөрэх туттарсалларыгар дьиэнэн–уотунан көмөлөспүтүн дьон билиҥҥээҥҥэ дылы сылаастык ахталлар. Аҕабыт Альберт Трофимович ол кэмнэ Ленинградтааҕы кинематография институтун режиссерскай отделениятын студена этэ. Сыл хонук. Ийэбит үөрэҕин кэнниттэн Бүлүү оруйуонугар 1976 сыллаахха ананан кэлбитэ, Илбэҥэ участковай балыыһатын сэбиэдиссэйинэн үлэтин саҕалаабыта. Баппаҕаайы – оруйуон кытыы сирэ. Манна уруккуттан буоларын курдук, ордук сайыҥҥы кэмҥэ ыраах учаастактарга тиийэр күчүмэгэй. Ким үлэлиэн баҕарар – ол ыараханы кыайар ньымалары булар диэн сөпкө этэллэр.  Сайын суол суох кэмигэр атынан сайылыктары кэрийэн былааннаммыт үлэтин толороро.  Өр сылларга бииргэ үлэлээбит Кириллина Тамара Алексеевна, Акимова Варвара Яковлевна Илбэҥэ участковай балыыһатын үлэһиттэрэ, коллектив тирэх дьонноро этилэр.

Ийэбит отуттан тахса сыл участковай балыыhа сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, ону таhынан общественнай үлэҕэ мэлдьи бириэмэ булара. Дэриэбинэ культурнай олоҕор көхтөөхтүк кыттара, балыыһа коллективын туруорбут концертара дьон биһирэбилин ылыан ылбыттара, ыһыахтар, саҥа дьыл бырааһынньыктара кэрэхсибиллээхтик, дириҥ ис хоһоонноох ыытыллалара, ийэбит инициативатынан дьахталлар ортолоругар танаһы быһыыга, араас бүлүүдэлэри астааһыҥҥа конкурстар тэриллэн бөһүөлэк олоҕун сэргэхситэллэрэ. Татьяна Алексеевна  үлэтин былаанын табыгастаахтык аттаран туруорар буолан, хаһан да солом суох диэбэтэҕэ.  Тыа сиригэр Врач үлэтэ түбүктээх, түүн – күнүс ыарыһахха вызовка барыы, ол быыһыгар ыраах сытар сайылыктары, совхоз участоктарын кэрийии, Лөкөчөөҥҥө тахсан медосмотр ыытыы, тиһигин быспат үлэ биир кии холугар ыарахан. Ийэбит коммунистическай партия чилиэнэ этэ, өр сылларга сельсовет испокомун председателин солбуйааччытынан, 33 партийнай конферецияҕа Бүлүү оруйонуттан делегатынан талыллан ситиһиилээхтик кыттыбыта.

Ийэбит кылгас да буоллар чаҕылхай дьоллоох олоҕу олорон ааспыта. Кини ситэ олорботох олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар.  Икки уолаттара Вячеслав уонна Алексей атыы урбаан улэһиттэрэ. Хомойуох иһин кыра уола Алексей Альбертович массыына авариятын кэнниттэн 12 сыл  суорҕаннаах – тэллэххэ сытар инвалид буолан баран, 2021 сылаахха олохтон туораабыта. Бырааппыт  күүстээх санаалаах, бигэ дьиэ кэргэн иитиилээх  буолан, бу сытан үлэтин биир да күн тохтоппотоҕо, ыраах Хоту улуустарга ас үөл, материал таһыытынан дьарыктаммыта. 1 группалаах инбэлиит «Обеспечение перевозки Арктических районов» государственнай программаҕа хамнастаах специалиһынан үлэлээбитэ. Алексей Альбертович Саха дьонугар олоххо тардыһыы, модун санаа үтүө холобура буолан  аата ааттанар. Кининэн биhиги, Петровтар аймах, билэр дьон, киэн туттабыт.

Быраатым Алексей Альбертович дьиэ кэргэнин билсиhиннэрэр буоллахха, кэргэнэ Мариника Семеновна ЯГУ-ну  ситиhииллэхтик бүтэрэн баран, Республиканскай  Военкомат начальнигын көмөлөһөөччүтэ. Улахан уола Петров Семен   буулдьанан ытыыга Саха сирин спордун маастара, 12 сааhыгар мастер спорта буолта, (член сборной РС (Я) по пулевой стрельбе, многократный чемпион России и Республики), аҕата тэрийбит тэрилтэтин  ИП Петров грузовые перевозки салгыы  салайан үлэлэтэр. Петрова Яна, чемпионка Республики по шашкам, быйыл СВФУ юридическай колледжын кыhыл дипломунан бүтэрдэ. Петрова Александра – многократная чемпионка Республики, Дальнего Востока  по художественной гимнастике, 8–с кылаас үөрэнээччитэ.

Вячеслав Альбертович түөрт оҕо амарах аҕата, уолаттара Мичил СВФУ студена, Альберт, Артем  спортивнай ориентированиенан дьаныардаахтык дьарыктаналлар, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна кыыhа Элиза Хабаровскайдааҕы гос администрирование университетын студентката, кэргэнэ Ньургуяна Николаевна  бухгалтер экономист чааhынай урбаанынан дьарыктанар.

Ийэбит Татьяна Алексеевна доруобуйа харастабылын туйгуна, эҥкилэ суох үлэтин иhин Россия бастакы Президенын  Б.Н. Ельцин анал бириэмийэтинэн наҕараадаламмыта.

Суруйда Гаврильева Анджелика Альбертовна, Почетный работник общего среднего образования Российской Федерации.




Баппаҕаайы нэhилиэгэр Доруобуйа харыстабылын  министиэристибэтин салаатынан бастакы дьааhыла медперсоналын үлэһиттэрэ

Алексеева Анна Марковна бастакы сэбиэдиссэй

1959 сыллаахха от ыйын 10 күнүгэр Саха АССР Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уурааҕынан, 10 миэстэлээх төгүрүк сыллаах дьааһыла группата арыллыбыта. Бастакы сэбиэдиссэйинэн медсестра Алексеева Анна Марковна анаммыта.

Томская Евдокия Спиридоновна

Мин, Томская Евдокия Спиридоновна,  муус устар 30 күнүгэр 1929 сыллаахха төрөөбүтүм. 1960 сыллаахха муус устапр 1 күнүгэр медсестра-баспытааталынан үлэлии киирбитим. Сэбиэдиссэйинэн Капитонова Зинаида Михайловна, фельдшер үөрэхтээх нуучча кыыhа этэ.

Федорова Варвара Спиридоновна

Алексеева Мария Степановна ахтыыта

Биhиги нэhилиэккэ, Баппаҕаайыга, бастакы дьааhыла 1959 сыллаахха от ыйыгар үлэлээбитэ. Заведующайынан Алексеева Анна Марковна үлэлээбитэ. Сиэстэрэлэринэн Алексеева Розалия Гаврильевна уонна мин аан бастаан үлэлээбиппит. Онтон Розалия Гаврильевна атын сиргэ барбытын кэннэ, томская Евдокия Спиридоновна киирбитэ. Быраас Искипер Гаврильевнич Лобашев үстүү ый үөрэтэн, докумуон биэрэн үлэлэппитэ. Онно үлэлиир кэммитигэр отутча оҕолоох этибит. Дьааhылаҕ үс – алта ыйдаах оҕолору ылаллар этэ. Төрөппүттэр оҕолоро үс сааhын туолбутун кэнниттэн ылаллара, оҕолор түүннэри- күннэри дьааhылаҕа сылдьаллара. Биhиги сарсыарда 9чаастан нөҥүө сарсыарда 9 чааска дылы үлэлиир этибит, оччотооҕу кэмнэргэ оҕо аhалыга иҥин кэмчи буолар этэ. Бастыҥ аhалыктарынан маннай, ириис куруппалар, миин уонна үүт аhалык буолара. Оччолорго үлэлииргэ эмиэ ыарахаттар элбэх этилэр: уубутун күөлтэн илиинэн бэйэбит баhарбыт, маспытын ойууртан мастаан сүгэр этибит, килиэппитин бэйэбит буhарар этибит. Онтон олох уларыйан испитэ, заведующайдар эмиэ утуу – субуу уларыйан испиттэрэ. Ол курдук, үлэлээн өр кэмҥэ сылдьыбыппыт кэннэ саҥа дьиэ туппуттара. Онно эмиэ колкуоска көмөлөөн 1961 сыллаахха саҥа дьиэҕэ киирбиппит. Өр кэмнэргэ бииргэ үлэлээбит дьоннорбун: Алексеева Аграфена Семеновна, Томская Евдокия Спиридоновна, Федорова Варвара Спиридоновна, Николаева Анна Капитоновна, Тарасова Анна Давыдовна, Харлампьева Елена Гаврильевна 1968 сыллаахха холбоhоммут дьааhыла – детсад буолбута.

Алексеева Мария Николаевна медсестра

Гаврильева Александра Николаевна Маарыйаҕа 6 оҕолоох сутаан өлөөрү гыммытын, көһөрөн аҕалан, балыыhаҕа оhох оттооччунан, онтон остуораhынан, кэлин санитарканан үлэлээбит.

Добавить комментарий