Самаан сайыммыт түмүктэнэн көмүс күһүммүт тиийэн кэллэ… үлэ,үөрэх саҕаланна. Күһүн -элбэх ырыаҕа, хоһооҥҥо хоһуйуллубут айылҕа биир дьикти, кэрэ көстүүлээх кэмэ буолар.
Сайыҥҥы сылаас кэмнэргэ үүннэрбит үүнээйилэрбитин, сирбит аһын хомуйан – Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн дииллэрин курдук үөрэн-көтөн балаҕан ыйын 23 күнүгэр “Алаһа” СК ыыппыт тэрээһинигэр оҕолор, нэһилиэк олохтоохторо муһуннулар
Оҕолорго аналлаах араас күрэхтэр ытылыннылар – айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуктар, сэбирдэх хомуйааһыныгар, хортуоска сиэһинигэр көхтөөхтүк күрэхтэстилэр.
“Алаһа” СК үлэһиттэрэ үтэһэлээх эт (шашлык) атыылаатылар, итии үүттээх чэйинэн кэлбит дьону күндүлээтилэр. Хаһаайкалар оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут салааттары, заготовкалары, сүөгэй, суорат атыылаатылар.