1959с. от ыйын 10 күнүгэр Саха АССР Доруобуйа харыстабылын Министерствотын уурааҕынан, 10 миэстэлээх төгүрүк сыллаах дьааhыла группата арыллыбыта. Бастакы сэбиэдиссэйинэн Алексеева Анна Марковна анаммыта.
Алексеева Анна Марковна ахтыыта
1959 сыллааха Бүлүүгэ 6 ый медсестра үөрэҕэр үөрэнэн кэлбитим. Ол сайын от ыйын 10 күнүгэр 1959 сыллаахха дьааhыла арыллыбыта. Онно миигин сэбиэдиссэйинэн ылбыттара. Маҥнай арылларыгар уон оҕолоох круглосуточнай этэ. Онно ньээнньэнэн үлэлээбит үс киhи Федорова Варвара Спиридоновна, Григорьева Анна Капитоновна, Никифорова Александра Кононовна. Медсестранан Томская Евдокия Спиридоновна, Алексеева Мария Степановна уонна мин. Поварынан Алексеева Мария Капитоновна, остуораhынан Николаева Мария Алексеевна үлэлээбиттэрэ.
Балаҕан ыйыгар нуучча кыыhа Капитонова Зинаида Михайловна сэбиэдиссэйинэн үлэлии кэлбитэ. Ол сылларга үлэлииргэ сүрдээх ыарахан этэ: дьиэбит кыараҕаhа, тымныыта, суол – иис суоҕа, эмп – том кырыымчык этэ. Оҕо бөҕө ыалдьыбыта тымныйан. Үксэ учаастак оҕолоро этэ. Коллективпыт сүрдээх иллээх этэ.
1967 сыллаахха ясли – сад арыллыбыта. Онно сэбиэдиссэйинэн Харлампьева Елена Гаврильевна кэлбитэ. Ясли – сад арыллыбытын кэннэ оҕо ахсаана отучча буолбута. Онно итээччинэн Васильева Клара Михайловна, Алексеева Клавдия Кононовна үлэлээбиттэрэ. Медсестранан үлэлии сылдьан 1971 сыллаахха «Арыылаах» учаастагар медпункт арыллыбытыгар главврач Михайлова Анна Николаевна медсестранан анаабыта. Онно үлэлии барбытым. Дьааhылаҕа 12 сыл медсестранан үлэлээбитим. Коллективпыт наhаа үчүгэй этэ.
Бастакы дьааhыла группатын үлэhиттэрэ
Алексеева (Николаева) Розалия Гаврильевна, медсестра -воспитатель
Биhиги олохпутугар ийэбит холобур, суолдьут сулус буолар… Олох – ийэбититтэн саҕаланар. Кини нарын илиититтэн, оргууйдук, намыыннык саҥарар куолаhыттан – биhиги олоҕу аан маҥнай билэбит, тулалыыр эйгэбитин көрөбүт. Кэлбиппит бука бары бу сиргэ ийэ баҕатынан, көрдүбүт бу орто дойдуну ийэ туhатынан.Биhиги ийэбит Алексеева (кэргэнинэн Николаева) Розалия Гаврильевна Бүлүү оройуонун Баппаҕаайы нэhилиэгин Лөкөчөөнүгэр 1940 сыллаахха Алексеева Марина Михайловна уонна Алексеев Гаврил Христофорович дьиэ кэргэттэригэр бүтэhик кыыс оҕоннон төрөөбүтэ.Ийэбит 1949 – 50 үөрэх сылыгар Лөкөчөөн оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар ордук чорбойон ахсаан математика уруогар, физкультура, саха тылын уруоктарыгар дьоҕурдааҕын учуутала Харлампьев Афанасий Гаврильевич бэлиэтии көрбүтүн эппитэ. Онтон 4 сыл үөрэнэн баран, Илбэңэҕэ баран 8-с кылааска дьылы үөрэммитэ. Үөрэнэр кэмигэр Антоновтар диэн ыалга дьуккаах олорон үөрэммит.
1959 сыллаахха Баппаҕаайы нэhилиэгэр Илбэңэҕэ от ыйыгар 20 миэстэлээх маҥнайгы оҕо саада аhыллыбыт. Бастакы сэбиэдиссэйинэн Алексеева Анна Марковна ананан үлэлээбит. Онтон бастакы үлэhиттэринэн биhиги ийэбит Алексеева Розалия Гаврильевна уонна да атыттар үлэлээбиттэр. Ийэм үлэлии сылдьыбыт тэрилтэтигэр 43 сыл буолан баран, мин салайааччы буолан үлэлии сылдьабын… Оҕо тэрилтэтигэр үлэлии сылдьан, нэhилиэк общественнай олоҕор сүрдээх активнайдык кыттар эбит. Ол курдук, Бүлүү куоракка, оччолорго грузовой массыынаҕа тиэллэн, тохсунньу ыйга кытары смотрдарга, фестиваль – көрүүлэргэ баран Шамаева (кэргэнинэн Гоголева) Евдокия Николаевналыын үңкүүлүүллэрэ эбитэ үhү.
1962 сыллаахха ийэбит Суксуйдаан диэн сиргэ баар фермаҕа үс ыанньыксыкка асчытынан үлэлээбит, үүт эрийээччитинэн. Балтараа көстөөх сиргэ Сымалыырга сылгыhыттар сыталлар эбит, онно маҕаhыын баара. Ийэм аах Сымалыырга маҕаhыыҥҥа бара сылдьаллар эбит. Ол сылдьан, биhиги аҕабытын кытта билсиhэн, сөбүлэhэн, ыал буолар ыллыктаах санааны ылынан, Суксуйдаантан 12 көстөөх Лөкөчөөҥҥө ыал буоларын ийэтиттэн Марина Михайловнаттан көҥүллэтээри Куба Саарбытынан, алдьархайдаах куйаас күн, 2 иhит арыылаах, халбаhыылаах, чиэппэр чэйдээх – уруу аhатаары ааспыттар. Икки хонон баран, төннүбүттэр Куба Саарбытынан, Суксуйдааҥҥа, онтон үргүлдьү Торуой Чочулаабыттар. Ийэбит 19 саастааҕар Ньукулаайаптарга Бороң оҕонньордооххо кийиит буолан, сүгүллэн барбыта. Сэттэ оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэхтээх дьон оҥорто. Бука бары дьоллоох оҕо саастаах этибит. Биир да кыhалҕаны билбэтэхпит.Куруутун: «Кытаатан үөрэхтээх киhи буолун». – диирэ. Ол курдук, кып-кыра хамнаhын оҕотун барытын кэриэтэ биhиэхэ ыытан, сорох сыл үстүү устудьуону үөрэттэрбитэ. Бука бары билигин олоххо активнай позициялаах, дьоҥҥо ытыктанар үөрэхтээх, улууска, республикаҕа биллэр дьон буолбуппут – иол биhиги дьоммут ииппит – үөрэппит сыралара.
Күн сирин көрдөрбүт, күөх окко үктэннэрбит, илиитин иhинэн иитиэхтээбит, сүрэҕин сүмэтин биэрбит, сатабылынан салайбыт, үтүөтүнэн үрдэппит, күн күбэй ийэм, туһунан иhирэх тылбынан ахтыы суруйдум Ньукулаайаптар бэhис оҕолоро – Харлампьева Екатерина Афанасьевна Баппаҕаайытааҕы «Мичээр» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ ,2019с.
Круглосуточнайынан үлэлээбиппит…
Мин, Томская Евдокия Спиридоновна, муус устар 30 күнүгэр 1929 сыллаахха төрөөбүтүм. 1960 сыллаахха муус устапр 1 күнүгэр медсестра-баспытааталынан үлэлии киирбитим. Сэбиэдиссэйинэн Капитонова Зинаида Михайловна, фельдшер үөрэхтээх нуучча кыыhа этэ. Онтон салгыы Гаврильева Ульяна Афанасьевна, Седалищева Мария Алексеевна, Тарасова Анна Давыдовна, Алексеева Анна Марковна, Алексеева Аграфена Семеновна, Акимова Марфа Николаевна, Алексеева Евдокия Спиридоновна, Кириллина Христина Игнатьевна, Николаева Анна Капитоновна, Федорова Варвара Спиридоновна, Петрова Анна Семеновна, Клара Васильевна, Ульяна Николаевна Антонова, Григорьева Татьяна Васильевна, Акимова Александра Петровна, Николаева Мария Егоровна повар, Чабыева Нина Михайловна.
Ол са5ана круглосуточнай үлэлиирбит элбэх ыал о5олоро этэҥҥэ сорохтор түөрт саастарыгар дылы сылдьыбыттара.
Үлэбитин барытын бэйэбит үлэлиирбит. Мас – муус киллэринэрбит. Кирпииччэ үктээн оhохпутун бэйэбит ремоннуур этибит. Крулгосуточнайынан үлэлээбиппит, онно 20 -25 оҕо буолааччы, дьиэбит кыараҕас этэ. Онтон саҥа дьиэ туппуттара, онон үчүгэй буолта. Детсадка быраас назначение суруйара, ону оҕолору бэйэбит эмтиир этибит.
Кэнники кэмҥэ, 30 сылбын толороорубун, пенсияҕа тахсан баран, завхоhунан үлэлээбитим.
Сайын хортуоска , оҕуруот аhа, дьиэ сабараанньатыгар эмиэ үүннэрэр этибит. Саҥа хортуоска сирин оҥорбуппут. Колхуоска, сопхуоска субуотунньукка сылдьарбыт, дайаарканы солбуйарбыт, дулҕа кырбыыр этибит. Күhүн ферма көhөн кэлэригэр кыстык хотонун сыбыыр этибит.Кэнники сылларга Е.Г. Харлампьева сэбиэдиссэйдииригэр концертка, куоталаhыыга кыттан, бэйэбит таҥас тиктэн, куруук бастакы миэстэ буолар этибит.
Профсоюз председателинэн хас да сыл үлэлээбитим. Билигин 1985 сылтан пенсияҕа олоробун, өр сылларга үлэлээбитим. Тыыл ветерана этим, билигин сэрии ветерана буолабын.Билигин 7 сиэннээхпин, 2 хос сиэннээхпит, 3 оҕолоохпун. Венера Федоровна улуус Администрациятыгар үлэлиир, биир кыыс учууталлыыр, уолум Мирнэйгэ главаҕа суоппардыыр. «Ударник коммунистического труда» значоктаахпын, колхозка уонна сопхуоска үлэлээбиппэр.
Ахтыыны суруйда Томская Евдокия Спиридоновна
Оҕо тэрилтэтигэр үлэлиир наһаа үчүгэй эбит
Биhиги нэhилиэккэ, Баппаҕаайыга, бастакы дьааhыла 1959 сыллаахха от ыйыгар үлэлээбитэ. Заведующайынан Алексеева Анна Марковна үлэлээбитэ. Сиэстэрэлэринэн Алексеева Розалия Гаврильевна уонна мин аан бастаан үлэлээбиппит. Онтон Розалия Гаврильевна атын сиргэ барбытын кэннэ, Томская Евдокия Спиридоновна киирбитэ. Быраас Искипер Гаврильевич Лобашев үстүү ый үөрэтэн, докумуон биэрэн үлэлэппитэ. Онно үлэлиир кэммитигэр отучча оҕолоох этибит. Дьааhылаҕа үс – алта ыйдаах оҕолору ылаллар этэ. Төрөппүттэр оҕолорун үс сааhын туолбутун кэнниттэн ылаллара, оҕолор түүннэри- күннэри дьааhылаҕа сылдьаллара. Биhиги сарсыарда 9 чаастан нөҥүө сарсыарда 9 чааска дылы үлэлиир этибит, оччотооҕу кэмнэргэ оҕо аhылыга иҥин кэмчи буолар этэ. Бастыҥ аhалыктарынан маннай, ириис куруппалар, миин уонна үүт аhылык буолара. Оччолорго үлэлииргэ эмиэ ыарахаттар элбэх этилэр: уубутун күөлтэн илиинэн бэйэбит баhарбыт, маспытын ойууртан мастаан сүгэр этибит, килиэппитин бэйэбит буhарар этибит. Онтон олох уларыйан испитэ, заведующайдар эмиэ утуу – субуу уларыйан испиттэрэ. Ол курдук, үлэлээн өр кэмҥэ сылдьыбыппыт кэннэ саҥа дьиэ туппуттара. Онно эмиэ колкуоска көмөлөөн 1961 сыллаахха саҥа дьиэҕэ киирбиппит. Өр кэмнэргэ бииргэ үлэлээбит дьоннорбун: Алексеева Аграфена Семеновна, Томская Евдокия Спиридоновна, Федорова Варвара Спиридоновна, Николаева Анна Капитоновна, Тарасова Анна Давыдовна, Харлампьева Елена Гаврильевна . 1968 сыллаахха холбоhоммут дьааhыла – детсад буолбута. Онно заведующайынан Елена Гаврильевна үлэлээбитэ. Детсад оҕолоро тарҕаhан 1968 сыллаахтан күнүскү үлэҕэ көспүтэ, үлэ чэпчээбитэ, олох уларыйбыта. Онтон билиҥҥээҥҥэ диэри үлэhит үксэ уларыйан, үөрэхтээх үлэhиттэр кэлбиттэрэ, оҕуруот, сибэкки арааhын олордор буолбуппут. Мария Егоровна, Христина Игнатьевна повардааннар, оҕолор үчүгэй, минньигэс аhы аhыыр буолбуттара. Оҕо элбэхтик сылдьар буолбута. Татьяна Васильевна кэнники кэмҥэ баспытааталлаабыта, билигин заведующайынан үлэлиир. Биhиги детсадпытыгар сылдьыбыт оҕолор билигин доруобай, үөрэхтээх дьон буола улаатан, сир – дойду араас муннуктарыгар сылдьан үлэлииллэр – хамсыыллар. Биhиги ону көрөн – истэн үөрэбит.
Мин пенсияҕа тахсыахпар дылы бу иллээх – эйэлээх коллективка сылдьыбытым. Билигин бэйэм сынньалаҥҥа олорорбуттан үөрэбин, астынабын. Детсадка куруук кэлэ – бара, көрө- истэ сылдьабын. Сылдьыбатахпына суохтуур курдукпун.
Инники үлэлиир коллективка бары үтүөнү баҕарабын. Оҕо тэрилтэтигэр үлэлиир наhаа үчүгэй эбит. Билигин даҕаны оҕо саҥата, оонньуута харахпар көстөргө дылылар. Мин бэйэм алта оҕобуттан түөрт оҕо бу детсадка сылдьыбыттара. Улаатан баран «Олус үчүгэйдик сылдьыбыппыт» – диэн куруук ахталлар.
Биhиги үлэлиир кэммитигэр үлэлээн сылдьыбыт доҕотторбут Кириллина Христина Игнатьевна, Алексеева Аграфена Семеновна, Алексеева Ульяна Кузьминична суох буолтарын курутуйа саныыбыт.
Бу детсад инникитин үүнэ – сайда турарыгар баҕарабын.
Алексеева Мария Степановна ахтыыта
Алексеева Ульяна Кузьминична 1930 сыллаахха Баппаҕаайы нэhилиэгэр Илбэҥэ бөhүөлэгэр төрөөбүтэ. Ульяна Кузьминична кыра сааhыттан үлэҕэ эриллэн улааппыта, өр сылларга сопхуоска доярканан үлэлээбитэ. 1955-60 сылларга интернатка уборщицанан үлэлээбитэ, 1960 – 1975 сылларга детсадка поварынан үлэлээбитэ. Үлэлиирин тухары үлэтигэр кыhамньылаах, үтүө майгылаах, иитиллээччилэригэр таптатар, үчүгэй үлэтин иhин грамотанан наҕараадаламмыта.
Ульяна Кузьминична ыал буолан биир кыыс оҕолоох. Кыыhа билигин кэргэннээх, 2 оҕолоох, Дьокуускайга олорор.
Ульяна Кузьминична 1984 сыллаахха 54 сааhыгар ыалдьан өлбүтэ.
Ахтыыны суруйдулар эдьиийэ
Дария Кузьминична, кыыhа Галина Николаевна.
Түүннэри – күнүстэри үлэлиир этибит
Мин Николаева Мария Алексеевна Баппаҕаайы нэhилиэгэр 1959 сыллаахха атырдьах ыйын бастакы күнүгэр дьааhыла – садка прачканан үлэлии киирбитим. Ол онно бииргэ үлэлээбит үлэhиттэрим: сиэстэрэлэр – Алексеева Анна Марковна, Алексеева Мария Степановна, түҥҥү ньээнньэлэр: Никифорова Александра Николаевна, Федорова Варвара Спиридоновна. Повар Федорова Мария Семеновна, завхоз Томская Евдокия Спиридоновна. Бу дьааhыла саадка өрөбүлэ суох түүннэри – күнүстэри үлэлиир этибит. Ол саҕана 7 ыйыттан 3 сааhыгар диэри саастаах оҕолору аҕалаллар этэ. Учаастактан Арыылаахтан, Сортуолтан, Лөкөчөөнтөн доярка оҕолоро кэлэллэр этэ.
1964 с. Баппаҕаайы нэhилиэгэр дьааhыла – саадка санитарканан үлэлээбитим. Ол сыл саҥа сэбиэдиссэй Харлампьева Елена Гаврильевна кэлэн үлэлээбитэ. Кини үлэлии кэлиэҕиттэн саҥа уларыйыы тахсыбыта. Детсадпыт икки группаҕа арахсан үлэлээбитэ: биир группа дьааhыла-саад, иккис группа – улахан оҕолор сылдьар буолтара уонна үлэhиттэр оҕолоро элбээбиттэрэ. Дьэ онтон ыла өрөбүллээх үлэлиир буолбуппут.1973с. детсадтан уурайан, оскуолаҕа көспүтүм.
Ахтыыны суруйда Николаева Мария Алексеевна
Мин 1960 сыллаахха ясляҕа санитарканан үлэлии киирбитим. Бииргэ үлэлээбиттэрим суруйбуттарын курдук, үлэ ыарахан этэ. Мин, икки оҕолоох соҕотох ийэ, үлэлиир тэрилтэм ирдэбилгэ эппиэттиир ыраас буоларын туhугар ис сүрэхпиттэн кыhананан сүүрбэ сыл үлэлээн пенсияҕа тахсыбытым (1980 сылга дылы).Үчүгэйдик үлэлээбитим иhин, Ленин төрөөбүтэ 100 сыла медалынан наҕараадалаабыттара. Үлэлээбит тэрилтэм куруук бастыҥ, ситиhиилээх үлэлээх буоларыгар баҕарабын.
Күндүтүк – истиҥник саныыр тапталлаах күн күбэй ийэбит, эбэбит Акимова Марфа Николаевна 1922 сыллаахха Баппаҕаайы нэhилиэгин «Сортуол» учаастагар элбэх оҕолоох дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Оҕо сааhа аччык – сут саҕана ааспыта. Эдэр сааhа сэрии сылларыгар үлэ ҕөhүгэр тиксибитэ. Кини эдэриттэн сытыы – хотуу, кыайыылаах, хоhуун буолан, араас үлэҕэ үлдэлээбитэ. От муньуутугар, бурдук быhыытыгар куруук инники кэккэҕэ сылдьара диэн кэпсииллэриттэн биhиги, оҕолоро киэн туттабыт. Эдэриттэн талааннаах иистэнньэҥ, сатабыллаах этэ. Ол да иhин, ийэбит хоhуун, кыайыылаах буолан, ыарахан үлэҕэ куруук бастакынан сылдьар. Колкуос, сопхуос үлэтигэр ситииилээхтик, хотуулаахтык үлэлээбитэ.
1968 – 1974 сылларга детсадка оҕо иитиитигэр үлэлээбитэ. Ол сылларга сэбиэдиссэйинэн Харлампьева Елена Гаврильевна салайааччы быhыытынан ирдэбиллээх, саҥаны киллэрээччи, активнай общественница, нэhилиэккэ, коллективка убаастабылы ылара. Биhиги ийэбит а5абытынаан сэттэ оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэхтээх үлэhит дьон гынан, таhаарбыттарынан киэн туттабыт.Ийэбит барахсан оҕо иитиитигэр үлэлээн сылдьыбыта биhиги олохпутугар туhалааҕыттан киэн туттабыт.
Оҕолоро, сиэннэрэ.
Алексеева Евдокия Спиридоновна 1921 сыллаахха кулун тутар 22 күнүгэр Баппаҕаайы нэhилиэгин Лөкөчөөн бөhүөлэгэр төрөөбүтэ. Евдокия Спиридоновна эдэр сааhыттан тулаайах хаалан, оччотооҕу эриирдээх – мускуурдаах кэмҥэ олоҕун ыарахан кэрдииhин эрдээхтик туораабыта. Сити курдук, уоттаах сэрии – сут сылларыгар «Сымалыырга» көмүс хостооhунун курдук ыарахан, эппиэттээх үлэҕэ үлэлэспитэ.
Онтон 1947 сылга кэргэн тахсан, көhөн кэлэн, Сортуолга «Сталин» аатынан колхуоска чилиэнинэн киирэн үлэлээбитэ. Онно олорон, 4 оҕолонон баран, 1958 сыллаахха Илбэҥэҕэ дьиэ кэргэнинээн көhөн киирбиттэрэ. Манна кэлэн, дьиэ туттан, олохсуйан, эбии икки оҕолонон, кэргэнэ Алексеев Гаврил Алексеевиhы кытта быр – бааччы дьоhун – мааны ыал аатын сүгэн олорбуттара.
1960 сыл олунньу ыйтан Илбэҥэ детсадыгар техническэй үлэhитинэн үтүө суобастаахтык 1975 сылга дылы үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмигэр медсестранан, санитарканан, ньээнньэнэн ананан үлэлээбитэ. Үлэлиирин тухары үлэтигэр кыhамньылаах, болҕомтолоох, элэккэй майгылаах, иитээччилэригэр таптатар, коллективка авторитеттаах үлэhитинэн биллибитэ. Хас да төгүл администрацияттан уонна сельсоветтан грамоталарынан уонна махтал суругунан наҕараадаламмыта.
Кырдьар сааhыгар дылы дьиэ – уот, хаhаайыстыба, оҕолорун түбүктэриттэн быыс булан, коллектив, нэhилиэк общественнай олоҕор активнайдык кыттара. Ол курдук, концертарга хомуска ооньуура, эhиэкэй тылларын этэрэ. Сахалыы кылынан кырыымпа оҥорон, тыаhатан дьонун – сэргэтин үөрдэрэ, махталларын ылара. Пенсияҕа да тахсан баран, олоххо дьулуурун ыhыктыбатаҕа, үтүөҕэ – кэрэҕэ тардыhара, ол курдук, илии оҥоhуктарын туоhунан, оҕуруонан, макраменан, түүлээҕинэн араас көрүҥнээх паннолары оҥоруунан, ииhинэн дьарыктаммыта. Кини оҥоhуктара элбэх быыстапкаларга кыттан, дьон – сэргэ сэҥээриитин, биhирэбилин ылааччы.
Евдокия Спиридоновна кэргэнинээн Гаврил Алексеевичтыын 6 оҕолорун атахтарыгар туруоран, барыларын үөрэттэрэн, 4 оҕону үрдүк, 2 оҕону орто үөрэхтэри бүтэттэрбиттэрэ, үлэhит дьон оҥортоон, 14 сиэннэниэр, 2 хос сиэннэниэр диэри, 82 сааhыгар дылы уhун дьоллоох олоҕу олорбута.
Наҕараадалара:
- 22.03.1995с «Улуу Кыайыы 50 сылынан» үбүлүөйдээх мэдээлинэн наҕараадаламмыта.
- «Ветеран тыла» Кыайыы 50 сылыгар аналлаах нагрудной знагынан
- «За доблестный труд в ВОВ 1941-45 г.г.» от имени президиума Верховного совета за доблестный и самоотверженный труд 31.07.1995г.
- «Медаль материнства» I степени 31.12.1966г.
Ахтыыны суруйдулар төрөппүт кыргыттара:
Михеева Светлана Гаврильевна, ЯГУ преподавателэ,
Поскачина Наталья Гаврильевна СельПО правлениетын
председателэ.
1962 с. дьааhыла дьиэтэ тутуллубут.
Үс ыйдарыттан үс саастарыгар диэри 30 оҕо төгүрүк сыллаан сылдьыбыттара.
Дьааһыла, детсад сэбиэдиссэйдэринэн үлэлээбиттэрэ:
Биһиги ийэбит, Тарасова Анна Давыдовна, сэрии тулаайаҕа. Аҕата, Үөһээ Бүлүү улууһун Сургуулук нэһилиэгин Ыйылаһыттан төрүттээх Тарасов Давыд Григорьевич, 1942 сыл бэс ыйыгар уоттах сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1943 сыллаахха олунньу ыйга сураҕа суох сүппүтүн туһунан похоронката кэлбит. Ийэтэ, Татьяна Федотовна (Яковлева) Үгүлээт төрүт олохтооҕо, икки кыра оҕолоох, кэргэнин кырдьаҕас ийэлээх аҕатын илдьэ Үөһээ Бүлүүттэн Үгүлээккэ көһөн кэлбиттэр. Ол кэмнээҕи сокуонунан сураҕа суох сүппүт буойун дьиэ кэргэнигэр туох да пособие көрүллүбэт эбит. Ийэм ол саҕана үс – түөрт эрэ саастааҕа. Убайа да аҕыйах сыл аҕа буолуо. Эбэбит онон соҕотоҕун оҕолорун киһи гынаары, түүннэри күннэри колхоз бүппэт ыарахан үлэтигэр үлэлээбит. Ийэм, кэпсииринэн, ыанньыксыттаабыт. Иккис кэргэниттэн кыыс оҕоломмут, кэргэнэ ыалдьан сотору өлбүт. Олох охсуутун уйбакка, ыарахан үлэттэн доруобуйата айгыраан 45 эрэ сааһыгар олохтон туораабыт. Билигин Ийэ дойду туһугар толук ууруллубут аҕаларын олоҕо төлөммөккө турар. Ону туһаныахтаах дьон – эбэм, ийэм, таайым бу орто дойдуга суохтар…
Эбэбит Татьяна Федотовна учаастакка фермаҕа үлэлиир буолан, ийэм интернакка олорон үөрэммит. Интернакка олорор усулуобуйа туох аанньа буолуой. Онно тымныйан буолуо, ийэм ыарыһах буолбут. Үгүлээт орто оскуолатын 1960 сыллаахха бүтэрбит. Оскуоланы бүтэрээт Мастаах совхоз Үгүлээттээҕи отделениетыгар икки сыл ыанньыксыттаабыт. Ийэм ол саҕаттан ылсыбыт үлэтигэр үтүө суобастаахтык сыһыаннаһар этэ. Ону туоһулууллар махтал суруктар. Социалистическай куоталаһыыга эбэһээтилистибэтин аһары толорон, оройуоннааҕы передовиктар мунньахтарыгар ыҥырыллыбыт, райком грамотатынан наҕараадаламмыт, оройуон хаһыатыгар кини туһунан ыстатыйа суруйбуттар. Үчүгэй көрдөрүүлээх үлэһит буолан, комсомол тэрилтэтэ 1962 сыл олунньу ыйыгар Бүлүүгэ ВУЗка киирэр бэлэмнэнии курсугар ыыппыт. Ол гынан, доруобуйатынан сыыллан, бу курска ылбатахтар.
Эһиилигэр, 1963 сыл күһүнүгэр, Дьокуускайдааҕы медицинскай училищеҕа биир сыллааҕы медсестралар курстарыгар үөрэнэ киирэр. 1964 сыллаахха бүтэрэн, «медицинская сестра для детских яслей” диэн специалист буолар. Оройуоннааҕы балыыһа бирикээһинэн, Баппаҕаайы оҕо саадын сэбиэдиссэйинэн ананан бу дойдуну булар. Ийэм үлэтин киниискэтигэр үс эрэ бэлиэтээһин баар: 1964 сыл балаҕан ыйын 17 күнүгэр “назначена заведующей Баппагайскими дет.яслями” диэн суруйуу баар, 1969 сыл от ыйын 28 күнүгэр тахсыбыт бирикээһинэн “назначена сестрой воспитательницей в Баппагаинском ясли-саде”. Сүүрбэ биэс сыл дьааһыла-саадка кырачааннары иитиигэ олоҕун анаан, 1989 сыллаахха сынньалаҥҥа барар. “Ийэлии истиҥ, иһирэх сыһыаҥҥынан биһиги оҕолорбутун бүөбэйдээбитиҥ иһин барҕа махтал, баһыыба тылларын этэбит”, – диэн төрөппүттэр махтал суруктарыгар суруллубут тыллар кини үлэтигэр кыһамньылааҕын, бэриниилээҕин туоһулууллар.
Детсад үлэһиттэрин оҕолорун урут детсад оҕолоро диэн ааттыыллар этэ, уонна оскуолаҕа да үөрэннэрбит детсад Саҥа дьылыгар ыҥырар этилэр. Детсад подарога саамай үчүгэй буолаачы. Дьаабылакалаах уонна элбэх баҕайы сакалаат хампыаттаах буолааччы. Үһүөн детсад оҕолоро буолан элбэхтик подарок ылан үөрбүппүт ол кэмнээҕи Саҥа дьыл үтүө өйдөбүлэ буолар. Мин киһини өйдүүр буолуохпуттан, ийэм дьааһылаҕа үлэлиирэ. Өйдүүрбүнэн сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы үлэлиир этэ. Хас чааска оһоҕу отторбутун, бэлэмнэммит күөс хас мүнүүтэ оргуйуохтааҕын, онтон хас луоска туус кутуллуохтааҕын, хортуоскатын, лапсатын бэлэмнээн, этэн барара. Сороҕор мэниктээн, оҕолор кэллэхтэринэ оонньоон өйбүт көтөн хаалара. Оччоҕо оһох оттуллара умнуллара, ийэбит оччо мөхпүтүн, улаханнык кыыһырбытын олох өйдөөбөппүн. Детсадка пятница аайы бэрэски буһарар этилэр, ийэм өлүү бэрэскитин биһиэхэ аҕаларын наһаа күүтэр этибит, быраатым Бааскалыын, түннүгүнэн ийэбит кэлэрин уочаратынан маныырбыт. Ол күн телевизорга, киэһэлик оҕо аймах бары сөбүлээн көрөр “В гостях у сказки” передача буолара. Бэрэски сии – сии остуоруйа көрөрбүт оҕо сааһым саамай чаҕылхай өйдөбүлэ. Биһиги саҕа дьоллоохтор ол кэмҥэ суохтар курдуга. Кэннинэн быалаах маҥан халааттарын аҕалан сууйан өтүүктээн илдьэрин өйдүүбүн. Сайыҥҥы кэмҥэ детсад тэлгэһэтигэр оҕуруот аһын арааһын, сибэкки эгэлгэтин үүннэрэллэрэ. Уочаратынан үлэһиттэр күн аайы үүнээйилэргэ уу куталлара. Ийэбин кытта уу кутуһа барарбын өйдүүбүн. Эргэ детсад дьиэтин ойоҕоһугар парникка куоппаһырдыллар огурсуу үүннэрэллэрэ. Биирдэ эриэппэ аҕалан амсаппыта, минньигэс амтаннаах этэ.
Бииргэ төрөөбүттэрэ убайа, балта эрдэ олохтон барбыттара. “Чороҥ соҕотох хааллым, онон үйэбин моҥуурум буолуо”, – диэхтиирэ. Убайа Иван Давыдович, уоллаах кыыс оҕолоох, кыыһа Любовь Ивановна саха тылын учууталынан Үгүлээт орто оскуолатыгар үлэлээбитэ, уола Станислав Иванович суоппар идэлээх. Убайа атыыһыт идэлээх, Тааттаҕа үлэлии барбыт, сотору өллө диэн сурук кэлбит, ханна, хайдах өлбүтэ биллибэт. Балта, Ксения Васильевна, омук тылын учуутала, Ньурбаҕа Убайаан орто оскуолатыгар үлэлии сылдьан тымныйан ыалдьан өлбүтэ. Уоллаах кыыһа улаатан, үлэһит буоланнар, ньир бааччы олороллор. Кыыһа Марианна Георгиевна, математика учуутала, Антоновкаҕа ыал буолан олорор, үс оҕолоох. Михаил косторез үөрэхтээх, Дьокуускайга олорор. Балта өлбүтүн кэннэ Марианна манна кыстаабыта. Марианнаны ииттэ ыла сатаабыта, ийэм аҕата, Гоша сөбүлэспэтэҕэ.
Оҕолоро үөрэхтээх дьон буоларбытыгар ийэбит өйөбүлэ улахан. Тоҕус уонус сыллар саҕаланыыларыгар, Красноярскайга үөрэхпин ситэрэ, дипломнай үлэбин суруйа, көмүскүү барарбар, уон ыйдаах оҕобун көрөн хаалбыта. Аны Дьокуускай куоракка проектнай бюроҕа үлэлиир сылбар оҕом кини кыһамньылаах илиитигэр хаалбыта. Ол сылларга тыаҕа үлэ суох этэ, охранник, остуорас үлэтэ көһүннэҕинэ дьол. Оҕобун атаҕар туруоран, үөрэхтээх киһи гынаары пединститутка кэтэхтэн үөрэнэрбэр ийэм эрэ өйөөн үөрэммитим диэтэхпинэ сымыйа буолбата буолуо. Үөрэҕим төлөбүрдээх этэ. Олохтон туоруур сылыгар улахан сиэнэ Валера үрдүк үөрэҕин бүтэрбитэ, эбэтэ онно үөрбүтэ аҕай. Валера эбэтин суохтуур аҕай: “Не хватает ее мудрости и понимания”, – диэн ахтар.
Дьиэбитигэр ийэбит салайар уруулга турбута диэтэхпинэ сыыспатым буолуо, туох баар хаһаайыстыбаннай боппуруостары кини быһаарара, дьаһайара, хаһан, хантан от тиэллэрин, тыраахтары кэпсэтэрэ, сылгы сылгылааһына, ол сылгы баһын быатыгар тиийэ, уотурба, эбиэс атыылаһыыта, бытархайы ааҕан сиппэккин.
Ийэм үүнээйи арааһын сөбүлээн үүннэрэрэ. Кыра эрдэхпинэ дьиэбит иһэ толору сибэкки буолааччы. Хос аайы потолокка тиийэр үрдүк үүнээйилэр бааллар этэ. Саас буолла да оҕуруотун, сибэккилэрин рассадатын бэрийэн тахсара, арбуз, тыква, физалис курдук сэдэх үүнээйилэри үүннэрэр этэ. Сайын тиэргэн бүтүннүү сибэккинэн туолара. Күүлэ иһэ эмиэ толору сибэкки буолаачы. Ийэм суох буолбутун кэннэ сөбүлээн үүннэрэр амариллиһа кэхтэн, сибэккилээбэт буолан хаалбыта.
Ийэм киһи быһыытынан аһары көнө, чиэһинэй, үтүө санаалаах этэ. Үлэтигэр бэриниилээх, ылсыбыт дьыалатын ситэрэн, бүтэрэн тэйэрэ, ким да туһунан куһаҕаннык саҥарбат этэ. Дьонтон тугу эмэ көрдөһөрүн олох сөбүлээбэтэ, үйэтигэр биирдэ кийиитин детсадка үлэҕэ ылалларын көрдөспүтэ… Хомойбутун, кэлэйбитин барытын иһигэр тутар этэ. Биһиги оҕолоро, сиэннэрэ ийэбитин, эбэбитин наһаа суохтуубут.
Ийэбэр эппэтэх тылларбын
Иэйэммин аргыыйдык этиэхпин
Иэдэскэр оҕолуу сыстыахпын
Ийэккээм, аны эн суох буоллаҕыҥ.
Ийэккээм эдэрбэр тэптэрэн
Иһирэх тыллары эппэккэ
Истиҥник кэпсэппэт эбиппин
Ийэккээ, баалаама эн миигин.
Ахтыыны суруйдум кыыһа, Татьяна Федорова
Ахсынньы 19 күнэ 2018 сыл
Оройуоҥҥа бастакы миэстэҕэ сылдьарбыт
Миигин 1968 сылга уруккута РайОНО сэбиэдиссэйэ Протопопов Григорий Гаврильевич «Дойдугар баран 25 миэстэлээх детсадта ас» – диэбитигэр кэлбитим. Ол иннинэ Бөкчөҥөө нэhилиэгин Өкүндү садыгар үс сыл сэбиэдиссэйдээбитим. Инньэ гынан, элбэх түбүк, үлэ кэнниттэн, атырдьах ыйыгар арыллыбыппыт. Штаппыт олох аҕыйах этэ: 1 повар, 4 ньээнньэ, 2 иитээччи. Бастакы иитээччинэн учууталлар Андреева Татьяна Алексеевна уонна Васильева Клара Михайловна үлэлээбиттэрэ. Онтон 1972 сылга специальнай үөрэхтээх Григорьева Татьяна Васильевна ананан үлэлии кэлбитэ. Оччотооҕуга улахан дьиэбитигэр үлэлии олорор ясельнай группа аҥарыгар садовскай группа буолан үлэлээбиппит. Бу икки группа тус – туhунан бюджеттаах этэ. Ясельнай группа медицина тэрилтэтигэр, онтон биhиги үөрэх тэрилтэтигэр киирэрбит.Онтон аҕыйах сыл буолан баран, ясельнай группаны үөрэх тэрилтэтигэр холбообуттара. Ол саҕана совхуос дириэктэрэ Алексеев Николай Егорович сопхуоска бэриллибит икки квартиралаах дьиэни уларыта тутан биэрбиттэрэ. Инньэ гынан кэҥээбиппит кэннэ, өссө биир садовскай группаны эбии астарбыттара. Онон үлэhиппит элбээбитэ. Ол саҕана круглосуточнай этибит, оҕолор субуотаҕа баран, өрөөн кэлэллэрэ.
Мин 1968 – 1990 сылга дылы сэбиэдиссэйдээбитим. Бу үлэлээбитим устатыгар бука бары иллээхтик – эйэлээхтик үлэлээбиппит. Сайынын учаастакпыт иhигэр араас сибэккилэри олордон киэргэтэрбит. Подсобнай хаhаайыстыба тэринэн, оҕолорго оҕурсу, хортуоска үүннэрэн аhалыктарыгар эбии гынарбыт. Кыhынын тиэргэммитин хаар оҥоhуктарынан киэргэтэрбит. Үлэhиттэр бары араас үлэҕэ көхтөөхтүк кытталлара, ол иhин оройуоҥҥа бастакы миэстэҕэ сылдьарбыт. Нэhилиэккэ араас субуотунньуктарга, сүөhү солбуйуутугар, тэрилтэнэн концерт, мааска оҥосторго куруук инники кэккэҕэ сылдьарбыт. Мин үлэлээбитим устатыгар сельсоветка хас да төгүл депутатынан талыллан уонна өр сыл дьахтар комитетын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим.
Сааhыран истэҕим аайы бииргэ үлэлээбит коллегаларым, атастарым, доҕотторум барахсаттары куруук саныыбын, ахтабын. Ол курдук, бу орто дойдуга суох Алексеева Аграфена Семеновна, Алексеева Мария Степановна, Алексеева Евдокия Спиридоновна, Алексеева Ульяна Кузьминична, Кириллина Христина Игнатьевна бары даҕаны ытыктанар ыал ийэлэрэ, «оҕо туhа» диэн бэриниилээх үлэhиттэр этэ.
Онтон билигин пенсияҕа тахсан, аттыбар олорор коллегаларбын Томская Евдокия Спиридоновнаны, Григорьева Татьяна Васильевнаны, Николаева Анна Капитоновнаны, Николаева Мария Егоровнаны истиҥник саныыбын, кинилэргэ доруобуйаны баҕарабын.
Ахтыыны суруйда Елена Гаврильевна.
Дьааhыла үлэhиттэрэ
Олоҕум саамай чаҕылхай кэмнэриттэн биирдэстэрэ
Бүлүү куоракка атыыhыт куурсун бүтэрэн кэлэн, 1960 – 1961 сыллаахха Сортуолга «Килэмэнтик» учаастакка ларёкка атыыhытынан үлэлээбитим.
1963 сыллаахха бастакы оҕобун оҕолонон баран сайын Баппаҕаайы нэhилиэгин оҕо саадыгар үлэҕэ киирбитим. Бу кэмҥэ сэбиэдиссэй Гаврильева Ульяна Афанасьевна этэ. Биир сыл үлэлээнг баран, сэбиэт Алексеев Марк Игнатьевич бирикээhинэн 1964 сыллаахха Сортуолга баран, ларёкка атыыhыттаабытым.
1966 – 1968 сылларга нэhилиэк маҕаhыыныгар атыыhыттаабытым. 1968 сыл сайын Баппаҕаайы нэhилиэгин оҕо саадыгар төттөрү үлэҕэ киирбитим. Бастаан завхоhунан, ол кэннэ Мария Егоровна оннугар поварынан, онтон ньээнньэнэн үлэлээбитим. Бу кэмҥэ сэбиэдиссэй Харлампьева Елена Гаврильевна этэ, старшай баспытаатал Алексеева Светлана Кононовна, иитээччилэр Тарасова Анна Давыдовна, Алексеева Анна Марковна, Томская Евдокия Спириидоновна, Алексеева Мария Степановна, повар Николаева Мария Егоровна, таҥас сууйааччы Николаева Анна Капитоновна, дьиэ сууйааччы Антонова Ульяна Николаевна, дворник Николаева Мария Алексеевна, счетовод Алексеева Аграфена Семеновна, ньээнньэлэр Федорова Варвара Спиридоновна, Акимова Марфа, Алексеева Евдокия этилэр.
Оҕо саадыгар үлэлиир кэмнэрбэр сүрдээх үчүгэй коллективтаах этибит. Ол курдук, субботниктарга күлэн – салан, ооньоон – көрүлээн дьээбэлэhэн, иллээх баҕайытык сылдьарбыт. Елена Гаврильевнаҕа сүрдээҕин махтанабын, сүрдээх ирдэбиллээх этэ. Ол да буоллар киhи кыhалҕатын өйдөөччү, сөптөөх кэмигэр өйүөччү даҕаны.
Уопсайынан, оҕо саадыгар үлэлээбит сылларым – олоҕум саамай чаҕылхай кэмнэриттэн биирдэстэринэн буолар.
1972 сыллаахха оҕо айдаанын тулуйбакка, төбөм наhаа ыалдьарыттан, үлэбин уларыппытым. Оччотооҕуга 50 миэстэҕэ оҕолор сылы быhа сылдьаллара. Сайын ремон кэмигэр дьиэлэригэр бараллара. Онон, үлэhиттэртэн сүрдээх эппиэтинэс ирдэнэр этэ.
Ахтыыны суруйда Петрова Анна Семеновна
Биhиги ийэбит Кириллина Христина Игнатьевна 1962 сылтан саҥа дьааhыла арыллыбытыттан, завхоhунан үлэлээбитэ.
Завхозтуур кэмнэригэр биhиги оскуолаҕа ҥөрэнэр оҕолор этибит. Оччотооҕу завхоз үлэтэ ыарахан этэ. Дьааhыла бородууктатын маҕаhыынтан барытын бэйэтэ таhар этэ. Буутунан эти бэйэтэ эттээччи, олус үчүгэйдик өйдүүбүт, поварга күннээҕи бородууктатын ыйаан туттарарын. Сайын ферматтан икки бидонунан үүт аҕалааччы. Итиннэ барытыгар биhиги көмөлөhөөччүбүт.
Детсад арыллыбытын кэннэ, түүҥҥүньээнньэнэн, поварынан үлэлээбитэ. Оҕолор кинини наhаа сөбүлүүр этилэр: «Христина кэлэр күнэ» – диэн үөрбүт – көппүт буолааччылар.
Повар быhыытынан, аhа минньигэhэ, амтаннааҕа, тутуута ырааhа киhи эрэ холобур оҥостор киhитэ этэ.
Ийэбит элбэх саҥата суох, аа – дьуо сылдьар курдук эрээри барыны бары түргэнник бүтэрэн-оҥорон кэбиhээччи.
Детсадка үлэлиир кэмнэригэр, ийэбит коллектив биир тутаах киhитинэн буолбута. Тэрилтэнэн концертка активнайдык кытааччы. Кини нарын – намчы самнаархай куолаhынан ыллаатаҕына, киhи барыта долгуйан, сөбүлээн истээччи.
Биhиги ийэбит оҕолрого истиҥник – уйаҕасьтык сыhыаннаhааччы, оҕолору мээнэ мөхпөт, сүбэлии – амалыы сылдьар этэ.
Кини кыргыттара Светлана, Людмила, Антонина оскуоланы бүтэрэн баран, ийэлэрин кытта детсадка үлэлээбиттэрэ. Үлэлээбит сылларыгар ийэлэриттэн элбэххэ үөрэммиттэрэ, кини холобурунан, тэрилтэ араас мероприятиеларыгар аккаастаммакка, үөрэ –көтө кытааччылар. Кыыhа Клавдия хас каникул аайы сайын детсадка уоппускаҕа барбыт үлэhит оннугар үлэлээччи. Бу барыта оҕолорун үлэҕэ сыстаҕас, дьиэ кэргэн бюджетыгар көмө буолалларыгар такайыыта этэ. Детсадка үлээбит сылларын куруук истиҥник, үөрэн – көтөн, санаан ааhааччы, бииргэ үлэлээбит дьөөгэлэрин убаастабыллаахтык долгуйа ахтар этэ.
Оҕолоро, сиэннэрэ.
Мин куораттан 1965 сыллаахха үс сыл стажтаах кэлбитим. Онтон манна кэлэн баран детсадка поварынан үлэҕэ киирбитим. Колхоз саҕана оҕолор үс саастарыгар дылы ясли – садка круглай сылдьаллара. Онтон нэдиэлэнэн буолбута, онно өрөбүлгэ дьиэлэригэр бараллар этэ. Икки группа баар буолбута, сэбиэдиссэйинэн Харлампьева Елена Гаврильевна өр сылларга үлэлээбитэ. Эдэр үөрэҕи бүтэрбит иитээччилэр Светлана кононовна, Сусанна Афанасьевна, Татьяна Васильевна үлэлээбиттэрэ. Ньээнньэлэр Варвара Спиридоновна, Анна Капитоновна, Мария Алексеевна, сиэстэрэлэр Анна Даыдовна, Мария Степановна, Анна Марковна, повар көмөлөhөөччүтүнэн Христина Игнатьевна, завхоhунан Евдокия Спиридоновна, Аграфена Семеновна үлэлээбиттэрэ. Аhалыгы завхоз аhалыгы маҕаhыынтан ылан, күннээҕини нуормалаан биэрэллэрэ. Ол саҕана аhалык дэлэй, арааhа элбэх этэ. Үүт, суорат, быырпах, эт, бурдук аhалыга, бэрэси, лэппиэскэ буhарар этим. Оҕолор улаханнык тумуолааччылара суох.
16 сыл стажтаах эрдэхпинэ, куораттан кэлэн «урут ыалдьа сылдьыбыккын» диэн үлэбиттэн уураппыттара. Онтон балыhаҕа Татьяна Алексеевна поварынан ылбыта, онно биир сыл үлэлээн, 12982 сыллаахха пенсияҕа тахсыбытм. Миигин детсадтарым чиэстээн – бочуоттаан пенсияҕа атаарбыттара. Мин кэннэ Зоя Николаевна поварынан үлэлээбитэ.
Тыыл ветерана буола сылдьабын. Кыайыы 60 сылынан Жуков медалынан, «Үлэ бочуоттаах» грамотатынан наҕараадаламмытым. Түөрт оҕолоохпун, то5ус сиэннээхпин.
Николаева Мария Егоровна ,алтынньы 31 күнэ
Ийэбит туhунан ахтыы
Ийэбит Николаева Мария Егоровна – Маайа 1962 с. Бүлүү оройуоннааҕы балыыhаҕа повардаабыта. Онтон манна кэлэн, Харлампьев Харлампий Алексеевичтыын ыал буолан, биhигини, 4 оҕону, улаатыннарбыттара. Гоша, Света, мин, Костя бары детсадка сылдьыбыппыт. Гоша уонна мин оҕолорбут эмиэ сылдьыбыттара.
Ийэбит 1966 – 84 с.с. Баппаҕаайытааҕы дьааhыла – саадка үтүө суобастаахтык повардаабыта.
Урут дьааhыла – саадка нэдиэлэни быhа үлэлээччилэр. Оҕолор өрөбүлгэ эрэ дьиэлэригэр барааччылар. Икки саастаах оҕолор дьааhыла – саадка сылдьаллара, дьонноро совхозка үлэлииллэрэ.
Елена Гаврильевна Харлампьева строгай, толотторор сэбиэдиссэй этэ диэччи. Үлэтигэр алтыспыт дьоно Кириллина Христина Игнатьевна, Томская Евдкия Спиридоновна, Федорова Варвара Спиридоновна, Тарасова Анна Давыдовна, Антонова Ульяна Николаевна, Николаева Анна Капитоновна, Алексеева Ульяна Кузьминична, Федорова Варвара Спиридоновна, Алексеева Мария Степановна, Алексеева Светлана Кононовна, Митрофанова Сусанна Афанасьевна, Акимова Александра Петровна, Акимова Лариса Николаевна, Григорьева Татьяна Васильевна, уо д.а. кытта бииргэ үлэлээбитэ.
Ийэбит эрдэ туран үлэтигэр барааччы. Улахан баҕайы баахтарга ас астааччы, сайын утах оҥорон оҕолорго биэрээччи. Ас кырыымчык баҕайы буолааччы диирэ.
Ленин мэтириэтэ баар буолааччы: «Ленин көрөр, мэниктээмэҥ» – диэн буолааччы. Сусанна Афанасьевна Митрофанова Харыйалаахха походка илдьибитэ, ону өйдөөн хаалбыппын.
Детсадка оҕуруот аhа: помидор, огурсу, хортуоска; аллея курдук хаптаҕас, моонньоҕон бөҕө олордооччулар. Биhиги уу кута көмөлөhө барсааччыбыт. Хачыал, оҕо оонньуур дьиэтэ теремок баара. Ону аҕабыт Харлампьев Харлампий Алексеевич оҥорсубут.
Мас бэлэмнии, ыанньыксыттары солбуйа, от оттуу, субботниктарга, сылдьааччылар үлэhиттэр.
Ийэм Маайа 1984 сылга пенсияҕа тахсан уурайбыта.
Биhиги ийэбит аhа минньигэс баҕайы буолааччы. Ону туоhулаан, детсадка сылдьан кини аhын сиэбит дьон, «Маайа аhа минньигэс баҕайы буолааччы» диэччилэр.
Детсад үлэhиттэрин, урут үлэлии сылдьыбыт ийэм коллегаларын детсад 60 сыллаах юбилейынан эҕэрдэлиибит!
Ахтыыны суруйда кыыhа Новикова Маргарита Егоровна,
Илбэҥэ, сэтинньи, 2019 с.
Детсад бастакы иитээччилэрэ
Ийэбит Татьяна Алексеевна оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар оҕолору бэйэтин тула түмэн ыллатар, оонньотор, салайар дьоҕурдааҕын, оҕолорго олус сөбүлэтэрин туһунан үөлээннээхтэрэ, учууталлара элбэхтэ ахтыбыттара. Оччотооҕу кэм “Оскуола – производство – үрдүк үөрэх” ирдэбилин толорон икки сыл колхозка дояркалаабыта.
Ол кэннэ 1962 сыллаахха бэйэтин уонна аҕатын Таскин Алексей Алексеевич ыратын толорон Бүлүүтээҕи педагогическэй училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Таскина Таня икки сыллаах спецкурска 1962-64 сылларга сүүнэ дьоннорго үөрэммитэ, дириэктэрэ – Михаил Спиридонович Иванов (Багдарыын Сүлбэ), курсун салайааччыта – Константин Спиридонович Чиряев этилэр. Учуутал идэтигэр уһуйуллан үлэтин төрөөбүт дойдутугар Баппаҕаайы оскуолатыгар саҕалаабыта.
Детсадка өр сылларга үлэлээбит бэтэрээн иитээччи Григорьева Татьяна Васильевна ахтарынан, Илбэҥэҕэ 3-тэрин туолуо иннинэ саастаах оҕолорго бастаан дьааһыла эрэ баар эбит. Онтон 1968 сыллаахха оройуоннааҕы үөрэҕирии салаатын сорудаҕынан садовскай группа арыйбыттар, сэбиэдиссэйинэн Елена Гаврильевна Харлампьева анаммыт. Елена Гаврильевна ахтыбытынан, бастакы иитээччилэринэн биһиги ийэбит Андреева Татьяна Алексеевна уонна Васильева Клара Михайловна үлэлээбиттэр эбит. Ону оччолорго нянянан үлэлээбит, билигин Бүлүүгэ үтүөлээх сынньалаҥҥа олорор 87 саастаах Анна Капитоновна Николаева туоһулуур уонна ийэбитин оҕолорго сүрдээх эйэҕэстик сыһыаннаһар, ураты үчүгэй баспытаатал быһыытынан ахтар. Үлэлэригэр кыһаллымтыа дьону сонно тута оскуолаҕа ылаллара, онон кини 1-2 сылынан оскуолаҕа көспүтэ диэн кэпсиир.
Ийэбит учуутала, дириэктэрэ Афанасий Гаврильевич Харлампьев училище кэннэ үлэлии кэлбитигэр үчүгэй бэлэмнээҕин маннык сыаналаан турар: “Таня уруоктара үрдүк таһымнаах, араас этаптардаах, нагляднай пособиелардаах буолара, үчүгэйдик сыаналанан методобъединениеларга уонна педсоветтарга өрүү хайҕабылга сылдьааччы. Бастаан география, история, домоводство уруоктарын, онтон продленнай группалары салайбыта, интернакка баспытааталынан кыһамньылаахтык үлэлээбитэ.”
Учуутала, коллегата Екатерина Никитична Федорова ахтарынан: “Татьяна Алексеевна учуутал быһыытынан, дьоҕурдаах үлэтинэн үчүгэйдик сыаналанара. Уоппускаҕа бардахпына үөрэтэр оҕолорбун киниэхэ солбуттарары туруорсарым, ол курдук киниэхэ эрэнэр этим.”
Ахтыыларынан сылыктаатахха, ийэбит училищены бүтэрэн баран оскуолаҕа үлэлии киирбит, онтон 1968-69 сылларга детсад арыллыбытыгар иитээччинэн үлэлии сылдьыбыт буолуон сөп эбит.
Суруйда Васильева Ульяна Афанасьевна,
Андреева Татьяна Алексеевна орто кыыһа,
балаҕан ыйа 2023 сыл
Мин Илбэҥэҕэ детсад саҥа арыллыытыгар иитээччинэн ананан кэлбитим. Сэбиэдиссэйинэн Харлампьева Елена Гаврильевна үлэлээбитэ. Иккис иитээччинэн Андреева Татьяна Алексеевна этэ. 6 саастаах оҕолор киирбиттэрэ. Детсад сүүрбэ биэс миэстэлээх этэ, онно толору этилэр. Круглосуточнай этэ, онон оҕолор субуотаҕа биирдэ дьиэлэригэр бараллара. Маҥнайгы сыл буолан уонна оччотооҕу кэмҥэ оҕо оонньуура, нагляднай пособиелар, оҕоҕо аналлаах кинигэлэр бэрт кырыымчык этилэр. Ол да буоллар, оҕолорго элбэх араас ырыалары, хоhооннору, оонньуулары үөрэтэрбит. Занятиеларга уруhуйдатан, кумаахы, пластилин оҥоhуктары оҥотторорбут. Хас бырааhынньыктар ахсын төрөппүттэргэ анаан утренниктары тэрийэн көрдөрөрбүт. Ол саҕана буукубаны үөрэтэри ирдээбэт этилэр, ахсааны устно уоҥҥа диэри үөрэтэрбит.Уопсайа үс сыл үлэлээбитим. Оччотооҕу иитиллээччилэрим билигин манна дойдуларыгар уонна республика араас муннуктарыгар үөрэхтээх үлэhит буолан, үлэлии – хамсыы сылдьаллар.
Ахтыыны суруйда Клара Михайловна
Сүрдээҕин махтанабын
Мин 1988 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүттэн Баппаҕаайы ясли – садка балыыhаҕа акушеркалыы сылдьан көспүтүм. Оччолорго деткомбинат 70 миэстэлээх этэ. Заведующайынан Харлампьева Елена Гаврильевна үлэлиир этэ. Ясельнай группаҕа сестра – воспитательницанан Татьяна Васильевна Григорьева уонна Анна Давыдовна Тарасова этилэр. Ньээнньэнэн Ирина Ильинична, воспитателлэринэн Александра Петровна, Елена Павловна уонна эдэр кыргыттар этилэр.
Оччотооҕуга детсад үлэлиир условиета олус ыарахан этэ. Дьиэбит тымныыта, утуйалларыгар раскладушкаҕа утуйаллара, наhаа үлэлээх этэ воспитательницаҕа да, ньээнньэҕэ да. Поварынан Иванова Зоя Яковлевна буолбут этэ. Инникитэ Чабыева Нина Михайловна этэ. Оччолорго мягкай инвентарьга элбэх харчы көрүллэр этэ, онон метровой таҥас ылан, утуйар таҥас тигэрбит. Мин үлэлиир кэммэр бастаан биир ставкаҕа сылдьыбытым, онтон базаҕыт мөлтөх диэн ясельнай группаны саппыттара. Акимова Александра Петровна заведующайдыырын кэмигэр 0,5 штатнай единица буолбута.
Васильева Елена Павловна икки сыл заведующайдаабыта, онтон Александра Петровна биир сыл үлэлээбитэ. Кэлиҥҥи сылга Татьяна Васильевна заведующайдаабыта. Кини кэмигэр үлэ биллэ сэргэхсийбитэ, материальнай база бөҕөргөөбүтэ. Эбии улахан группаҕа пристрой тутуллубута.
1988-89 с.с. детсадка Данилова Галина Афанасьевна, Никифорова Наталья Николаевна, Платонова Антонина Марковна, Антонова Надежда Егоровна киирбиттэрэ. Саҥа иитээччинэнэн Огудова Клавдия Афанасьевна, Алексеева Алевтина Анатольевна уонна Күннэй Григорьевна үлэлээбиттэрэ. Биhиги коллектив үлэҕэ, культурнай мероприятиеҕа, нэhилиэккэ ыытыллар араас үлэлэргэ активнай этибит, өрүү миэстэҕэ тиксэрбит, иллээх – эйэлээх этибит.
Билигин үлэлиир коллектив эдэрдэр, таhаарыылаахтык үлэлииллэр, кырдьаҕастарыгар улахан болҕомтону уураллар. Ол иhин сүрдээҕин махтанабын, инникитин сүүс сүүспүтүттэн өйөнсөн, эйэ – дэмнээхтик үлэлииргитигэр, элбэх оҕону дэгиттэр талааннаах гына иитэргитигэр баҕарабын.
23.11.2007с. ахтыыны суруйда медсестра дуоhунаhыгар үлэлии
сылдьар Таскина Дария Алексеевна.
Үлэлээбит кэмнэрбин ахтан – санаан аастахха
Мин 1969 сыллаахха Хампа орто оскуолатын бүтэрэн кэлэн баран, сайын окко сылдьыбытым. «Оскуола – производство – үөрэх» диэн баар этэ. Биhигини учууталларбыт: «Хайа кыалларгытынан, үөрэххэ киирэн, үөрэнэ сатааҥ» – диэн этэн атаарбыттара. Мин ийэм ыарыhах буолан, үөрэнэ барбаппын билэр этим.
Оскуола аhыллыытын саҕана, күhүн соседкабыт Томская Евдокия Спиридоновна: «Детсадка үлэлии киириэҥ дуо?» – диэн ыйыппытыгар, дьоммунаан сүбэлэhэн баран, үлэлии киирбитим. Бастаан повар көмөлөhөөччүтүнэн үлэлээн саҕалаабытым. Николаева Мария Егоровналыын күлэ – үөрэ, үөрэ – көтө үлэлээбиппит.
Васильева Клара Михайловна декретнэй уоппускаҕа, сохранениеҕа эрдэ баран, ахсынньы ыйга кини оннугар подготовка группатыгар күн иккис аҥарыгар воспитателинэн үлэбин саҕалаабытым. Дьарыктаныылары саҥа үөрэҕи бүтэрэн кэлбит Таатта кыыhа Клавдия Харитоновна, старшай воспитатель ыытар этэ, санитарканан Анна Григорьевна Алексеева үлэлиирэ.
Деткомбинат сэбиэдиссэйинэн Харлампьева Елена Гаврильевна сүрдээх ирдэбиллээх, строгай, үлэhит салайааччы этэ.
Ясельнай уонна подготовка группалара бааллара. Подготовка группа воспитателлэринэн Харлампьева Валерия Афанасьевна, Григорьева Татьяна Васильевна, түүҥҥү ньээнньэнэн Кириллина Христина Игнатьевна уонна Антонова Ульяна Николаевна, завхоhунан Алексеева Аграфена Семеновна үлэлээбиттэрэ.
Деткомбинаппыт ыраас, тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар бары кыhаллан үлэлиирбит. Ремонт кэмигэр бары уhанарбыт, оҕо оонньуур миэстэтин оҥорорбут: хачыал, кирилиэстээх дьиэчээн. Огурсу үүннэрэр парниктаах этибит, ону түүн аайы сабар этибит. Кыhынын хаар мунньан, тоҥорон, кыыллары оҥорооччубут. Саҥа дьылга оҕолор мааскаларын бэйэбит оҥорон, кэтэрдэр этибит, холобур пингвин иҥин курдук.
Нэhилиэк общественнай олоҕор активнайдык кыттарбыт: концертарга, субуотунньуктарга.
Иитиллээччилэрбит мэлдьи эт – хаан өттүнэн доруобай, чэбдик, билиилээх – көрүүлээх, оскуолаҕа киирэргэ толору бэлэмнээх буолалларыгар кыhаллан туран үлэлиирбит.
1969 – 1973 сылларга воспитателинэн үлэлээбит
Алексеева (Дмитриева) Светлана Кононовна
Бүлүү к., алтынньы, 2019 с.
Үчүгэй коллективка уhуйуллубутум
Мин орто оскуоланы 1974 сыллаахха бүтэрэн баран, олохтоох дьааhыла – саадка үлэлии киирбитим. Ол кэмҥэ дьааhыла – саад күнүстэри – түүннэри үлэлиирэ. Дьиэтэ оhоҕунан оттуллан ититиллэрэ. Оhох оттооччунан Алексеева Аграфена Семеновна үлэлиирэ. Сэбиэдиссэйинэн Харлампьева Елена Гаврильевна, воспитателлэринэн Григорьева Татьяна Васильевна, Митрофанова Сусанна Афанасьевна. Сиэстэрэлэринэн, санитаркаларынан Тарасова Анна Давыдовна, Томская Евдокия Спиридоновна, Алексеева Мария Степановна, Васильева Парасковья Алексеевна, Николаева Анна Капитоновна, Федорова Варвара Спиридоновна, Алексеева Анна Григорьевна, Кириллина Светлана Кузьминична, Кириллина Людмила Кузьминична, поварынан Николаева Мария Егоровна.
Бастаан миигин дьааhылаҕа үлэлэппиттэрэ, онно түүн оҕолору кытта хонорбут. Кыhын детсад олбуорун иhин хаар оҥоhуктарынан, сайын олбуору араас сибэкки олордон киэргэтэрбит. Оччолорго нэhилиэккэ аан бастакынан детсадка эрэ парникка огурсу олордуллара. Ону барытын сэбиэдиссэйбит тутан – хабан оҥорор, үүннэрэр этэ. Елена Гаврильевна Харлампьева бэйэтэ ураты мындыр, айылҕаттан айар дьоҕурдаах, талба талааннаах эбит этэ.
Детсад коллектива нэhилиэккэ буолар араас концертарга, субботниктарга көхтөөхтүк кыттара. Кэлин дьааhыла – саад күнүскүгэ уларыйан, оҕолор киэhэ дьиэлэригэр барар буолтара. Мин кэлин детсадка улахан группаҕа санитаркалаабытым.
Детсадка үлэлээбит сылларбын наhаа истиҥник саныыбын. Иллээх үчүгэй коллективка үлэлээн, үлэҕэ эппиэтинэстээх, түмсүүлээх буолуоларга такайыллан – бу барыта кэлин олохпор үлэлииргэ үчүгэй опыт буолбута.
Билигин детсад аныгылыы сырдык, киэҥ – куоҥ дьиэҕэ үлэлиирин көрөн үөрэбин. Саҥа сандаарбыт бэртээхэй оҕо саадыгар кэнэҕэски ыччат киэҥ билиилээх, сайдыылаах буоларын туhугар таhаарыылаахтык үлэлииллэригэр баҕарабын!
Ахтыыны суруйда: Антонова Клара Васильевна.
Алтынньы, 2019 с.
Ахтан – санаан ааhыахпын баҕарабын
Мин 1973 с. Хампа орто оскуолатын бүтэрэн баран, комсомольскай путевканан Баппаҕаайы сопхуоска үс сыл сүөhү үлэтигэр үлэлээбитим. 1976с. Баппаҕаайытааҕы дьааhыла-садка санитарканан үлэлии киирбитим. Ол саҕана сэбиэдиссэйинэн Харлампьева Елена Гаврильевна үлэлиир этэ. Кини үлэтигэр ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх, үчүгэй салайааччы этэ. Старшай медсестранан Тарасова Анна Давыдовна өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ахтан – санаан ааhыахпын баҕарабын бу Орто дойдуттан барбыт өр сылларга бииргэ үлэлээбит үтүө дьоннорбут ааттарын. Харлампьева Елена Гаврильевна, Тарасова Анна Давыдовна, Алексеева Мария Степанован, Федорова Варвара Спиридоновна, герой ийэ Кириллина Христина Игнатьевна, Николаева Мария Егоровна, Алексеева Аграфена Семеновна, Томская Евдокия Спиридоновна, Таскина Прасковья Марковна, Таскина Дария Алексеевна, Алексеев Александр Егорович.
Билигин бииргэ өр кэмҥэ үлэлээбит аҕа табаарыhым герой ийэ Николаева Анна Капитоновна этэҥҥэ кыргыттарыгар Бүлүүгэ олорор. Онтон сэбиэдиссэйинэн Григорьева Татьяна Васильевна уhун кэмҥэ үрдүк таhаарыылаахтык үлэлээбитэ. Уонна Васильева Елена Павловна, Акимова Александра Петровна сэбиэдиссэйдэринэн үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Мин 2009 с. дылы үлэлээбитим.
Детсадка өр сылларга бииргэ үлэлээбит бары доҕотторбун, дьүөгэлэрбин куруук истиҥник саныыбын. Үлэлии сылдьыбыт кэмнэрбит – олохпут биир саамай кэрэ, күндү, умнуллубат түгэнэ.
Билигин сэбиэдиссэйинэн эдэр, эрчимнээх Харлампьева Екатерина Афанасьевна ситиhиилээхтик үлэлии сылдьар. Эдэр коллективка саҥа киэҥ-куоҥ, сырдык – ыраас детсадка үлэлэригэр үрдүк ситииилэри, доруобуйаны, тус олохторугар дьолу – соргуну баҕарабын!
Ахтыыны суруйда
Иванова Зоя Яковлевна, ахсынньы 19 күнэ 2018с.
Үтүө үлэhит дьону кытта алтыhан ааспытым…
Билигин санаан көрдөххө сүрдээх ыарахан усулуобуйаҕа үлэлээн ааспыт эбиппит. Ону ол диэбэккэ, үөрэ – көтө, биир санаанан, үлэбит эрэ диэн үлэлээн кэлбиппит.
Мин 1972 с. күhүнүгэр үлэлии кэлбитим. Икки группа: ясля уонна подготовка группа бааллара. Анал үөрэхтээх ким да суоҕа.
1971-72 үөрэх сылыгар Клавдия Харитоновна диэн Таатта кыыhа анал үөрэҕи бүтэрбит кыыс кэлэн үлэлээн, элбэх үчүгэй өйдөбүлү хаалларбыт этэ. Кинилэри кытта Светлана Кононова Алексеева (Дмитриева) үлэлээбит этэ. Кинилэр Клавдия Харитоновна – дойдутугар, Светлана Кононовна – үөрэххэ барбыт этилэр. Сэбиэдиссэйинэн Елена Гаврильевна Харлампьева этэ. Ясляҕа сиэстэрэ – баспытаатал Анна Давыдовна Тарасова, Евдокия Спиридоновна Томская, көмөлөhөөччүлэринэн Федорова Варвара Спиридоновна, Евдокия Спиридоновна Алексеева, Анна Капитоновна Николаева, Мария Степановна Алексеева бааллара. Ол саҕана оҕолор понедельникка кэлэн баран, субуотаҕа дьиэлэригэр бараллара. Онон, түүҥҥү үлэhиттэр бааллара: яселькаҕа сиэстэрэни кытта көмөлөhөөччүтэ икки буолан, детсад группатыгар – ночной няня диэн үлэлиирэ. Антонова Ульяна Николаевна, Кириллина Христина Игнатьевна үлэлииллэрэ. Алексеева Анна Григорьевна, Алексеева Ульяна Кузьминична детсад группатыгар үлэлииллэр этэ. Алексеева Аграфена Семеновна оhох оттор этэ. Оттуохха диэтэххэ элбэх оhох буолааччы. Оҕолор сылдьар корпустарыгар түөрт оhох, повар оhоҕо, прачка оhоҕо. Ону барытын маhын бэлэмнээн кыстаан оттуохха диэтэххэ элбэх үлэ. Кыhын үстэ оттоллар. Аграфена Семеновна олбуор ааныгар мас сүгэн иhэн, кыбыллан туран ыллаан анекдокка кииртэ «Мин көтүөх курдукпун кынатым ханнаный?» – диэн. Ити ырыа саҥа үөдүйэн эрэр кэмэ этэ. Ульяна Кузьминична повар этэ. Сүрдээх ыраас туттуулаах, минньигэс астаах буолааччы. Кини уурайтын кэннэ, Марфа Николаевна Акимова, онтон Мария Егоровна Николаева сүрдээх тотоойу, минньигэс аhы астааччылар. Менюну Елена Гаврильевна бэйэтэ суруйар, аhын куруук уларыта сылдьар, билбэт буоллахтарына бэйэтэ үөрэтэр этэ.
Елена Гаврильевнаттан үөрэммиппит элбэх. Музей тэрийбиппит. Онно экспонаттарын бэйэбит оҥорор этибит. Чороон, мас кытыйа, балаҕан макетын бэйэтэ, онтон ат, ынах маhынан кыhан оҥорбута, туос мэмэhээннэри, ыаҕайалары тигэргэ үөрэтэрэ. Сайын сибэкки арааhын олордорго үөрэтэрэ. Сиэмэтин «Цветоводство» диэн сурунаалтан суруттаран ыларбыт. Буорун бэлэмниирин, хайдах үүннэрэри үөрэтэрэ. Верандабыт иhэ барыта араас сибэкки буолара. Огурсу, моркуоп, луук, хортуоска олордорбут. Огурсу диэни дэриэбинэҕэ бастакынан Елена Гаврильевна ясли–садка олордубута, онтон үөрэнэн, дьоннор олордор буолтара. Оҕуруотунан Анна Давыдовна дьарыктанара, Елена Гаврильевна сүбэлээн биэрэрэ. Саҥа дьыл кэннэ дьарыгыран бараллара, бэс ыйыгар бастакы сибэккиэлэр сибэккилииллэрэ. Таҥас сууйааччынан Николаева Мария Алексеевна үлэлээбитэ. Кини уурайтын кэннэ, Алексеева Мария Степановна үлэлээбитэ. Икки группа таҥаhа элбэх этэ: ясля оҕолоро дьиэлэриттэн кэлэн, тэрилтэ таҥаhын таҥналлара. Онон, нэдиэлэҕэ иккитэ уларыттар этилэр. Ууларын бэйэлэрэ булунар этилэр, хаар баhан уулаан тутталлар этэ, ньээнньэлэр эмиэ иhит сууйар, дьиэ сууйар ууларын бэйэлэрэ булунар этилэр.
Үлэбит элбэх, ыарахан диэбэккэ, бары оҕо туhугар диэн, үөрэ – көтө үлэлииллэрэ. Бырааhынньыктары бары бииргэ мустан ыларбыт, онно күлүү-үөрүү, кэпсээн – ипсээн буоларбыт. Сүрдээх бэhиэлэй буолааччы. Торт диэни Елена Гаврильевна буhаран аҕалара. Ким да ол саҕана торду дэриэбинэҕэ сатаан буhарбат этэ. Онтон олох сыыйа тупсан испитэ.
Туалеппытын, помойаларбытын бэйэбит ыраастыырбыт, онно эдэрдэри чугаhаппат буолаллара. «Эhиги кэмҥит кэлиэҕэ. Сааhырдаххытына эhиги эмиэ эдэрдэри харыстыыр буолаарыҥ» – дии-дии Мария Степановна уонна Аграфена Семеновна үлэлии тураллара бу баарга дылы. Итинник үтүө дьону кытта алтыhан ааспытым.
Ремонт кэмигэр оhохтору үлэhиттэр бэйэлэрэ абырахтыыллара, Анна Капитоновна, Аграфена Семеновна баhылыктаах буолаллара. Наада буоллаҕына кирпииччэ үктүүрбүт. Устуул, остуол ремонун, туох эмэ тутуу баар буоллаҕына, Елена Гаврильевна бэйэтэ салайара, үөрэтэрэ.
Бастаан үлэлии кэлэрбэр сүбэ – ама буолбут Ульяна Николаевна Антонованы отой умнубаппын, сүрдээх үчүгэйдик саныыбын. Ити кэмҥэ үлэлээбит аҕа саастаах дьүөгэлэрбэр махталым муҥура суох.
Хампа, Дьөккөн, Тааhаҕар ясля – садын кытта шефтэhэрбит, хардары – таары сылдьыhарбыт, опыт атастаhарбыт, үксүн Хампаҕа мустарбыт. Ол саҕанааҕы дьүөгэлэрбитин кытта билигин да билсэбит, кэпсэтэбит. Ааспыт сылларбытын ахтан – санаан ааhабыт.
Тэрилтэнэн концерт, Саҥа дьылга маскарад буолааччы, ол онно куруук бастакы миэсэтэ буолааччыбыт.
Кэм – кэрдиис ааhан, үөрэхтээх иитээччилэр кэлэн барбыттара: Сусанна Афанасьевна Митрофанова, Татьяна Семеновна Николаева, Александра Петровна Акимова, Елена Павловна Васильева, Анастасия Николаевна Николаева, Васильева Розалия Спиридоновна утуу – субуу кэлтэрэ, 3 группа буолта, оҕо элбээбитэ, үлэлииргэ көхтөөх буолбута.
1992с. күhүнүттэн сэбиэдиссэй буолбутум. Былаас ыhыллан, ас – таҥас дефицит буолан, үлэлииргэ сүрдээх ыарахан этэ. Ол гынан баран, бары биир санаалаах буоллахха, ханнык да ыараханы чэпчэтиэххэ сөп курдук буолара. Туох эмэ кыаллыбат баар буоллаҕына, хайдах гынабыт диэтэххэ, бары сүбэлэhэн, сүбэтин буларбыт. Ирина Ильинична, Дария Алексеевна сүбэлэрэ сүрдээх муударай, сөптөөх буолааччы. Надежда Егоровна, Нина Михайловна барыларын көҕүлээччилэринэн буолаллара. Ким да туора турбата. Ити саҕана доярка солбуоhуна, онно былаан толоруута, хотон сыбаҕа, дулҕа быhыыта, сүөhү өлөрүүтэ, киhи ааҕан сиппэт элбэх үлэ.
Бииргэ алтыhан ааспыт коллегаларбын күндүтүк саныыбын. Билигин да алтыhабыт, ахтыhабыт, көрүстэхпитинэ үөрэбит – көтөбүт.
Билигин биhиги кэккэбитигэр суох табаарыстарбытын Романов Степан Николаевиhы, Алексеев Александр Егоровиhы, Таскина Дария Алексеевнаны ахтан – санаан ааhабыт.
Мин олоҕум суолугар бииргэ аргыс буолбут дьүөгэлэрбэр махталым муҥура суох. Кинилэр оҕолорун, сиэннэрин тапталларыгар угуттанан, күүс – көмө дьон буолан, доруобайдык, дьоллоохтук этэҥҥэ олороргутугар баҕарабын.
Билигин үлэлии олорор коллективка, урукку үлэлээн ааспыт коллегаларгытын утумнаан, иллээхтик – эйэлээхтик биир санаанан, оҕо туhа диэн үлэлииргитигэр. Үлэҕит өссө ситиhиилээх, өйдөөх – ситиhиилээх оҕолору иитэн таhаараргытыгар, төрөппүттэр махталларын ыларгытыгар баҕарабын!
Ахтыыны суруйда Григорьева Татьяна Васильевна
19.12.2018с.
Мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар этибит
Мин, Никифорова Ирина Ильинична, 1981 сыллаахтан 2004 сылга диэри Баппаҕаайытааҕы детсадка араас үлэлэргэ үлэлээбитим. Мин үлэлии киирэрбэр ясли-сад диэн этэ. Биир ясельнай уонна садовскай группа5а 40-тан тахса оҕо сылдьааччы. Ол саҕана оҕо элбэх буолан уонна нэhилиэнньэ да элбэх буолан, миэстэ куруук тиийбэт этэ.
Оҕолор оhоҕунан оттуллар биир корпуска сылдьаллар этэ. Сүрдээх кыараҕас, үлэлииргэ эрэйдээх этэ да буоллар, оччотооҕу олох сиэринэн, улэhиттэр бары күүспүтүн ууран, кыhанан, үөрэ-көтө үлэлиирбит. Коллектив барыта дьахталлартан турара. Оччолорго совхоз иҥин баар буолан, эр дьон тэрилтэлэргэ суох этэ. Туох баар ис-тас үлэбитин барытын бэйэбит үлэлиир этибит.
Сайын өрөмүөн саҕана оhохчуттар, тутууhуттар биригээдэлэрэ диэн хайдыhан саастаах, опыттаах улэhиттэр дьаhайыыларынан үлэбитин үмүрүтэн, күhүн кэмигэр бүтэрэрбит. Оччотооҕу дьахталлар үлэ албаhын билэллэрин, сатыылларын, мындырдарын билигин бу олорон сөҕө-махтайа саныыбын.
Араас сылларга үлэлээбитим устатыгар элбэх сэбиэдиссэйгэ үлэлээбитим. Бары бэйэбит испититтэн бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан үлэлээн испиттэрэ/ Мин үлэлии киирэрбэр Митрофанова Сусанна Афанасьевна сэбиэдиссэй этэ. Онтон Акимова Александра Петровна буолбута. Онтон ол да инниттэн детсад аhыллыаҕыттан үлэлээбит Харлампьева Елена Гаврильевна оҕолонон олорон баран киирбитэ. Өр сылларга оҕо иитиитигэр олоҕун анаабыт киhи этэ. Киhи чахчы салайааччылаахпын диир киhитэ этэ. Сатабылынан, билиитинэн, ирдэбилинэн коллектив сүрүн киhитэ этэ.
Сүрүн үлэбитин таhынан, общественнай үлэҕэ, көргө-нарга нэhилиэк биир саамай улахан тумус туттар тэрилтэтэ этибит. Туохха барытыгар көхтөөхтук кыттан, мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар этибит.
Аҕа саастаах улэhиттэрбит Николаева Анна Капитоновна, Алексеева Мария Степановна, Тарасова Анна Давыдовна, Томская Евдокия Спиридоновна чахчы даҕаны саха далбар хотуттара этилэр. Биhиэхэ, эдэр ийэлэргэ, ийэбит тэҥэ этилэр. Олох араас эргиирин, охсуутун тулуйарбытыгар, туоруурбутугар кинилэр үтүө сыhыаннара, сүбэлэрэ туохха да тэҥнэммэт күүстээх өйөбүл этилэр. Үлэҕэ буоллун, көргө буоллун биhигинниин куруук бииргэ тэбис-тэҥҥэ сылдьаллар этэ. Биирдэ, Саҥа дьылга, Мария Степановна чебурашка, Анна Капитоновна робот буолан тураллара билигин даҕаны харахпар көстөн кэлэр. Саҥа дьылы, Дьахтар күнүн, сайын кэлиитин тэрилтэнэн мэлдьи бииргэ үөрэ-көтө ыларбыт билигин саныырга наhаа да күндү, олохпут дьоллоох-кэрэ түгэннэрэ.
Биhиги саҥа үлэлии киирэрбитигэр дьааhылаҕа оҕолор олох кыраларыгар, сорох түгэҥҥэ көтөххө сылдьар оҕолор кытта киирэллэрэ. Үксэ 1-дээх оҕолор үстэригэр диэри сылдьаллара. Старшай сестра-иитээччинэн Тарасова Анна Давыдовна үлэлиир этэ. Кини дьааhыла-сад аhыллыаҕыттан саҥа үөрэҕи бүтэрбит кыыс үлэлии кэлбит. Онтон манна, ыал буолан олохсуйбут. Маҥнай аhылларыгар дьааhыла-сад круглосуточнай эбит. Сорох ыраах үрэх баhыгар, учаастакка олорон үлэлиир ыал оҕолоро дьааhылаҕа киирэн баран, оскуолаҕа баралларыгар биирдэ тэрилтэлэрин аанын сабан тахсан бараллар эбит. Онон, үлэhиттэр өрөбүлэ да суох кыhыннары-сайыннары эргитэн үлэлииллэр эбит.
Ол саҕана бэлэм тигиллибит оҕо утуйар таҥаhа (сыттык, суорҕан хаҕа, бырастыына) маҕаhыыҥҥа атыыламмат этэ. Ону матырыйаалынан Анна Давыдовна, прачка Мария Степановна тигэллэр этэ. Дьааhыла оҕото дьиэтин таҥаhын ис таҥаhыттан саҕалаан, туох баар колготкатыгар, ыстааныгар, ырбаахытыгар тиийэ уларыттан тэрилтэ таҥаhын кэтэ сылдьаллара. Ол саҕана быраабыла оннук буоллаҕа. Ону эмиэ Анна Давыдовна Мария Степановналыын фланелынан ыстаан тигэн, алдьаммытын абырахтаан, маркировкалаан таҥыннаралларын өйдүүбүн. Менюну эмиэ кини оҥорор этэ. Ол саҕана оҕолор эт, үүт аhы хото аhыыллар этэ. Үүт, суорат, ынах арыыта, сүөгэй дэлэй буолар этэ. Кэнсиэрбэни, халбаhыыны, сымыыты көҥүллэммэт буолан, сиэппэттэр этэ. Оҕуруот аһын, хортуосканы сайын бэйэбит оҕуруоппутугар олордон, оҕолорбутугар кыахпыт тиийэринэн аһатарбыт. Анна Давыдовна үлэтэ итинэн мунурдаммат этэ. Кини дьааһылаҕа иитээччинэн эмиэ чаастаах этэ. Айылҕаттан ураты амарах, сымнаҕас буолан, оҕолору наһаа таптыыр этэ. Хаһан даҕаны оҕону мөҕөн-этэн эрэрин өйдөөбөппүн. Өр кэмҥэ кинини кытта пааралаһан үлэлээбиппит. Мин ньээнньэлиир этим. Анна Давыдовна сырдык, ыраас, ис-иһиттэн истиҥ мичээрдээх, ураты кэрэ киһи этэ. Кини эдэр сылдьан, дойдутугар саҥа оскуоланы бүтэрэн, үлэлии сылдьан, ойбоҥҥо түһэн, тымныйан атаҕынан нэһиилэ хаамар этэ. Ол да буоллар хаһан да ыалдьабын диэбэт этэ. Субуотунньукка тэбис-тэҥҥэ сылдьыһара. Биирдэ да больничнайга барбытын өйдөөбөппүн.
Кэлин олох уларыйыытыгар совхозтар ыҺылланнар, эр дьон үлэтэ суох буолан, биҺиги тэрилтэҕэ Николаев Афанасий Сергеевич, Алексеев Александр Егорович охраннигынан, истопнигынан үлэлии кэлбиттэрэ. Саҥа ясля корпуһа тутуллан, дьиэлэрбит уунан ититиигэ киирэн, үлэ-хамнас чэпчээн, сайдыы син олоҕу кытта тэҥҥэ киирэн испитэ. Сашалаах Афоня урут күүс үлэҕэ эр дьон коллективыгар сылдьыбыт дьон диэтэххэ, биһиги коллективпытыгар түргэнник адаптацияланан, биһигини кытта тэбис-тэҥҥэ ыытыллар үлэлэргэ аҥар кырыытыттан үлэлэһэн, кыттан барбыттара. Концерт буоллун, маскарад буоллун, барытыгар кыттан, атрибуттары оҥорон, көмө бөҕө дьон этилэр. Иккиэн туохха барытыгар дэгиттэр буоланнар ремонт иҥин үлэтэ лаппа тупсубута. Син уһун кэмҥэ оннук үлэлээбиппит. Өссө биһиэхэ Алексей Григорьевич Алексеев, Степан Николаевич Романов пенсия5а тахсан баран улэлии сылдьыбыттара. Биирдэрэ үйэтигэр салайар үлэҕэ, сельсовет бэрэсэдээтэлинэн өр сылларга үлэлээбит – Алексей Григорьевич, иккиһэ Степан Николаевич-бэтэрээн учуутал буоланнар интеллигент дьон буоланнар, Дьахтар күнүгэр эҕэрдэлээн, истиэнэ хаһыата таһаараллар этэ.
Сылтан сыл аайы саҥа үлэһиттэр, иитээччи кыргыттар кэлэн үлэлээн ааспыттара. Билигин даҕаны үлэлии сылдьаллар. Элбэх кыыс, дьахтар баар коллективыгар араас талааннаахтар баар буолаллар. Уус-уран самодеятельноска иннибитин кимиэхэ да биэрбэт этибит. Нап-нарын куоластаах Елена Павловна, Надежда Егоровна, сахалыы чөллөркөй кылыһахтаах куоластаах Лариса Николаевна, Клавдия Афанасьевна ыллаатахтарына зал иһэ ытыс тыаһынан оргуйан олорооччу. Зоя Яковлевна, Дария Алексеевна, Антонина Марковна, Галина Афанасьевна, Татьяна Васильевна ансамбылынан наһаа үчүгэйдик табыллан ыллыыллар этэ, үҥкүүгэ даҕаны эдэрдэри кытары үҥкүүлэһэллэр этэ.
Спортка даҕаны инники күөҥҥэ сылдьар этибит. Анжелика Ильинична, Анна Егоровна, Александра Петровна, Римма Николаевна, Антонина Марковна спорт хайа баҕар көрүҥэр дэгиттэр этилэр.
Ахтыыны суруйда Никифорова Ирина Ильинична, 19.12.2018с.
Күндү киhибитин ахтабыт – cаныыбыт
Алексеев Александр Егорович
Биhиги билигин ахтар киhибит тапталлаах кэргэним, аҕабыт, эhээбит Алексеев Александр Егорович 1959 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Лөкөчөөн сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. Манна кини оҕо сааhа, оскуолатааҕы сыллара ааспыттара.
Орто оскуоланы бүтэрэн баран, бэйэтин көлүөнэтин сиэринэн, кылааhын оҕолорун кытта совхозка доярынан үлэлээбитэ. Онтон дойдутугар ытык иэhин толоро, Советскай Армия кэккэтигэр, сулууспалыы барбыта. Армияттан кэлэн баран, Бүлүү куоратыгар ДОСААФка суоппар идэтин баhылаан, дойдутугар Баппаҕаайы совхозка суоппарынан ситиhиилээхтик үлэлиир, бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар. Уон түөрт сыл устата араас массыыналарга үлэлээбитэ.
Онтон, Баппаҕаайы совхоз 1993 сылга ыhыллан, 1994 сылга саҥа дьыл кэннэ, детсадка үлэҕэ киирэр, оhох оттооччу буолар. Бу манна түөрт оhоҕу түүннэри – күннэри оттоллоро. Кинини кытта Октябрь Яковлевич Чабыев үлэлээбитэ. Түөрт оhох маhын хайытыы, кыстааhын элбэх сыраны – сылбаны эрэйэрэ. Оҕолор сарсыарда кэлэллэригэр дьиэ ичигэс буолоуохтааҕын кыhаллан, суобастаахтык толороллоро.
Детсад барыта чүөчэ аймах буолан, кыайбаппыт, сатаабаппыт элбэх буолара. Ону барытын көрө сылдьан көмөлөhө, толоро сылдьаллара.
Үлэтин таhынан, нэhилиэнньэҕэ көмөтө элбэх буолара. Кини сатаабата суох буолааччы: оhох тутуута, атах таҥаhын улларыы, саҥа дьиэ тутуута кинитэ суох буолбат этэ. Бииргэ үлэлиир доҕотторун кытта үөрэ – көтө үлэлииллэрэ.
Доҕордуу хоhоонунан дьону хоhуйара, онтуката уус тыллаах, рифмалаах, эбэтэр биир буукубаттан тахсар, биир чопчу темаҕа, түгэҥҥэ сыhыаннаах олус бэhиэлэй буолара. Ону тэҥэ биир да киhини эбэтэр элбэх киhини кэпсээн курдук ис хоhоонноон, хоhоонунан биирдэ хоhуйан таhаарар этэ. Ону кумаахыга тиhэн хаалбатахпыт хомолтолоох. Холобур курдук, биир хоhуйуу өйгө хаалбытын суруйуум:
Ньукуола түүн
Ньамах ууга
Ньукулай уола
Ньиккиирэй Сааса
Ньоҕоорон олордоҕуна,
Ньакыр кус
«Ньалк» гына түстэ.
Ньукулай уола
Ньиргийэр саатынан
Ньукуола түүн
Ньамах ууга
Ньукулай уола
Ньиккиирэй Сааса
Ньоҕоорон олордоҕуна,
Ньакыр кус
«Ньалк» гына түстэ.
Ньукулай уола
Ньиргийэр саатынан
«Ньир» гыннаран,
Ньимсиччи ытта.
Аҕабыт дууhата чараас, ырыаны – тойугу сэргиир этэ. Ордук Виталий Власов «Билинии» диэн ырыатын сөбүлүүрэ. Детсадка хас тэрилтэнэн көрсүhүү аайы Антонина Платонованы ыллатара.
Сирдээҕи ыйааҕын толорон, 1981 с. ыал буолбуппут, 6 оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, үөрэхтээх, үлэhит оҥортоон, элбэх оҕо эhээтэ буолан баран, 2014 сыллаахха күн сириттэн хомолтолоохтук барбыта.
Аҕабыт барахсан кылгас кэмҥэ олорбут нэhилиэгэ сайдарыгар, киэркэйэригэр сэмэй кылаатын киллэрсибитинэн, суолун – ииhин хаалларбытынан киэн туттабыт, ахтабыт, саныыбыт.
Кэргэнэ Анжелика Ильична, оҕолоро, сиэннэрэ 2019сыл