Алтынньы 21 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин ийэлэрин күнүгэр аналлаах “Тапталлаах ийэбэр” истиҥ-иһирэх ырыалардаах , көрдөөх сыаҥкалардаах , тэтимнээх үҥкүүлээх кэнсиэринэн Баппаҕаайытааҕы “Алаһа” СК үлэ сезонун арыйда.
Архив за месяц: Октябрь 2023
ИЛБЭҤЭ СУЛУСТААХ ИЙЭЛЭРЭ
Бүлүү улууһун Баппа5аайы нэһилиэгэ бүтүн Саха Республикатын үрдүнэн 13 Герой ийэлэрдээ5инэн аар – саарга аатырар, суон сура5ырар… Уонтан тахсалыы о5олоох күн күбэй Герой ийэлэрбит, биһиги эбээлэрбит элбэх ыччаты тэнитэн, хас да көлүөнэ дьону олох устун эрэллээхтик хаамтара сылдьалларыттан киэн туттабыт, үөрэбит.
Бу 13 Герой ийэлэрбититтэн 138 о5о күн сирин көрөн, былыта суох дьоллоох оҕо сааһы билэн улаатан, үөрэхтэнэн үлэһит, ыал күүс буолан республика араас муннуктарыгар олохсуйан, төрөөбут Баппаҕаайыларын бар дьоҥҥо ааттаталлар.13 Герой ийэлэрбит – эбээлэрбит ити ыччаттарыттан 300 -тэн тахса сиэн, 80 тан тахса хос сиэн төрөөн – ууьаан, 700 – ча киһиэхэ тиийэн, билиҥҥи Илбэнэ бөһүөлэгин нэһилиэнньэтин саҕа тэнийэн, сирдээҕи бүгүҥҥү олохпутун киэргэтэ сылдьаллар. Бу ыччаттар ортолоругар талааннаах учуонайдар, элбэх үтүөкэннээх учууталлар, эмчиттэр, быраастар, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар.
20-с үйэ ытык кырдьа5астарын, ити үйэни кытта тэннэ хаамсан кэлбит 80-н тахсыбыт, 70-н саастарын лаппа ааспыт кырдьаҕас эдьиийдэрбит, ийэлэрбит, эбээлэрбит, хос эбээлэрбит олохторун, улэлэрин хамнастарын кэлэр көлүөнэ ыччакка сырдатыы, тарҕатыы хайаан да баар буолуохтаах.
Билиҥҥи кэмнэ элбэх оҕолонуу, кинилэри иитии –үөрэтии ыараан турар кэмигэр кинилэр кэпсээннэрэ, олорон кэлбит олохторо –эдэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур, өйөбүл буолуо. Кинилэр олорон ааспыт олохторо, хас биирдии күннэрэ, хас биирдии тыллара, кэнсээннэрэ элбэҕи этэр, элбэҕи толкуйдатар.
Аан Ийэ дойдуга туох баар аналларын, эйэлээх олоҕу салайсан, киһи айма5ы ууһатан-кэнэтэн эбээ, хос эбээ буолан чиэстээхтик, чиэһинэйдик толорон кэлбиттэриттэн, олох дуоһуйуутун ылан олороллоруттан киһи үөрэр – астынар.
Ыал оло5ун онорооччу, ыпсарааччы, тэрийээччи, куһаҕантан куоттарааччы, күрэтээччи күндү ийэлэрбит дьиэ5э-уокка хаһан да бүппэт түбүктэрин, чуолаан, о5ону үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйан иитиигэ ураты дьоҕурдаахтар.
Былыр-былыргыттан саха ыалын дьиэтэ элбэх оҕолоох үөрүү-көтүү уйатынан буолара. Саха дьоно маны элбэх силистээх – мутуктаах, хойуу лабаалаах сириэдийэ үүнэн турар Аал – луук маска сөпкө холууллар.
Биһиги улууспутугар 65 Герой ийэлэр баалларыттан Илбэҥэ дэриэбинэтигэр 13 Герой-ийэ аата ааттанара, бу түөлбэ атын сиртэн уратытын биир бэлиэтэ буолар.
Алексеева ЕлизаветаМарковна –1937 с. Баппа5аайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1959 с Тааһаҕартан төрүттээх Роман Харлампьев диэн киһиэхэ кэргэн тахсан 12 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүтэ, 7 уол 5 кыыс. Елизавета Марковна 1970 с. герой-ийэ бочуоттаах аатын ылбыта. Кэргэнэ, кыра о5ото үс саастаа5ар, эрдэ өлөн оҕолорун бэйэтэ ииппитэ, үөрэхтээх дьон онортообута. Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн баран 40 сыл оскуолаҕа учууталынан, интернат иитээччитинэн үлэлээбитэ. Өр сыллаах үлэтин, о5ону иитиигэ кылаатын иһин 2003 с «Гражданскай килбиэн» знагынан, 2007с Президент В.А.Штыровтан махтал суругу туппута.
Алексеева Любовь Гаврильевна – 1943 с. Өймөкөөн оройуонугар, Тарын үрэх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 7 кылаас үөрэхтээх. Оччолорго милиция улэһитэ, дойдутугар кэлэн тракторист буолбут Алексеев Михаиллыын холбоһон ыал буолбута. 12-тэ о5оломмута, уолун-кыыьын танара тэннээбитэ, 6-лыы уол, кыыс. Любовь Гаврильевна о5олорун сүрүн уратыларынан кинилэр уус-уран самодеятельноска кытталлара буолар. Ийэ о5олорун ас астааһыныгар, кыргыттары вышивка5а, чараас танас тигиитигэр уһуйбута. Бэйэтэ дьиэ үлэтин, иистэнэрин, сахалыы матыыптаах ырыалары сөбүлээн ыллыыра. А5алара Михаил 1985 с. эрдэ эмискэ олохтон туораабыта. Тулаайах хаалбыт оҕолорун тула соҕотоҕун туран хаалбыта. Туох баар ыарахан барыта соҕотох ийэҕэ сүктэриллибитэ. Кини кимиэхэ да мунатыйбакка, дьонтон итээбэккэ оҕолорун атахтарыгар туруорбута. 1990 с. аһыныгас сүрэхтээх, мындыр тракторист уол Акимов Василий Яковлевич аҕа буолан киирбитэ .
Любовь Гаврильевна 1979 с. Герой-ийэ бочуоттаах аатын сүкпүтэ. Ийэ буолуу орденнарынан, медалларынан на5араадаламмыта. Илбэнэ сулустаах ийэлэриттэн сааһынан саамай эдэрдэрэ этэ.
Васильева Прасковья Алексеевна – 1930с. төрөөбүтэ. Олорор сирэ оскуолаттан олус ыраах буолан, кыайан үөрэммэтэҕэ. Оҕо сааһа сэрии кэмнэригэр ааспыта. 1943 с. улахан дьону кытта тэннэ колхозтаах курдук үлэлээн барбыта. 18 сааһыгар Егор Васильев диэн киһиэхэ кэргэн тахсан 1952 с.барыта 10 оҕону төрөппүтэ. Оҕолоро бары улаатаннар, үлэһит дьон буолбуттара. Прасковья Алексеевнаҕа 1976 с. Герой-ийэ аата инэриллибитэ. Ийэ бары орденнарынан, медалларынан, тыыл ветеранын наҕараадатын туппута.
Иванова Мария Кирилловна 1936 с. төрөөбүтэ. О5о сааһа атыттар курдук эмиэ сэрии кэмнэригэр ааспыта. Ийэтигэр ынах ыаһара. 9 сааһыгар оскуолаҕа киирбитэ, 5 кылааьы бүтэрбитэ. Бэйэтин курдук үлэһит Марк Никифорович диэн киһини сөбүлээн 1957 с. ыал буолбута. Кыра сааһыттан «Ворошилов», «Сталин», «Октябрь» колхозтарга, «Орто Бүлүү», «Баппаҕаайы» совхозтарга 1988 с. «Чемпион-ньирэй көрөөччү», сүөһү иитиитин 2,1 кылаастаах маастарыгар тиийэ үлэлээбитэ. 1988с. «Ветеран – труда» медалынан наҕараадаламмыта. Кини 13 оҕону төрөппүт, 8 кыыс, 5 уол, ити иһигэр Лиза уонна Анна диэн игирэ кыргыттары аҕалбыта, билигин 12 оҕо баар. Мария Кирилловна5а 1970 с. Герой – ийэ үрдүк аата иҥэриллибитэ. Ийэ араас орденнара, медаллара киэргэтэллэр. Араас ис хоһоонноох грамоталар, махтал суруктар кини архивын толороллор.
Кириллина Христина Игнатьевна – 1925 с. төрөөбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалан олох ыарахаттарын көрсүбүтэ. Илбэнэҕэ 7 кылаастаах оскуоланы бүтэрбитэ. Ити бириэмэҕэ колхозка үлэлэһэрэ. Оскуоланы бүтэрээт счетоводунан үлэлээбитэ. Ол сылдьан аа5ар – суруйар Сталин колхоз председателинэн үлэлии сылдьар Кириллин Кузьмалыын ыал буолар. 11 оҕолоох (7кыыс, 4уол) 12-ис оҕотун быраата Алексей улаатыннарбыта. Кини оҕолоро обществоҕа, дьонно – сэргэҕэ убаастанар дьон буола улааталларыгар баҕарара, ол баҕата туолан бары үөрэхтээх үлэһит дьон буола үүннүлэр. Христина Игнатьевна5а 1966 с. Герой-ийэ бочуоттаах аата инэриллибитэ. Ийэ буолуу орденнара, медаллара кини туэьун киэргэтэллэрэ, «Ветеран труда», тыыл ветеранын, юбилейнай медаллар эбиллибиттэрэ. Элбэх Бочуотунай грамоталарынан на5араадаламмыта. Сиэннэр, хос сиэннэр сурэхтэригэр күндү эбээ.
Никифорова Варвара Петровна 1931 с төрөөбүтэ. Ийэтэ Федосия, а5ата Петр Ворошилов колхоз төһүү үлэһиттэрэ этилэр. Варвара дьоно кыаммат буоланнар 3 кылаас үөрэҕинэн мунурдаммыта. Үөрэнэ сырытта5ына сэрии са5аламмыта, онон үлэлии барарга күһэллибитэ. Олоҕун аргыһын Ньукулайы көрсөн 11-дэ оҕоломмута, билигин 9 оҕото бааллар. Оҕолоро бары олоххо оннуларын булан, дьон – сэргэ убаастабылын ылаллар. Варвара Петровнаҕа 1973 с. Герой-ийэ бочуоттаах аата инэриллибитэ. «Ийэ Албан Аата» орден бары степеннэринэн наҕараадаламмыта. Ийэ медаллаах. 1987 с. «Ветеран труда», 1993 с. «1941-45 сс. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Килбиэннээх үлэтин иһин» медалларынан, элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан на5араадаламмыта.
Николаева Анна Капитоновна – 1936 с. төрөөбүтэ. Начальнай кылаас үөрэхтээх. Оччотооҕу кэмнэргэ оҕоҕо да улахан киһиэхэ окко былаан түһэрэллэрэ. Итинник сорудаҕы Анна 9 саастааҕар ылбыта. Аатырбыт булчут, Ленин орденнаах Дьөгүөркэ Ньукулаайап уола Испирдиэнниин холбоһон ыал буолбута. Барыта 12 о5оломмута (7 уол, 5 кыыс), билигин 11 о5ото баар. Анна Капитоновна5а 1973 с Герой-ийэ бочуоттаах аата инэриллибитэ. «Ийэ Албан Аата» орденнарынан, «Ийэ» медалынан, «Ветеран труда» медалынан, Бочуотунай грамоталарынан, эҕэрдэ суруктарынан наҕараадаламмыта кини үтүө суобастаах үлэһит, истин-иһирэх ийэ буоларын туоһулууллар. Элбэх сиэн, хос сиэн күүтүүлээх, тапталлаах эбээлэрэ.
Николаева Евдокия Игнатьевна 1933 с. Лөкөчөөҥҥө Нымсах диэн сиргэ төрөөбүтэ. Сэрии кэмэ буолан оскуолаҕа кыайан үөрэммэтэҕэ. Бэрт эдэр сааһыттан үлэлииргэ күһэллибитэ. Үлэһит, булчут, дэгиттэр талааннаах Лөкөчөөнтөн төрүттээх Иванов Маркы кытта ыал буолан 14 төгүл оҕоломмута (5 кыыс, 9 уол). Оҕолорун олоххо бэлэмнээх тахсалларын курдук иитэн, өбүгэлэрбит үгэстэригэр, сиэргэ – туомҥа такайан үөрэппитэ. Оҕо иитиитин идэ оҥостубута. Евдокия Игнатьевнаҕа 1975с. Герой – ийэ бочуоттаах аата иҥэриллибитэ. Ийэ буолуу орденнарынан, медалларынан наҕараадаламмыта.
Николаева Евдокия Николаевна 1935 с. төрөөбүтэ, ситэтэ суох орто оскуола5а үөрэнэ сылдьан переросток сокуонугар сөп түбэһэн ситэ үөрэммэккэ хаалбыта. «Октябрь» колхозка ньирэй көрөөччүнэн, саһылга үлэлээн иһэн, кэлин 22 сыл Илбэнэ пекарнятыгар пекардаабыта. 1956 сыллаахха сэрии ветераныгар, огдообо икки оҕолоох киһиэхэ кэргэн тахсан 12 оҕоломмута (5 уол, 7 кыыс). Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн араас үлэ5э сыһыаран үлэлэппитэ – ииппитэ. Дьонно үчүгэй сыһыаннаах буоларга такайара. Евдокия Николаевна5а 1976с. Герой-ийэ үрдүк аата инэриллибитэ. Ийэ буолуу медалларынан, орденнарынан, юбилейнай медаллар эбиллэллэр. Райпотребсоюз, сельпо, нэһилиэк салалтатынан Бочуотунай грамоталара бааллар.
Николаева Федора Спиридоновна 1933 с. Арыылаахха Сайылык диэн сиргэ төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр 10 этилэр. Үйэтин тухары булдунан дьарыктаммыт, Ленин орденнаах Дьөгүөркэ Нукулаайап уола Николаев Иван Егоровиһы кытта холбоһон, ыал буолан 13-тэ оҕоломмута, Билигин 10 оҕото бааллар. (6 уол, 4 кыыс). Кини оҕолоруттан сүрүн ирдэбилэ: үлэҕэ – үөрэххэ дьүккүөрдээх буолуу, чөл олоҕу тутуһуу, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыан, ыарахаттартан толлубат буолуу, кыраны – кыамматы харыстыыр – араначчылыыр санааҕа иитэрэ. Киниэхэ 1978 с. Герой – ийэ бочуоттаах аата инэриллибитэ. Ийэ орденнарынан, медалларынан, «Ветеран – труда» медалынан, элбэх грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Фёдорова Марфа Егоровна 1938 с. Баппаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Алта бииргэ төрөөбүттэртэн Марфа бастакы о5о этэ. Ийэлэрэ өлөрүгэр кини баара эрэ 7 саастааҕа. Эдьиийдэрэ Ф.С.Федорова иитэлээбитэ.15 сааһыттан фермаҕа ыанньыксытынан үлэлээн барбыта. Онтон а5алара өлбүтүн кэннэ бииргэ төрөөбүт балтыларын бэйэтэ иитэ ылбыта, онно Марфа 20 саастааҕа. Икки сылынан Сэмэн диэн сүрдээх үлэһит киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. 12 – тэ оҕоломмута (7 уол, 5 кыыс). Марфа Егоровна чиэһинэй сыралаах үлэтэ 9, 11 пятилеткалар ударниктара знактарынан, сүөһү иитиитин 2 кылаастаах маастара знагынан 1983, 84, 85, 87 сс. «Баппаҕаайы» совхоз чемпион – ыанньыксытын аалай лентатын, 1987 с. хас биирдии ынахтан 2760 кг үүтү ыабыт оройуон чемпион – ыанньыксытын аатын ылбыта. Москваттан, Якутскайтан, оройуонтан, совхозтартан, райсоветтан, партия райкомуттан элбэх ахсааннаах грамоталарынан бэлиэтэммитэ, нэһилиэк советыгар депутатынан үлэлээбитэ. Киниэхэ 1977 с. Герой ийэ үрдүк аата иҥэриллибитэ. Ийэ буолуу орденнарынан, медалларынан, «Ветеран труда» медалынан наҕараадаламмыта. 43 сыл сүөһү үлэтигэр үлэлээн баран бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.
Фёдорова Екатерина Никитична 1931 с. Бүлүү оройуонун Бөкчөҥөөтүгэр элбэх о5олоох колхозтаах дьиэ – кэргэннэ кыра кыыһынан төрөөбүтэ. Оҕо сааһа сэрии кэмин сылларыгар ааспыт буолан, колхоз үлэтигэр кыра сааһыттан үлэлээн барбыта. 1946 с. оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан оҕолортон бастакынан «Аҕа дойду сэриитин 1941 – 45сс. Килбиэннээх үлэтин иһин» медалынан на5араадаламмыта. Дойдутугар ситэтэ суох оскуоланы бүтэрэн, Бүлүү педучилищетыгар үөрэммитэ. 1950 сылтан 1991 сылга диэри Баппаҕаайы орто оскуолатыгар 40 – тан тахса сыл устата учууталынан үлэлээбитэ. А5а дойду сэриитин кыттыылаа5а Бочуот Знага орденнаах Лөкөчөөнтөн төрүттээх Харлампьев Афанасий Гаврильевичтыын дьоллорун холбоон 12 оҕоломмута (8 кыыс, 4 уол), билигин баар 10 оҕоттон үксүлэрэ үрдүк бэлэмнээх оскуолаларга үөрэммиттэрэ. Киниэхэ ССРС, РСФСР норуоттарын үөрэҕириитин туйгуна званиены 1983, 1986 сс. иҥэрбиттэрэ. 1982 с. «Ветеран труда», Кыайыы 30, 40, 50 сыллары юбилейнай медалларынан наҕараадаламмыта. 1972 с. социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа знагынан, 1976 с. Герой ийэ Бочуоттаах аата инэриллибитэ. Ийэ буолуу медалларынан, орденнарынан, ССРС үөрэ5ин министерствотын, профсоюһун, Саха АССР үөрэҕириитин министерствотын, Бүлүү райкомун, оскуола администрациятын элбэх ахсааннаах Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Федорова Мария Семеновна 1930 с. Арыылаах Сиэгэннээх диэн сиргэ төрөөбүтэ, ыал иккис кыыһа. Атыттар курдук кини оҕо сааһа сэрии кэмнэригэр ааспыт буолан, улахан дьону кытта араас үлэҕэ кыра эрдэҕиттэн тэбис – тэҥҥэ үлэлээбитэ. Михайлов Петр Григорьевиьы кытта холбоһон 12 оҕоломмута (9 уол, 3 кыыс). Ийэ оҕолорун бары үлэни таптыыр, бэрээдэктээх, кыргыттарын асчыт, иистэнньэҥ, уолаттарын булчут, уһанар гына иитэлээбитэ. Оҕолор орто оскуоланы бары отличнигынан, хорошиһынан бутэрэн, араас идэни баһылаан, туспа ыал буолан үлэлии – хамсыы сылдьаллар.
Мария Семеновна5а 1966 с Герой ийэ бочуоттаах аата инэриллибитэ. Ийэ медалларынан, «Ийэ Албан Аата» орденнарынан, 1993с. «Аҕа дойду сэриитин 1941 – 45сс Килбиэннээх үлэтин иһин» медалынан, Бүлүү оройуонун, нэһилиэк салалтатын, оскуола коллективын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Биьиэхэ бу олох кэрэтин бэлэхтээбит кунду дьоммутугар, Герой ийэлэрбитигэр, кинилэр ааттарыгар сугуруйуу, диринник махтаныы ураты бэлиэтинэн буоллун диэн, быйыл Саха сирин ийэлэрин күнүн көрсө нэһилиэкпитигэр Герой ийэлэргэ аналлах Ийэ скверэ арыллыбыта. Сквер ортотугар ийэлэр хаартыскалаах стендэтин фонтан араас уотунан киэргэтэн биэрэр. Тула сынньанарга аналлаах скамейкалардаах. Олорон, кэпсэтэн ааһарага олус табыгастаах. Ити курдук Илбэнэ сулустаах ийэлэрэ, айбыт аҕалара – дьиннээх дьиэ кэргэн педагогтара. Кинилэр төрөппүт 138 оҕолоро, 360 – ча сиэннэрэ олохторун ситэрэн-хоторон биэрэллэр.
Билинни кэмнэ элбэх оҕолонуу, кинилэри иитии – үөрэтии бэйэтэ туспа хорсун быһыыга тэннэһэрэ кистэл буолбатах. Манна сыһыаннаах П.Н.Тобуруокап биир маннык санаата баар: «Аныгы дьон биир – икки эрэ оҕолоноллор. Элбэх оҕону иитэр чэпчикитин өйдөөбөттөр. Элбэх оҕолоох ийэ бокуойдаах буолар. Оҕону оҕо харайар».
Ити этиилэри дьиҥ чахчы дакаастыыллар, биһиги сулустаах ийэлэрбит. «Оҕолоох ыалтан оннооҕор уот үөрэр»,- диэн саха норуотун өһун хоһооно баар. Оччотугар республикабыт дьиэ кэргэттэрин аал уота умуллубакка куруук үөрэ – көтө сыдьаайа умайдын.
Аҕам саастаахтарга тэрээһиннэр
Көмүс күһүн биир кэрэ бэлиэ кэмигэр , олуһун диэн долгуйан , үөрэн, өрө көтөҕүллэн туран Аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр аҕам саастаахтар күннэринэн , нэһилиэкпитигэр өрүү буоларын курдук олохсуйбут үгэһинэн ытык мааны аҕам саастаах дьоммутугар тэрээһиннэри ыыттыбыт.
Аҕам саастаахтар спартакиадалара
Алтынньы 8 күнүгэр олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, спортинструктор тэрийиилэринэн Аҕам саастаахтар “Эрэл” спортивнай саалаҕа 7 көрүҥҥэ күрэхтэстилэр, алаадьы, минньигэс торт, үүттээх чэй истилэр.
Алтынньы 10 күнүгэр “Алаһа” сынньалаҥ киинигэр ыҥырыылаах ыалдьыт буолан аҕам саастаахтарбыт бырааһынньыктааҕы остуол тула тэрээһиҥҥэ муһуннулар. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор үбүлүөйдээх бэтэрээннэригэр тэрилтэлэр профсоюзтара бэлэх туттардылар, эҕэрдэлэрин эттилэр. Аҕам саастаахтарбыт араас бириистээх оонньууларга кытыннылар ыллаатылар –туойдулар.
Бар дьоммутугар, бүгүҥҥү эҕэрдэ эҥээрдээх, алгыс тулалаах дьоро киэһэҕэ, кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар махтал маанытын, баһыыба бастыҥын тиэрдэбит. Күн сиригэр баар бары үтүөнү, кэрэни, үйэлээҕи! Дьоллоох-саргылаах буолуҥ!
Уһун үйэлээхтэр – үйэ саас бэлиэ хаһаайыннара
«Үйэ саас» бэлиэ — уһун үйэлэниини өйүүр, өрөспүүбүлүкэ норуоттарын өй-санаа, духуобунас уонна үтүө үлэ өттүнэн үгэһин үйэтитии уонна тарҕатыы, уопсастыбаҕа холобур буолуу буолар.
2003 сылтан саҕалаан, президент Вячеслав Штыров ыйааҕынан «Үйэ саас» бэлиэ 100 сааhын туолбут Аар кырдьаҕаска туттарыллар.
Учуонайдар этэллэринэн, киһи төрүүрүгэр 120 – 150 сыл олорорго программаланан төрүүр. Ол эрээри кини итиннээҕэр быдан аҕыйах сыл олорор. Ол төрүөтэ: кыайан эмэтэниллибэт араас ыарыылар, экология эмсэҕэлээһинэ, санаа баттыга уонна чөл олоҕу тутуспат буолуу. Ол да буоллар Саха сиригэр уһун үйэлээхтэр ахсааннара эбиллэн иһэр.
Ол курдук Баппаҕаайы нэhилиэгэр 100 саастарын туолбут дьоннордоохпутунан киэн туттабыт, кинилэр тустарынан үөрэ-көтө кэпсиибит.
Биһиги абаҕабыт Григорьев Афанасий Дмитриевич сурукка киирбитинэн, 1883 сыллаахха Сортуол участагар Айыы Күөл диэн өтөххө элбэх оҕолоох, сэниэ соҕус ыалга, 4 оҕоннон төрөөбүт. Мин аҕабыттан, Григорьев Капитон Дмитриевичтэн 4 сыл аҕа. Аҕата уус баҕайы киһи үһү. Онон ампаар кыстыыр, сайылыыр дьиэлээхтэр эбит. Иһиттэрин-хомуостарын малларын-салларын, остуол-сундуук, олоппос оҥостоллор эбит. Аттарын тэрилин барытын бээлэрэ оҥостоллоро үһү. Охонооһой чороччу улаатаат эмиэ ону-маны оҥорор этим диир этэ. Күлүүс тыла чаастатык сакаастыыллар эбит. Ону былдьаһан мин оҥорооччубун диэччи. Туос иһит, маһынан иһит оҥороннор улаатан баран Якутскайга киирэн малга, ол-бу тимир иһиккэ атастаһар эбит. Эдэригэр кыанар үһү. Онон обуоска сылдьыһар эбит. Төһө ыраах тиийэллэрин билбэппин эрээри, Аанньаахха тиийэр этибит диирин өйдүүбүн. Сэниэлээх буолан аттарын көрөн- харайан, араас моһоллору ааһан, аттарын да былдьыы сатаабыттара ону биэрбэккэ күүһүнэн кыайан этэнҥэ кэлэр этибит диэччи. 87 сааһыгар велосипед тэппитэ диэн кырдьык. Сортуолга олорон Илбэҥэҕэ кэлээччи, онтон мопед онтон восход диэн мотоциклланар этэ.
Кэргэннэнэн маҥнай Силээҥҥэ. Онтон колкуостааһын буолбутугар Сортуолга көһөн олорторо, биир уолу иитэн олорбуттара. Саҥа холкуос тэриллэригэр хамыыһыйа чилиэнэ буола сылдьыбыт этэ, суруйар, ааҕар эбит этэ. Сайынын от оттоон, кыһынын ол-бу үлэни үлэлэн пенсияҕа тахсыбыта. Эмээххинэ эмиэ сааһыран баран өлбүтүн кэннэ эдэрси тетяны кэргэн ылан олорбута. Ыарыһах буолан кэргэнэ өлбутэ. Ол кэннэ наар Бүлүүннэн, Илбэҥэннэн, Орто-сурдунан бырааттарын оҕолорунан олорбута, сылдьыбыта.
Манна миэхэ Илбэҥэҕэ чаастатык кэлэн кыстыыр этэ. Ол тухары хоруобун оҥостон баран илдьэ сылдьааччы. Аны бээтэ тумуоҕа оччо ыалдьыбат этэ. Арай биирдэ сүрэҕэ быллыргаан эмп испитэ. Наар сарсыарда аайы курданарыгар дылы суунар этэ. Сайынҥы өттүгэр инньэ хаһыҥнаах сарсыарда буоллун көтүппэт этэ. Онтон кыһын дьиэҕэ муустаах ууннан суунааччы, 110 сааһыгар дылы. 100 сааһын ааһан баран бээбин бэрэбиэркэлэнэбин диэн мас хайытар этэ. Аны тачкаҕа күөл уҥартан от охсон баран соһон кэлэрэ. “Кэбис охтон хаалыаҥ”- диири “ бээбин бэрэбиэркэлэнэбин”- диирэ. 110 сааһын ааһан баран кырдьаҕастар диэлэригэ барабын диэн бээтэ барбыта.
Аһыырыгар бииккэннэн аһыыра. Астан миини, сыалаах эти, суораты, ыам үүтү сөбүлуүрэ. Улаханнык түөһэйбэтэҕэ. Сүрдээх чэбэр этэ.Табааҕы уруут олох эдэр сылдьан тарда сылдьыбыт. Айаҥҥа сылдьан табаахсыт киһи аҕылыыр, доруобуйаҕа буортулаах эбит этэ диэн бырахпыт. Арыгыны кыралаан иһэрэ буолуо. биһиэхэ холуочугун көрдөрбөтөҕө.. Майгыта куруук мичээрдии сылдьааччы. Мин оҕолорбор наар:” хайа тоойуом”- диэн кэпсэтэр этэ.
Бииргэ төрөөбүттэрэ бары кэриэтэ, аҕата бары уһун үйэлээхтэр эбит.
Сиэн балта Николаева (Григорьева) Анна Капитоновна
02.10.2023г
Алексеев Сидор Иванович
1896 сыллаахха Баппаҕаайыга тѳрѳѳбүтэ. Үѳрэҕэ, партията суох, колхозтаах. 1935 с. Сталин аатынан колхозка биир бастакынан киирбитэ уонна бастакы колхоз бырабылыанньатын чилиэнэ этэ. Ити кэмҥэ ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1940 с. Стахановец үрдүк аатын ылбыта. Сидор Иванович мындыр уус, кини маска да, тимиргэ да дэгиттэр талааннаах буолан, үксүн тутууга сыстан үлэлээбитэ. Айылҕаттан талааннаах буолан, саха быhаҕын, колхозка наадалаах тимир оҥоhуктары оҥороро. Саҥаны, бастыҥы олоххо киллэрэргэ биир бастакынан ылсан үлэлиирэ.
Улахан аҕа ууһун төрдө буолбут, халыҥ аймаҕы тэниппит, үлэттэн дьолун булбут сэмэй саха оҕонньоро Василий Дмитриевич Григорьев быйыл 104 сааһын туолбута. Кини Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгэр 1903 сыллаахха тохсунньуга 5-6 сүөһүлээх, бултаан ииттинэн олорор ыалга бэһис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Григорьевтар дьиэ кэргэттэрэ удьуор уьун үйэлээхтэрэ. Василий Дмитриевич убайа Кузьма Дмитриевич 100 сааһын түөрт ыйынан туолбатаҕа, оттон эдьиийдэрэ Маарыйа уонна Мотуруона 90 саастарын лаппа ааһан баран олохтон туораабыттара.
Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ Маалтааныга булчуттар артыалларыгар биир бастакынан киирбитэ. Эдэркээн уол күүьүн – уоҕун кэрэйбэккэ тугу үлэлээбэтэҕэ баарай. Кэлин Ворошилов аатынан холкуос тэриллибитгэр күтүөтүнээн Алексей Митрофановтыын уонна убайынаан Кууһумалыын сүөһүлэрин холбоон, толору бырааптаах чилиэнинэн буолбуттара. Кинилэр үтүө холобурдарын батыһан атын дьон эмиэ холкуоска үлэлии киирбиттэрэ. Кыһыннары – сайыннары үлэ күөстүү оргуйара. Сайын от кэмигэр Василий Дмитриевич звенону салайбыта, онтон биригэдьиирдээбитэ. Сытыы – хотуу, үтүө суобастаах, улэһит уолу кырдьаҕастар үтүө ыччат диэн сөбүлүү көрөллөрө, эдэр ыччат сэргэх, чэбэр уолу батыһаллара, убаастыыллара.
Василий Маарыйана маҥнай саҥа аһыллыбыт оскуолаҕа көрбүтэ. Маарыйа да кинини көрдөҕүнэ, хайдах буолуон билбэт, мунан – тэнэн хаалбыт курдук буолара. Баһылай холкуоска киирэригэр Маарыйаны ыанньыксытынан ыҥырбыта. Бииргэ улэлиир буоланнар көрсөллөрө, кэпсэтэллэрэ – ипсэтэллэрэ элбээбитэ, сөбүлэһэллэрин сүрэхтэринэн сэрэйэсэн билбиттэрэ. Мария Егоровналыын эйэ дэмнээхтик 70 – ча сыл бииргэ олордулар, түөрт кыыс оҕолоохтор, өссө уол оҕону ииппиттэрэ. Григорьевтар оҕолоро, сиэннэрэ ыал бастыҥа үөрэхтээх, үтүө улэһит дьон буолан олороллор. Бэйэ – бэйэни ытыктаһан, хайа да тугэҥҥэ өйдөһөн, икки өттүттэн толору итэҕэйсэн, көмөлөсүһэн олордоххо кыһалҕа да, ыарахаттар да кыайбаттар диэн бэрт судургутук быһаарар уьун уйэлээх олох олоҕун Василий Дмитриевич. Ол да иьин оҕолоро, сиэннэрэ үтүө дьон, мааны ыал буоллахтара
Саха Сиригэр бастакы стахановецтар баар буолбуттара, кинилэртэн биирдэстэрэ – Василий Дмитриевич этэ. 1,4 галаах сир отун охсубута, 1,5 галаах сир отун муспута, 150 бугулу туруорбута билиҥҥэ диэри ахтыллар. Декада түмүгүнэн таһаарылаах үлэтин иһин бастакы күөҥҥэ тахсыбыта. Ол иһин улахан охсооччу быһыытынан киэҥник биллэр. Ворошилов аатынан холкуос бырабылыанньата киниэхэ “стахоновец” диэн бочуоттаах ааты иҥэрбитэ. Ааһан иһэр дьон баппааҕаайылар бугуллара улаханнарыттан көрө саллаллара, күҥҥэ сүүстэн тахса оннук улахан бугулу туруорара.
От үлэтэ түмүктэммитин кэннэ кыстык үлэтэ тирээн кэлэрэ. Сопхуос сүөһүтүн хотонун өрөмүөнэ, саҥа тутуулар, от – мас тиэйиитэ кинитэ суох барбата. Оччолорго өрөбул, уоппуска диэн өйдөбүллэр суох кэмнэр этэ.
Сэрии саҕаламмыта. Туруу дьон Ийэ Дойдуну көмүскүү сэриигэ ыҥырыллан барбыттара. Василий 1943 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Сааһырбыт ийэлээх аҕата саамай кыра уолларын, кэргэнэ Маарыйа уонна үс кырачаан оҕолор аҕаларын сэриигэ атааран ытыы – сонуу хаалбыттара. “Хайа дойдуга тиийэн суор – тураах аһылыга буоларым биллибэт, эргиллэбин эрэ, суох эрэ”, – диэн санаалаах сэриигэ барбыта, нууччалыы билбэт буолан, доруобуйатын туругунан сыыйыллан үлэ фронугар ыыппыттара. Иркутскай аттыгар станция акылаатын ууруутугар үлэлэспит, туох да техника суох, хары күүһүнэн барытын толороллоро. Күүстээх, эппиэтинэстээх үлэһит быһыытынан бэйэтин көрдөрбүт уонна ударник аатын ылбыт. Сыл кэриҥэ үлэлээн баран, үчүгэй үлэһит быһыытынан талыллан Иркутскайдаа5ы байыаннай собуокка улэҕэ анаммыт. Онно буомбалары, миналары, снарядтары оҥорсубут. Собуокка аһара тымныы буолан уолаттар тоҥумаары түргэнник эрчимнээхтик хамсаан үлэлииллэрэ. Биир ыйдаа5ы аһыыр талоннарын эрдэ илиилэригэр туттаран кэбиһэллэр эбит. Ол сылдьан, талонун уордарбыт Саха уола эрэйдээх тоҥон, хоргуйан өлө сыспыт. Василий Дмитриевич фроҥҥа барарыгар тоҕо эрэ, сэрэйбит курдук, иннэлээх сабын илдьэ барбыт, ол иһин тыыннаах хаалбыт диэххэ сөп. Урукуттан иистэнэр идэлээх буолан, кимиэхэ харчыга, кимиэхэ аска таҥастарын – саптарын абырахтаан биэрэр эбит. Онон, илиитин дьоҕурунан тыыннаах хаалбыт. Сэрии бүппүтүн туһунан үөрүүлээх сонун Аан дойдуну тилийэ сүүрбүтэ. Саха уолаттара дойдубутугар төннүөхпүт, дьоммутун, о5олорбутун көрүөхпүт диэн олус үөрэ санаабыттара, долгуйбуттара. Ол эрэн, Василий Дмитриевич дойдутугар сэрии бүппүтүн кэннэ 1947 сыллаахха эрэ төннүбүтэ. “Ол миэхэ муҥутуур дьол этэ” – диир билигин. Дьиэтигэр кэлбитэ кэргэнэ Маарыйа үс кыыһын кытта этэҥҥэ олороллор эбит. Куруук фермаҕа үлэлээбит буолан хоргуйан өлөр суолтан быыһаммыттар. Ийэлээх аҕата кыра уоллара эргиллэн кэлэрин көрбөккө сэрии ыар кэмигэр ыалдьан олохтон туораабыттар. Оттон убайа Кууһума икки кыра оҕото суох буолаахтаабыттар.
Сэрииттэн эргиллэн кэлээт, Василий Дмитриевич үлэ үөьүгэр туспутэ. Сайынын от оттоон, кыһынын таһаҕас таьыытыгар, тэрилтэлэргэ оттук маһы кэрдиитигэр, дьонтон туох да итэҕэһэ суох күүскэ үлэлиирэ.
“Мин үйэбэр табаҕы тардыбатаҕым, аргыны батыспатаҕым. Куһаҕан майгылаах, кыыһырар – тымтар, санаарҕыыр киһи үйэтэ эмиэ кылгыыр. Оттон мэлдьи, кыраттан да үөрэр – көтөр, чэпчэки санаалаах дьонно үтүөнү – кэрэни саныыр киһи уйэтэ уһуур”, – диэн күлэ – үөрэ кэпсиир 104 саастаах Василий Дмитриевич Григорьев. Соторутааҕыта Республика Президенин В.А.Штыров ыйааҕынан “Үйэ саас” бэлиэни туппута.
Кырыйдым диэн олорботоҕо, сопхуос бары үлэтигэр көхтөөхтүк кыттара. Арай 80-ча сааһын туолан баран, чэпчэки үлэ буллум диэн, оһох оттооччуннан өр сыл улэлээбитэ. Бу саас кини улаханнык ыалдьан балыыһаҕа киирбитэ. Массынаннан тиэллибэт, эпэрээссийэни тулуйбат ыарахан туруктаах сыттаҕына куораттан хирург – уролог идэлээх табаарыстара Тимофей Иосифович Габышев айаннаан кэлэн өлөр өлүүтун быыһаан, эмтээн барбыт. Кырдьаҕас киһи Тимофей Иосифовиһы көрөн, үөрүүттэн, долгуйан да, соһуйан да хараҕын уута икки иэдэһинэн сүүрбүтэ.
Кини эдэригэр сып – сап туттунуулаах, дэгэлдьитэн хаамар, сыыдам киһи эбит. Ыалдьыт кэллэ да чаанньыгын урдугэр түһэр, кими да күүппэккэ, эрэйбэккэ остуолун бэйэтэ тардыбытынан барар, кинини таптаан, ытыктаан “Мааны Баһылай” диэн ааттыыллар. Кырдьык даҕаны, сөпкө биэрбит ааттара буоллаҕа, сырдык сэбэрэлээх, ыраас өйдөөх – санаалаах, хаһан да кыыһырбатах саха мааны оҕонньоро.
Светлана Артемьева
(“Саха сирэ” №204(3710), 20 с.)
Прокопьева Мария Алексеевна, Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгин олохтооҕо үлэ,тыыл,сэрии ветерана, Баппаҕаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, нэһилиэк саамай аҕа саастаах ытык кырдьаҕаһа.
Биһиги ийэбит, Прокопьева Мария Алексеевна 1921 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр «Силээн» сиригэр «Бэс бала5ан» диэн сиргэ күн сирин көрбүтэ.Ийэтэ, Прокопьева Анна Ивановна. Аҕата, Прокопьев Алексей Семенович.Кинилэр 13 оҕоҕо күн сирин көрдөрбуттэрэ, 2 оҕолоро ыарахан сыллар буолан, тымныйан, ыалдьан кыраларыгар төннүбүттэр.11 оҕолоро киһи хара буолбуттар.Ийэбит элбэх оҕолоох ыалга төрөөн, үөрэх диэни билбэтэҕэ.
Кыратыттан үлэһитэ, туругаһа, олоругаһа бэрт буолан, дьонугар көмөлөһөн кыра быраатын, балыстарын көрсөн араас үлэҕэ эриллэн улааппыта.Олох кыратыттан сүөһү үлэтигэр көмөлөһөн, арыый улаатан баран сүөһү көрөөччүннэн, сылгыһытынан үлэлээбит.
Сэрии сылларыгар ийэбит дьонун кытары олорон, үлэ бөҕөтүн үлэлээн кэлбиттэр. Олохторо ыарахана, астара-үөллэрэ кырыымчыга.Аҕалара булчут буолан, онон эбинэн олорбуттар.Улахан убайын Аппанааһы, Өлүөхүмэ улууһун, Мухтуйа сиригэр үлэ фронугар ыыппыттар.Ыарахан үлэттэн, куһаҕан услуобуйаҕа сылдьан, тымныйан, аччыктаан, ыалдьан өлөөхтөөбүт.Иккис убайа Макаар сэриигэ ыҥырыллан, сэрии толоонугар охтубут, көмүс уҥуоҕа Белоруссия сиригэр харалла сытар, сэриигэ командирдаан сылдьыбыт.Ийэбит дьиэ кэргэнигэр сэрии ыар охсууну оҥорбута, ыар сүтүктэммиттэрэ.Сэрии бүтүүтэ үлэ фронугар таас чох хостуурга эдэр дьону хомуйбуттар.Ол саҕана «Баппаҕаайы» сирэ үс колхуостааҕа Лөкөчөөн, Сортуол, Арыылаах.Колхуос аайыттан уоннуу эдэр дьону хомуйан Бүлүүгэ сатыы хаамтаран, 10-ча хонук айаннаан, эрэй бөҕөтүн көрөн тиийбиттэр. Тиийбиттэригэр ырыганнаргыт, кыраларгыт бэрт диэннэр, дойдугутугар барыҥ, үлэлээн диэбиттэр.Аҕыйах эдэр киһини талан үлэ фронугар ыыппыттар, үксүлэрэ төннөн кэлбиттэрэ.Ийэбин кытары 2 бииргэ төрөөбүттэрэ эдьиийдэрэ Сөдүөччүйэ, Биэрэ эмиэ бааллара.Эһиилигэр уоттаах сэрии бүппүт.Сэрии бүтэн ийэбит дьонун кытары олордоҕуна, аҕабыт Петров Николай Никифорович кэргэн кэпсэтэн ыал буолбуттар.Алта оҕоломмуттарыттан,икки оҕолоро кыраларыгар тымныйан, ыалдьан төннүбүттэр.Алеша диэн уоллара,улаатан, киһи-хара буолан иһэн,Намҥа үөрэнэ сылдьан оһолго түбэһэн суох буолбута.
Билигин биһиги 3 оҕолоро баарбыт.Бары төрөөбүт дойдубутугар үлэлээн, хамсаан сүөһү иитэн, оҕо-уруу төрөтөн этэҥҥэ олоробут.Номнуо эбээ,эһээ буолан олоробут.
Ийэбит 3 оҕо амарах ийэтэ, 10 сиэн,11 хос сиэн тапталаах эбээлэрэ, оҕолорун , сиэннэрин ортолоругар үөрэ-көтө дьоллоохтук олорор.
Ийэбит а5абытынаан дьоннорун кытары олордохторуна, колхозтааһын тэриллэн, колхозка чилиэнинэн киллэрэннэр «Сортуол» учаастагар барыларын көһөрбүттэр.Сүөһүлэрин, сылгыларын колхозка тутан ылбыттар.
«Сортуолга» тиийэннэр «Сталин», «Октябрь» колхозтарга өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык, тахсыылаахтык үлэлээбиттэр.
Ийэлээх, аҕабытын «Сортуолга» үлэлии сырыттахтарына ким да урут олоро сылдьыбатах үрэх баһыгар «Баай Эбэ5э» көһөрбүттэр.Үлэһиттэрин иһин эрэнэн көһөрдөхтөрө, уонча киһи буолан көспүттэр, хас да ыал дьон,хас да сулумах киһи. «Баай Эбэ5э» тиийэн 100-чэ сүөһү турар хотонун, олорор балаҕаннарын туттаннар кыл мүччү кыстыкка киирбиттэр, олохторун булуммуттар.Ийэбит ыарахан үлэ этэ диэччи, эдэр-сэнэх буолан, үлэһиттэрэ, үлэни кыайаллара бэрт буолан, аҕыйах кэм иһигэр үлэ бөҕөтүн үлэлээбиттэр.Урукку дьон барахсаттар оннук үлэһит, туруу дьон этилэрэ.
«Баай Эбэ5э» дьонум 10-ча сыл олорбуттара.Төһө да ыарахан сылларын иһин «Баай Эбэ5э» олорбуттарын истиҥник ахтааччылар. Баай айылҕата, ото-маһа үчүгэйэ, бултаах-алтаах сир диэччилэр.
Онтон «Харбалаах» учаастагар көһөрөллөр. Урукку сүөһү үлэһиттэрин учаастактан учаастакка көһөрөн иһэллэрэ, кинилэртэн ыйыта барбаттара.Ханна көһүн диэтилэр да көһөллөрө.Онтон эмиэ олохторо хас эмэ төгүл ыараан биэрэрэ.
Урукку олох ирдэбилэ кытаанаҕа бэрт буоллаҕа,сүөһү үлэһиттэрин оҕолорун дьааһыла саадка көрөллөрө-истэллэрэ.Онтон оскуолаҕа интернатка олордон үөрэтэллэрэ.Ол көспүт сирдэригэр ким бэлэмэ кэлиэй, тымныы дьиэ, хотон ыарахан үлэтэ буолара.Олорбуттарын тухары элбэх сиргэ көһөн кэллэхтэрэ.Үлэни өрө туппуттара.Урукку ыарахан сылларга эбиитин ыарахан ыарыылар тураннар, киһи бөҕөтө суорума суолланаахтаабыттара.
Корь, уоспа ыарыылара турбуттар.Ийэбит корь ыарыыга ыалдьан өлө сыспытым, күөмэйбин салаппытым диирэ.Сааһыран истэҕинэ, сорох сайын ийэбит саҥатын истибэккэ сайылааччыбыт.Күөмэйэ ыалдьан, ол ыарахан ыарыы содула буоллаҕа.
Ийэбит «Сортуолга» олорон сүөһү үлэтигэр уһуннук үлэлээбитэ.Кэлин совхозтар тэриллэннэр «Орто Бүлүү», «Баппа5аайы» совхозтарга үтүө суобастаахтык ыанньыксытынан, ньирэй көрөөччүннэн үлэлээбитэ.Үлэтигэр куруук кыайыылаахтык, хотуулаахтык үлэлээбитэ, кини көрөр сүөһүлэрэ куруук эмис-тот, төрөлкөй буолаллара, сүөһү майгытын табар маастар сүөһүт кини буолара.
Пенсияҕа да тахсыбытын кэннэ үлэһит илии тиийбэккэ ыҥыран дайааркалары солбуйтараллара,хотон харабыллааччы.Сайылыкка көһүүгэ ырыганнаабыт, кыайан хаамар кыахтара суох сүөһүлэри сайыны быһа көрдөрөллөрө дэриэбинэҕэ.Сүөһүлэрин оҕолуу бүөбэйдээн,күһүн хата кимнээҕэр эмис-тот буолаллара.Сүөһү үлэтигэр 70-тан тахса сыл үлэлээбитэ, кыра сааһыттан хара үлэттэн илиитин араарбатаҕа.80-нун ааһыар дылы аҕабынаан кэтэх сүөһү көрөн олорбуттара.
Биһиги күндү ийэбит Мария Алексеевна бу сайын 100 сааһын өрө көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн бэлиэтээтибит, улуус баһылыга Винокуров Сергей Николаевич кэлэн «Үйэ» бэлиэни харчыннан бириэмийэ туттарбыта.Кырдьаҕастар советтарын бэрэсэдээтэлэ Солтуев Герасим Алексеевич «Улуус бочуоттаах ветерана» диэн лента кэтэрдибитэ.Үгүс үтүө тыллар анаммыттара, Бүлүү улууһун депутаттара бэлэх туттарбыттара, эҕэрдэ тылларын тиэрдибиттэрэ.Биир үйэ олорбут ийэбитин өссө уһуннук оҕолорун,сиэннэрин далбардарыгар олороругар баҕарабыт.Ийэбитигэр кыайыы 75 сылыгар Бүлүү куоратыгар толору хааччыллыылаах дьиэ биэрэннэр улууспут салайааччыларыгар махталбыт муҥура суох!Өр сыллаах үлэтэ, олоҕо сыаналаммыта.
Ийэбит киһи быһыытынан кытаанах,күүстээх санаалаах, куруутун үөрэ-көтө сылдьар, элбэх кэпсээннээх, сэһэннээх киһи.Олоххо көхтөөх сыһыаннаах, билиҥҥэ дылы ким хаһан төрөөбүтүн ааҕа билэр, сүрдээҕин өйүгэр тутар, өйүгэр хатыырынан тэҥнээҕэ суох.
Урут эдэрчи эрдэҕинэ дьоннор кэлэн төрүччү оҥостоорулар сурунан, атах тэпсэн олорон, сэһэргэһэн, үөрэн, астынан барааччылар.Оскуолаҕа үөрэммитэ буоллар дьэ сүрдээх билиилээх киһи буолуо этэ.Бэйэтэ телевизортан, хаһыаттан көрөн улахан буукубалаах тыллары ааҕааччы, илиитин баттыыра, ол бэйэтэ көрөн үөрэммитэ, уруһуйдьут талааннаах,кумааҕыннан сүөһүнү, сылгыны үкчү гына кырыйааччы.Аны куолаһа кылыһахтаах, ырыа тылын билэрэ буоллар ырыаны хото ыллыа этэ.
Ийэбит бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Прокопьева Мелания Алексеевна Хатаска олорор, эдьиийигэр 3-тэ,4-тэ баран күүлэйдээн кэлбитэ.Сааһыран баран ийэбит айан бөҕөтүн айаннаабыта.Кулуубка концертарга,ыһыахтарга 90-нун лаппа ааһыар дылы сылдьыбыта.Ийэбит ханна барыан баҕарда да булгуччу илдьээччибит.
Сүрдээх олоххо тардыһыылаах, активнай позициялаах буолан уһун үйэлэннэ.Өйө-санаата билиҥҥэ дылы ыраас, сырдык,чэгиэн.Барытын биһиги олохпутун билэн, ыйыталаһан, көрө-истэ, сүбэлии олорор,баттаҕын 90-ча сааһыгар дылы кырааскалатааччы, сэнэх буолан көстөөрү.Бэйэтин билиҥҥэ дылы ыраастык көрүнэр,таҥаһын-сабын сааһылыыр, олус аккуратнай. Ийэбит барахсан билиҥҥэ дылы сырдыкка, кэрэҕэ уһуйа олороргор махталбыт муҥура суох.Эн төһө да олоххор ыарахаттары көрсүбүтүҥ иһин инниҥ хоту хорутуулаахтык, дьулуурдаахтык айаннаан, олорон быйыл от ыйын 1 күнүгэр 102 сааскын туоллун !Биһиги ийэбитин, эбээбитин Мария Алексеевнаны олус күүскэ таптыыбыт, сыаналыыбыт уонна киэн туттабыт!
Күндү ийэбит бу курдук үөрэ-көтө өссө да уһуннук оҕолоруҥ, сиэннэриҥ ортотугар олор диэн алҕыыбыт!Үтүө, үлэһит киһиэхэ, саха далбар хотунугар Уруй-Айхал!Дом!
Суруйда кыыһа Иванова Клавдия Николаевна.
2023 сыл Бүлүү улууһун Илбэҥэ с.
Учуутал-олох тутаах киһитэ
Хайа ба5арар нэһилиэк ыччаттарынан сайдар, аатырар. Киэң билиилээх, олоххо дьулуурдаах, үлэһит үтүөтэ ыччаттардаах дойду кэхтэн – эстэн барбат, үүнэр, сайдар дьыл5аланар. Ыччат олоххо тардыһыытын, билиитин – көрүүтүн түстээччинэн, киһи быһыытынан иитиилээх тахсыытын оңкулун охсооччунан оскуола буолар. Хас биирдии киһиэхэ үөрэммит оскуолата, үөрэппит учууталлара, бииргэ үөрэммит до5отторо, төһө да күн – дьыл ол ыраах кэмнэри хаардыы сабан аастар, хаһан да умнуллубаттар. Оскуола идэлэригэр бэриниилээх, ыччаты иитиспит, олохторун сыала оңостубут инициативалаах учууталларынан аатырар.
Оскуола иннэҕии кэмҥэ Баппаҕаайы нэһилиэгэр үөрэх суолтатын өйөөн,аан бастаан ликпуун( пункт ликвидации неграмотности, аһан улахан дьону үөрэппиттэрэ.
Баппаҕаайы оскуолатын историята бастакы кылаас аһыллыбыт кэмитттэн ( 1929- 30 үө.дь) саҕаланар.
Баппаҕаайы нэhилиэгэр бастакы оскуола 1929-30 үөрэх дьылыгар Сортуол учаастагар Хомустаах диэн сиргэ сэниэ ыал Алексеев Алексей Гаврильевич (Ботой) икки хостоох дьиэтигэр 17 оҕону хабан, бастакы кылаас аhыллыбыта. Учууталынан Михайлов Петр Семенович үлэлээбитэ.
1931-32 үөрэх дьылыгар Өбүгэҕэ Тыҥа Уйбаан биир хостоох дьиэтигэр оскуола сэбиэдиссэйинэн Ахчагныров Иван Федотович (ССРС уонна Польскай народнай республика орденнарын кавалера), Хомустаахха учууталынан уонна оскуола сэбиэдиссэйинэн Березкин Виктор Николаевич (норуот үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, Бүлүү улууhун бочуоттаах гражданина) анаммыттара. Бу үөрэх дьылыгар оскуолаҕа 66 араас саастаах оҕону түмэн үөрэппиттэрэ. Сменанан үөрэтиигэ сааhынан буолбакка, ким ханна олорорунан араарбыттара. Инньэ гынан учуутал сарсыарда халлаан сырдыаҕыттан хараҥарыар диэри үлэлиирэ.
1931 сыл күhүнүгэр саҥа оскуола тутуллуута Дьабдьакыын кинээс уhаайбатыгар саҕаланан баран 1932 с. бүппүтэ.
1933-34 сс. сэбиэдиссэйинэн Егоров Михаил Афанасьевич анаммыта. Бу үөрэх дьылыттан комсомольскай тэрилтэ үлэлээбитэ, тэрилтэни Семенов Роман Николаевич салайбыта. 1940-41 үөрэх дьылыгар ситэтэ суох орто оскуола буолбута. Бу үөрэх дьылыгар 127 оҕо үөрэммитэ.
1944 сыллаахха дылы сэттэ кылаастана сылдьыбыт. 1944-45 үө.дь. биэс кылаастаах, 1946-47 үө.дь. начальнай оскуола буолбута.
Сэрии кэннинээҕи кэмҥэ оскуола нэhилиэк эргийэр киинэ буолбута. Үөрэнэр оҕо үгүстэрэ интернатынан эрэ хааччыллар буоллахтарына үөрэнэр кыахтаахтара.
1948-49 үөрэх дьылыттан оскуола 7 кылаастаммыта. Бу кэмҥэ директорынан Корякин Иван Ионович үлэлиирэ.
1949-50 сс. нэһилиэккэ үһүс Сталинскай оскуола Сортуол учаастагар аһыллыбыта. Манна сэбиэдиссэйинэн Ефим Алексеевич Михеев кэргэнинээн Татьяна Алексеевна Кржижановскаялыын үлэлээбиттэр. Бу оскуола биир сыл үлэлээн баран, холкуостар холбоһууларынан сибээстээн сабыллан хаалбыта.
Билиигэ сирдиир, сырдыгы-кэрэни кэрэһэлиир оскуола олох уларыйыыларын кытта тэҥҥэ хардыылаан, тэҥҥэ сайдан испитэ. Оскуолаттан үтүө-мааны, эрчимнээх, ситиһиилээх ыччаттар олох киэҥ суолугар үктэммиттэрэ.
Көлүөнэ дьону ииппит, оскуоланы салайбыт дириэктэрдэр
Сэрии кэннинээҕи кэмҥэ оскуола нэhилиэк эргийэр киинэ буолбута. Үөрэнэр оҕо үгүстэрэ интернатынан эрэ хааччыллар буоллахтарына үөрэнэр кыахтаахтара. 1948-49 үөрэх дьылыттан оскуола 7 кылаастаммыта. Бу кэмҥэ директорынан Корякин Иван Ионович үлэлиирэ. 1949-50 сс. нэһилиэккэ үһүс Сталинскай оскуола Сортуол учаастагар аһыллыбыта. Манна сэбиэдиссэйинэн Ефим Алексеевич Михеев кэргэнинээн Татьяна Алексеевна Кржижановскаялыын үлэлээбиттэр. Бу оскуола биир сыл үлэлээн баран, холкуостар холбоһууларынан сибээстээн сабыллан хаалбыта.
Томскай Федор Семенович 1950-52 үө.дь. оскуола дириэктэринэн анаммыта. Өр сылларга начаалынай кылаас, география, труд учууталынан ситиьиилээхтик үлэлээбитэ. Араас тиэмэлээх оскуола хаһыатын таһаарара. Нэһилиэк общественнай үлэтигэр көхтөөхтүк кыттара, өр кэмҥэ политинформатордаабыта, ыччака, коммунистарга элбэх бэсиэдэни ыытара.
1952 сылтан дириэктэринэн Харлампьев Афанасий Гаврильевич ананан үлэлии кэлбит. Афанасий Гаврильевич барыта 18 сыл оскуола сэбиэдиссэйинэн, дириэктэринэн үлэлээбитэ. 1961-62 сс. оскуола 8 кылаастаах буолбут. Мантан ыла үөрэх суолтатын өйдөөн, оҕону булгуччулаахтык үөрэттэрии саҕаламмыта. Бу саҕанааҕы учууталлар оҕону үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, оҕолор астарын-таҥастарын булаллара, олохторун-дьаhахтарын көрөллөрө-истэллэрэ, кинилэр тустарыгар бириэмэни, доруобуйаны харыстаабакка үлэлииллэрэ. Оскуола материальнай-техническэй базата хаҥыырыгар болҕомтону уураллара.
Афанасий Николаевич Андреев 1970 сылтан аҕыс кылаастаах, онтон орто оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ. Эдэр киһи бастаан ыарахаттары көрсөн баран, кэлин коллектив көмөтүнэн, роно өйөөһүнүнэн, минпрос сүбэтинэн сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Афанасий Николаевич үлэлиир кэмигэр оскуола материальнай-техническэй базата биллэ тупсубута, саҥа оборудованиелар, миэбэллэр кэлбиттэрэ, эр дьон учууталлар уонна нэһилиэк көмөтүнэн туспа начальнай оскуола тутуллубута. Арыылаах учаастагар сайыҥҥы үлэ лааҕырын үлэлэтии саҕаламмыта. Афанасий Николаевич олус ирдэбиллээх учуутал этэ. Элбэх үөрэнээччилэрэ кини суолунан биолог – химик идэтин баһылаан, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Оскуола дириэктэринэн Николай Петрович Шамаев 1978 сыллаахха анаммыта. 1980 сыллаахха оскуола 50 сыллаах үбүлүөйүн нэһилиэк ыһыаҕын кытта хоһулаһыннаран киэҥ хабааһыннаахтык тэрийэн ыыппыттарын билиҥҥэ диэри кырдьаҕастар ахта саныыллар. Бу сыл оскуола бары объегын ититии систематыгар көһөрүллүбүт. Система материалынан Нерюнгри куоратыгар горком иккис секретарынан үлэлии олорбут биир дойдулаахпыт Петр Семенович Федоров хааччыйбыт. Элбэх ыччаты математика мындыр суотугар сирдээбитэ. Элбэх математиктар, экэномистар,финансистар Республика улуустарыгар үлэлии сылдьаллар.
Степан Николаевич Романов 1982 с. директорынан ананар. Бу кэмҥэ оскуолаҕа производственнай үөрэхтээһин киирэр. Оскуола коллектива эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ совхозка төһүү күүс буолар. Степан Николаевич Баппаҕаайы оҕолорун математикаҕа дьоҕурдарын уһугуннарбыт учуутал. Уһун переменаларга Украина кино аппаратынан киинэ көрдөрөрө. Элбэх оҕо киинэ куруһуогар дьарыктаналлара.Араас киинэлэри көрдөрөллөрө.Астрономия предметин интириэһинэйдик ыытара. Оҕо бары халлаан эттиктэрин үөрэтэллэрэ,телескобынан халлааны чинчийэллэрэ. Саҥарара, кэпсиирэ сааһыламмыт юуолара, билиитэ-көрүүтэ киэҥинэн таһыччы этэ.
1991-1993, 1997-2003 сс. Марк Гаврильевич Харлампьев директорынан ананар. Улахан оскуола эргэрэн, хаарбах туруктаммытынан, начальнай оскуола корпуһа тэллэйдээбитинэн, улуус салалтатыттан көҥүл ылан, сопхуос хонтуоратыгар уонна балыыһаҕа анаан тутуллубут объекка оҕолор үөрэнэллэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийбитэ. Учууталлар идэлэрин таһымын үрдэтии, үөрэх хаачыстыбатын ситиһэр туһуттан идэҕэ айымньылаахтык сыһыаннаһыы туһунан педсоветтары ыытара. Оскуолаҕа уазик массыына ылан, үөрэнээччилэр улууска олимпиадаларга, күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кытталлара. Учууталлар араас таһымнаах конкурстарга, ярмаркаларга кыттан, таһымнарын үрдэтэллэрэ. ЕГЭ бастаан киириитин сатабылаахтык тэрийэн, оҕолор нэһилиэктэриттэн туттарсан үрдүк, орто үөрэххэ киирэллэрэ. Марк Гаврильевич үөрэтэр предметын физиканы хас биирдии үөрэнээччигэ тиэрдэ сатыыр дьулуурдааҕа. Предметыгар муҥура суох бэриниилээх, олус ирдэбиллээх учуутал этэ.
Кыра кылаастан са5алаан
Маҥнайгы учуутал….. Хайдахтаах курдук күндү тылларый!.. Ама ким умнуой үөрэх сырдык аартыгар угуйа ыҥырбыт бастакы чуораан чылыгырыы чугдаарбытын, А – тан, Б – тан аттаран аан бастаан ЫТЫ, АТЫ аахтара үөрэппит, билии – көрүү ча5ыл сырдык кыымын сахпыт, харахпытын арыйбыт бастакы учууталбыт кэрэ мөссүөнүн. Сөбүлүүр уруоктарбыт, көрдөөх – нардаах переменалар, о5о – аймах ча5аан чугдаара – бу барыта дьоллоох о5о саас умнуллубат үтүөкэн өйдөбүллэрэ.
Ханнык ба5арар дьыала инники хаамыыта уонна сайдыыта хайдах са5аламмытыттан тутулуктаа5а чуолкай. Ол курдук оҥой – соҥой көрбүт кырачааннар аан бастаан оскуола боруогун атыллаан, билии – көрүү дойдутугар айаннарга, үѳрэх сыһыаннарыгар, төһө дьулуурдаах, дьаныардаах буолууларыгар кинилэр маҥнайгы учууталлара сабыдыала улахан.
Алын кылаас учууталларынан өр сылларга үлэлээбит үтүөкэннээх коллегаларбытын үбүлүөйдээх сылбытыгар сылаас тылларынан ахта –санаан ааһабыт.
Федорова Екатерина Никитична 1950 сыллаахха педучилищены бүтэрэн, Баппаҕаайы нэһилиэгин Илбэҥэ сэттэ кылаастаах оскуолатыгар ананан, «нулевой» кылаас учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Баппааҕаайы орто оскуолатыгар харыс сири халбарыйбакка 40-тан тахса сыл үлэлээбитэ. Кини өр сылларга «Үөрэнээччи логическай толкуйун сайыннарыы» диэн методическай теманы ырыппыта. Ол үлэтин түмүгүнэн үөрэнээччилэр 100 % үөрэҕи ситиһэллэрин тэрийбитэ. Кини киэҥ билиитин, сатабылын саҥа улэлиир учууталларга үөрэ-көтө үллэстэрэ: киниэхэ 16 эдэр учуутал педагогическай практиканы барбыта ону туоһулуур. Өр сыллаах сыралаах үлэтин түмэн педагогическай ааҕыыларга кыттара. Кини «Дьиэҕэ үлэ оҕо кругозорун сайыннарар ньыма», «Оҕо кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы» үлэлэрэ үгүс сэҥээриини ылбыттара.
Кыра кэпсээннэри оҕо дууhатыгар иҥэр гына сатаан кэпсиирэ. Онон оҕолор истэн, кэпсээн ис хоhоонуттан үөрэллэрэ, хомойоллоро, ардыгар ытыы да олорор буолаллара. Итинэн кини кыракый оҕолору кинигэни таптыырга, ааҕары сөбүлүүргэ үөрэттэҕэ.
Екатерина Никитична 10 сыл устата 1978-1988 сылларга Баппаҕаайы оскуолатын алын кылаастарын учууталларын методическай холбоһуктарын салайбыта.
Үгүс төрөппүт киниэхэ махтанан хаһыакка суруйбуттара. Екатерина Никитична үтүө үлэтин туһунан атын да суруналыыстар, инспектордар, учууталлар суруйуулара элбэх.
Екатерина Никитична 1950-1988 сылларга араас общественнай үлэни толорбута, ол курдук женкомитет чилиэнинэн, оскуола төрөппүттэрин комитетын чилиэнинэн, народнай сэтээтэлинэн, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэккэ бэрээдэк тупсарын тэрийэр Сэбиэт чилиэнинэн, агитзона лекторынан үлэлээбитэ.
Васильева Клара Михайловна 1971 сылтан Баппа5аайы орто оскуолатыгар интернат воспитателинэн, уон сыл сэбиэдиссэйинэн, онтон уһатыллыбыт күннээх группа5а учууталынан үлэлээбитэ. О5ону иитиигэ уонна үѳрэтиигэ оло5ун 30 сылын анаабыта, элбэх о5ону үтүѳ5э, кэрэ5э уһуйбута.
Томская Дария Семеновна алын кылааска үѳрэтэр о5олоругар таба аа5ан – суруйан, суоттаан туруктаах биллиилээх буолалларыгар элбэх сыратын ууран, толкуйдаан, онуоха сѳп түбэһэр пособие бѳ5ѳтүн оҥостон үлэлэһэрэ, мэлдьи ситиһиилээхтик үѳрэнэллэригэр кыһаллара. Хас биирдии үѳрэтэр о5отугар истиҥник сыһыаннаһара, сүрэ5ин сылааһын бэрсэр, холку, сэмэй мичээрдээх элбэх о5о маннайгы учуутала.
Алексеева Елизавета Марковна 1961 үѳрэх сылыттан 1990 үѳрэх сылыгар диэри тѳрѳѳбүт нэһилиэгэр, Баппа5аайы орто оскуолатыгар 38 сыл устата начальнай кылаас учууталынан, интернат иитээччитинэн, уһатыллыбыт күн иитээччитинэн, кружок салайааччытынан үлэлээн кэлбитэ. Барыта үѳрэх кыһатыгар 40 сыл устата үлэлээбитэ.
1963 – 67 үѳрэх сылларыгар 1 кылаастан 4 кылааска диэри 23 о5ону выпусктаабыта, ол о5олортон үрдүк үѳрэ5и 12 о5о бүтэрбитэ уонна элбэх о5о орто анал үѳрэхтэри бүтэрбиттэрэ. Уорэнээччилэрин махталларын элбэхтик истэрэ. Интернакка 12 сыл устата иитээччинэн үлэлээбитэ.
Элбэх о5о үнүгэс курдук үүнэн-сайдан тахсарыгар кыhамньылаах үлэтинэн үөрэххэ-билиигэ аан маҥнай сирдээбит алын кылаас учуутала Алексеева Июлия Алексеевна буолар. Ис сүрэҕиттэн кыhанан туран үөрэх предметтэринэн билиини эрэ биэриигэ буолбакка, бу аныгы олоххо саамай улахан бастыҥ ирдэбил буолбут – сиэргэ-майгыга, бэйэ-бэйэҕэ до5ордуу сыhыаҥҥа, төрөөбүт дойдуну-нэhилиэги, аҕа көлүөнэни ытыктыыр өйгө-санааҕа ииппитэ.
Учитель-словесник – учитель всех времен
МБОУ «Баппагайинская СОШ имени М.А. Алексеева» имеет богатую историю, состоящую из судеб многочисленных своих воспитанников и педагогов. У истоков преподавания русского языка и литературы в нашей школе стоял Афанасий Гаврильевич Харлампьев, участник ВОВ, кавалер орденов «Отечественной войны», «Знак почета», обладатель знака «Гражданская доблесть», Почетный гражданин Вилюйского улуса и Баппагаинского наслега.
Афанасий Харлампьев совсем молодым ушел на фронт, и, вернувшись с войны в 1946 году, он начал свою педагогическую деятельность учителем русского языка и литературы в своей родной школе. Талантливый педагог, умелый организатор с самых первых дней работы сумел увлечь своих воспитанников в завораживающий мир русского языка и литературы. Он был для своих учеников примером грамотного, высокообразованного специалиста и знатока русской литературы. Его уроки отличались богатым наполнением не только школьного курса, но ижизненными картинами, занимательными фактами того времени, при этом, как все фронтовики, он не любил рассказывать про войну, тем более про собственные истории. Афанасий Гаврильевич в совершенстве владел русской речью, имел красивый бархатный голос, умело использовал художественное чтение текста, сам часто читал на уроках стихотворения, отрывки из произведений и старался приучать своих учеников к чтению, правильному и полному выражению своих мыслей, а также был строгим стражем требований правописания и чистописания. Одним из его секретов профессионального успеха было постоянное самообразование и систематическое повышение квалификации. В 1962 году Афанасий Гаврильевич съездил в Липецкую область в составе делегации учителей республики с целью знакомства с передовым педагогическим опытом. Он делегат IIсъезда учителей ЯАССР. На протяжении многих лет Афанасий Гаврильевич являлся бессменным директором школы, лектором Общества «Знание», активным участником общественной жизни наслега.
В послевоенное время, когда остро чувствовалась нехватка квалифицированных учительских кадров, по трудовым путевкам приезжали в нашу республику учителя из центральных регионов. В 1951 году приехали из Ивановской области Зотова Алевтина Алексеевна, Бочарова Валентина Ивановна. Эти молодые учительницы, носители богатой русской культуры, оставили самые приятные воспоминания о себе, став терпеливыми и великодушными наставниками для своих учеников из глубинки в постижении мудростей великого русского языка и таинств русской литературы.
В 60 -е годы новым учителем русского языка и литературы была назначена Галина Иннокентьевна Семенова, позже ставшая супругой Степана Николаевича Романова, учителя математики и физики. Еще молодыми специалистами связавшие свою судьбу с нашей школой, воспитавшие не одно поколение селян, они стали одними из самых уважаемых педагогов в Баппагаинском наслеге. Галина Иннокентьевна отличалась безупречной организованностью, требовательностью к себе и другим. На ее уроках все старались активно работать, выполнять домашние задания. Каждый проявленный интерес, творческий подход к предмету со стороны своих учеников непременно отмечался учителем то высокой оценкой, то публичной похвалой, которые становились подъемной силой даже для самых «отстающих».
В 70-е, 80-е годы, когда перед страной ставились прорывные задачи, требовались грамотные и знающие специалисты по всем отраслям, и перед школой стали новые требования по оснащенности учебных кабинетов, способствующие углубленному изучению некоторых школьных предметов, использованию разнообразных дидактических материалов. Для нашей школы, которая находилась в 240 километрах от районного центра, к тому же в условиях бездорожья оборудование кабинетов, оснащение техническими средствами обучения были огромной проблемой. В связи с этим хочется вспомнить имена педагогов, которые порой только на собственном энтузиазме смогли совершенствовать и развить преподавание русского языка и литературы, не только в своей школе, но и за пределами нашего района. Это Тамара Николаевна Сергеева, Вера Дмитриевна Васильева, Марфа Семеновна Гаврильева.
Марфа Семеновна Гаврильева, отличник народного образования РСФСР, работавшая в период с 1970 по 1998 гг., высококлассный специалист, человек с активной жизненной позицией, ценитель нововведений, имеющий широкий кругозор, владеющий тонким чувством юмора, умеющий находить выход из любых трудных ситуаций. Особое внимание уделяла проблемам социализации детей, формированиюу своих подопечных трудолюбия, усидчивости в достижении своих целей. Она умело использовала проблемные и дифференцированные, активные и игровые методы преподавания: интеллектуальные ринги, турниры, викторины и другие эффективные методы, и приемы. За годы работы сумела поднять совершенно на новый уровень внеурочную и внеклассную деятельность учащихся. Особое внимание обращала на творчество воспитанников: создала литературный кружок «Сортуол».
В 1976 году, одной из первых в республике, в Баппагаинской средней школе была введена кабинетная система. Кабинет русского языка и литературы по тем меркам была образцово-показательным только благодаря самоотверженному труду Тамары Николаевны Сергеевой, отличника просвещения РФ, обладателя почетного звания «Учитель учителей РС(Я)», работавшей в нашей школе с 1975 по 1986 гг. Она ежегодно ездила по многим историческим, культурным, литературным местам Советского Союза. Из своих многочисленных путешествий привозила огромное количество интересных и нужных материалов для школьного кабинета, которые сразу становились верными помощниками для ее учеников в приобретении глубоких знаний, навыков работы с дополнительной литературой, в их творческих и поисковых начинаниях. Тамара Николаевна на своих уроках умело сочетала многие прогрессивные приемы и методы того времени: просмотр документальных и художественных фильмов, музыкальных произведений, устраивала заочные экскурсии в известные музеи и театры. Ее уроки были своеобразными проводниками в другие страны, города и даже эпохи, что способствовало повышению мотивации учения, формированию познавательного интереса учащихся, формированию целостной картины мира.
Төрөөбүт тылга уонна литэрэтиирэтигэр умсугутар учууталлар
Төрөөбүт тыл киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар,өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар.
Саха тылын учууталлара, баҕарар сүрүн баҕалара: төрөөбүт тылын үрдүктүк тутар, норуотун туһугар, А.Е. Кулаковскай эппитинии,» суон дурда, халыҥ хахха» буолар киһини иитэн таһаарыы.
Саха тыла үөрэх эйгэтигэр кэлимник, ситимнээхтик киирэрин иннигэр үгүс сыратын-сылбатын анаабыт Алексеев Егор Сидорович буолар. Егор Сидорович 1939с оскуола выпускнига. Империалистическай Японияны кытта сэрии кыттыылааҕа, Саха республикатын үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР физическэй культураҕа, спорка туйгуна, педагогическай үлэ ветерана.
1948-1987сс. физкультура, саха тылын учууталынан үлэлээбитэ. Краевед, “Октябрь суола” хаhыакка 50 сыл устата общественнай корреспондент, нэhилиэк историятын үөрэппитэ уонна баай матырыйааллары хаалларбыта.
Егор Сидорович – бэйэтин көлүөнэтин тумус дьонуттан биирдэстэрэ, олоҕун норуотугар, норуотун тылыгар, үөрэҕириитигэр толору анаабыт киһи. Кини хас биирдии учууталга, үөрэтэр оҕолоругар истиҥник сыһыаннаһара. Куруук күлэ-үөрэ көрсөн, иҥэн-тоҥон кэпсэтэрин астынарбыт. Егор Сидорович дириҥ билиилээҕинэн, киһи быһыытынан сытыары сымнаҕас майгылааҕынан, дьону-сэргэни бэйэтин тула түмэр дьоҕурдааҕынан биллэр. Кини суруйан, чинчийэн хаалларбыт сүдү үлэлэрэ: Баппаҕаайыта нэһилиэгин оскуолатын историята, колхоз тэриллиитин историята, үлэ, сэрии ветераннарын ахтыылара кэнчээри ыччаты иитэргэ-үөрэтэргэ күүс-көмө буола туруохтара.
Төрөөбүт тылбыт баайын, кыаҕын, сүмэтин, кэрэтин сүтэрбэккэ, кэнчээри ыччакка тириэрдэр сыаллаах Никифорова Светлана Николаевна 1995-2011 сс. саха тылын, литэрэтиирээтин уонна төрүт культуура уруоктарын учууталынан үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмигэр “Айар Куорсун” диэн литературнай куруhуогу салайбыта. Оҕолор хоhоону олус сөбүлээн, ис дууhаларыттан арыллан, айымнньылаахтык суруйар буолтара, мелодиялаан, ырыа гынан, сыанаҕа ыллыыллара.”Кыыс Куо” кыргыттарга аналлаах конкурус, “Булугас өйдөөхтөр күрэхтэрэ”, “Тыл хонуута” интеллектуальнай оонньуулар,”Аман өс” диэн куолуhуттар күрэхтэрин автордара.
1991 сыллаахха Национальнай Концепция ылыллыбыта. Бу саха омук олоҕор саҥа сүүрээни киллэрбитэ, тылга болҕомто ууруллубута. Өбүгэ үгэһин үөрэтэр “Төрүт культура” биридимиэтэ киллэриллибитэ. Бу кэмҥэ оскуолаҕа Шамаев Николай Михайлович үлэтин саҕалаабыта. 1965 сыллаахха Н.Г.Чернышевскай аатынан Булуутээ5и педагогическай училищены бутэрэн баран улэтин физкультура учууталынан саҕалаабыта. Ол курдук, Ленскэй оройуонун Толоон оскуолатыгар, Бэтинчэ оскуолатыгар, Горнай оройуонун Орто-Сурт оскуолатыгар улэлээбитэ. Уерэнэр сылларыгар хайыhарга, сууруугэ, сахалыы ыстаныыга уонна волейбол оонньуутугар училище хамаандатын биир бастыц спортсмена буолар. Хайыhар, чэпчэки атлетика курэхтэригэр оройуоцца, республикаҕа кыайыылаах, призер буолара. Педагогическай училище5а уерэнэ сылдьан, хайыhарга Барнаул, Златоуст куораттарга тиийэ курэхтэспитэ. Онтон элбэх сыл оскуолаттан совхоз специалиьын быһыытынан тэйэ сылдьан баран, төннүбүтэ. Оскуолаҕа улэлиир кэмигэр сурдээх эппиэтинэстээхтик, хас биирдии оҕоҕо ис сурэҕиттэн кыhаллан улэлээбиэт. Билиҥҥэ диэри үөрэппит оҕолоро наhаа истицник, махталлаахтык ахталлар.
Кэрэ көстүүнү, кэрэ эйгэни, чөл олоҕу түстүүр учууталларбыт
Кыыс оҕо ууһу ууһатааччы, алаһа дьиэ араҥаччыта буоларын өйдөтөн, кэрэни кэрэхсииргэ, үчүгэйи үксэтэргэ уһуйбут, ийэ,эбэ, кыыс истиҥ сыһыаннарын, сатабылларын көрдөрөн, ол холобурунан иитиигэ үгүс сыраларын биэрэн үлэлээбит учууталларбытыгар махталбыт муҥура суох.
Андреева – Таскина Татьяна Алексеевна 1962 с. Бүлүү педучилищетыгар үѳрэнэ киирбитэ уонна 1964 с. үчүгэйдик үѳрэнэн бүтэрээт, биһиги оскуолабытыгар учууталынан ананан, үлэлии кэлбитэ. Бастаан география, история, домоводство предметтэрин үѳрэппитэ. Татьяна Алексеевна5а иискэ, баайарга, сатабыллаах дьиэ хаһаайката буоларга үөрэппит дьо5урдарыгар олус истиҥник үөрэппит оҕолоро махтана ахталлар. Үрдүк таhымнаах үчүгэй, араас этаптардаах, нагляднай пособиелардаах уруоктары ыытара. Кэнники начальнай кылаастар үѳрэнээччилэрин продленнай группаларыгар, интернакка воспитателинэн эмиэ кыһамньылаахтык үлэлээбитэ.
1972 с. Афанасьева Александра Васильевна старшай пионер баһаатай быһыытынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Александра Васильевна тэрийэр дьоҕурун,оҕоҕо наһаа амарах сыһыанын үөрэнээччилэрэ истиҥник махтана ахталлар. Дружина советын кытта былааннаан араас көрсүһүүлэр, конкурстар, октябреноктары кытта пионервожатайдар үлэлэрэ, үгэс буолбут пионерскай байыаннай-спортивнай “Зарница” оонньуу олус көхтөөхтүк, тэрээһиннээхтик ыытыллаллара. Маны таһынан Александра Васильевна айылҕаттан иистэнэр дьоҕурдаах, мындыр буолан “Уһуйаан” студияҕа оҕолору дьарыктаан үөрэнээччилэрин оҥоһуктара улууска миэстэлэһэллэрэ. Ордук баайыы, макраме өрүүтүн кистэлэҥнэригэр уһуйбута. Аан бастаан туостан араас киэргэллэри оҥорууну киллэрбитэ. «Оһуор” ансаамбыл үҥкүүһүт кыргыттарыгар туос ыаҕайа оҥорбута биһирэбили ылбыта.
Биһиги оскуола коллективыгар олус кылгас кэмҥэ күлүм гынан ааспыт киһибит, сырдыгынан сыдьаайар сэбэрэлээх, уһун дьулугур уҥуохтаах, эйэҕэс мичээрдээх Иванова Туйаара Петровна буолар. Туйаара Петровна биһиги оскуолабытыгар 1999 сылтан үлэ уруогун учууталынан, уһуйаан студия салайааччытынан, кылаас салайааччытынан, профком председателинэн үлэлээбитэ. Туяра Петровна үлэлээбит сылларыгар бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта. ”Уһуйаан“ студияны тэрийэн, дьоҕурдаах оҕолору талан, бэйэтин билиитигэр, сатабылыгар үөрэппитэ. Үлэтин сүрүн хайысхаларынан сахалыы таҥаһы, былыргылыы туос иһити тигии, түүлээҕи өбүгэлэр үгэстэригэр олоҕуран тигии, гобеленнары өрүү, сииктэр араастарын, суолталарын билии буолара.
Уол оҕо – норуот кэскилэ. Норуот дьылҕата, сырдык ыра санаата уолаттартан тутулуктаах. Уол оҕо лоп- бааччы, туттара -хаптара эрэллээх, санаата күүстээх, инникигэ сыаллаах- соруктаах, илиитигэр дьоҕурдаах буолан тахсарыгар ситиьиилээхтик улэлээбит киэн туттар учууталбыт Николаев Афанасий Дмитриевич буолар. Афанасий Дмитриевич сыллаахха Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрэн, Баппаҕаайы орто оскуолатыгар үлэ, уруhуй, черчение учууталынан үлэҕэ киирбитэ. Кэлэн эргэ мастерскойу кэңэтэн, иhин – таhын оңорон үлэҕэ киллэрбитэ. Дьокуускайтан станоктары аҕалан, үлэтин саҕалаабыта. «Дьоҕурдаах илиилэр» диэн куруhуогу арыйан элбэх оҕону дьарыктаабыта. Элбэх оҕолор оройуон, республика көрүүлэрин, лауреаттарын, дипломаннарын үрдүк ааттарын ылбыттара. Улэлэрэ дойду араас музейдарыгар тураллар. 1984 с. ыччаттар Бүтүн Аан дойдутааҕы фестивалларыгар Москваҕа 6-та бастыҥ үлэни омук ыалдьыттарыгар сувенир быhыытынан ыыппыттара. Канада Монреаль куоратыгар Саха сирэ «Человек и природа»- диэн быыстапка5а Алексеев П.К. «булчуттар» – диэн муостан үлэтинэн кыттыбыта. 1989 сыллааха мастерской базатыгар үлэ уруогун учууталларыгар Республиканскай семинар ыыппыта. 1991 сыллаахха «Работать с опережением» диэн үлэтин опыта республикаҕа киэҥник тарҕаммыта. 1992 сыллаахха улууска «Сыл бастыҥ учуутала» аатын ылан республикаҕа кыттар чиэhи ылбыта. Онно тиийэн 30-ча учууталтан II-с миэстэни ылан «Методист» – учуутал аатын иҥэрбиттэрэ, уонна оскуолатыгар босхо автобус ылан аҕалбыта. 1979с. – ЛТО ну салайан, 320 тонна оту оттоон республикаҕа III – с буолан тыа хаhаайыстыбатын министерствотын фондатыттан ГАЗ – 53 массыынаннан оскуола бириэмийэлэммитэ.
Киһи этэ-сиинэ өйүн кытта тэҥҥэ сайдыахтаах. Төһө да өйү-санааны сайыннарбытыҥ иһин, эт-хаан өттүнэн хаалыылаах буоллаххына инникитин кыраны да тулуйбат буолуохха сөп. Ол курдук, өй уонна күүс арахсыбат тутулуктаахтар. Физкультура учуутала Гаврильев Роман Семенович Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрэн, Хаҕын, II Чочу оскуолаларыгар дириэктэринэн, дириэктэри үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, учууталынан үлэлээбитэ. Онтон 1970 сылларга үөрэммит оскуолатыгар кэлэн, физрук быһыытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Уруок тас өттүгэр уолаттарга тустууну, ордук хайыһарга оҕолору эрчийэрэ. Нэһилиэккэ ыытыллар үлэлэргэ эдэр киһи быһыытынан көхтөөхтүк кыттара. Оҕолорго араас хайыһар десанын, көҥүл тустууга күрэхтэһиилэри ыытара. Оройуоҥҥа тиийэ күрэхтэһэллэрэ.
Николай Федорович Антонов нэһилиэккэ убаастанар бэртээхэй учуутал үлэлээн- хамсаан, оскуола сайдыытыгар сүппэт суолу –ииһи хаалларбыта. Николай Федорович идэтинэн физическэй культура учуутала. ЯПУ бүтэрэн, үлэтин Бөкчөөҥө аҕыс кылаастаах оскуолатыгар саҕалаабыта. 1982 сылтан үөрэммит оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитэ, онтон кэтэхтэн Благовещенскай пединститу физкультура салаатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Николай Федорович үлэлээбит кэмнэригэр Баппаҕаайы нэһилиэгэр спорт сайдарыгар элбэх кэскиллээх үлэни оҥорбута. Николай Федорович ордук чэпчэки атлетикаҕа, сүүрүүгэ, хаһыйарга эрчийэрэ. Улууска биир бастыҥ физкультура учууталын быһыытынан биллэрэ. Оскуола5а өр сылларга профком бэрэссэдээтэлинэн улэлээбитэ.
Учуутал баар буолан…
Учуутал! Хас биирдии киһи учуутал билиититтэн кынат үүннэрэн олох киэҥ аартыгар үктэнэр. Учуутал баар буолан, истрия кэрдиис кэмнэрин билэргэ, физика сокуоннарын туьанарга, уустук ахсаан суотугар, төрөөбүт төрүт тыл умсулҕаныгар биһиги эттиин – хаанныын уһуйуллабыт, уйдарабыт.
Үтүө, ыра санаалаах бастыҥ учууталларга үөрэнии дьол. Олортон биирдэстэрэ история уонна обществознание учуутала Прокопьева Степанида Алексеевна буолар. Степанида Алексеевна мэлдьи үөрэтэр уруоктарын ирдэбиллээхтик, үрдүк таhымҥа ыытара. Өрө көтөҕүллүүлээх, эрчимнээх дорҕоонноох чуолкай куолаhынан ылыннарыылаахтык кэпсээн киирэн бардаҕына, оҕолор чуумпуран истэллэрэ. Кэпсиир
тиэмэлэриттэн ордук байыаннай-историческай хабааннаах уруоктары интириэһиргииллэрэ.
Менякова (Григорьева) Екатерина Кузьминична Бүлүүтээҕи педагогическай училишены бүтэрээт, үөрэммит оскуолатыгар пионер баһаатайынан үлэтин саҕалаабыта. Саха сирин сайдыытыгар пионердар кылааттара сүнкэн улахан. Баһаатай диэн учуутал буолбатах. Мөҕөн дуу, куттаан дуу, биитэр күһэйэн дуу оҕоҕо дьайбат. Кини оҕо интэриэһин таба таайан, санаата туохха сытарын сэрэйэн, сэргэх үлэни тэрийиэхтээх. Манна оҕо бэйэтэ көҕүлээччи, сүрүннээччи буолуохтаах. Ол эрээри уопсай үлэни толорорго хас биирдии оҕо эппиэтинэһи ылар, эбээһинэһин толорор таһымҥа тахсарын ситиһиэхтээх. Быһатын эттэххэ, баһаатайынан анаммыт киһи сорох түгэннэргэ психолог, иитээччи, менеджер, аниматор, дипломат, юрист, методист да буолан ылыахтаах курдук. Маны таһынан кини дьону түмэр, көҕүлүүр, угуйар кыахтаах, айар куттаах, төлөн сүрэхтээх буолуохтаах. Маннык ирдэбиллэргэ толору сөп түбэһэн, Екатерина Кузьминична дьиҥнээх баһаатай диэн дьон санаатыгар үтүө өйдөбүлү сахпыта, дьоллоох оҕо сааһы оччотооҕу оҕолорго бэлэхтээбитэ. Ис-иһиттэн сандаара сылдьар баһаатайдарын сааһыран олорон үөрэнээччилэрэ олус күндүтүк ахталлар.
Митрофанов Виктор Алексеевич үлэтин аан бастаан үөрэммит оскуолатыгар география, биология учууталынан саҕалаабыта. Киэҥ кругозордаах, уустаан-ураннаан кэпсиир талааннаах, үлэтигэр олус кыһамньылаах эдэр учуутал оҕолорго тута сөбүлэппитэ, коллектив тутаах киһитэ буолбута. Тумус туттар киһитинэн норуот учуутала Алексеев Михаил Андреевич этэ. Михаил Андреевиьы кытта тэҥҥэ алтыспыт буолан, кини сүбэлэрин үлэтигэр өрүү туһанара, куруук ахтара-саныыра.
Кириллин МаксимКузьмич оскуола выпускнига, үөрэммит оскуолатыгар математика, физика, география учууталынан өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Максим Кузьмич үөрэтэр предметин үрдүк таһымнаахтык, интириэһинэйдик ыытара. Максим Кузьмич киһини умсугутар, сэмэй быһыытынан, кэрэ майгытынан, сыалы тутуһар, ирдэбиллээх уонна кырдьыктаах улэтинэн оскуоланы бүтэрбит элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэр сөбүлүүр, ытыктыыр учууталлара этэ. Үөрэнээччилэрэ оскуола, өрөспүүбүлүкэ иһинэн ыытыллар олимпиада5а өрүү миэстэлэьэллэрэ.
Учуутал, директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччыта, эдэр учууталлар сүбэһиттэрэ – Максим Кузьмич этэ. Өр сылларга солбуллубат профком председателинэн үлэлээбитэ. Оскуола ветеран уччуталларыгар, үлэһиттэригэр араас көмөнү, субботниктары, мероприятиелары тэрийэрэ. Сайын Арыылаахха от үлэтигэр уоппускатын кэмигэр ЛТО начальнигынан үлэлээбитэ.
Үлэлээбит сылларыгар икки кылааһы салайан, олох киэҥ аартыгар атаарбыта. Кини үөрэппит оҕолоро билигин республика араас муннуктарыгар ситиһиилээхтик үлэлииллэр.
Алексеев Егор Егорович биһиги оскуолабытыгар интернат сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Локочоонтон элбэх о5о интернатка олорон, орто уорэх аттестатын ылан олох киэн аартыгар уктэммиттэрэ. Егор Егорович бу эппиэттээх улэни утуо суобастаахтык толорон, о5олор олорор усулуобуйаларын соптоохтук тэрийэн, дууьатын ууран улэлээбитэ.
Производственнай уөрэхтээһин
1980 сылтан саҕалаан, оскуолаҕа производственнай үөрэхтээһин киирбитэ (животноводство уонна трактороведение).Бу хайысхаҕа оскуола 9-10 кылаас үөрэнээччилэрэ барыта хабыллар. Производственнай маастардар саха төрүт өйдөбүллэрин, дьарыгын, сиэрин-туомун, онтон да атын араас эйгэни хабан билиһиннэрэллэр.Тыа сиригэр сүөһүнү көрүү-истии, үүтүн харайыы, этин туһаҕа таһаарыы, отун оттооһун сатабылларыгар үөрэппиттэрэ. Уруогу таһынан дьарыкка билиҥҥи кэм үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэллэрэ. Трактор араас чаастарын, хайдах ыытары сатабыллаахтык үөрэтэллэрэ. Саас государственнай экзамен, вождение туталлара. Тыа сирин оҕолорун дириҥ, дэгиттэр сайдыылаах, билиилээх дьон буола улааталларын туһугар айымньылаахтык үөрэппиттэрэ. Араас сылларга производственнай маастардар урдук таһымнаахтык үлэлээбиттэрэ.
Күүс көмө дьоммут
Ханнык баҕарар оскуола үлэтэ-хамнаһа тэлгэһэтиттэн саҕаланар. Оскуола тас өттө бэрэдэктээх, минньигэс, тотоойу, сылаас астаах, ыраас, сырдык тутуулаах, оҕо, учуутал үөрэнэр-үлэлиир усулуобуйатын олохтооһун, биир улахан үлэ. Ол саамай бочуоттаах үлэни толороллор техническэй үлэһиттэрбит.
Оскуола аһыллыаҕыттан элбэх үлэһит үлэлээн ааста. Оскуола бастакы кэмнэргэ үлэтэ ыарахан этэ. Оскуолаҕа, интернакка 20–чэ оһох маһынан оттуллара. Маны таһынан учууталлар коммунальнайга ылар мастарын завхоз кэпсэтэн, сүүрэн-көтөн тиэйтэрэрэ. Маһынан оттуллар буолан, оскуола тымныы, хараҥа буолара. Оччолорго дьиэ сууйарга итии-сылаас бэлэм уу суоҕа. Остуорастар буочукаҕа хаары уулаан, ууну хааччынан, оскуоланы ыраастык тутан олорбуттара. Хас биирдии киһи сууйар иэнэ улахан буолара. Оскуола, интернат ремонун бэс ыйыгар оҥорон бүтэллэрэ. Урут кырааска суох буолара, онон сууйарга–соторго ыарахан этэ. Бу ыарахан үлэттэн салгыбакка үлэлээбиттэрэ:
Антонова Анна Яковлевна;
Григорьева Мария Егоровна;
Алексеева Анастасия Никифоровна;
Огудова Анна Алексеевна;
Никифорова АннаФилипповна;
Николаева Анна Николаевна;
Самсонова Палагея Ефимовна;
Алексеева Вера Сидоровна;
Жиркова Анна Спиридоновна;
Антонова Александра Васильевна
Кириллина Христина Игнатьевна.,
Антонова Марфа Осиповна,
Николаева Мария Алексеевна;
Антонова Ульяна Николаевна;
Антонова Прасковья Николаевна;
Алексеева Ульяна Афанасьевна.,
Петрова М.С.,
Акимова Вера Сидоровна;
Петров Никифор Николаевич;
Петрова Ульяна Никифоровна;
Алексеева Любовь Гаврильевна;
Таскина Прасковья Марковна;
70–с сылларга штукатурка, отопление киирбитэ. Бу отопление киирэригэр Федорова Мария Семеновна кылаата улахан этэ. Мария Семеновна саас муус устарга Нерюнгри куоракка директор Шамаев Николай Петровиһы кытта баран отопление материалын аҕалбыттара. От үлэтин кэннэ ититии систематын сүүрбэччэ хонук устата үлэлээн бүтэрбиттэрэ. Ыраастаан, сууйан-сотон, кырааскалаан, үөрэх аһыллыытыгар оскуола бэлэм буолбута.
Ирина Руфовна Үлэтигэр бэриниилээҕэ, кыһалҕалааҕы аһынара, барыларыгар көмөлөһө сатыыра.
Оскуолаҕа завхоһунан үлэлиир кэмигэр элбэх субботниктары тэрийэн үлэлэтэрэ, солбуоһун таҕыстар эрэ бэйэтинэн солбуйан иһэрэ.
Нэһилиэк культурнай олоҕор актыыбынай кыттааччы, женкомитекка постояннай чилиэнинэн сылдьыбыта.
70-с сылларга оҕону итии аһылыгынан хааччыйы боппуруоһа күүскэ туран, үлэҕэ киирбитэ. Сельпо дьаһалынан оскуола биир кылааһыгар буфет аһан, Петрова Анна Семеновна үлэлэппитэ. Кэлин туспа дьиэни оҥостон, Харлампьева Федора Нифонтовна үтүө суобастаахтык үлэлэбитэ. Кинилэр астарын бэйэлэрэ маҕаһыынтан салаасканан таһаллара. Ууларын, мастарын бэйэлэрэ таһынан оһох оттон, ас астыыллара. Ол сылларга 140-160 тиийэ оҕо үөрэнэр этэ. Күҥҥэ иккитэ итии, араас тотойу, минньигэс аһылыгы астаан аһаталлара. Ити кэмҥэ оҕолор кыра да буоллар 20, 30 кэппиэйкэҕэ харчыга атыылаһан, аһыыллара.
90-с сыллартан оҕо итии аһылыга оскуола үбүттэн көрүллэн, оҕо 100% босхо аһыыр буолбута.
Түмүк
Учуутал диэн сүдү, улуу идэ. Бу идэҕэ таба тайаммыттар киэҥ билиилэринэн, олоххо сыһыаннарынан, сүрэхтэрин сылааһынан үөрэнээччилэригэр сырдыгы-кэрэни саҕаллар, үгүс ыччат барҕа махталын, биһирэбилин үйэлэргэ ылаллар. Биьиги оскуола3а угус кылааттарын киллэрэн, улэлээн ааспыт учууталлар тустарынан сырдык өйдөбүл үйэлэргэ өлбөөдүйүө суоҕа. Кинилэр кэлэр көлүөнэ учууталларга холобур, чугас аймахтарыгар, дьонноругар-сэргэлэригэр киэн туттунуу уһун сылларга ахтылла, санатылла, үйэтитиллэ туруо5а.
Тахсыбыт матырыйаал оссо да ситэриллиэ. Нэьилиэк олохтоохторо эбии кыттыьан, араас сылларга улэлээн ааспыт, билигин биьиги кэккэбитигэр суох буолбут колуонэ оскуола улэьиттэрин туьунан хаартыскалары, ахтыылары ситэрэн, хомуйан биэрэн, комолоьуохтэрэ диэн эрэнэбит.
Хаартыскалар кэпсииллэр…
Елена Гаврильевна Харлампьева аатын үйэтитэр аллея
Бала5ан ыйын 29 күнүгэр Баппа5аайы нэhилиэгэр, аан бастаан Үөрэх министиэристибэтин салаатынан детсад группатын арыйбыт бастакы сэбиэдиссэй, новатор, киэҥ билиилээх, талааннаах, киэҥ көрүүлээх педагог Елена Гаврильевна Харлампьева аатын үйэтитэн үлэлээбит тэрилтэтин территориятыгар аллея арыйдыбыт. Ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан Елена Гаврильевна о5олоро Гаврил Иванович, Иван Иванович кэргэнинээн, сиэннэрэ, нэhилиэк баhылыга Егор Афанасьевич, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Александра Алексеевна Николаева, Баппаҕаайы оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Анжелика Ивановна Пахомова уонна биhиги уһуйаан наставник бэтэрээннэрбит күндү ыалдьыт буоллулар.
Михаил Андреевич Алексеев аатынан Баппа5аайы орто анал үөрэхтээhин оскуола иннинээ5и саастаах о5олору иитэр-үөрэтэр сүhүөх -уhуйаан тэлгэhэтигэр Баппа5аайы детсадын бастакы сэбиэдиссэйэ Елена Гаврильевна Харлампьева аатын үйэтитэн, хатыҥ чараҥ аллея уонна мэҥэ таас уурулунна. Елена Гаврильевна уолаттара мас үүннэрдилэр уонна ыскамыайка оҥорон уурдулар.
“Үтүө киһи аата үйэлэргэ ахтылла туруохтаах диэн санааннан салайтаран, уһуйаан коллективын тэрээһиннээх сомо5о үлэтэ буолар”-, диэн санаатын үллэстэр уһуйаан салайааччыта Харлампьева Е.А.
Матырыйаалы бэлэмнээтэ уһуйаан иитээччитэ Алексеева А.Е.
Кыайыы болуоссатыгар мас олортулар
Баппа5аайы нэhилиэгэр Үйэтитии сылын чэрчитинэн, А5а дойду сэриитигэр дойдуну кемүскээн олохторун толук уурбут дьоннорбутугар сүгүрүйэн, Кыайыы болуоссатыгар нэһилиэк депутаттара харыйа мас олортубут.
Матырыйаалы бэлэмнээтэ нэһилиэк депутата Алексеева А.Е.