Учуутал-олох тутаах киһитэ

Хайа ба5арар нэһилиэк ыччаттарынан сайдар, аатырар. Киэң билиилээх, олоххо дьулуурдаах, үлэһит үтүөтэ ыччаттардаах дойду кэхтэн – эстэн барбат, үүнэр, сайдар дьыл5аланар. Ыччат олоххо тардыһыытын, билиитин – көрүүтүн түстээччинэн, киһи быһыытынан иитиилээх тахсыытын оңкулун охсооччунан оскуола буолар. Хас биирдии киһиэхэ үөрэммит оскуолата, үөрэппит учууталлара, бииргэ үөрэммит до5отторо, төһө да күн – дьыл ол ыраах кэмнэри хаардыы сабан аастар, хаһан да умнуллубаттар. Оскуола идэлэригэр бэриниилээх, ыччаты иитиспит, олохторун сыала оңостубут инициативалаах учууталларынан аатырар.

Оскуола иннэҕии кэмҥэ Баппаҕаайы нэһилиэгэр үөрэх суолтатын өйөөн,аан бастаан ликпуун( пункт ликвидации неграмотности, аһан улахан дьону үөрэппиттэрэ.

 Баппаҕаайы оскуолатын историята бастакы кылаас аһыллыбыт кэмитттэн ( 1929- 30 үө.дь) саҕаланар.

Баппаҕаайы нэhилиэгэр бастакы оскуола 1929-30 үөрэх дьылыгар Сортуол учаастагар Хомустаах диэн сиргэ сэниэ ыал Алексеев Алексей Гаврильевич (Ботой) икки  хостоох дьиэтигэр 17 оҕону хабан, бастакы кылаас аhыллыбыта. Учууталынан Михайлов Петр Семенович үлэлээбитэ.

1931-32 үөрэх дьылыгар Өбүгэҕэ Тыҥа Уйбаан биир хостоох дьиэтигэр оскуола сэбиэдиссэйинэн  Ахчагныров Иван Федотович (ССРС уонна Польскай народнай республика орденнарын кавалера), Хомустаахха учууталынан уонна оскуола сэбиэдиссэйинэн Березкин Виктор Николаевич (норуот үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, Бүлүү улууhун бочуоттаах гражданина) анаммыттара. Бу үөрэх дьылыгар оскуолаҕа 66 араас саастаах оҕону түмэн үөрэппиттэрэ. Сменанан үөрэтиигэ сааhынан буолбакка, ким ханна олорорунан араарбыттара. Инньэ гынан учуутал сарсыарда халлаан сырдыаҕыттан хараҥарыар диэри үлэлиирэ.

1931 сыл күhүнүгэр саҥа оскуола тутуллуута Дьабдьакыын кинээс уhаайбатыгар саҕаланан баран 1932 с. бүппүтэ.

1933-34 сс. сэбиэдиссэйинэн Егоров Михаил Афанасьевич анаммыта. Бу үөрэх дьылыттан комсомольскай тэрилтэ үлэлээбитэ, тэрилтэни Семенов Роман Николаевич салайбыта. 1940-41 үөрэх дьылыгар ситэтэ суох орто оскуола буолбута. Бу үөрэх дьылыгар 127 оҕо үөрэммитэ.

 1944 сыллаахха дылы сэттэ кылаастана сылдьыбыт. 1944-45 үө.дь. биэс кылаастаах, 1946-47 үө.дь. начальнай оскуола буолбута.

Сэрии кэннинээҕи кэмҥэ оскуола нэhилиэк эргийэр киинэ буолбута. Үөрэнэр оҕо үгүстэрэ интернатынан эрэ хааччыллар буоллахтарына үөрэнэр кыахтаахтара.

1948-49 үөрэх дьылыттан оскуола 7 кылаастаммыта. Бу кэмҥэ директорынан Корякин Иван Ионович үлэлиирэ.

 1949-50 сс. нэһилиэккэ үһүс Сталинскай оскуола Сортуол учаастагар аһыллыбыта. Манна сэбиэдиссэйинэн Ефим Алексеевич Михеев кэргэнинээн Татьяна Алексеевна Кржижановскаялыын үлэлээбиттэр. Бу оскуола биир сыл үлэлээн баран, холкуостар холбоһууларынан сибээстээн сабыллан хаалбыта.

Билиигэ сирдиир, сырдыгы-кэрэни кэрэһэлиир оскуола  олох уларыйыыларын кытта тэҥҥэ хардыылаан, тэҥҥэ сайдан испитэ. Оскуолаттан үтүө-мааны, эрчимнээх, ситиһиилээх ыччаттар олох киэҥ суолугар үктэммиттэрэ.

Көлүөнэ дьону ииппит, оскуоланы салайбыт дириэктэрдэр

Томский Федор Семенович
( 1950-1952 с.с. оскуола директора)
Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна педагогическай үлэ ветерана
РСФСР норуотун үѳрэхтээhинин туйгуна

 
Харлампьев Афанасий Гаврильевич
(1952-1958, 1962-1970  с.с. оскуола директора)
Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна педагогическай үлэ ветерана,
“Бочуот знага” уордьан кавалера, “СӨ үөрэҕириитин систиэмэтин Бочуоттаах үлэһитэ”, «Гражданская доблесть” бэлиэлэр  хаһаайыннара, Баппаҕаайы нэһилиэгин, Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо
Андреев Афанасий Николаевич
( 1970-1978  с.с. оскуола директора)
СР үтүѳлээх учуутала, РСФСР норуотун
үѳрэхтээhинин туйгуна,
СР үѳрэҕириитин систематын бочуоттаах үлэhитэ,
педагогическай үлэ ветерана 
Романов Степан Николаевич
( 1982-1985 с.с. оскуола директора)
 Саха АССР үтүөлээх учуутала,
 РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна

 
Шамаев Николай Петрович
( 1978-1982, 1988-1991 с.с. оскуола директора)
ССРС үөрэҕириитин туйгуна,
РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ
 
Харлампьев Марк Гаврильевич
(1997-2003 сс. оскуола директора )
РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна,
 РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ,
«Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына
 

Сэрии кэннинээҕи кэмҥэ оскуола нэhилиэк эргийэр киинэ буолбута. Үөрэнэр оҕо үгүстэрэ интернатынан эрэ хааччыллар буоллахтарына үөрэнэр кыахтаахтара. 1948-49 үөрэх дьылыттан оскуола 7 кылаастаммыта. Бу кэмҥэ директорынан Корякин Иван Ионович үлэлиирэ. 1949-50 сс. нэһилиэккэ үһүс Сталинскай оскуола Сортуол учаастагар аһыллыбыта. Манна сэбиэдиссэйинэн Ефим Алексеевич Михеев кэргэнинээн Татьяна Алексеевна Кржижановскаялыын үлэлээбиттэр. Бу оскуола биир сыл үлэлээн баран, холкуостар холбоһууларынан сибээстээн сабыллан хаалбыта.

Томскай Федор Семенович 1950-52 үө.дь. оскуола дириэктэринэн анаммыта. Өр сылларга начаалынай кылаас, география, труд учууталынан ситиьиилээхтик үлэлээбитэ. Араас тиэмэлээх оскуола хаһыатын таһаарара. Нэһилиэк общественнай үлэтигэр көхтөөхтүк кыттара, өр кэмҥэ политинформатордаабыта, ыччака, коммунистарга элбэх бэсиэдэни ыытара.

1952 сылтан дириэктэринэн Харлампьев Афанасий Гаврильевич ананан үлэлии кэлбит. Афанасий Гаврильевич барыта 18 сыл оскуола сэбиэдиссэйинэн, дириэктэринэн үлэлээбитэ. 1961-62 сс. оскуола 8 кылаастаах буолбут. Мантан ыла үөрэх суолтатын өйдөөн, оҕону булгуччулаахтык үөрэттэрии саҕаламмыта. Бу саҕанааҕы учууталлар оҕону үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, оҕолор астарын-таҥастарын булаллара, олохторун-дьаhахтарын көрөллөрө-истэллэрэ, кинилэр тустарыгар бириэмэни, доруобуйаны харыстаабакка үлэлииллэрэ. Оскуола материальнай-техническэй базата хаҥыырыгар болҕомтону уураллара.

Афанасий Николаевич Андреев 1970 сылтан  аҕыс кылаастаах, онтон орто оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ. Эдэр киһи бастаан ыарахаттары көрсөн баран, кэлин коллектив көмөтүнэн, роно өйөөһүнүнэн, минпрос сүбэтинэн сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Афанасий Николаевич үлэлиир кэмигэр оскуола материальнай-техническэй базата биллэ тупсубута, саҥа оборудованиелар, миэбэллэр кэлбиттэрэ, эр дьон учууталлар уонна нэһилиэк көмөтүнэн туспа начальнай оскуола тутуллубута. Арыылаах учаастагар сайыҥҥы үлэ лааҕырын үлэлэтии саҕаламмыта. Афанасий Николаевич олус ирдэбиллээх учуутал этэ. Элбэх үөрэнээччилэрэ кини суолунан  биолог – химик идэтин баһылаан, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Оскуола дириэктэринэн Николай Петрович Шамаев 1978 сыллаахха анаммыта. 1980 сыллаахха оскуола 50 сыллаах үбүлүөйүн нэһилиэк ыһыаҕын кытта хоһулаһыннаран киэҥ хабааһыннаахтык тэрийэн ыыппыттарын билиҥҥэ диэри кырдьаҕастар ахта саныыллар. Бу сыл оскуола бары объегын ититии систематыгар көһөрүллүбүт. Система материалынан Нерюнгри куоратыгар горком иккис секретарынан үлэлии олорбут биир дойдулаахпыт Петр Семенович Федоров хааччыйбыт. Элбэх ыччаты математика мындыр суотугар сирдээбитэ. Элбэх математиктар, экэномистар,финансистар Республика улуустарыгар үлэлии сылдьаллар.

Степан Николаевич Романов 1982 с. директорынан ананар. Бу кэмҥэ оскуолаҕа производственнай үөрэхтээһин киирэр. Оскуола коллектива эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ совхозка төһүү күүс буолар. Степан Николаевич Баппаҕаайы оҕолорун математикаҕа дьоҕурдарын уһугуннарбыт учуутал. Уһун переменаларга Украина кино аппаратынан киинэ көрдөрөрө. Элбэх оҕо киинэ куруһуогар дьарыктаналлара.Араас киинэлэри көрдөрөллөрө.Астрономия предметин интириэһинэйдик ыытара. Оҕо бары халлаан эттиктэрин үөрэтэллэрэ,телескобынан халлааны чинчийэллэрэ. Саҥарара, кэпсиирэ сааһыламмыт юуолара, билиитэ-көрүүтэ киэҥинэн таһыччы этэ.

1991-1993,   1997-2003 сс. Марк Гаврильевич Харлампьев директорынан ананар. Улахан оскуола эргэрэн, хаарбах туруктаммытынан, начальнай оскуола корпуһа тэллэйдээбитинэн, улуус салалтатыттан көҥүл ылан, сопхуос хонтуоратыгар уонна балыыһаҕа анаан тутуллубут объекка оҕолор үөрэнэллэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийбитэ. Учууталлар идэлэрин таһымын үрдэтии, үөрэх хаачыстыбатын ситиһэр туһуттан идэҕэ айымньылаахтык сыһыаннаһыы туһунан педсоветтары ыытара. Оскуолаҕа уазик массыына ылан, үөрэнээччилэр улууска олимпиадаларга, күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кытталлара. Учууталлар араас таһымнаах конкурстарга, ярмаркаларга кыттан, таһымнарын үрдэтэллэрэ. ЕГЭ бастаан киириитин сатабылаахтык тэрийэн, оҕолор нэһилиэктэриттэн туттарсан үрдүк, орто үөрэххэ киирэллэрэ. Марк Гаврильевич үөрэтэр  предметын физиканы хас биирдии үөрэнээччигэ тиэрдэ сатыыр дьулуурдааҕа. Предметыгар муҥура суох бэриниилээх, олус ирдэбиллээх учуутал этэ.

Кыра кылаастан са5алаан

Федорова Екатерина Никитична
Педагогическай үлэ ветерана
«Герой-ийэ», «ССРС үөрэҕириитин туйгуна»,
 «РСФСР үөрэҕириитин туйгуна»
 
Алексеева Елизавета Марковна
Педагогическай үлэ ветерана,«Герой-ийэ»,
“Гражданская доблесть” бэлиэ хаһаайына
Семенова Июлия Алексеевна
Алын кылаас учуутала
Томская Дария Семеновна
Педагогическай үлэ ветерана
Васильева Клара Михайловна
Педагогическай үлэ ветерана

Маҥнайгы  учуутал…..  Хайдахтаах  курдук   күндү тылларый!.. Ама  ким умнуой үөрэх сырдык аартыгар угуйа ыҥырбыт  бастакы  чуораан чылыгырыы  чугдаарбытын, А – тан, Б – тан  аттаран  аан  бастаан  ЫТЫ,  АТЫ аахтара үөрэппит, билии – көрүү ча5ыл сырдык кыымын сахпыт, харахпытын арыйбыт бастакы учууталбыт кэрэ мөссүөнүн. Сөбүлүүр уруоктарбыт,  көрдөөх – нардаах  переменалар, о5о – аймах  ча5аан  чугдаара – бу  барыта  дьоллоох о5о саас  умнуллубат үтүөкэн  өйдөбүллэрэ.

Ханнык ба5арар дьыала инники хаамыыта уонна сайдыыта хайдах са5аламмытыттан тутулуктаа5а чуолкай. Ол курдук оҥой – соҥой көрбүт кырачааннар аан бастаан оскуола боруогун атыллаан, билии – көрүү дойдутугар  айаннарга,  үѳрэх сыһыаннарыгар, төһө дьулуурдаах, дьаныардаах буолууларыгар кинилэр  маҥнайгы  учууталлара  сабыдыала  улахан.

Алын кылаас учууталларынан өр сылларга үлэлээбит үтүөкэннээх коллегаларбытын үбүлүөйдээх сылбытыгар сылаас тылларынан  ахта –санаан ааһабыт.

Федорова Екатерина Никитична 1950 сыллаахха  педучилищены бүтэрэн, Баппаҕаайы нэһилиэгин Илбэҥэ сэттэ кылаастаах оскуолатыгар ананан, «нулевой» кылаас учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Баппааҕаайы орто оскуолатыгар харыс сири халбарыйбакка 40-тан тахса сыл үлэлээбитэ. Кини өр сылларга «Үөрэнээччи логическай толкуйун сайыннарыы» диэн методическай теманы ырыппыта. Ол үлэтин түмүгүнэн үөрэнээччилэр 100 %  үөрэҕи ситиһэллэрин тэрийбитэ. Кини киэҥ билиитин, сатабылын саҥа улэлиир учууталларга үөрэ-көтө үллэстэрэ: киниэхэ 16 эдэр учуутал педагогическай практиканы барбыта ону туоһулуур. Өр сыллаах сыралаах үлэтин түмэн педагогическай ааҕыыларга кыттара. Кини «Дьиэҕэ үлэ оҕо кругозорун сайыннарар ньыма», «Оҕо кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы» үлэлэрэ үгүс сэҥээриини ылбыттара.

Кыра кэпсээннэри оҕо дууhатыгар иҥэр гына сатаан кэпсиирэ. Онон оҕолор истэн, кэпсээн ис хоhоонуттан үөрэллэрэ, хомойоллоро,  ардыгар ытыы да олорор буолаллара. Итинэн кини кыракый оҕолору кинигэни таптыырга, ааҕары сөбүлүүргэ үөрэттэҕэ.

Екатерина Никитична 10 сыл устата  1978-1988 сылларга Баппаҕаайы оскуолатын алын кылаастарын учууталларын методическай холбоһуктарын салайбыта.

Үгүс төрөппүт киниэхэ махтанан хаһыакка суруйбуттара.  Екатерина Никитична үтүө үлэтин туһунан атын да суруналыыстар, инспектордар, учууталлар суруйуулара элбэх.

Екатерина Никитична 1950-1988 сылларга араас общественнай үлэни толорбута, ол курдук женкомитет чилиэнинэн, оскуола төрөппүттэрин комитетын чилиэнинэн, народнай сэтээтэлинэн, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэккэ бэрээдэк тупсарын тэрийэр Сэбиэт чилиэнинэн, агитзона лекторынан үлэлээбитэ.

Васильева Клара Михайловна 1971 сылтан Баппа5аайы орто оскуолатыгар интернат воспитателинэн, уон сыл сэбиэдиссэйинэн, онтон уһатыллыбыт күннээх группа5а учууталынан үлэлээбитэ. О5ону иитиигэ уонна үѳрэтиигэ оло5ун 30 сылын анаабыта, элбэх о5ону үтүѳ5э, кэрэ5э уһуйбута.

Томская Дария Семеновна  алын кылааска үѳрэтэр о5олоругар таба аа5ан – суруйан, суоттаан туруктаах биллиилээх буолалларыгар  элбэх сыратын ууран, толкуйдаан, онуоха сѳп түбэһэр пособие бѳ5ѳтүн оҥостон үлэлэһэрэ, мэлдьи  ситиһиилээхтик үѳрэнэллэригэр кыһаллара.   Хас биирдии үѳрэтэр о5отугар истиҥник сыһыаннаһара, сүрэ5ин сылааһын бэрсэр, холку, сэмэй мичээрдээх элбэх о5о маннайгы учуутала.

Алексеева Елизавета Марковна 1961 үѳрэх сылыттан 1990 үѳрэх сылыгар  диэри  тѳрѳѳбүт нэһилиэгэр, Баппа5аайы орто  оскуолатыгар 38 сыл устата начальнай кылаас  учууталынан, интернат иитээччитинэн, уһатыллыбыт күн иитээччитинэн, кружок салайааччытынан үлэлээн  кэлбитэ. Барыта  үѳрэх  кыһатыгар 40 сыл устата  үлэлээбитэ.

1963 – 67 үѳрэх сылларыгар 1 кылаастан 4 кылааска диэри 23 о5ону выпусктаабыта, ол о5олортон үрдүк үѳрэ5и 12 о5о бүтэрбитэ уонна элбэх о5о орто анал үѳрэхтэри бүтэрбиттэрэ. Уорэнээччилэрин махталларын  элбэхтик истэрэ. Интернакка 12 сыл устата иитээччинэн үлэлээбитэ.

Элбэх о5о үнүгэс курдук үүнэн-сайдан тахсарыгар кыhамньылаах үлэтинэн үөрэххэ-билиигэ аан маҥнай сирдээбит алын кылаас учуутала Алексеева Июлия Алексеевна буолар. Ис сүрэҕиттэн  кыhанан туран үөрэх предметтэринэн билиини эрэ биэриигэ буолбакка, бу аныгы олоххо саамай улахан бастыҥ ирдэбил буолбут – сиэргэ-майгыга, бэйэ-бэйэҕэ до5ордуу сыhыаҥҥа, төрөөбүт дойдуну-нэhилиэги, аҕа көлүөнэни ытыктыыр өйгө-санааҕа ииппитэ.

Учитель-словесник – учитель всех времен

Харлампьев Афанасий Гаврильевич
Ветеран ВОВ, кавалер орденов «Отечественной войны», «Знак почета»,
Обладатель знака «Гражданская доблесть»,
Почетный гражданин Вилюйского улуса и Баппагайинского наслега.
Семенова Галина Иннокентьевна
Ветеран педагогического труда



 
Гаврильева Марфа Семеновна
Отличник народного образования РСФСР
Сергеева Тамара Николаевна
Отличник просвещения РФ,
Обладатель почетного звания «Учитель учителей РС(Я)»
 

МБОУ «Баппагайинская СОШ имени М.А. Алексеева» имеет богатую историю, состоящую из судеб многочисленных своих воспитанников и педагогов. У истоков преподавания русского языка и литературы в нашей школе стоял Афанасий Гаврильевич Харлампьев, участник ВОВ, кавалер орденов «Отечественной войны», «Знак почета», обладатель знака «Гражданская доблесть», Почетный гражданин Вилюйского улуса и Баппагаинского наслега.

Афанасий Харлампьев совсем молодым ушел на фронт, и, вернувшись с войны в 1946 году, он начал свою педагогическую деятельность учителем русского языка и литературы в своей родной школе. Талантливый педагог, умелый организатор с самых первых дней работы сумел увлечь своих воспитанников в завораживающий мир русского языка и литературы. Он был для своих учеников примером грамотного, высокообразованного специалиста и знатока русской литературы. Его уроки отличались богатым наполнением не только школьного курса, но ижизненными картинами, занимательными фактами того времени, при этом, как все фронтовики, он не любил  рассказывать про войну, тем более про собственные истории. Афанасий Гаврильевич в совершенстве владел русской речью, имел красивый бархатный голос, умело использовал художественное чтение текста, сам часто читал на уроках стихотворения, отрывки из произведений и старался приучать своих учеников к чтению, правильному и полному выражению своих мыслей, а также был строгим стражем требований правописания и чистописания. Одним из его секретов профессионального успеха было постоянное самообразование и систематическое повышение квалификации.  В 1962 году Афанасий Гаврильевич съездил в Липецкую область в составе делегации учителей республики с целью знакомства с передовым педагогическим опытом. Он делегат IIсъезда учителей ЯАССР. На протяжении многих лет Афанасий Гаврильевич являлся бессменным директором школы, лектором Общества «Знание», активным участником общественной жизни наслега.

В послевоенное время, когда остро чувствовалась нехватка квалифицированных учительских кадров, по трудовым путевкам приезжали в нашу республику учителя из центральных регионов. В 1951 году приехали из Ивановской области Зотова Алевтина Алексеевна, Бочарова Валентина Ивановна. Эти молодые учительницы, носители богатой русской культуры, оставили самые приятные воспоминания о себе, став терпеливыми и великодушными наставниками для своих учеников из глубинки в постижении мудростей великого русского языка и таинств русской литературы.

В 60 -е годы новым учителем русского языка и литературы была назначена Галина Иннокентьевна Семенова, позже ставшая супругой Степана Николаевича Романова, учителя математики и физики. Еще молодыми специалистами связавшие свою судьбу с нашей школой, воспитавшие не одно поколение селян, они стали одними из самых уважаемых педагогов в Баппагаинском наслеге. Галина Иннокентьевна отличалась безупречной организованностью, требовательностью к себе и другим. На ее уроках все старались активно работать, выполнять домашние задания. Каждый проявленный интерес, творческий подход к предмету со стороны своих учеников непременно отмечался учителем то высокой оценкой, то публичной похвалой, которые становились подъемной силой даже для самых «отстающих».

В 70-е, 80-е годы, когда перед страной ставились прорывные задачи, требовались грамотные и знающие специалисты по всем отраслям, и перед школой стали новые требования по оснащенности учебных кабинетов, способствующие углубленному изучению некоторых школьных предметов, использованию разнообразных дидактических материалов. Для нашей школы, которая находилась в 240 километрах от районного центра, к тому же в условиях бездорожья оборудование кабинетов, оснащение техническими средствами обучения были огромной проблемой. В связи с этим хочется вспомнить имена педагогов, которые порой только на собственном энтузиазме смогли совершенствовать и развить преподавание русского языка и литературы, не только в своей школе, но и за пределами нашего района. Это Тамара Николаевна Сергеева, Вера Дмитриевна Васильева, Марфа Семеновна Гаврильева.

Марфа Семеновна Гаврильева,  отличник народного образования РСФСР, работавшая в период с 1970 по 1998 гг.,   высококлассный специалист, человек с активной жизненной позицией, ценитель нововведений, имеющий широкий кругозор, владеющий тонким чувством юмора, умеющий находить выход из любых трудных ситуаций. Особое внимание уделяла проблемам социализации детей, формированиюу своих подопечных трудолюбия, усидчивости в достижении своих целей. Она умело использовала проблемные и дифференцированные, активные и игровые методы преподавания: интеллектуальные ринги, турниры, викторины и другие эффективные методы, и приемы.  За годы работы сумела поднять совершенно на новый уровень внеурочную и внеклассную деятельность учащихся. Особое внимание обращала на творчество воспитанников: создала литературный кружок «Сортуол».

В 1976 году, одной из первых в республике, в Баппагаинской средней школе была введена кабинетная система. Кабинет русского языка и литературы по тем меркам была образцово-показательным только благодаря самоотверженному труду Тамары Николаевны Сергеевой, отличника просвещения РФ, обладателя почетного звания «Учитель учителей РС(Я)», работавшей в нашей школе с 1975 по 1986 гг.  Она ежегодно ездила по многим историческим, культурным, литературным местам Советского Союза. Из своих многочисленных путешествий привозила огромное количество интересных и нужных материалов для школьного кабинета, которые сразу становились верными помощниками для ее учеников в приобретении глубоких знаний, навыков работы с дополнительной литературой, в их творческих и поисковых начинаниях. Тамара Николаевна на своих уроках умело сочетала многие прогрессивные приемы и методы того времени: просмотр документальных и художественных фильмов, музыкальных произведений, устраивала заочные экскурсии в известные музеи и театры. Ее уроки были своеобразными проводниками в другие страны, города и даже эпохи, что способствовало повышению мотивации учения, формированию познавательного интереса учащихся, формированию целостной картины мира.

Төрөөбүт тылга уонна литэрэтиирэтигэр умсугутар учууталлар

Алексеев Егор Сидорович – Аҕа дойду сэриитин кыттылааҕа,
Саха республикатын үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна,
Саха АССР физическэй культуураҕа, спортка туйгуна
Никифорова Светлана Николаевна
Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала
Шамаев Николай Михайлович
Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала
 

    Төрөөбүт тыл киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар,өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар.

   Саха тылын учууталлара, баҕарар сүрүн баҕалара: төрөөбүт тылын үрдүктүк тутар, норуотун туһугар, А.Е. Кулаковскай эппитинии,» суон дурда, халыҥ хахха» буолар киһини иитэн таһаарыы.

Саха тыла үөрэх эйгэтигэр кэлимник, ситимнээхтик киирэрин иннигэр үгүс сыратын-сылбатын анаабыт Алексеев Егор Сидорович буолар. Егор Сидорович 1939с оскуола выпускнига. Империалистическай Японияны кытта сэрии кыттыылааҕа, Саха республикатын үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР физическэй культураҕа, спорка туйгуна, педагогическай үлэ ветерана.

1948-1987сс. физкультура, саха тылын учууталынан үлэлээбитэ. Краевед, “Октябрь суола” хаhыакка 50 сыл устата общественнай корреспондент, нэhилиэк историятын үөрэппитэ уонна баай матырыйааллары хаалларбыта.

Егор Сидорович – бэйэтин көлүөнэтин тумус дьонуттан биирдэстэрэ, олоҕун норуотугар, норуотун тылыгар, үөрэҕириитигэр толору анаабыт киһи. Кини хас биирдии учууталга, үөрэтэр оҕолоругар истиҥник сыһыаннаһара. Куруук күлэ-үөрэ көрсөн, иҥэн-тоҥон кэпсэтэрин астынарбыт. Егор Сидорович дириҥ билиилээҕинэн, киһи быһыытынан сытыары сымнаҕас майгылааҕынан, дьону-сэргэни бэйэтин тула түмэр дьоҕурдааҕынан биллэр. Кини суруйан, чинчийэн хаалларбыт сүдү үлэлэрэ: Баппаҕаайыта нэһилиэгин оскуолатын историята, колхоз тэриллиитин историята, үлэ, сэрии ветераннарын ахтыылара  кэнчээри ыччаты иитэргэ-үөрэтэргэ күүс-көмө буола туруохтара.
         Төрөөбүт тылбыт баайын, кыаҕын, сүмэтин, кэрэтин сүтэрбэккэ, кэнчээри ыччакка тириэрдэр сыаллаах Никифорова Светлана Николаевна 1995-2011 сс. саха тылын, литэрэтиирээтин уонна төрүт культуура уруоктарын учууталынан үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмигэр “Айар Куорсун” диэн литературнай куруhуогу салайбыта. Оҕолор хоhоону олус сөбүлээн, ис дууhаларыттан арыллан, айымнньылаахтык суруйар буолтара, мелодиялаан, ырыа гынан, сыанаҕа ыллыыллара.”Кыыс Куо” кыргыттарга аналлаах конкурус, “Булугас өйдөөхтөр күрэхтэрэ”, “Тыл хонуута” интеллектуальнай оонньуулар,”Аман өс” диэн куолуhуттар күрэхтэрин автордара.

 1991 сыллаахха Национальнай Концепция ылыллыбыта. Бу саха омук олоҕор саҥа сүүрээни киллэрбитэ, тылга болҕомто ууруллубута. Өбүгэ үгэһин үөрэтэр “Төрүт культура” биридимиэтэ киллэриллибитэ. Бу кэмҥэ оскуолаҕа           Шамаев Николай Михайлович үлэтин саҕалаабыта. 1965 сыллаахха Н.Г.Чернышевскай аатынан Булуутээ5и педагогическай училищены бутэрэн баран улэтин физкультура учууталынан саҕалаабыта. Ол курдук, Ленскэй оройуонун Толоон оскуолатыгар, Бэтинчэ оскуолатыгар, Горнай оройуонун Орто-Сурт оскуолатыгар улэлээбитэ. Уерэнэр сылларыгар хайыhарга, сууруугэ, сахалыы ыстаныыга уонна волейбол оонньуутугар училище хамаандатын биир бастыц спортсмена буолар. Хайыhар, чэпчэки атлетика курэхтэригэр оройуоцца, республикаҕа кыайыылаах, призер буолара. Педагогическай училище5а уерэнэ сылдьан, хайыhарга Барнаул, Златоуст куораттарга тиийэ курэхтэспитэ. Онтон элбэх сыл оскуолаттан совхоз специалиьын быһыытынан тэйэ сылдьан баран, төннүбүтэ. Оскуолаҕа улэлиир кэмигэр  сурдээх эппиэтинэстээхтик, хас биирдии оҕоҕо ис сурэҕиттэн кыhаллан улэлээбиэт. Билиҥҥэ диэри үөрэппит оҕолоро наhаа истицник, махталлаахтык ахталлар.

Кэрэ көстүүнү, кэрэ эйгэни, чөл олоҕу түстүүр учууталларбыт

Андреева Татьяна Алексеевна
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ
Афанасьева Александра Васильевна
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ,
«За вклад в развитие Вилюйского образования» бэлиэ хаьаайына
Николаев Афанасий Дмитриевич
Педагогическай үлэ ветерана,Методист – учуутал
СР үɵрэҕириитин туйгуна,
Никифорова Туйаара Петровна
Технология учуутала
Гаврильев  Роман Семенович
Физкультура учуутала
Антонов Николай Федорович
Физкультура учуутала

Кыыс оҕо ууһу ууһатааччы, алаһа дьиэ араҥаччыта буоларын өйдөтөн, кэрэни кэрэхсииргэ, үчүгэйи үксэтэргэ уһуйбут, ийэ,эбэ, кыыс истиҥ сыһыаннарын, сатабылларын көрдөрөн, ол холобурунан иитиигэ үгүс сыраларын биэрэн үлэлээбит учууталларбытыгар махталбыт муҥура суох.

Андреева – Таскина Татьяна Алексеевна 1962 с. Бүлүү педучилищетыгар үѳрэнэ киирбитэ уонна 1964 с. үчүгэйдик үѳрэнэн бүтэрээт, биһиги оскуолабытыгар учууталынан ананан, үлэлии кэлбитэ. Бастаан география, история, домоводство предметтэрин үѳрэппитэ. Татьяна Алексеевна5а иискэ, баайарга, сатабыллаах дьиэ хаһаайката буоларга үөрэппит дьо5урдарыгар олус истиҥник үөрэппит оҕолоро махтана ахталлар. Үрдүк таhымнаах үчүгэй, араас этаптардаах, нагляднай пособиелардаах уруоктары ыытара. Кэнники начальнай кылаастар үѳрэнээччилэрин продленнай группаларыгар, интернакка воспитателинэн эмиэ кыһамньылаахтык үлэлээбитэ.

1972 с. Афанасьева Александра Васильевна старшай пионер баһаатай быһыытынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Александра Васильевна тэрийэр дьоҕурун,оҕоҕо наһаа амарах сыһыанын үөрэнээччилэрэ истиҥник махтана ахталлар. Дружина советын кытта былааннаан араас көрсүһүүлэр, конкурстар, октябреноктары кытта пионервожатайдар үлэлэрэ, үгэс буолбут пионерскай байыаннай-спортивнай “Зарница” оонньуу олус көхтөөхтүк, тэрээһиннээхтик ыытыллаллара. Маны таһынан Александра Васильевна айылҕаттан иистэнэр дьоҕурдаах, мындыр буолан “Уһуйаан” студияҕа оҕолору дьарыктаан үөрэнээччилэрин оҥоһуктара улууска миэстэлэһэллэрэ. Ордук баайыы, макраме өрүүтүн кистэлэҥнэригэр уһуйбута. Аан бастаан туостан араас киэргэллэри оҥорууну киллэрбитэ. «Оһуор” ансаамбыл үҥкүүһүт кыргыттарыгар туос ыаҕайа оҥорбута биһирэбили ылбыта.

Биһиги  оскуола коллективыгар олус кылгас кэмҥэ күлүм гынан ааспыт киһибит, сырдыгынан сыдьаайар сэбэрэлээх, уһун дьулугур уҥуохтаах, эйэҕэс  мичээрдээх Иванова Туйаара Петровна буолар. Туйаара Петровна биһиги оскуолабытыгар 1999 сылтан  үлэ уруогун учууталынан, уһуйаан студия салайааччытынан, кылаас салайааччытынан, профком  председателинэн үлэлээбитэ. Туяра Петровна үлэлээбит сылларыгар бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта. ”Уһуйаан“ студияны тэрийэн, дьоҕурдаах оҕолору талан, бэйэтин билиитигэр, сатабылыгар үөрэппитэ.  Үлэтин сүрүн хайысхаларынан сахалыы таҥаһы, былыргылыы туос иһити тигии, түүлээҕи өбүгэлэр үгэстэригэр олоҕуран тигии, гобеленнары өрүү, сииктэр араастарын, суолталарын билии буолара.

Уол оҕо – норуот кэскилэ. Норуот дьылҕата, сырдык ыра санаата уолаттартан тутулуктаах.           Уол оҕо лоп- бааччы,  туттара -хаптара эрэллээх, санаата күүстээх, инникигэ сыаллаах- соруктаах, илиитигэр дьоҕурдаах   буолан тахсарыгар ситиьиилээхтик улэлээбит киэн туттар учууталбыт Николаев Афанасий Дмитриевич буолар. Афанасий Дмитриевич сыллаахха Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрэн, Баппаҕаайы орто оскуолатыгар үлэ, уруhуй, черчение учууталынан үлэҕэ киирбитэ. Кэлэн эргэ мастерскойу кэңэтэн, иhин – таhын оңорон үлэҕэ киллэрбитэ. Дьокуускайтан станоктары аҕалан, үлэтин саҕалаабыта. «Дьоҕурдаах илиилэр» диэн куруhуогу арыйан элбэх оҕону дьарыктаабыта. Элбэх оҕолор оройуон, республика көрүүлэрин, лауреаттарын, дипломаннарын үрдүк ааттарын ылбыттара. Улэлэрэ дойду араас музейдарыгар тураллар. 1984 с. ыччаттар Бүтүн Аан дойдутааҕы фестивалларыгар Москваҕа 6-та бастыҥ үлэни омук ыалдьыттарыгар сувенир быhыытынан ыыппыттара. Канада Монреаль куоратыгар Саха сирэ «Человек и природа»- диэн быыстапка5а  Алексеев П.К. «булчуттар» – диэн муостан үлэтинэн кыттыбыта.  1989 сыллааха мастерской базатыгар үлэ уруогун учууталларыгар Республиканскай семинар ыыппыта.  1991 сыллаахха «Работать с опережением» диэн үлэтин опыта республикаҕа киэҥник тарҕаммыта. 1992 сыллаахха улууска «Сыл бастыҥ учуутала» аатын ылан республикаҕа кыттар чиэhи ылбыта. Онно тиийэн 30-ча учууталтан II-с миэстэни ылан «Методист» – учуутал аатын иҥэрбиттэрэ, уонна оскуолатыгар босхо автобус ылан аҕалбыта.  1979с. – ЛТО ну салайан, 320 тонна оту оттоон республикаҕа III – с буолан тыа хаhаайыстыбатын министерствотын фондатыттан ГАЗ – 53 массыынаннан оскуола бириэмийэлэммитэ.

Киһи этэ-сиинэ өйүн кытта тэҥҥэ сайдыахтаах. Төһө да өйү-санааны сайыннарбытыҥ иһин, эт-хаан өттүнэн хаалыылаах буоллаххына инникитин кыраны да тулуйбат буолуохха сөп. Ол курдук, өй уонна күүс арахсыбат тутулуктаахтар. Физкультура учуутала Гаврильев Роман Семенович Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрэн, Хаҕын, II Чочу оскуолаларыгар дириэктэринэн, дириэктэри үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, учууталынан үлэлээбитэ. Онтон 1970 сылларга үөрэммит оскуолатыгар кэлэн, физрук быһыытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Уруок тас өттүгэр уолаттарга тустууну, ордук хайыһарга оҕолору эрчийэрэ. Нэһилиэккэ ыытыллар үлэлэргэ эдэр киһи  быһыытынан көхтөөхтүк кыттара. Оҕолорго араас хайыһар десанын, көҥүл тустууга күрэхтэһиилэри ыытара. Оройуоҥҥа тиийэ күрэхтэһэллэрэ.

Николай Федорович Антонов нэһилиэккэ убаастанар бэртээхэй учуутал үлэлээн- хамсаан, оскуола сайдыытыгар сүппэт суолу –ииһи хаалларбыта. Николай Федорович идэтинэн физическэй культура учуутала. ЯПУ бүтэрэн, үлэтин Бөкчөөҥө аҕыс кылаастаах оскуолатыгар саҕалаабыта. 1982 сылтан үөрэммит оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитэ, онтон кэтэхтэн Благовещенскай пединститу физкультура салаатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Николай Федорович үлэлээбит кэмнэригэр Баппаҕаайы нэһилиэгэр спорт сайдарыгар элбэх кэскиллээх үлэни оҥорбута. Николай Федорович ордук чэпчэки атлетикаҕа, сүүрүүгэ, хаһыйарга эрчийэрэ. Улууска биир бастыҥ  физкультура учууталын быһыытынан биллэрэ. Оскуола5а өр сылларга профком бэрэссэдээтэлинэн улэлээбитэ.

Учуутал баар буолан…

Прокопьева Степанида Алексеевна
Педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ

Менякова Екатерина Кузьминична
Үлэ бэтэрээнэ,СР культуратын туйгуна
Бүтүн сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ Бочуоттаах бэлиэтин хаһаайына
Митрофанов Виктор Алексеевич
Үлэ бэтэрээнэ
 
 Кириллин Максим Кузьмич
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ
 Алексеев Егор Егорович
Интернат сэбиэдиссэйэ

Учуутал! Хас биирдии киһи учуутал билиититтэн кынат үүннэрэн олох киэҥ аартыгар үктэнэр. Учуутал баар буолан, истрия кэрдиис кэмнэрин билэргэ, физика сокуоннарын туьанарга, уустук ахсаан суотугар,  төрөөбүт төрүт тыл умсулҕаныгар биһиги эттиин – хаанныын уһуйуллабыт, уйдарабыт.

Үтүө, ыра санаалаах бастыҥ учууталларга үөрэнии дьол. Олортон биирдэстэрэ история уонна обществознание учуутала Прокопьева Степанида Алексеевна буолар. Степанида Алексеевна мэлдьи үөрэтэр уруоктарын ирдэбиллээхтик, үрдүк таhымҥа ыытара. Өрө көтөҕүллүүлээх, эрчимнээх дорҕоонноох чуолкай куолаhынан ылыннарыылаахтык кэпсээн киирэн бардаҕына, оҕолор чуумпуран истэллэрэ.  Кэпсиир

 тиэмэлэриттэн ордук байыаннай-историческай хабааннаах уруоктары интириэһиргииллэрэ.

Менякова (Григорьева) Екатерина Кузьминична Бүлүүтээҕи педагогическай училишены бүтэрээт, үөрэммит оскуолатыгар пионер баһаатайынан үлэтин саҕалаабыта. Саха сирин сайдыытыгар пионердар кылааттара сүнкэн улахан. Баһаатай диэн учуутал буолбатах. Мөҕөн дуу, куттаан дуу, биитэр күһэйэн дуу оҕоҕо дьайбат. Кини оҕо интэриэһин таба таайан, санаата туохха сытарын сэрэйэн, сэргэх үлэни тэрийиэхтээх. Манна оҕо бэйэтэ көҕүлээччи, сүрүннээччи буолуохтаах. Ол эрээри уопсай үлэни толорорго хас биирдии оҕо эппиэтинэһи ылар, эбээһинэһин толорор таһымҥа тахсарын ситиһиэхтээх. Быһатын эттэххэ, баһаатайынан анаммыт киһи сорох түгэннэргэ психолог, иитээччи, менеджер, аниматор, дипломат, юрист, методист да буолан ылыахтаах курдук. Маны таһынан кини дьону түмэр, көҕүлүүр, угуйар кыахтаах, айар куттаах, төлөн сүрэхтээх буолуохтаах. Маннык ирдэбиллэргэ толору сөп түбэһэн, Екатерина Кузьминична дьиҥнээх баһаатай диэн дьон санаатыгар үтүө өйдөбүлү сахпыта, дьоллоох оҕо сааһы оччотооҕу оҕолорго бэлэхтээбитэ. Ис-иһиттэн сандаара сылдьар баһаатайдарын сааһыран олорон үөрэнээччилэрэ олус күндүтүк ахталлар.

Митрофанов Виктор Алексеевич үлэтин аан бастаан үөрэммит оскуолатыгар география, биология учууталынан саҕалаабыта. Киэҥ кругозордаах, уустаан-ураннаан кэпсиир талааннаах, үлэтигэр олус кыһамньылаах эдэр учуутал оҕолорго тута сөбүлэппитэ, коллектив тутаах киһитэ буолбута. Тумус туттар киһитинэн норуот учуутала Алексеев Михаил Андреевич этэ. Михаил Андреевиьы кытта тэҥҥэ алтыспыт буолан, кини сүбэлэрин үлэтигэр өрүү туһанара, куруук ахтара-саныыра.

Кириллин МаксимКузьмич оскуола выпускнига, үөрэммит оскуолатыгар  математика, физика, география учууталынан өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Максим Кузьмич үөрэтэр предметин үрдүк таһымнаахтык, интириэһинэйдик ыытара. Максим Кузьмич киһини умсугутар, сэмэй быһыытынан,  кэрэ майгытынан, сыалы тутуһар, ирдэбиллээх уонна кырдьыктаах улэтинэн оскуоланы бүтэрбит элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэр сөбүлүүр, ытыктыыр  учууталлара этэ. Үөрэнээччилэрэ оскуола, өрөспүүбүлүкэ иһинэн ыытыллар олимпиада5а өрүү миэстэлэьэллэрэ.

Учуутал, директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччыта,  эдэр учууталлар сүбэһиттэрэ – Максим Кузьмич этэ. Өр сылларга солбуллубат профком председателинэн үлэлээбитэ. Оскуола ветеран уччуталларыгар, үлэһиттэригэр араас көмөнү, субботниктары, мероприятиелары тэрийэрэ. Сайын Арыылаахха от үлэтигэр уоппускатын кэмигэр ЛТО начальнигынан үлэлээбитэ.

Үлэлээбит сылларыгар икки кылааһы салайан, олох киэҥ аартыгар атаарбыта. Кини үөрэппит оҕолоро билигин республика араас муннуктарыгар ситиһиилээхтик үлэлииллэр.

Алексеев Егор Егорович биһиги оскуолабытыгар интернат сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Локочоонтон элбэх о5о интернатка олорон, орто уорэх аттестатын ылан олох киэн аартыгар уктэммиттэрэ. Егор Егорович бу эппиэттээх улэни утуо суобастаахтык толорон, о5олор олорор усулуобуйаларын соптоохтук тэрийэн, дууьатын ууран улэлээбитэ.

Производственнай уөрэхтээһин

Андреев Семен Николаевич
Трактороведение учуутала

Андреев Василий Филиппович
Трактороведение учуутала
 
Федоров Николай Егорович
Трактороведение учуутала

 
Кириллина Капиталина Павловна
Животноводство учуутала

 

1980 сылтан саҕалаан, оскуолаҕа производственнай үөрэхтээһин киирбитэ (животноводство уонна трактороведение).Бу хайысхаҕа оскуола 9-10 кылаас үөрэнээччилэрэ барыта хабыллар.  Производственнай маастардар саха төрүт өйдөбүллэрин, дьарыгын, сиэрин-туомун, онтон да атын араас эйгэни хабан билиһиннэрэллэр.Тыа сиригэр сүөһүнү көрүү-истии, үүтүн харайыы, этин туһаҕа таһаарыы, отун оттооһун сатабылларыгар үөрэппиттэрэ. Уруогу таһынан дьарыкка билиҥҥи кэм үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэллэрэ. Трактор  араас чаастарын, хайдах ыытары сатабыллаахтык үөрэтэллэрэ. Саас государственнай экзамен, вождение туталлара. Тыа сирин оҕолорун дириҥ, дэгиттэр ­сайдыылаах, билиилээх дьон буола улааталларын туһугар айымньылаахтык үөрэппиттэрэ. Араас сылларга производственнай маастардар урдук таһымнаахтык үлэлээбиттэрэ.

Күүс көмө дьоммут

Ханнык баҕарар оскуола үлэтэ-хамнаһа тэлгэһэтиттэн саҕаланар. Оскуола тас өттө  бэрэдэктээх, минньигэс, тотоойу, сылаас астаах, ыраас, сырдык тутуулаах, оҕо, учуутал үөрэнэр-үлэлиир усулуобуйатын олохтооһун, биир улахан үлэ. Ол саамай бочуоттаах үлэни толороллор техническэй үлэһиттэрбит.

Оскуола аһыллыаҕыттан элбэх үлэһит үлэлээн ааста. Оскуола бастакы кэмнэргэ үлэтэ ыарахан этэ.  Оскуолаҕа, интернакка  20–чэ оһох маһынан оттуллара. Маны таһынан учууталлар коммунальнайга ылар мастарын завхоз кэпсэтэн, сүүрэн-көтөн тиэйтэрэрэ. Маһынан оттуллар буолан, оскуола тымныы, хараҥа буолара. Оччолорго дьиэ сууйарга итии-сылаас бэлэм уу суоҕа. Остуорастар буочукаҕа хаары уулаан, ууну хааччынан,  оскуоланы ыраастык тутан олорбуттара. Хас биирдии киһи сууйар иэнэ улахан буолара. Оскуола, интернат ремонун бэс ыйыгар оҥорон бүтэллэрэ. Урут кырааска суох буолара,  онон сууйарга–соторго ыарахан этэ. Бу ыарахан үлэттэн салгыбакка үлэлээбиттэрэ:

Антонова Анна Яковлевна;

Григорьева Мария Егоровна;

Алексеева Анастасия Никифоровна;

Огудова Анна Алексеевна;

Никифорова АннаФилипповна;

Николаева Анна Николаевна;

Самсонова Палагея Ефимовна;

Алексеева Вера Сидоровна;

Жиркова Анна Спиридоновна;

Антонова Александра Васильевна

Кириллина Христина Игнатьевна.,

Антонова Марфа Осиповна,

Николаева Мария Алексеевна;

Антонова Ульяна Николаевна;

Антонова Прасковья Николаевна;

Алексеева Ульяна Афанасьевна.,

Петрова М.С.,

Акимова Вера Сидоровна;

Петров Никифор Николаевич;

Петрова Ульяна Никифоровна;

Алексеева Любовь Гаврильевна;

Таскина Прасковья Марковна;

 70–с сылларга штукатурка, отопление киирбитэ. Бу отопление киирэригэр Федорова Мария Семеновна  кылаата улахан этэ. Мария Семеновна саас муус устарга Нерюнгри куоракка директор Шамаев Николай Петровиһы кытта баран отопление материалын аҕалбыттара. От үлэтин кэннэ ититии систематын сүүрбэччэ хонук устата үлэлээн бүтэрбиттэрэ. Ыраастаан, сууйан-сотон, кырааскалаан, үөрэх аһыллыытыгар оскуола бэлэм буолбута.

Ирина Руфовна Үлэтигэр  бэриниилээҕэ, кыһалҕалааҕы аһынара, барыларыгар көмөлөһө сатыыра.

Оскуолаҕа завхоһунан үлэлиир кэмигэр элбэх субботниктары тэрийэн үлэлэтэрэ, солбуоһун таҕыстар эрэ бэйэтинэн солбуйан иһэрэ.

Нэһилиэк культурнай олоҕор актыыбынай кыттааччы, женкомитекка постояннай чилиэнинэн сылдьыбыта.

 70-с сылларга оҕону итии аһылыгынан хааччыйы боппуруоһа күүскэ туран, үлэҕэ киирбитэ. Сельпо дьаһалынан оскуола биир кылааһыгар буфет аһан, Петрова Анна Семеновна үлэлэппитэ. Кэлин туспа дьиэни оҥостон, Харлампьева Федора Нифонтовна үтүө суобастаахтык үлэлэбитэ. Кинилэр астарын бэйэлэрэ маҕаһыынтан салаасканан таһаллара. Ууларын, мастарын бэйэлэрэ таһынан оһох оттон, ас астыыллара. Ол сылларга 140-160 тиийэ оҕо үөрэнэр этэ. Күҥҥэ иккитэ итии, араас тотойу, минньигэс аһылыгы астаан аһаталлара. Ити кэмҥэ оҕолор кыра да буоллар 20, 30 кэппиэйкэҕэ харчыга атыылаһан, аһыыллара.

90-с сыллартан оҕо итии аһылыга оскуола үбүттэн көрүллэн, оҕо 100% босхо аһыыр буолбута.

Түмүк

Учуутал диэн сүдү, улуу идэ. Бу идэҕэ таба тайаммыттар киэҥ билиилэринэн, олоххо сыһыаннарынан, сүрэхтэрин сылааһынан үөрэнээччилэригэр сырдыгы-кэрэни саҕаллар, үгүс ыччат барҕа махталын, биһирэбилин үйэлэргэ ылаллар. Биьиги оскуола3а угус кылааттарын киллэрэн, улэлээн ааспыт  учууталлар тустарынан сырдык өйдөбүл үйэлэргэ өлбөөдүйүө суоҕа. Кинилэр кэлэр көлүөнэ учууталларга холобур, чугас аймахтарыгар, дьонноругар-сэргэлэригэр киэн туттунуу уһун сылларга ахтылла, санатылла, үйэтитиллэ туруо5а.

Тахсыбыт матырыйаал оссо да ситэриллиэ. Нэьилиэк олохтоохторо эбии кыттыьан, араас сылларга улэлээн ааспыт, билигин биьиги кэккэбитигэр суох буолбут колуонэ оскуола улэьиттэрин туьунан хаартыскалары, ахтыылары ситэрэн, хомуйан биэрэн,  комолоьуохтэрэ диэн эрэнэбит.

Хаартыскалар кэпсииллэр…

Добавить комментарий