Уһун үйэлээхтэр – үйэ саас бэлиэ хаһаайыннара

«Үйэ саас» бэлиэ — уһун үйэлэниини өйүүр, өрөспүүбүлүкэ норуоттарын өй-санаа, духуобунас уонна үтүө үлэ өттүнэн үгэһин үйэтитии уонна тарҕатыы, уопсастыбаҕа холобур буолуу буолар.

  2003 сылтан саҕалаан, президент Вячеслав Штыров ыйааҕынан «Үйэ саас» бэлиэ 100 сааhын туолбут  Аар кырдьаҕаска туттарыллар.

Учуонайдар этэллэринэн, киһи төрүүрүгэр 120 – 150 сыл олорорго программаланан төрүүр. Ол эрээри кини итиннээҕэр быдан аҕыйах сыл олорор. Ол төрүөтэ: кыайан эмэтэниллибэт араас ыарыылар, экология эмсэҕэлээһинэ, санаа баттыга уонна  чөл олоҕу тутуспат буолуу. Ол да буоллар Саха сиригэр уһун үйэлээхтэр ахсааннара эбиллэн иһэр. 

Ол курдук Баппаҕаайы нэhилиэгэр 100 саастарын туолбут дьоннордоохпутунан киэн туттабыт, кинилэр тустарынан үөрэ-көтө кэпсиибит.

Григорьев Афанасий Дмитриевич

Биһиги абаҕабыт Григорьев Афанасий Дмитриевич сурукка киирбитинэн, 1883 сыллаахха Сортуол участагар Айыы Күөл диэн өтөххө элбэх оҕолоох, сэниэ соҕус ыалга, 4 оҕоннон төрөөбүт. Мин аҕабыттан, Григорьев Капитон Дмитриевичтэн 4 сыл аҕа. Аҕата уус баҕайы киһи үһү. Онон ампаар кыстыыр, сайылыыр дьиэлээхтэр эбит. Иһиттэрин-хомуостарын малларын-салларын, остуол-сундуук, олоппос оҥостоллор эбит. Аттарын тэрилин барытын бээлэрэ оҥостоллоро үһү. Охонооһой чороччу улаатаат эмиэ ону-маны оҥорор этим диир этэ. Күлүүс тыла чаастатык сакаастыыллар эбит. Ону былдьаһан мин оҥорооччубун диэччи. Туос иһит, маһынан иһит оҥороннор улаатан баран Якутскайга киирэн малга, ол-бу тимир иһиккэ атастаһар эбит. Эдэригэр кыанар үһү. Онон обуоска сылдьыһар эбит. Төһө ыраах тиийэллэрин билбэппин эрээри, Аанньаахха тиийэр этибит диирин өйдүүбүн. Сэниэлээх буолан аттарын көрөн- харайан, араас моһоллору ааһан, аттарын да былдьыы сатаабыттара ону биэрбэккэ күүһүнэн кыайан этэнҥэ кэлэр этибит диэччи. 87 сааһыгар велосипед тэппитэ диэн кырдьык. Сортуолга олорон Илбэҥэҕэ кэлээччи, онтон мопед онтон восход диэн мотоциклланар этэ.

 Кэргэннэнэн маҥнай Силээҥҥэ. Онтон колкуостааһын буолбутугар Сортуолга көһөн олорторо, биир уолу иитэн олорбуттара. Саҥа холкуос тэриллэригэр хамыыһыйа  чилиэнэ буола сылдьыбыт этэ, суруйар, ааҕар эбит этэ. Сайынын от оттоон, кыһынын ол-бу үлэни үлэлэн пенсияҕа тахсыбыта. Эмээххинэ эмиэ сааһыран баран өлбүтүн кэннэ эдэрси тетяны кэргэн ылан олорбута. Ыарыһах буолан кэргэнэ өлбутэ. Ол кэннэ наар Бүлүүннэн, Илбэҥэннэн, Орто-сурдунан бырааттарын оҕолорунан олорбута, сылдьыбыта.

Манна миэхэ Илбэҥэҕэ чаастатык кэлэн кыстыыр этэ. Ол тухары хоруобун оҥостон баран илдьэ сылдьааччы. Аны бээтэ тумуоҕа оччо ыалдьыбат этэ. Арай биирдэ сүрэҕэ быллыргаан эмп испитэ. Наар сарсыарда аайы курданарыгар дылы суунар этэ. Сайынҥы өттүгэр инньэ хаһыҥнаах сарсыарда буоллун көтүппэт этэ. Онтон кыһын дьиэҕэ муустаах ууннан суунааччы, 110 сааһыгар дылы. 100 сааһын ааһан баран бээбин бэрэбиэркэлэнэбин диэн мас хайытар этэ. Аны тачкаҕа күөл уҥартан от охсон баран соһон кэлэрэ. “Кэбис охтон хаалыаҥ”- диири “ бээбин бэрэбиэркэлэнэбин”- диирэ. 110 сааһын ааһан баран кырдьаҕастар диэлэригэ барабын диэн бээтэ барбыта.

 Аһыырыгар бииккэннэн аһыыра. Астан миини, сыалаах эти, суораты, ыам үүтү сөбүлуүрэ. Улаханнык түөһэйбэтэҕэ. Сүрдээх чэбэр этэ.Табааҕы уруут олох эдэр сылдьан тарда сылдьыбыт. Айаҥҥа сылдьан табаахсыт киһи аҕылыыр, доруобуйаҕа буортулаах эбит этэ диэн бырахпыт. Арыгыны кыралаан иһэрэ буолуо. биһиэхэ холуочугун көрдөрбөтөҕө.. Майгыта куруук мичээрдии сылдьааччы. Мин оҕолорбор наар:” хайа тоойуом”- диэн кэпсэтэр этэ.

Бииргэ төрөөбүттэрэ бары кэриэтэ, аҕата бары уһун үйэлээхтэр эбит.

Сиэн балта Николаева (Григорьева) Анна Капитоновна

02.10.2023г

Алексеев Сидор Иванович

1896 сыллаахха Баппаҕаайыга тѳрѳѳбүтэ. Үѳрэҕэ, партията суох, колхозтаах. 1935 с. Сталин аатынан колхозка биир бастакынан киирбитэ уонна бастакы колхоз бырабылыанньатын чилиэнэ этэ. Ити кэмҥэ ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1940 с. Стахановец үрдүк аатын ылбыта. Сидор Иванович мындыр уус, кини маска да, тимиргэ да дэгиттэр талааннаах буолан, үксүн тутууга сыстан үлэлээбитэ. Айылҕаттан талааннаах буолан, саха быhаҕын, колхозка наадалаах тимир оҥоhуктары оҥороро. Саҥаны, бастыҥы олоххо киллэрэргэ биир бастакынан ылсан үлэлиирэ.

Григорьев Василий Дмитриевич

Улахан аҕа ууһун төрдө буолбут, халыҥ аймаҕы тэниппит, үлэттэн дьолун булбут сэмэй саха оҕонньоро Василий Дмитриевич Григорьев быйыл 104 сааһын туолбута. Кини Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгэр 1903 сыллаахха тохсунньуга 5-6 сүөһүлээх, бултаан ииттинэн олорор ыалга бэһис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Григорьевтар дьиэ кэргэттэрэ удьуор уьун үйэлээхтэрэ. Василий Дмитриевич убайа Кузьма Дмитриевич 100 сааһын түөрт ыйынан туолбатаҕа, оттон эдьиийдэрэ Маарыйа уонна Мотуруона 90 саастарын лаппа ааһан баран олохтон туораабыттара.

            Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ Маалтааныга булчуттар артыалларыгар биир бастакынан киирбитэ. Эдэркээн уол күүьүн – уоҕун кэрэйбэккэ тугу үлэлээбэтэҕэ баарай. Кэлин Ворошилов аатынан холкуос тэриллибитгэр күтүөтүнээн Алексей Митрофановтыын уонна убайынаан Кууһумалыын сүөһүлэрин холбоон, толору бырааптаах чилиэнинэн буолбуттара. Кинилэр үтүө холобурдарын батыһан атын дьон эмиэ холкуоска үлэлии киирбиттэрэ. Кыһыннары – сайыннары үлэ күөстүү оргуйара. Сайын от кэмигэр Василий Дмитриевич звенону салайбыта, онтон биригэдьиирдээбитэ. Сытыы – хотуу, үтүө суобастаах, улэһит уолу кырдьаҕастар үтүө ыччат диэн сөбүлүү көрөллөрө, эдэр ыччат сэргэх, чэбэр уолу батыһаллара, убаастыыллара.

            Василий Маарыйана маҥнай саҥа аһыллыбыт оскуолаҕа көрбүтэ. Маарыйа да кинини көрдөҕүнэ, хайдах буолуон билбэт, мунан – тэнэн хаалбыт курдук буолара. Баһылай холкуоска киирэригэр Маарыйаны ыанньыксытынан ыҥырбыта. Бииргэ улэлиир буоланнар көрсөллөрө, кэпсэтэллэрэ – ипсэтэллэрэ элбээбитэ, сөбүлэһэллэрин сүрэхтэринэн сэрэйэсэн билбиттэрэ. Мария Егоровналыын эйэ дэмнээхтик 70 – ча сыл бииргэ олордулар, түөрт кыыс оҕолоохтор, өссө уол оҕону ииппиттэрэ. Григорьевтар оҕолоро, сиэннэрэ ыал бастыҥа үөрэхтээх, үтүө улэһит дьон буолан олороллор. Бэйэ – бэйэни ытыктаһан, хайа да тугэҥҥэ өйдөһөн, икки өттүттэн толору итэҕэйсэн, көмөлөсүһэн олордоххо кыһалҕа да, ыарахаттар да кыайбаттар диэн бэрт судургутук быһаарар уьун уйэлээх олох олоҕун Василий Дмитриевич. Ол да иьин оҕолоро, сиэннэрэ үтүө дьон, мааны ыал буоллахтара

Саха Сиригэр бастакы стахановецтар баар буолбуттара, кинилэртэн биирдэстэрэ – Василий Дмитриевич этэ. 1,4 галаах сир отун охсубута, 1,5 галаах сир отун муспута, 150 бугулу туруорбута билиҥҥэ диэри ахтыллар. Декада түмүгүнэн таһаарылаах үлэтин иһин бастакы күөҥҥэ тахсыбыта. Ол иһин улахан охсооччу быһыытынан киэҥник биллэр. Ворошилов аатынан холкуос бырабылыанньата киниэхэ “стахоновец” диэн бочуоттаах ааты иҥэрбитэ. Ааһан иһэр дьон баппааҕаайылар бугуллара улаханнарыттан көрө саллаллара, күҥҥэ сүүстэн тахса оннук улахан бугулу туруорара.

От үлэтэ түмүктэммитин кэннэ кыстык үлэтэ тирээн кэлэрэ. Сопхуос сүөһүтүн хотонун өрөмүөнэ, саҥа тутуулар, от – мас тиэйиитэ кинитэ суох барбата. Оччолорго өрөбул, уоппуска диэн өйдөбүллэр суох кэмнэр этэ.

Сэрии саҕаламмыта. Туруу дьон Ийэ Дойдуну көмүскүү сэриигэ ыҥырыллан барбыттара. Василий 1943 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Сааһырбыт ийэлээх аҕата саамай кыра уолларын, кэргэнэ Маарыйа уонна үс кырачаан оҕолор аҕаларын сэриигэ атааран ытыы – сонуу хаалбыттара. “Хайа дойдуга тиийэн суор – тураах аһылыга буоларым биллибэт, эргиллэбин эрэ, суох эрэ”, – диэн санаалаах сэриигэ барбыта, нууччалыы билбэт буолан, доруобуйатын туругунан сыыйыллан үлэ фронугар ыыппыттара. Иркутскай аттыгар станция акылаатын ууруутугар үлэлэспит, туох да техника суох, хары күүһүнэн барытын толороллоро. Күүстээх, эппиэтинэстээх үлэһит быһыытынан бэйэтин көрдөрбүт уонна ударник аатын ылбыт. Сыл кэриҥэ үлэлээн баран, үчүгэй үлэһит быһыытынан  талыллан Иркутскайдаа5ы байыаннай собуокка улэҕэ анаммыт. Онно буомбалары, миналары, снарядтары оҥорсубут. Собуокка аһара тымныы буолан уолаттар тоҥумаары түргэнник эрчимнээхтик хамсаан үлэлииллэрэ. Биир ыйдаа5ы аһыыр талоннарын эрдэ илиилэригэр туттаран кэбиһэллэр эбит. Ол сылдьан, талонун уордарбыт Саха уола эрэйдээх тоҥон, хоргуйан өлө сыспыт. Василий Дмитриевич фроҥҥа барарыгар тоҕо эрэ, сэрэйбит курдук, иннэлээх сабын илдьэ барбыт, ол иһин тыыннаах хаалбыт диэххэ сөп. Урукуттан иистэнэр идэлээх буолан, кимиэхэ харчыга, кимиэхэ аска таҥастарын – саптарын абырахтаан биэрэр эбит. Онон, илиитин дьоҕурунан тыыннаах хаалбыт. Сэрии бүппүтүн туһунан үөрүүлээх сонун Аан дойдуну тилийэ сүүрбүтэ. Саха уолаттара дойдубутугар төннүөхпүт, дьоммутун, о5олорбутун көрүөхпүт диэн олус үөрэ санаабыттара, долгуйбуттара. Ол эрэн, Василий Дмитриевич дойдутугар сэрии бүппүтүн кэннэ 1947 сыллаахха эрэ төннүбүтэ. “Ол миэхэ муҥутуур дьол этэ” – диир билигин. Дьиэтигэр кэлбитэ кэргэнэ Маарыйа үс кыыһын кытта этэҥҥэ олороллор эбит. Куруук фермаҕа үлэлээбит буолан хоргуйан өлөр суолтан быыһаммыттар. Ийэлээх аҕата кыра уоллара эргиллэн кэлэрин көрбөккө сэрии ыар кэмигэр ыалдьан олохтон туораабыттар. Оттон убайа Кууһума икки кыра оҕото суох буолаахтаабыттар.

Сэрииттэн эргиллэн кэлээт, Василий Дмитриевич үлэ үөьүгэр туспутэ. Сайынын от оттоон, кыһынын таһаҕас таьыытыгар, тэрилтэлэргэ оттук маһы кэрдиитигэр, дьонтон туох да итэҕэһэ суох күүскэ үлэлиирэ.

“Мин үйэбэр табаҕы тардыбатаҕым, аргыны батыспатаҕым. Куһаҕан майгылаах, кыыһырар – тымтар, санаарҕыыр киһи үйэтэ эмиэ кылгыыр. Оттон мэлдьи, кыраттан да үөрэр – көтөр, чэпчэки санаалаах дьонно үтүөнү – кэрэни саныыр киһи уйэтэ уһуур”, – диэн күлэ – үөрэ кэпсиир 104 саастаах Василий Дмитриевич Григорьев. Соторутааҕыта Республика Президенин В.А.Штыров ыйааҕынан “Үйэ саас” бэлиэни туппута.

Кырыйдым диэн олорботоҕо, сопхуос бары үлэтигэр көхтөөхтүк кыттара. Арай 80-ча сааһын туолан баран, чэпчэки үлэ буллум диэн, оһох оттооччуннан өр сыл улэлээбитэ. Бу саас кини улаханнык ыалдьан балыыһаҕа киирбитэ. Массынаннан тиэллибэт, эпэрээссийэни тулуйбат ыарахан туруктаах сыттаҕына куораттан хирург – уролог идэлээх табаарыстара Тимофей Иосифович Габышев айаннаан кэлэн өлөр өлүүтун быыһаан, эмтээн барбыт. Кырдьаҕас киһи Тимофей Иосифовиһы көрөн, үөрүүттэн, долгуйан да, соһуйан да хараҕын уута икки иэдэһинэн сүүрбүтэ.

Кини эдэригэр сып – сап туттунуулаах,  дэгэлдьитэн хаамар, сыыдам киһи эбит. Ыалдьыт кэллэ да чаанньыгын урдугэр түһэр, кими да күүппэккэ, эрэйбэккэ остуолун бэйэтэ тардыбытынан барар, кинини таптаан, ытыктаан “Мааны Баһылай” диэн ааттыыллар. Кырдьык даҕаны, сөпкө биэрбит ааттара буоллаҕа, сырдык сэбэрэлээх, ыраас өйдөөх – санаалаах, хаһан да кыыһырбатах саха мааны оҕонньоро.

Светлана Артемьева

(“Саха сирэ” №204(3710), 20  с.)

Прокопьева Мария Алексеевна, Тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах ветерана, үлэ, тыыл, уоттаах сэрии ветерана. Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо

   Прокопьева Мария Алексеевна, Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгин олохтооҕо үлэ,тыыл,сэрии ветерана, Баппаҕаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, нэһилиэк саамай аҕа саастаах ытык кырдьаҕаһа.

   Биһиги ийэбит, Прокопьева Мария Алексеевна 1921 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр «Силээн» сиригэр «Бэс бала5ан» диэн сиргэ күн сирин көрбүтэ.Ийэтэ, Прокопьева Анна Ивановна. Аҕата, Прокопьев Алексей Семенович.Кинилэр 13 оҕоҕо күн сирин көрдөрбуттэрэ, 2 оҕолоро ыарахан сыллар буолан, тымныйан, ыалдьан кыраларыгар төннүбүттэр.11 оҕолоро киһи хара буолбуттар.Ийэбит элбэх оҕолоох ыалга төрөөн, үөрэх диэни билбэтэҕэ.

   Кыратыттан үлэһитэ, туругаһа, олоругаһа бэрт буолан, дьонугар көмөлөһөн кыра быраатын, балыстарын көрсөн араас үлэҕэ эриллэн улааппыта.Олох кыратыттан сүөһү үлэтигэр көмөлөһөн, арыый улаатан баран сүөһү көрөөччүннэн, сылгыһытынан үлэлээбит.

  Сэрии сылларыгар ийэбит дьонун кытары олорон, үлэ бөҕөтүн үлэлээн кэлбиттэр. Олохторо ыарахана, астара-үөллэрэ кырыымчыга.Аҕалара булчут буолан, онон эбинэн олорбуттар.Улахан убайын Аппанааһы, Өлүөхүмэ улууһун, Мухтуйа сиригэр үлэ фронугар ыыппыттар.Ыарахан үлэттэн, куһаҕан услуобуйаҕа сылдьан, тымныйан, аччыктаан, ыалдьан өлөөхтөөбүт.Иккис убайа Макаар сэриигэ ыҥырыллан, сэрии толоонугар охтубут, көмүс уҥуоҕа Белоруссия сиригэр харалла сытар, сэриигэ командирдаан сылдьыбыт.Ийэбит дьиэ кэргэнигэр сэрии ыар охсууну оҥорбута, ыар сүтүктэммиттэрэ.Сэрии бүтүүтэ үлэ фронугар таас чох хостуурга эдэр дьону хомуйбуттар.Ол саҕана «Баппаҕаайы» сирэ үс колхуостааҕа Лөкөчөөн, Сортуол, Арыылаах.Колхуос аайыттан уоннуу эдэр дьону хомуйан Бүлүүгэ сатыы хаамтаран, 10-ча хонук айаннаан, эрэй бөҕөтүн көрөн тиийбиттэр. Тиийбиттэригэр ырыганнаргыт, кыраларгыт бэрт диэннэр, дойдугутугар барыҥ, үлэлээн диэбиттэр.Аҕыйах эдэр киһини талан үлэ фронугар ыыппыттар, үксүлэрэ төннөн кэлбиттэрэ.Ийэбин кытары 2 бииргэ төрөөбүттэрэ эдьиийдэрэ Сөдүөччүйэ, Биэрэ эмиэ бааллара.Эһиилигэр уоттаах сэрии бүппүт.Сэрии бүтэн ийэбит дьонун кытары олордоҕуна, аҕабыт Петров Николай Никифорович кэргэн  кэпсэтэн ыал буолбуттар.Алта оҕоломмуттарыттан,икки оҕолоро кыраларыгар тымныйан, ыалдьан төннүбүттэр.Алеша диэн уоллара,улаатан, киһи-хара буолан иһэн,Намҥа үөрэнэ сылдьан оһолго түбэһэн суох буолбута.

  Билигин биһиги 3 оҕолоро баарбыт.Бары төрөөбүт дойдубутугар үлэлээн, хамсаан сүөһү иитэн, оҕо-уруу төрөтөн этэҥҥэ олоробут.Номнуо эбээ,эһээ буолан олоробут.

  Ийэбит 3 оҕо амарах ийэтэ, 10 сиэн,11 хос сиэн тапталаах эбээлэрэ, оҕолорун , сиэннэрин ортолоругар үөрэ-көтө дьоллоохтук олорор.

   Ийэбит а5абытынаан дьоннорун кытары олордохторуна, колхозтааһын тэриллэн, колхозка чилиэнинэн киллэрэннэр «Сортуол»  учаастагар барыларын көһөрбүттэр.Сүөһүлэрин, сылгыларын колхозка тутан ылбыттар.

   «Сортуолга» тиийэннэр «Сталин», «Октябрь» колхозтарга өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык, тахсыылаахтык үлэлээбиттэр.

    Ийэлээх, аҕабытын «Сортуолга» үлэлии сырыттахтарына ким да урут олоро сылдьыбатах үрэх баһыгар «Баай Эбэ5э» көһөрбүттэр.Үлэһиттэрин иһин эрэнэн көһөрдөхтөрө, уонча киһи буолан көспүттэр, хас да ыал дьон,хас да сулумах  киһи. «Баай Эбэ5э» тиийэн  100-чэ сүөһү турар хотонун, олорор балаҕаннарын туттаннар кыл мүччү кыстыкка киирбиттэр, олохторун булуммуттар.Ийэбит ыарахан үлэ этэ диэччи, эдэр-сэнэх буолан, үлэһиттэрэ, үлэни кыайаллара бэрт буолан, аҕыйах кэм иһигэр үлэ бөҕөтүн үлэлээбиттэр.Урукку дьон барахсаттар оннук үлэһит, туруу дьон этилэрэ.

  «Баай Эбэ5э» дьонум 10-ча сыл олорбуттара.Төһө да ыарахан сылларын иһин «Баай Эбэ5э» олорбуттарын истиҥник ахтааччылар. Баай айылҕата, ото-маһа үчүгэйэ, бултаах-алтаах сир диэччилэр.

  Онтон «Харбалаах» учаастагар көһөрөллөр. Урукку сүөһү үлэһиттэрин учаастактан учаастакка көһөрөн иһэллэрэ, кинилэртэн ыйыта барбаттара.Ханна көһүн диэтилэр да көһөллөрө.Онтон эмиэ олохторо хас эмэ төгүл ыараан биэрэрэ.

  Урукку олох ирдэбилэ кытаанаҕа бэрт буоллаҕа,сүөһү үлэһиттэрин оҕолорун дьааһыла саадка көрөллөрө-истэллэрэ.Онтон оскуолаҕа интернатка олордон үөрэтэллэрэ.Ол көспүт сирдэригэр ким бэлэмэ кэлиэй, тымныы дьиэ, хотон ыарахан үлэтэ буолара.Олорбуттарын тухары элбэх сиргэ көһөн кэллэхтэрэ.Үлэни өрө туппуттара.Урукку ыарахан сылларга эбиитин ыарахан ыарыылар тураннар, киһи бөҕөтө суорума суолланаахтаабыттара.

  Корь, уоспа ыарыылара турбуттар.Ийэбит корь ыарыыга ыалдьан өлө сыспытым, күөмэйбин салаппытым диирэ.Сааһыран истэҕинэ, сорох сайын ийэбит саҥатын истибэккэ сайылааччыбыт.Күөмэйэ ыалдьан, ол ыарахан ыарыы содула буоллаҕа.

   Ийэбит «Сортуолга» олорон сүөһү үлэтигэр уһуннук үлэлээбитэ.Кэлин совхозтар тэриллэннэр «Орто Бүлүү», «Баппа5аайы» совхозтарга үтүө суобастаахтык ыанньыксытынан, ньирэй көрөөччүннэн үлэлээбитэ.Үлэтигэр куруук кыайыылаахтык, хотуулаахтык үлэлээбитэ, кини көрөр сүөһүлэрэ куруук эмис-тот, төрөлкөй буолаллара, сүөһү майгытын табар маастар сүөһүт кини буолара.

  Пенсияҕа да тахсыбытын кэннэ үлэһит илии тиийбэккэ ыҥыран дайааркалары солбуйтараллара,хотон харабыллааччы.Сайылыкка көһүүгэ ырыганнаабыт, кыайан хаамар кыахтара суох сүөһүлэри сайыны быһа көрдөрөллөрө дэриэбинэҕэ.Сүөһүлэрин оҕолуу бүөбэйдээн,күһүн хата кимнээҕэр эмис-тот буолаллара.Сүөһү үлэтигэр 70-тан тахса сыл үлэлээбитэ, кыра сааһыттан хара үлэттэн илиитин араарбатаҕа.80-нун ааһыар дылы аҕабынаан кэтэх сүөһү көрөн олорбуттара.

  Биһиги күндү ийэбит Мария Алексеевна бу сайын 100 сааһын өрө көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн бэлиэтээтибит, улуус баһылыга Винокуров  Сергей Николаевич кэлэн  «Үйэ» бэлиэни харчыннан бириэмийэ туттарбыта.Кырдьаҕастар советтарын бэрэсэдээтэлэ Солтуев Герасим Алексеевич «Улуус бочуоттаах ветерана» диэн лента кэтэрдибитэ.Үгүс үтүө тыллар анаммыттара, Бүлүү улууһун депутаттара бэлэх туттарбыттара, эҕэрдэ тылларын тиэрдибиттэрэ.Биир үйэ олорбут ийэбитин өссө уһуннук оҕолорун,сиэннэрин далбардарыгар олороругар баҕарабыт.Ийэбитигэр кыайыы 75 сылыгар Бүлүү куоратыгар толору хааччыллыылаах дьиэ биэрэннэр улууспут салайааччыларыгар  махталбыт муҥура суох!Өр сыллаах үлэтэ, олоҕо сыаналаммыта.

  Ийэбит киһи быһыытынан кытаанах,күүстээх санаалаах, куруутун үөрэ-көтө сылдьар, элбэх кэпсээннээх, сэһэннээх киһи.Олоххо көхтөөх сыһыаннаах, билиҥҥэ дылы ким хаһан төрөөбүтүн ааҕа билэр, сүрдээҕин өйүгэр тутар, өйүгэр хатыырынан тэҥнээҕэ суох.

  Урут эдэрчи эрдэҕинэ дьоннор кэлэн төрүччү оҥостоорулар сурунан, атах тэпсэн олорон, сэһэргэһэн, үөрэн, астынан барааччылар.Оскуолаҕа үөрэммитэ буоллар дьэ сүрдээх билиилээх киһи буолуо этэ.Бэйэтэ телевизортан, хаһыаттан көрөн улахан буукубалаах тыллары ааҕааччы, илиитин баттыыра, ол бэйэтэ көрөн үөрэммитэ, уруһуйдьут талааннаах,кумааҕыннан сүөһүнү, сылгыны үкчү гына кырыйааччы.Аны куолаһа кылыһахтаах, ырыа тылын билэрэ буоллар ырыаны хото ыллыа этэ.

   Ийэбит бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Прокопьева Мелания Алексеевна Хатаска олорор, эдьиийигэр 3-тэ,4-тэ баран күүлэйдээн кэлбитэ.Сааһыран баран ийэбит айан бөҕөтүн айаннаабыта.Кулуубка концертарга,ыһыахтарга 90-нун лаппа  ааһыар дылы сылдьыбыта.Ийэбит ханна барыан баҕарда да булгуччу илдьээччибит.

  Сүрдээх олоххо тардыһыылаах, активнай позициялаах буолан уһун үйэлэннэ.Өйө-санаата билиҥҥэ дылы ыраас, сырдык,чэгиэн.Барытын биһиги олохпутун билэн, ыйыталаһан, көрө-истэ, сүбэлии олорор,баттаҕын 90-ча сааһыгар дылы кырааскалатааччы, сэнэх буолан көстөөрү.Бэйэтин билиҥҥэ дылы ыраастык көрүнэр,таҥаһын-сабын сааһылыыр, олус аккуратнай. Ийэбит барахсан билиҥҥэ дылы сырдыкка, кэрэҕэ уһуйа олороргор махталбыт муҥура суох.Эн төһө да олоххор ыарахаттары көрсүбүтүҥ иһин инниҥ хоту хорутуулаахтык, дьулуурдаахтык айаннаан, олорон  быйыл от ыйын 1 күнүгэр 102 сааскын туоллун !Биһиги ийэбитин, эбээбитин Мария Алексеевнаны олус күүскэ таптыыбыт, сыаналыыбыт уонна  киэн туттабыт!

      Күндү ийэбит бу курдук үөрэ-көтө өссө да уһуннук оҕолоруҥ, сиэннэриҥ ортотугар олор диэн алҕыыбыт!Үтүө, үлэһит киһиэхэ, саха далбар хотунугар Уруй-Айхал!Дом!

                                Суруйда кыыһа Иванова Клавдия Николаевна.

                                                   2023 сыл  Бүлүү улууһун Илбэҥэ с.