Аҕам саастаахтарга тэрээһиннэр

Көмүс күһүн биир кэрэ бэлиэ кэмигэр , олуһун диэн долгуйан , үөрэн, өрө көтөҕүллэн туран Аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр аҕам саастаахтар күннэринэн , нэһилиэкпитигэр  өрүү буоларын курдук олохсуйбут үгэһинэн ытык мааны аҕам саастаах дьоммутугар тэрээһиннэри ыыттыбыт.

Аҕам саастаахтар спартакиадалара

Алтынньы 8 күнүгэр олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, спортинструктор  тэрийиилэринэн Аҕам саастаахтар “Эрэл” спортивнай саалаҕа 7 көрүҥҥэ күрэхтэстилэр, алаадьы, минньигэс торт, үүттээх чэй истилэр.

Дартс күрэҕэ
Хаамыска, хабылык
Баскетбол
Түү мээчиги таба тап
Күрэхтэһии кыайыылаахтара

     Алтынньы 10 күнүгэр “Алаһа” сынньалаҥ киинигэр ыҥырыылаах ыалдьыт буолан аҕам саастаахтарбыт бырааһынньыктааҕы остуол тула тэрээһиҥҥэ муһуннулар. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор үбүлүөйдээх бэтэрээннэригэр тэрилтэлэр профсоюзтара бэлэх туттардылар, эҕэрдэлэрин эттилэр. Аҕам саастаахтарбыт араас бириистээх оонньууларга  кытыннылар ыллаатылар –туойдулар.

Бар дьоммутугар, бүгүҥҥү эҕэрдэ эҥээрдээх, алгыс тулалаах дьоро киэһэҕэ, кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар махтал маанытын, баһыыба бастыҥын тиэрдэбит. Күн сиригэр баар бары үтүөнү, кэрэни, үйэлээҕи! Дьоллоох-саргылаах буолуҥ!

Добавить комментарий