ИЛБЭҤЭ СУЛУСТААХ ИЙЭЛЭРЭ

Бүлүү улууһун Баппа5аайы нэһилиэгэ бүтүн  Саха Республикатын үрдүнэн 13 Герой  ийэлэрдээ5инэн аар – саарга аатырар, суон сура5ырар… Уонтан тахсалыы о5олоох күн күбэй Герой ийэлэрбит, биһиги эбээлэрбит элбэх ыччаты тэнитэн, хас да көлүөнэ дьону олох устун эрэллээхтик хаамтара сылдьалларыттан киэн туттабыт, үөрэбит.

Бу 13 Герой ийэлэрбититтэн 138 о5о күн сирин көрөн, былыта суох дьоллоох оҕо сааһы билэн улаатан, үөрэхтэнэн үлэһит, ыал күүс буолан республика араас муннуктарыгар олохсуйан, төрөөбут Баппаҕаайыларын бар дьоҥҥо ааттаталлар.13 Герой ийэлэрбит – эбээлэрбит ити ыччаттарыттан 300 -тэн тахса сиэн, 80 тан тахса хос сиэн төрөөн – ууьаан,  700 – ча киһиэхэ тиийэн, билиҥҥи Илбэнэ бөһүөлэгин нэһилиэнньэтин саҕа тэнийэн, сирдээҕи бүгүҥҥү олохпутун киэргэтэ сылдьаллар. Бу ыччаттар ортолоругар талааннаах учуонайдар, элбэх үтүөкэннээх учууталлар, эмчиттэр, быраастар, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар.

20-с  үйэ  ытык  кырдьа5астарын, ити үйэни кытта тэннэ хаамсан кэлбит 80-н тахсыбыт, 70-н саастарын  лаппа ааспыт кырдьаҕас эдьиийдэрбит, ийэлэрбит, эбээлэрбит, хос эбээлэрбит олохторун, улэлэрин хамнастарын кэлэр көлүөнэ ыччакка сырдатыы, тарҕатыы хайаан да баар буолуохтаах.

Билиҥҥи кэмнэ элбэх оҕолонуу, кинилэри иитии –үөрэтии  ыараан турар кэмигэр кинилэр кэпсээннэрэ, олорон кэлбит олохторо –эдэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур, өйөбүл буолуо. Кинилэр олорон ааспыт олохторо, хас  биирдии күннэрэ, хас биирдии тыллара, кэнсээннэрэ элбэҕи этэр, элбэҕи толкуйдатар.

Аан  Ийэ дойдуга туох баар аналларын,  эйэлээх олоҕу салайсан, киһи айма5ы ууһатан-кэнэтэн эбээ, хос эбээ буолан чиэстээхтик, чиэһинэйдик толорон кэлбиттэриттэн, олох дуоһуйуутун ылан олороллоруттан киһи үөрэр – астынар.

Ыал оло5ун онорооччу, ыпсарааччы, тэрийээччи,  куһаҕантан куоттарааччы,  күрэтээччи күндү  ийэлэрбит дьиэ5э-уокка хаһан да бүппэт түбүктэрин, чуолаан, о5ону үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйан иитиигэ ураты дьоҕурдаахтар.

Былыр-былыргыттан саха ыалын дьиэтэ элбэх оҕолоох үөрүү-көтүү уйатынан буолара.  Саха дьоно маны элбэх силистээх – мутуктаах, хойуу лабаалаах сириэдийэ үүнэн турар Аал – луук маска сөпкө холууллар.

 Биһиги улууспутугар 65 Герой ийэлэр баалларыттан  Илбэҥэ дэриэбинэтигэр 13 Герой-ийэ  аата ааттанара, бу түөлбэ атын сиртэн уратытын биир бэлиэтэ буолар.  

Алексеева ЕлизаветаМарковна –1937 с. Баппа5аайы нэһилиэгэр  төрөөбүтэ. 1959 с Тааһаҕартан төрүттээх Роман Харлампьев диэн киһиэхэ кэргэн тахсан 12 оҕоҕо  күн сирин көрдөрбүтэ, 7 уол 5 кыыс. Елизавета Марковна 1970 с. герой-ийэ бочуоттаах аатын ылбыта. Кэргэнэ, кыра о5ото үс саастаа5ар, эрдэ өлөн оҕолорун бэйэтэ ииппитэ, үөрэхтээх дьон онортообута. Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн  баран 40 сыл оскуолаҕа учууталынан, интернат иитээччитинэн үлэлээбитэ. Өр сыллаах үлэтин, о5ону иитиигэ кылаатын иһин 2003 с «Гражданскай килбиэн» знагынан, 2007с Президент В.А.Штыровтан махтал суругу туппута.

Алексеева Любовь Гаврильевна – 1943 с. Өймөкөөн оройуонугар, Тарын үрэх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 7 кылаас үөрэхтээх. Оччолорго милиция улэһитэ, дойдутугар кэлэн тракторист буолбут Алексеев Михаиллыын холбоһон ыал буолбута.  12-тэ о5оломмута, уолун-кыыьын  танара тэннээбитэ, 6-лыы уол, кыыс. Любовь Гаврильевна о5олорун сүрүн уратыларынан кинилэр уус-уран самодеятельноска кытталлара буолар. Ийэ о5олорун ас астааһыныгар, кыргыттары вышивка5а, чараас танас тигиитигэр уһуйбута. Бэйэтэ дьиэ үлэтин, иистэнэрин, сахалыы матыыптаах ырыалары сөбүлээн ыллыыра. А5алара Михаил 1985 с. эрдэ эмискэ олохтон туораабыта. Тулаайах хаалбыт оҕолорун тула соҕотоҕун туран хаалбыта. Туох баар ыарахан барыта соҕотох ийэҕэ сүктэриллибитэ. Кини кимиэхэ да мунатыйбакка, дьонтон  итээбэккэ оҕолорун атахтарыгар туруорбута. 1990 с. аһыныгас сүрэхтээх, мындыр тракторист уол Акимов Василий Яковлевич аҕа буолан киирбитэ .

    Любовь Гаврильевна 1979 с. Герой-ийэ бочуоттаах аатын сүкпүтэ. Ийэ буолуу орденнарынан, медалларынан на5араадаламмыта. Илбэнэ сулустаах ийэлэриттэн сааһынан саамай эдэрдэрэ этэ.

Васильева Прасковья Алексеевна – 1930с. төрөөбүтэ. Олорор сирэ оскуолаттан олус ыраах буолан, кыайан үөрэммэтэҕэ. Оҕо сааһа сэрии кэмнэригэр ааспыта. 1943 с. улахан дьону кытта тэннэ колхозтаах курдук үлэлээн барбыта.  18 сааһыгар Егор Васильев диэн киһиэхэ кэргэн тахсан 1952 с.барыта 10 оҕону төрөппүтэ. Оҕолоро бары улаатаннар, үлэһит дьон буолбуттара. Прасковья Алексеевнаҕа  1976 с. Герой-ийэ аата инэриллибитэ. Ийэ бары орденнарынан, медалларынан, тыыл ветеранын наҕараадатын туппута.

Иванова Мария Кирилловна 1936 с. төрөөбүтэ. О5о сааһа атыттар курдук эмиэ сэрии кэмнэригэр ааспыта. Ийэтигэр ынах ыаһара. 9 сааһыгар оскуолаҕа киирбитэ, 5 кылааьы бүтэрбитэ. Бэйэтин курдук үлэһит Марк Никифорович диэн киһини сөбүлээн 1957 с. ыал буолбута.  Кыра сааһыттан  «Ворошилов», «Сталин», «Октябрь» колхозтарга, «Орто Бүлүү», «Баппаҕаайы» совхозтарга 1988 с. «Чемпион-ньирэй көрөөччү», сүөһү иитиитин 2,1 кылаастаах маастарыгар тиийэ үлэлээбитэ. 1988с. «Ветеран – труда»  медалынан наҕараадаламмыта. Кини 13 оҕону төрөппүт, 8 кыыс, 5 уол, ити иһигэр Лиза уонна Анна диэн игирэ кыргыттары аҕалбыта, билигин 12 оҕо баар.  Мария Кирилловна5а 1970 с. Герой – ийэ үрдүк аата иҥэриллибитэ. Ийэ араас орденнара, медаллара киэргэтэллэр. Араас ис хоһоонноох грамоталар, махтал суруктар кини архивын толороллор.

 Кириллина Христина Игнатьевна – 1925 с. төрөөбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалан олох ыарахаттарын көрсүбүтэ. Илбэнэҕэ 7 кылаастаах оскуоланы бүтэрбитэ. Ити бириэмэҕэ колхозка үлэлэһэрэ. Оскуоланы бүтэрээт счетоводунан үлэлээбитэ. Ол сылдьан аа5ар – суруйар Сталин  колхоз председателинэн үлэлии сылдьар Кириллин Кузьмалыын ыал буолар. 11 оҕолоох (7кыыс, 4уол) 12-ис оҕотун быраата Алексей улаатыннарбыта.  Кини оҕолоро обществоҕа, дьонно – сэргэҕэ убаастанар дьон буола улааталларыгар баҕарара, ол баҕата туолан бары үөрэхтээх үлэһит дьон буола үүннүлэр. Христина Игнатьевна5а 1966 с. Герой-ийэ бочуоттаах аата инэриллибитэ. Ийэ буолуу орденнара, медаллара кини туэьун киэргэтэллэрэ, «Ветеран труда», тыыл ветеранын, юбилейнай медаллар эбиллибиттэрэ. Элбэх Бочуотунай грамоталарынан на5араадаламмыта. Сиэннэр, хос сиэннэр сурэхтэригэр күндү эбээ.

Никифорова Варвара Петровна 1931 с төрөөбүтэ. Ийэтэ Федосия, а5ата Петр Ворошилов колхоз төһүү үлэһиттэрэ этилэр. Варвара дьоно кыаммат буоланнар 3 кылаас үөрэҕинэн мунурдаммыта. Үөрэнэ сырытта5ына сэрии са5аламмыта, онон үлэлии барарга күһэллибитэ.  Олоҕун  аргыһын  Ньукулайы көрсөн 11-дэ оҕоломмута, билигин 9  оҕото бааллар. Оҕолоро бары олоххо оннуларын булан,  дьон – сэргэ убаастабылын ылаллар.  Варвара Петровнаҕа 1973 с. Герой-ийэ бочуоттаах аата инэриллибитэ. «Ийэ Албан Аата» орден бары степеннэринэн наҕараадаламмыта. Ийэ медаллаах. 1987 с. «Ветеран труда», 1993 с. «1941-45 сс. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Килбиэннээх үлэтин иһин» медалларынан, элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан на5араадаламмыта.

 Николаева Анна Капитоновна – 1936 с. төрөөбүтэ. Начальнай кылаас үөрэхтээх. Оччотооҕу кэмнэргэ оҕоҕо да улахан киһиэхэ окко былаан түһэрэллэрэ. Итинник сорудаҕы Анна 9 саастааҕар ылбыта. Аатырбыт булчут, Ленин орденнаах Дьөгүөркэ Ньукулаайап уола Испирдиэнниин холбоһон ыал буолбута. Барыта 12 о5оломмута (7 уол, 5 кыыс), билигин 11 о5ото баар. Анна Капитоновна5а 1973 с  Герой-ийэ бочуоттаах аата инэриллибитэ. «Ийэ Албан Аата» орденнарынан, «Ийэ» медалынан, «Ветеран труда» медалынан, Бочуотунай грамоталарынан, эҕэрдэ суруктарынан наҕараадаламмыта кини үтүө суобастаах үлэһит, истин-иһирэх ийэ буоларын туоһулууллар.  Элбэх сиэн, хос сиэн күүтүүлээх, тапталлаах эбээлэрэ.

Николаева Евдокия Игнатьевна 1933 с. Лөкөчөөҥҥө Нымсах диэн сиргэ төрөөбүтэ. Сэрии кэмэ буолан оскуолаҕа кыайан үөрэммэтэҕэ. Бэрт эдэр сааһыттан үлэлииргэ күһэллибитэ. Үлэһит, булчут, дэгиттэр талааннаах Лөкөчөөнтөн  төрүттээх Иванов Маркы кытта ыал буолан 14 төгүл оҕоломмута (5 кыыс, 9 уол). Оҕолорун олоххо бэлэмнээх тахсалларын курдук иитэн, өбүгэлэрбит үгэстэригэр, сиэргэ – туомҥа такайан үөрэппитэ. Оҕо иитиитин идэ оҥостубута. Евдокия Игнатьевнаҕа 1975с. Герой – ийэ бочуоттаах аата иҥэриллибитэ. Ийэ буолуу орденнарынан,  медалларынан наҕараадаламмыта.

Николаева Евдокия Николаевна 1935 с. төрөөбүтэ, ситэтэ суох орто оскуола5а үөрэнэ сылдьан переросток сокуонугар сөп түбэһэн ситэ үөрэммэккэ хаалбыта. «Октябрь» колхозка ньирэй көрөөччүнэн, саһылга үлэлээн иһэн, кэлин 22 сыл Илбэнэ пекарнятыгар пекардаабыта. 1956 сыллаахха сэрии ветераныгар, огдообо икки оҕолоох киһиэхэ кэргэн тахсан 12 оҕоломмута (5 уол, 7 кыыс). Оҕолорун  кыра эрдэхтэриттэн араас үлэ5э сыһыаран үлэлэппитэ – ииппитэ. Дьонно үчүгэй сыһыаннаах буоларга такайара. Евдокия Николаевна5а 1976с. Герой-ийэ үрдүк аата инэриллибитэ. Ийэ буолуу медалларынан, орденнарынан,  юбилейнай медаллар эбиллэллэр. Райпотребсоюз, сельпо, нэһилиэк салалтатынан Бочуотунай грамоталара бааллар.

Николаева Федора Спиридоновна 1933 с. Арыылаахха Сайылык диэн  сиргэ төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр 10 этилэр. Үйэтин тухары булдунан дьарыктаммыт, Ленин орденнаах Дьөгүөркэ Нукулаайап уола Николаев Иван Егоровиһы  кытта холбоһон, ыал буолан 13-тэ оҕоломмута, Билигин 10 оҕото бааллар. (6 уол, 4 кыыс). Кини оҕолоруттан сүрүн ирдэбилэ: үлэҕэ – үөрэххэ дьүккүөрдээх буолуу, чөл олоҕу тутуһуу, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыан, ыарахаттартан толлубат буолуу, кыраны – кыамматы харыстыыр – араначчылыыр санааҕа иитэрэ. Киниэхэ 1978 с. Герой – ийэ бочуоттаах аата инэриллибитэ. Ийэ орденнарынан, медалларынан, «Ветеран – труда» медалынан, элбэх грамоталарынан наҕараадаламмыта. 

Фёдорова Марфа Егоровна 1938 с. Баппаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Алта бииргэ төрөөбүттэртэн Марфа бастакы о5о этэ. Ийэлэрэ өлөрүгэр кини баара эрэ 7 саастааҕа. Эдьиийдэрэ Ф.С.Федорова иитэлээбитэ.15 сааһыттан фермаҕа ыанньыксытынан үлэлээн барбыта. Онтон а5алара өлбүтүн кэннэ бииргэ төрөөбүт балтыларын бэйэтэ иитэ ылбыта, онно Марфа 20 саастааҕа. Икки сылынан Сэмэн диэн сүрдээх үлэһит киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. 12 – тэ оҕоломмута (7 уол, 5 кыыс). Марфа Егоровна чиэһинэй сыралаах үлэтэ 9, 11 пятилеткалар ударниктара знактарынан, сүөһү иитиитин 2 кылаастаах маастара  знагынан 1983, 84, 85, 87 сс. «Баппаҕаайы» совхоз чемпион – ыанньыксытын аалай лентатын, 1987 с. хас биирдии ынахтан 2760 кг үүтү ыабыт оройуон чемпион – ыанньыксытын аатын ылбыта. Москваттан, Якутскайтан, оройуонтан, совхозтартан, райсоветтан, партия райкомуттан элбэх ахсааннаах грамоталарынан бэлиэтэммитэ, нэһилиэк советыгар депутатынан үлэлээбитэ. Киниэхэ 1977 с. Герой ийэ үрдүк аата иҥэриллибитэ. Ийэ буолуу орденнарынан, медалларынан, «Ветеран труда» медалынан наҕараадаламмыта. 43 сыл сүөһү үлэтигэр үлэлээн баран бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.

Фёдорова Екатерина Никитична  1931 с. Бүлүү оройуонун Бөкчөҥөөтүгэр  элбэх о5олоох колхозтаах дьиэ – кэргэннэ кыра кыыһынан төрөөбүтэ. Оҕо сааһа сэрии кэмин сылларыгар ааспыт буолан, колхоз үлэтигэр кыра сааһыттан үлэлээн барбыта. 1946 с. оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан  оҕолортон бастакынан «Аҕа дойду сэриитин 1941 – 45сс. Килбиэннээх үлэтин иһин» медалынан на5араадаламмыта. Дойдутугар ситэтэ суох оскуоланы бүтэрэн, Бүлүү педучилищетыгар үөрэммитэ. 1950 сылтан 1991 сылга диэри Баппаҕаайы орто оскуолатыгар 40 – тан тахса сыл устата учууталынан үлэлээбитэ. А5а дойду сэриитин кыттыылаа5а Бочуот Знага орденнаах Лөкөчөөнтөн төрүттээх Харлампьев Афанасий Гаврильевичтыын дьоллорун холбоон 12 оҕоломмута (8 кыыс, 4 уол), билигин баар 10 оҕоттон үксүлэрэ үрдүк бэлэмнээх оскуолаларга үөрэммиттэрэ. Киниэхэ ССРС, РСФСР норуоттарын үөрэҕириитин туйгуна  званиены 1983, 1986 сс. иҥэрбиттэрэ. 1982 с. «Ветеран труда», Кыайыы 30, 40, 50 сыллары юбилейнай медалларынан наҕараадаламмыта. 1972 с.  социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа знагынан, 1976 с. Герой ийэ Бочуоттаах аата инэриллибитэ. Ийэ буолуу медалларынан, орденнарынан, ССРС үөрэ5ин министерствотын, профсоюһун, Саха АССР үөрэҕириитин министерствотын, Бүлүү райкомун, оскуола администрациятын элбэх ахсааннаах Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.

Федорова Мария Семеновна  1930 с. Арыылаах Сиэгэннээх диэн сиргэ төрөөбүтэ, ыал иккис кыыһа. Атыттар курдук кини оҕо сааһа сэрии кэмнэригэр ааспыт буолан, улахан дьону кытта араас үлэҕэ кыра эрдэҕиттэн тэбис – тэҥҥэ үлэлээбитэ. Михайлов Петр Григорьевиьы кытта холбоһон 12 оҕоломмута (9 уол, 3 кыыс). Ийэ оҕолорун бары үлэни таптыыр, бэрээдэктээх, кыргыттарын асчыт, иистэнньэҥ, уолаттарын булчут, уһанар гына иитэлээбитэ. Оҕолор орто оскуоланы бары отличнигынан, хорошиһынан бутэрэн, араас идэни баһылаан, туспа ыал буолан үлэлии – хамсыы сылдьаллар.

Мария Семеновна5а 1966 с Герой ийэ бочуоттаах аата инэриллибитэ. Ийэ медалларынан,  «Ийэ Албан Аата» орденнарынан, 1993с. «Аҕа дойду сэриитин 1941 – 45сс Килбиэннээх үлэтин иһин» медалынан, Бүлүү оройуонун, нэһилиэк салалтатын, оскуола коллективын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.

Биьиэхэ бу олох кэрэтин бэлэхтээбит кунду дьоммутугар, Герой ийэлэрбитигэр, кинилэр   ааттарыгар сугуруйуу, диринник махтаныы ураты бэлиэтинэн буоллун диэн, быйыл Саха сирин ийэлэрин күнүн көрсө нэһилиэкпитигэр Герой ийэлэргэ аналлах Ийэ скверэ арыллыбыта. Сквер ортотугар ийэлэр хаартыскалаах стендэтин фонтан араас уотунан киэргэтэн биэрэр. Тула сынньанарга  аналлаах скамейкалардаах. Олорон, кэпсэтэн ааһарага олус табыгастаах.  Ити курдук Илбэнэ сулустаах ийэлэрэ, айбыт аҕалара – дьиннээх дьиэ кэргэн педагогтара. Кинилэр төрөппүт 138 оҕолоро, 360 – ча сиэннэрэ олохторун ситэрэн-хоторон биэрэллэр.

Билинни кэмнэ элбэх оҕолонуу, кинилэри иитии – үөрэтии бэйэтэ туспа хорсун быһыыга тэннэһэрэ кистэл буолбатах. Манна сыһыаннаах П.Н.Тобуруокап биир маннык санаата баар: «Аныгы дьон биир – икки эрэ оҕолоноллор. Элбэх оҕону иитэр чэпчикитин өйдөөбөттөр. Элбэх оҕолоох ийэ бокуойдаах буолар. Оҕону оҕо харайар». 

 Ити этиилэри дьиҥ чахчы дакаастыыллар, биһиги сулустаах ийэлэрбит. «Оҕолоох ыалтан оннооҕор уот үөрэр»,- диэн саха норуотун өһун хоһооно баар. Оччотугар республикабыт дьиэ кэргэттэрин аал уота  умуллубакка куруук үөрэ – көтө сыдьаайа умайдын.

Ийэ сквера