![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/11/d7574101-e651-46e2-8b50-a2139a1ea011.jpg?resize=474%2C182&ssl=1)
Сэтинньи 4 күнүгэр Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ буолар. Бу күн биһиги нэһилиэккэ олус бэртээхэй тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэкпит 6 түөлбэлэрэ дойдубутугар олорор араас омуктар астарын астаан, остуолларын тардан үгэстэрин, үҥкүүлэрин көрдөрөн көрүү-күрэххэ кытыннылар.
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/11/img_6259.jpg?resize=474%2C356&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/11/photo-2023-11-08-18-16-57.jpg?resize=474%2C293&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/11/eda78c3d-dd39-4fab-a853-d212f4d268f6.jpg?resize=474%2C278&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/11/img_6261.jpg?resize=474%2C541&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/11/878213b3-f081-42b8-92fb-9a7fe1aff034.jpg?resize=474%2C302&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/11/img_6262.jpg?resize=474%2C356&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/11/903fc5fe-ddeb-477f-a487-7445de67e6a7.jpg?resize=474%2C233&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/11/img_6263.jpg?resize=474%2C356&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/11/img_6264.jpg?resize=474%2C632&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/11/img_6266.jpg?resize=474%2C105&ssl=1)
Доҕордуу норуоттар бары бииргэ “Мин, эн, кинилэр – бары биир сомоҕо” үҥкүүнү толордулар
Түөлбэлэрбит олус диэн бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста. Көрүү-күрэх түмүгүнэн “Самый лучший национальный стол” (Долган норуота) кыайыылаах аатын ылла “Кэлтэгэй” түөлбэ грамотаннан, харчыннан бириэмийэлэннэ. “Самый богатый стол” номинация (Нуучча норуота) “Эрэл” түөлбэ, “Оригинальное оформление блюд” (Узбекистан ) номинация “Сайдыы” түөлбэ, “Лучшая сервировка стола” номинация (Грузия) “Айыына” түөлбэ, “Лучшая презентация национальных блюд” номинация (Китай) “Кэскил ” түөлбэ, “Самые вкусные национальные блюда” номинация (Саха) “Эбэ” түөлбэ ыланнар сертификат уонна харчыннан бириэмийэ туттулар.