Суоппардарга квест-оонньуу

Суоппар идэтэ киһи олоҕор олус наадалаах уонна суолталаах идэ буолар. Алтынньы 29 күнүгэр суоппар күнэ бэлиэтэнэр. Бу күҥҥэ анаан нэһилиэкпит араас саастаах суоппардарыгар квест-оонньуу ыыттыбыт.

Квест -оонньуу кыттыылаахтара суоппардар
Автодром
СтанцияАвтодром”
Станция “Знание”- угадай марку машин?
Станция “Меткий стрелок”
Квест -оонньуу кыайыылаахтара эдэр суоппардар
Аян Антонов, Егор Степанов
20 лиитэрэ АИ-95 наҕараадаланнылар.

Суол быраабылатын билиигэ тест, оонньуур массыынаны автодромҥа сүүрдүү, суол знактарын таайыы, массыына маркаларын таайыы, сыал быраҕыы курдук араас оонньууларга кыттан, кофе иһэн күннээҕи түбүктэн дүоһуйа сынньаннылар.

Баҕарабыт бука бары суоппардарга көнө суолу, күөх уоту сымнаҕас айаны айаҥҥыт аргыстаах, суолгут доҕордоох буоллун.Дом!Дом!Дом!

Добавить комментарий