Биһиги нэһилиэккэ колхоһу, совхоһу салайан үлэлэппит биир дойдулаахтарбыт

Ахтан-санаан ааһыахха

Сыл-хонук баран истэҕин ахсын, күн-дьыл устар уу курдук ааһан биһиги олохпутуттан тэйэн-ыраатан истэҕин аайы ааспыт олох кэрчиктэрэ умнулла быһыытыйдылар.

Аҕа көлүөнэбит тутан, оҥорон хаалбыт, туппут олохторун бэлэмигэр хаалбыт көлүөнэҕэ бу суруйуулар  алтыһан ааспыт, биир кэмҥэ үлэлээбит дьонум туһунан ахтан, санаан ааһабын.

Биир идэни талан 36 сыл төрөөбүт төрүт сирбэр бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыахпар дылы үлэлээбит буолан, нууччалыы эттэххэ «где родился, там и пригодился» диэн буолар.

«Баппаҕаайы» совхоз 1980 сыл олунньу ыйыгар (ТХМ прикаһа оннук) дылы «Орто Бүлүү» совхозка киирэр этэ. 7 отделениялаах, Ол саҕана Бүлүү оройуонун биир улахан совхоһун быһыытынан биллэрэ. Киинэ Хампа сэлиэнньэтэ. Саҥа совхоз «Баппаҕаайы» диэн ааттаммыта. Ол саҕана Илбэҥэ, Лөкөчөөн биир нэһилиэктэр. Киинэ – Илбэҥэ. Нэһилиэк аатынан приказка коневодческий совхоз «Баппагаинский»,отделениялара Илбэҥэ, Лөкөчөөн диэн этэ.

Совхоз директорын, главнай специалистарын сүүмэрдээһин үлэтин ол саҕана оройуон тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар сүктэриллибитэ. Сүрүн быһаарыы олохтоох дьон дойдуларыгар үлэлииллэригэр туһаайыллыбыта. Директор Дьөккөнтөн төрүттээх Капитонов Е.Н., главнай зоотехник Петров А.П.. Петров А.П. Илбэҥэни, Сортуол төрдүлээх буолан  дойдутунан ааҕынара, аҕата Прокопий Сидорович  салайар үлэҕэ  Лөкөчөөҥҥө , учууталынан үлэлээбитэ. Хампаҕа зоотехниктыы олорон 1979с. СГУ ТХФ бүтэрбитэ. Главнай ветврач Николаева А.А. (1979с СГУ ТХФ бүтэрбитим). Ол иннигэр отделение ветвраһынан үлэлии сылдьарым, главнай бухгалтерынан Николаев Е.А. (Чита куоракка советскай партийнай оскуолатын экономист, тэрийээччи идэтин ылбыта) , сельсовет председателинэн,Лөкөчөөн отделениятын управляющайынан, Степан Аржаков аатынан совхозка Бөтүҥҥэ үлэлии сырыттаҕына анаммыта, главнай инженер-механигынан Андреев В.Ф.( Өлүөхүмэ механизация техникума). Илбэҥэҕэ отделенияҕа механиктыыр этэ. Оройуон тыа хаһаайыстыбатын управлениета мэктиэлээбит. специалистарын райком бюротугар бигэргэппиттэр. Ол саҕана райком 1 секретара Ильинов Ф.Я. этэ, бюроҕа киирэрбэр телеграмма ыыппыттара. Онтон атын  специалистары  миэстэтигэр сүбэлэһии быһыытынан бигэргэммиттэрэ. Кэлии специалистар , директор олорор дьиэлэрэ суоҕа, онон нэһилиэнньэ, сельсовет өйөөбүттэрэ ахан. Оннооҕор үлэлииргэ хонтуора дьиэ суох буолан хаалан турар клуб дьиэтин оҥостубуппут. Клуб оскуолаҕа тэрээһиннэри оҥорор этэ. Элбэх кэлии специалист үлэлээбитэ, үгүстэрэ саҥа үөрэҕи бүтэрбит эдэр дьон этилэр, кэлин көрсүстэххэ бастакы үлэ сүрэхтэниитин Баппаҕаайыга барбыттарынан киэн тутталлара. Саҥа совхоз тэриллэригэр отделениелар балансаларыгар баар ынах сүөһү,сылгы,саһыл фермата, техника оннунан хаалбыттара. «Орто Бүлүү» совхоз киин ыскылаатыттан Хампаҕа баран техниканы, спецтаҥас,тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах тэриллэри, ветеринарнай ыскылааттан араас табаар. Тэрээһин үлэлэргэ нэһилиэнньэ, сельсовет өйөөбүтэ ахан. Урут салайар үлэҕэ сылдьыбатах киһиэхэ ыарахан курдуга. Саҥа кулууп тутуута «Орто Бүлүү» совхоз дирекциятыгар былааҥҥа турбута. Ону туспа совхоз буолан баран хайаан да клуб тутуллан үлэҕэ киириэхтээҕин саҥа тэриллибит совхоз чопчулаабыта. Мехколхозстрой диэн тэрилтэ Бүлүүгэ баара (оройуоҥҥа тутуулары ыытара),ону кытта дуогабардаһан бэйэбит уолбут Николаев А.А. (ол саҕана СГУ тутуу прорабын үөрэҕэр үөрэнэрэ) көҥдөйүн туппута бэйэтин табаарыстарынаан бригада тэрийэн. Ол 1981 сыл сайын, атын, ис-тас үлэлэрин МС тэрилтэтэ бэйэтэ ситэрбитэ. Алексей Алексеевич төһө да эдэр буоллар Бүлүүгэ баран аахсан, кэпсэтэн тутуу матырыйаалларын аҕалтаран турардаах вертолетунан. Улахан талааннаах салайааччы буолуохтааҕа  атын суолу тутуспута. 1981сыл кыһын инньэ гынан саҥа клуб үлэҕэ киириитин малааһыннаан турардаахпыт.

Совхоз тэриллэн, киин аппарат үлэлиир буолан элбэх тутуу барбыта: хас да хотон, хонтуора дьиэтэ,центральнай отопление баар буолбута, 2 гараж, клуб таһыгар турар 2 квартиралаах дьиэ, 4 квартиралаах 2 дьиэ, 2 квартиралаах дьиэлэр. Билигин администрация үлэлиир хонтуората, балыыһа 2 дьиэтэ, клуб, спортзал эмиэ совхоз саҕана тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Ордук улахан тутуулар Алексеев Н.Е.дойдутугар үөрэҕин бүтэрэн кэлэн үлэлээбит бириэмэтигэр барбыттара. Билигин ити тутуулар хотоннортон атыттара үлэлии тураллар. Ол саҕана соҕурууттан бригадалар кэлэн хотон, атын тутуулары тутан бараллара совхоз дирекциятын кытта дуогабардаһан. Билиҥҥинэн гастарбайтердар  диэн буолуо. Оннук ньыманы ордук Алексеев Н.Е. прорабтыы олорон туттубута. Бухгалтерияҕа Николаев Е.А.,Алексеева Ф.К. атын совхозтарга үлэлээбит  специальнай үөрэхтээх буолан совхоз финансовай өттүнэн улахан харгыһы көрсүбэтэҕэ. Кинилэр көмөлөһөөччүлэрэ Алексеева А.К, Гаврильева У.А. эмиэ бэйэлэрин үлэлэрин чахчы баһылаабыт дьон этилэр. Ахтан ааһыахпын баҕарабын кассирдары Гаврильев Р.С., Васильева В.И. Үксүн самолетунан сырыы буолан банк харчытын бэйэлэрэ ылан сырыы суох буоллаҕына төһөлөөх ыйга,хонуктарга хаайтаран сыппыттарын Бүлүүгэ киһи ааҕан сиппэт. Ол үрдүнэн кэмигэр харчы кэлэн үлэһиттэр хамнастарын ылар этилэр. Дэлэҕэ даҕаны Роман Семенович «Харчылаах Арамаан» диэн ааттаныа дуо. Заправщик Лыткин А.Е.,завгар Семёнов М. С. чахчы  кыһамньылаах үлэһиттэр этилэр. Суол баарыгар совхоз саҥа үлэлиир кэмигэр араас мунньахтарга,наадаҕа таспыт УАЗ суоппар  Алексеев Архип Кузьмич үлэтин сыаналаан ахтарбыт булгуччу наада. Кэнники хас да совхоз директордара уларыйар кэмнэригэр үлэлээбит  дьоллоохпунан ааҕынабын. 1980-1982сс. совхоз директора Капитонов Е.К.,1982-1984сс.Николаев Ф.Ф.,1984– 1988сс. Афанасьев В.Г., 1988– 1992сс.Алексеев Н.Е.  1992 сыллаахха АОЗТ тэриллибитэ. 1980 сыл олунньуга  тэриллибит совхоз 1980-81сс.кыстык түмүгүнэн оройуон тыатын хаһаайыстыбатын  көрдөрүүлэринэн бастаан көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяны ылар чиэстэммитэ. 1980 сыл сайын оттооһуҥҥа Илбэҥэ отделенията 1867 тн оту оттоон водовоз массыына фондатынан наҕараадаламмыта. Уопсайынан «Баппаҕаайы» совхоз дьоно санаата тупсубута, үлэ-хамнас күөстүү оргуйбута, үлэҕэ сыһыан, ордук тыа хаһаайыстыбатыгар лаппа тупсубута. Маяк үлэһиттэр баар буолбуттара, ыччат оскуола кэнниттэн производствоҕа хаалан үлэлиирэ үгэскэ кубулуйбута. Ол сылдьан ыал буолан билиҥҥи бириэмэҕэ орто саастаахтар, нэһилиэк сүрүн олохтоохторо буолан олороллор.

1982 сыллаахха Бастыҥнар слеттара диэн улахан тэрээһин баар буолбута сыл аайы. Саамай күүтүүлээх үчүгэй бырааһынньыкка кубулуйбута. Рабочком председателэ Митрофанов В.А . Ону таһынан сүөсүһүт күнэ диэн сайын сайылыкка көспүт кэннэ биир эмиэ үчүгэй тэрээһин буолааччы. Совхоз саҕана шефтээх тэрилтэлэр Бүлүүттэн, Кыһыл Сыыртан кэлэн окко көмөлөһөөччүлэр,өссө биир сайын ол саҕана СГУ ССО отряд ыанньыксыттара Арыылаахха ый кэриҥэ кэлэн сайылыктарга ынах ыан тураллар. Саас хаар түһэриитэ хотоннорго оскуола оҕолорун үлэтэ этэ. Оннооҕор сыбах сыбыыр түгэннэрэ эмиэ баара. Центральнай аппарат үлэһиттэрэ постоянно субуотунньуктарга, сүөсүһүттэри солбуоһун үлэлэригэр куруук актыыбынайдык кытталлара. Уопсайынан үлэ-хамнас аҥардас государство туһугар диэн буолан буолуо. Сылга биирдэ массыына ылан Дьокуускайга «Зооветснаб» диэн тэрилтэттэн эмп, зоотехническай табаардары тыырсан кэлэр этим,ону төһө да сууматын барытын счет быһыытынан совхоз төлөөччү.

СР бастакы Президена Николаев М.Е.ТХМ министрдээн олордоҕуна сылга биирдэ уопсай республика зооветспециалистары мунньан сүбэ мунньах оҥорор үгэстээх этэ,онно 2 төгүл сылдьан турардаахпыт,совхоз главнай специалистарын сылдьааччылар. Биирдэ Бүлүү оройуоннарын кэрийэ баран иһэн манна таарыйта.билиҥҥитэ почта хонтуоратыгар совхоз специалистарын ,директоры мустарбыта. Онно биир– биир туруоран информация истибитэ. Мин уочаратым кэллэ арай, « чэ коллегам кэпсээ» диэтэ. Дьэ мин ол от, уотурба кырыымчыгын  иҥин эппитим, быһыыта уонна сүөһү көрөөччү дьалаҕайыттан иҥин өлүү тахсар иҥин диэтим. Онно Михаил Ефимович эттэ: – «Коллегам, биригэдьиир оруолун толоро сылдьаҕын быһыыта» диэн аҕыйах тылынан саба саҥаран кээстэ. Дьэ,оннук араас ситуациялар баар буолааччылар. Афанасьев В.Г. директордыырын саҕана оҕолорго ЛТО тэриллэн көдьүүстээхтик үлэлиирэ. Дэриэбинэҕэ теплицаҕа, Арыылаахха от оттооһунугар, ньирэй көрүүтүгэр. Оскуола оҕолоро ЛТОҕа үөрүүнэн дьаныһан туран бараллар этэ. Төһө да урукку советскай кэми сирбиттэрин иһин ыччаты үлэҕэ үөрэтии көдьүүстээх ньыма буолар, инники олохторун оҥостоллоругар төһүү күүс буоллаҕа. Билиҥҥи кэмҥэ гаджеттан ордон таһырдьа оҕо саҥатын истибэккин, мас, муус бэлэмин билбэт үгүс. Сапропель хостооһуна,кыһын сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнээһин, сааскы төрүөххэ дьуһуурустуба, сүөһүнү сайылыкка көһөрүү, бу барыта специалистар көмөлөрүнэн барааччы.

Сүөһү өлөрүүтэ ону астаан эти государствоҕа туттарааһын эмиэ биир улахан кэлиилээх– барыылаах үлэнэн биллэр. Сүөһүнү «Хочо» күөлгэ өлөрөн, ону ыскылаакка дэриэбинэҕэ таһаарыы, сүгүү-көтөҕүү, ыйааһыннааһын ,нэдиэлэнэн барар үлэ. Сылгыны Силээҥҥэ, Харбалаахха. Приемщик ол саҕана Самсонов П.Н. эт уойуулаах  буоллаҕына государство балачча үбү тыырар этэ. Сайын бүтүүтэ субай сүөһүнү уотар площадка диэни тэрийэн үчүгэй түмүктэри аҕалааччы. Совхоз саҕана түүлээҕи , килиэккэлээх хара саһыл тириитин туттаран былааны толоруу ситиһиллээччи . Ону таһынан совхоз муҥхалааһыны тэрийэн араас техника саппаас чааһын ылыныыга,араас таһымнаах  кэпсэтиилэри ыытарга төһүү күүс буолааччы. Уопсайынан совхозка 4 төгүл директор уларыйбыта,салайааччылар уларыйа тураллара , дойдуга улахан ыһыллыы буолуута улахан охсууну ылбыппыт,ол да буоллар талан ылбыт идэтинэн 36 сыл үлэлээн харыс да сири халбарыйбакка төрөөбүт төрүт сирбэр олоробун. Төһө да олохпор араас ыарахан түгэннэр баалларын иһин, инникини өттө сырдык, ыраас буоларыгар баҕаран дьоллоох сынньалаҥҥа олоробун.

Уолум Иван Николаев юрист үөрэхтээх, капитан званиелаах ааппын ааттата сылдьыа диэн эрэллээхпин. Совхоз туһунан хайдах өйдүүрбүнэн эппэккэ, көҕүрэппэккэ суруйдум дии саныыбын Ол советскай саҕанааҕы түгэн мин олохпор буолан аастаҕа, үгүстэрэ бииргэ алтыспыт, үлэлээбит дьонум айылҕа сокуонунан бу орто дойдуга суохтар…

Сурукка тистим : СР т/х туйгуна,Бүлүү улууһугар т/х сайдыытыгар кылаатын иһин, СР Президенин В.А.Штыров Махтал суруга бэлиэлээх, «Баппаҕаайы» совхозка, ветучастокка 36 сыл ветвраһынан үлэлээбит Николаева А.А.

Колхозка салайар үлэҕэ үлэлээбиттэр

Акимов Василий Акимович

1890 с. төрөөбүт. Сталин аатынан колхоз бастакы колхозтааҕа. 1933-34 сс. (ТОЗ) табаарыстыбаны, онтон колхоһу тэрийсиигэ нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон уһулуччу үтүөлээх. Бастакы колхозка биригэдьииринэн, онтон 1942 с. диэри ¬ТФ сэбиэдиссэйинэн, 1952 с. диэри эмиэ биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Кэлин Ворошилов уонна Сталин аатынан колхозка ыскылаат сэбиэдиссэйинэн анаммыта. 1934 сыллаахха бастакынан Сталин аатынан колхоһу тэрийэр боппуруоһу кини көтөхпүтэ. Сталинскай устаабы чочуйууга хамыыһыйа чилиэнэ этэ. 1963 с. тыа хаһаайыстыбатын бастыҥнарын республикатааҕы мунньахтарын кыттыылааҕа.

Кириллин Кузьма Гаврильевич

1900 с. төрөөбүт. 1950 с. ССКП чилиэнэ. Сталин аатынан колхоз бырабылыанньатын солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ. 1942-50 сс. Сталин колхоз бэрэссэдээтэлэ. 1951-53 сс. бөдөҥсүйбүт Сталин аатынан колхоз солбуйар бэрэссэдээтэлэ. 1958-60сс. «Октябрь» колхозка 1 №-дээх учааскатын комплекснай биригээдэтин биригэдьииринэн, онтон сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. 1961 сыллахха бэйэтин бабатынан уурайан, колхознай тутуу ветерана буолар уонна Бүлүү оройуонун эти-арыыны соҕотуопкалыыр государственнай тэрилтэ приемщик дуоһунаһыгар Баппаҕаайы нэһилиэгэр анаммыта. Кузьма Гаврильевич колхозтааҕы көмө хаасса правлениетын бэрэссэдээтэлэ, партийнай-госуларственнай хонтуруол Илбэҥэтээҕи б солбуйар бэрэссэдээтэлинин дуоһунаһыгар үлэлээбитэ. Нэһилиэк сэбиэтин депутатынан быыбардаммыта. Кузьма Гаврильевич олорон ааспыт олобо история, сэрии сылларыгар тыылга олорон тиритэ-хорута, утуйар ууну умнан үлэлээбит ахан киһи буолар.

            Наҕараадалара:

1947 с. «1941-45сс. Үлэҕэ килбиэнин иһин»,

1954 с. БСТХ быыстапкатын кыттыылааҕа,

1958 с. САССР Бочуотунай Грамотата,

1965 с. «Коммунистическай үлэ ударнига» аат,

1967 с. «ССРС-ка эт-үүт промышленно»ыгар куоталаһыы кыайыылааҕа» – бэлиэ,

1967 с. «Октябрьскай революция 50 сылыгар», «Норуот хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үтүөлэрин иһин», САССР Верховнай Советын Бочуотунай Грамотата,

1970 с. «В.И. Ленин 100 сааһыгар үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл.

            Кузьма Гаврильевич үтүө аатын туһунан Сортуоллар дириҥ ытыктабылынан ахталлар. Ол курдук сэрии, уот кураан, сут сылларга киһи өйүттэн-сүрэҕиттэн ааспат ыар кэмнэргэ, биһиги Сортуол олохтоохторо, эбэтэр Сталин колхоз үлэһиттэрэ сатабыллаах салайааччылаах буолан аһарбыппыт, хоргуйуу, өлүү суоҕа диэн Сортуол кырдьаєастара кэпсииллэр. (Сортуол Кууһумата кинигэттэн). Кини олорон ааспыт олобун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар, саҥа олоҕу тутуһаллар, айаллар.

Кириллин Николай Гаврильевич

1890 с. төрөөбүт, кыра үөрэхтээх. 1933 сылтан табаарыстыба (ТОЗ), 1935 с. Ворошилов аатынан колхоз чилиэнэ. Ворошилов колхозка 1938 с. дылы бырабылыанньа солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн, онтон 1938-40 сс. ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. 1940-43 сс. хонуу биригэдьииринэн, 1948-53 сс. бөдөҥсүйбүт Сталин аатынан колхоз ¬ТФ сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбит.

        Николай Гаврильевич колхоз тэриллиитигэр уонна тэрийсибит колхоһа хаһаайыстыба быһыытынан бөҕөргүүрүгэр бары сыратын биэрбит киһинэн буолар. Кини колхознай тутуу ветерана этэ. Кэнники кырдьан баран, улахан кыыстарыгар Татьяна Николаевнаєа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Чыамайыкытыгар дьиэнэн көһөн барбыттара. Кэргэнинээн Мария Андреевналыын 6 оҕону төрөтөн улаатыннаран киһи-хара гыммыттара. Кинилэр көмүс уҥуохтара Чыамайыкыга хараллыбыта.

Алексеев Капитон Алексеевич

1892 с. төрөөбүт, үөрэҕэ суох. 1938 сыллахха Сталин аатынан колхозка чилиэнинэн киирбитэ. Үлэлээбит сылларыгар Сталин аатынан колхоз бырыбылыанньатын солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн, ыскылаат сэбиэдиссэйинэн, ¬ТФ, СТФ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Кини үлэһит, үлэҕэ бэриниилээх, ирдэбиллээх салайааччы быһыытынан сыаналанара. Кэлин субай сылгы куонньугунан өр кэмҥэ үлэлээбитэ.

            Капитон Алексеевич уола Гаврил Капитонович аҕатын туйаҕын хатаран сылгыһыт ыарахан үлэтигэр үлэлээбитэ.

Петров Никифор Кириллович

1896 с. төрөөбүт, кыра үөрэхтээх. Кини 1935 сыллаахтан колхоһу тэрийсибиттэртэн биирдэстэрэ. Никифор Кириллович ити бириэмэҕэ нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирэ. Холбоһуктааһын сылларыгар актыыбынай үлэһит быһыытынан биллибитэ. 1946-48 сс. Ворошилов аатынан колхоз бырыбылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, онтон 1952-56 сс. тутуу биригэдьииринэн үтүө суобастаахтык, саҥа тэриллэн эрэр колхоһугар сыратын, билиитин-көрүүтүн биэрэн үлэлээбит салайааччылартан биирдэстэрэ. Кини колхознай тутуу ветерана.

1962 с. киниэхэ «Коммунистическай үлэ ударнига» аата иҥэриллибитэ.

Никифор Николаевич советскай, тыа хаһаайыстыбатын үлэлэригэр уһуннук үлэлээбит дьоннортон биирдэстэрэ.

Ксенофонтов Иван Алексеевич

1926 с. төрөөбүт, ССКП чилиэнэ, 6 кылаас үөрэхтээх. 1940-42сс. Андреев аатынан колхоз ¬ТФ биригэдьииринэн, 1942-48 сс. бу колхозка бухгалтерынан үлэлээбитэ. Онтон 1948-56 сс. колхоз бырабылыанньатын солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ, 1957 сыллаахха бөдөҥсүйбүт «Октябрь» колхозка 1957-58 сс. солбуйар бэрэссэдээтэлинэн анаммыта.

Иван Алексеевич 1958 сыллаахтан нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Акимов Яков Семенович

Акимов Яков Семёнович 1921 сыллаахха төрөөбүтэ, 7 кылаас үөрэхтээх.1938-43сс.Сталин колхоз складын сэбиэдиссэйинэн, бухгалтерынан үлэлии сылдьан 1943 сыллаахха Японияны утары сэриигэ ыҥырыллыбыта.1945 сыллаахха «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Японияны Кыайыы иһин» мэтээллэрдээх, И.В.Сталин Махтал суругунан наҕараадаланар инбэлиит буолан  сэрииттэн дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Онтон «Сталин», «Октябрь» колхозтарга бухгалтерынан үлэлээбитэ. Кини дьоҥҥо-сэргэҕэ сытыары – сымнаҕас, үлэҕэ чуолкай,лоп-бааччы, инникини кэскиллээби өтө көрөр сырдык, ыраас өйдөөх санаалаах этэ. Дьону кытта мөккүспэт, бэрт аҕыйах тылынан быһааран кэбиһэринэн ытыктанар.

Яков Семёнович суот-учуот үлэтин тупсарыыга колхоз,совхоз экономиката бөҕөргүүрүгэр,тупсарыгар тыа хаһаайыстыбатын производствотын былааннаһарга элбэх сыратын биэрбит бухгалтердартан биирдэстэрэ.Яков Семёнович улахан ыал амбарах аҕата. Кини оҕолоро,сиэннэрэ бары үөрэхтээх, үлэһит буолан олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булбут дьон. Үлэлээбит үлэтэ Сталин төбөлөөх юбилейный медалларынан, элбэх бочуотунай грамоталарынан, Махтал суруктарынан бэлиэтэммиттэрэ.

Ахтыыны суруйда кыыһа Акимова Варвара Яковлевна.

Биһиги аҕабыт Акимов Яков Семенович холкуоска уонна совхозка барыта 37 сыл бухгалтерынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, сэрии уонна үлэ ветерана. Кини дьоҥҥо-сэргэҕэ сытыары-сымнаҕас, үлэҕэ чуолкай, олус чэнчис, лоп-бааччы, инникини, кэскиллээҕи өтө көрөр, сырдык-ыраас, мындыр өйдөөх-санаалаах киһи этэ,

Нэһилиэккэ биир суруксут киһинэн биллэрэ, сааһылаан, табан суруйарга уһуйар дьоҕурдаах этэ. Ол курдук сурук-бичик, араас докумуон толоруута кини үчүгэй, ыраас буочарынан оҥоһуллан барара. Оннооҕор биирдиилээн олохтоохтор оччотооҕуга киэҥник биһирэнэр почтанан табаары суруттара кэлэллэрин бу баардыы өйдүүбүн.

Аҕабыт математикаҕа, суокка айылҕаттан дьоҕурдаах этэ. Куруутун ревизком, лавком чилиэнин быһыытынан сылдьааччы. Хамыыһыйа: Дьаакып суокка охсубута сөп буолуо диэн кини суоттаабытынан докумуону ылынааччы.

Нэһилиэккэ дьон-сэргэ: Дьаакып билбит буолуохтаах диэн уос номоҕо оҥостооччулар. Чахчы даҕаны, хайдах эрэ, бу сөп, наада буолуо диэн эрдэттэн билэр курдуга. Холобура, 7-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына маҕаһыыҥҥа соҕотуопкаҕа мотоцикл кэлбитэ. Ону, сыаната ыарахан, туһалаах буолуо дуо?, диэн саарбахтаан биир да киһи ылбатаҕа. Биһиги аҕабыт, оҕолорум улаатан эрэллэр, хайаан да үлэҕэ туһаныахтара, окко мииниэхтэрэ диэн, соҕотуопкаҕа сүөһүтүн өлөрөн туттаран миэхэ анаан ылан биэрбитэ. Ол көлөбүт окко-үлэҕэ, атах тардыстарга улаханнык абыраабыта. Оттон убайым Баһылай армияттан кэлэригэр иэскэ да киирэн турдар автомат саа ылан тоһуйбута.

Сайын аайы, атын олохтоохтор курдук, биһиги эмиэ кыстыыр от оттоноору, сүөһүбүтүн мэччитээри өтөх сирбитигэр Хомустаахха сайылыырбыт. Сайылыкпыт дэриэбинэттэн тэйиччи да буоллар нэһилиэк, оройуон сонунун билэн олорооччубут. Ол курдук аҕам кэлэр-барар дьон сонуннарын суруйан хаалларалларыгар анаан уопсай тэтэрээт оҥорбута, сынньанан, аһаан аастыннар диэн ийэм ас астаан хаалларара.

Биһиги аҕабыт булгуруйбат, кытаанах санаалаах киһи этэ. 1970 сыллаахтан, бастакы сиэн кэлиэҕиттэн, арыгыны да, табааҕы да муос-таас курдук бырахпыта уонна 12 сыл устата хара өлүөр диэри биир үрүүмкэ арыгыны испэтэҕэ, биир сото табааҕы тарпатаҕа. Кини 61 сааһыгар 1982 сыллаахха ыалдьан олохтон туораабыта.

Ийэлээх, аҕабыт бу орто туруу дойдуга 7 оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн, дьон-сэргэ ытыктабылын, махталын ылан дьоллоох олоҕу олорон ааспыттара.

Акимов Александр Яковлевич

Алексеев Кузьма Алексеевич

1921 с. төрөөбүт. 5 кылаас үөрэхтээх. 1935 с. Сталин аатынан колхоз чилиэнэ. 1940 с. диэри производственник быһыытынан үлэлиир. 1940-43 сс., 1945-48 сс. бухгалтерынан үлэлээбитэ. 1948-51 сс. Ворошилов аатынан колхоз бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, 1951-53 сс. бөдөҥсүйбүт Сталин аатынан колхоз бэрэссэдээтэлэ.

Кузьма Алексеевич 1954-60 сс. счетовод хассыырынан, онтон бухгалтерынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини ханнык баҕарар үлэҕэ ылыннарыылаах тыллааҕынан, толкуйдааҕынан, суот-учуот үлэтигэр үйэлээх сааһыгар үлэлээбит буолан, чуолкай уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэтин дириҥник билэр үлэһитинэн ааҕыллара.

1962 сыллаахха Кузьма Алексеевич бухгалтердары бэлэмннир Красноярскайдааєы техникумҥа кэтэхтэн үөрэммитэ, пенсияҕа тахсыар диэри «Орто Бүлүү» совхозка бухгалтерынан үлэлээбитэ. Баппаҕаайы нэһилиэгэ экономическай сайдыытыгар үгүс үтүөлээх. Талааннаах тэрийээччи, салайааччы үгүс сыллаах үлэтин түбүктэрэ «Аҕа дойду сэриитин кэмигэр 1941-45 сс. килбиэннээх үлэтин иһин», «Ветеран труда», «Улуу Кыайыы 30, 40 сыллара» юбилейнай мэтээллэринэн, элбэх Бочуотунай Грамотанан наҕараадаламмыта. Кини колхознай-совхознай тутуу ветерана.

Никифоров Конон Дмитриевич

1893 с. төрөөбүт, кыра үөрэхтээх. 1940-42 сс. кырдьаҕас колхозтаах. 1939-40 сс. Ворошилов аатынан колхоз бырыбылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, ҮТФ сэбиэдиссэйэ. 1953-60 сс. таба биригээдэтигэр үлэлээбитэ. Конон Дмитриевич таба иитиитин сайыннарыыга бары кыаҕын, кыһатын ууран, сылайары-элэйэри билиммэккэ үлэлээбитэ. Үтүө¹ суобастаах, көнө дууһалаах киһи оҕолоро колхоз, совхоз бастыҥ үлэ»ит дьоно буоланнар, нэһилиэккэ ытыктабылынан ахтыллаллар.

Конон Дмитриевич олорон ааспыт олоҕун сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар, кини аатын үйэтитиллэр. Кини сэрии сылларыгар «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн сыралаах үлэтэ бэлиэтэммитэ.

Алексеев Сидор Иванович

1896 с. төрөөбүт, үөрэҕэ, партията суох кырдьаҕас колхозтаах. 1935 с. Сталин аатынан колхозка биир бастакыннан киирбитэ уонна бастакы колхоз бырабылыанньатын чилиэнэ этэ. Ити кэмҥэ ыскылаат сэбиэдиссэйэ. 1940 сыллаахха стахановец үрдүк аатын ылбыта. Сидор Иванович мындыр уус, кини маска да, тимиргэ да дэгиттэр талааннаах буолан, тутууга үксүн сыстан үлэлээбитэ. Айылҕаттан талааннаах буолан, саха быһаҕын, колхозка наадалаах тимир оҥоһуктары оҥороро. Саҥаны, бастыҥы олоххо киллэрэргэ биир бастакынан ылсан үлэлиирэ.

Шамаев Федот Федотович

1917 с. төрөөбүт, 7 кылаас үөрэхтээх. 1933 с. аан бастаан ТОЗ чилиэнинэн киирбит, 1934 сыллахха Сталин аатынан колхоз чилиэнэ. колхоһу тэрийсибиттэртэн биирдэстэрэ. Кини колхоз производствотыгар актыыбынайдык кыттыбыта. 1940 с. Андреев аатынан колхоз бэрэссэдээтэлинэн ананар. Онтон 1944 с. дылы нэһилиэк сэбиэтин исполкомун сэкэрэтээринэн үлэлиир. 1949 сылтан пенсияба тахсыар дылы Бүлүүтээҕи леспром тэрилтэтин Баппаҕаайытааҕы учаастагын лесообъедчигынан үлэлээбитэ. «Октябрь» колхозка хас да сылларга РКК бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.

Федот Федотович саха киһитин быһыытынан көнө, судургу майгылааҕа, үтүө суобастаах үлэһит быһыытынан биллэрэ. Кини колхознай тутуу ветерана.

Алексеев Егор Сидорович

1918 с. төрөөбүт, үрдүк үөрэхтээх, ССКП чилиэнэ. 1943 с. сайын Сталин аатынан колхозка Хадаахай биригээдэтигэр биригэдьииринэнэн үлэлээбитэ. 1948-60 сс. Баппаҕаайы 7 кылаастаах оскуолатыгар учуутал, 1960-62 сс. «Октябрь» колхозка солбуйааччы бэрэссэдээтэл. Олохтоох партийнай тэрилтэ сэкэрэтээринэн, профком бэрэссэдээтэлинэн өр сылларга үлэлээбитэ. Кини колхоз сайдыытыгар бары күүһүн-кыаҕын ууран көмөлөһөрө.

Самсонов Прокопий Николаевич

1918 с. төрөөбүт, ССКП чилиэнэ, 5 кылаас үөрэхтээх. 1937 с. Ворошилов аатынан колхоз чилиэнэ. 1938-39 сс. колхоз Харбалаахтааҕы учаастагын биригэдьиирэ, 1941-45 сс. YТФ сэбиэдиссэйэ, 1945-47 сс. СТФ сэбиэдиссэйэ, 1947-51 сс. налоговай агент, 1951-58 сс. нэһилиэк Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлэ, 1958-59 сс. «Октябрь» колхоз бэрэссэдээтэлэ, 1960-61 сс. 9 №-дээх Илбэҥэтээҕи маҕаһыын сэбиэдиссэйэ, 1961 сылтан 1 №-дээх учаастак сэбиэдиссэйэ.

Прокопий Николаевич оҕо сааһыттан үлэҕэ эриллэн улааппыт буолан, үлэ ымпыгын-чымпыгын билэрэ. 1967-70 сс. совхозка Лөкөчөөн уонна Илбэҥэ отделениеларыгар управляющайынан үлэлээбитэ. 1970-71 сс. «Орто Бүлүү» совхозка хаһаайыстыбаннай чааска дириэктэринэн, прорабынан анаммыта. Прокопий Николаевич аһаҕас дууһалаах, үлэҕэ бэриниилээх, саха киһитин быһыытынан киэҥ-холку. Кини колхоз, совхоз сайдыытыгар үгүс үтүөлээх, нэһилиэк олохтоохторугар туһаны оҥорбут ытык кырдьаҕастартан биирдэстэрэ.

Прокопий Николаевич талааннаах тэрийээччи, салайааччы быһыытынан, үгүс түбүктээх үлэтэ сыаналаммыта «Аҕа Дойду сэриитин кэмигэр 1941-45 сс. килбиэннээх үлэтин иһин», «Улуу Кыайыы 50 сыла», «Ветеран труда» мэтээллэринэн, САССР Верховнай Сэбиэтин Президиумум Бочуотунай Грамотатынан, элбэх грамоталарынан, Махтал суруктарынан. Прокопий Николаевичка өр сылларга эҥкилэ суох үлэтин иһин Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина аат иҥэриллибитэ.

Прокопий Николаевич 7 оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн, хос сиэн элэккэй эһээтэ. Кэргэнинээн Пелагея Ефимовналыын оҕолорун иитэн-үөрэтэн, бары үөрэхтээх, үлэһит ньир-бааччы ыал оҥорбуттара. Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ билиҥҥи XXI үйэ олоҕун тутуһар, аҕаларын, ийэлэрин холобурдарыгар сиэннэрин иитэллэр.

Николаев Никита Игнатьевич

1910 с. төрөөбүт, үөрэҕэ суох. 1935 с. Ворошилов аатынан колхозка бэрэссэдээтэлинэн, биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Кини кэргэнэ Николаева (Таскина) Федосия Алексеевнаны кытта холбоһон Арыылаахха олохсуйбуттара, колхоз үлэтигэр сүөһүгэ үлэлээбитэ. Кинилэр 5 оҕоломмуттара, оҕолоро бары үөрэхтээх, үлэһит дьоннор 3 оҕо учуутал, 1 бухгалтер. Никита Игнатьевич холбоһуктааһын бастакы сылларыгар дьону салайбыта, түмпүтэ, төһө да үөрэҕэ суоҕун иһин дьону кытта уопсай тылы булара. Кэлин колхоз, совхоз үлэлэригэр күүһэ кыайарынан үлэлиирэ. Лөкөчөөҥҥө олохсуйбута. Кэргэнэ Мария Федотовналыын элбэх оҕону төрөтөн, улаатыннаран үлэһит дьон гына ииппиттэрэ. Уоллара Иван Никитич – наука кандидата, СГУ проректора. Никита Игнатьевич «Аҕа Дойду сэриитин кэмигэр 1941-45 сс. килбиэннээх үлэтин иһин», «Ветеран тыла», «Ветеран труда» мэтээллэринэн, элбэх Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.

Алексеев Марк Игнатьевич

1913 с. төрөөбүт, начаалынай үөрэхтээх, ССКП чилиэнэ. 1933 с табаарыстыба чилиэнэ, 1935 с. Ворошилов аатынан артыал чилиэнэ. 1935-50 сс. YТФ сэбиэдиссэйэ уонна хонуу биригэдьиирэ. Бастакы колхозтаахтартан биирдэстэрэ. 1950-55 сс. бөдөҥсүйбүт Сталин колхозка СТФ сэбиэдиссэйэ, 1956-58 сс. Сталин колхоз солбуйар бэрэссэдээтэлэ, 1958-60 сс. комплекснай биригээдэ биригэдьиирэ, 1960-62 сс. Илбэҥэҕэ ыскылаат сэбиэдиссэйэ, 1963 с. Арыылаах учаастагын биригэдьиирэ.

1964-71 сс. Баппаҕаайы нэһилиэгин исполкомун бэрэссэдээтэлэ. Марк Игнатьевич исполком бэрэссэдээтэлин быһыытынан Илбэҥэ уонна Лөкөчөөн дэриэбинэлэрэ сайдыытыгар, үөрэҕирии, нэһилиэнньэ олоҕун таһыма үрдүүрүгэр болҕомтотун уурара. Ол курдук кини көҕүлээһининэн Лөкөчөөн аҕыс кылаастаах оскуолата, колхозтарга, совхозка саҥа тииптээх хотоннор тутуллубуттара.

Марк Игнатьевич сырдык, ыраас, чаҕылхай, салайааччы быһыытынан ирдэбиллээх, 61 сыл устата үрдүк эппиэтинэстээхтик, колхоз, совхоз сайдыытыгар кылаатын киллэрбит салайааччылартан биирдэстэрэ.

Марк Игнатьевич олохтоох Совет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн олорон олох-дьаһах, культура, производство боппуруостарынан быһаччы дьарыктанара. Бүлүү оройуонугар биир бастыҥ үлэлээх Совет быһыытынан билиниллэн райсовет исполкомун уурааҕынан  кини ый аҥардааҕы хамнаһынан бириэмийэлэммитэ.

Марк Игнатьевич үлэтин түмүктэрэ элбэх Бочуотунай Грамоталарынан, «Килбиэннээх үлэтин иһин», «Ветеран труда», «Аҕа Дойду сэриитин кэмигэр 1941-45 сс. килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн, 1971 с. «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааба» знагынан, «Улуу Кыайыы 50 сыла» юбилейнай мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Өр сыллаах үлэтинэн Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина. Марк Игнатьевич кэргэнэ эрдэ өлөн 3 кыыһын бэйэтэ көрөн-харайан ииппитэ, үөрэттэрбитэ, иккис кэргэниттэн оҕото суох, үһүс кэргэниттэн 1 кыыстааҕа (Алексеева П.М.) эдэр сааһыгар өлбүтэ. Кини сиэннэригэр үтүө холобур буолан, сиэннэрэ бары үөрэхтээх үлэһит дьоннор, эһэлэрин аатын үрдүктүк туталлар.

Федоров Петр Спиридонович

1924 с. төрөөбыт, тыа хаһаайыстыбатын орто аналлаах үөрэхтээх, партия чилиэнэ. 1938-42 сс. Ворошилов аатынан тыа хаһаайыстыбатын артыалга РКК чилиэнэ, 1942-44 сс. счетовод, 1947-53 сс. бөдөҥсүйбүт Сталин аатынан колхозка бухгалтер. 1953-56 сс. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын орто оскуолатыгар үөрэнэр. 1956-60 сс. «Октябрь» колхозка солбуйааччы бэрэссэдээтэл, 1961 сыллаахха сибиинньэ ферматын сэбиэдиссэйэ, онтон агроном. 1963 с. бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан ананар.

Петр Спиридонович колхозка кыра сааһыттан үлэлээбит буолан, өр сылларга колхоз хаһаайыстыбата сайдыытыгар сүҥкэн үтүөлээх. Кини бастакы агроном. Петр Спиридонович сэрии, колхознай-совхознай тутуу ветерана.

Таскин Егор Николаевич

1902с. төрөөөбүт. 1939-40 сс. Баппаҕаайы нэһилиэгин исполкомун бэрэссэдээтэлэ, 1941-42 сс. Андреев аатынан колхоз бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, бастакы нэһилиэк депутата. Кыра үөрэхтээх. 1942 с. Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыта, 1942 с. ахсынньы 17 күнүгэр сэриигэ өлбүтэ.

Егор Николаевич кэргэнэ Таскина Федора Евдокимовна (сэрии огдообото) Илбэҥэҕэ олорбута, олох ыараханын көрбүтэ, иистэнньэҥ идэлээх этэ. Федора Евдокимовна биир кыыстаах – Таскина Федора Ивановна.

Васильев Егор Васильевич

Тыыл, үлэ ветерана, Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина Васильев Е.В. ыам ыйын 4 күнүгэр 1926 сыллаахха төрөөбүтэ. 14 сааһыгар тулаайах хаалан, алтыс кылаастан уурайан, сүөһү көрүүтүгэр фермаҕа барбыта. Сити кэмтэн ыла Егор Васильевич олоҕун устатын тухары тыа хаһаайыстыбатыгар, эргиэҥҥэ билиитин-көрүүтүн ууран үлэлээбитэ. 1963 с. салайар кадрдары бэлэмниир советскай-партийнай техникуму бүтэрбитэ. 1947 с. Ворошилов, Сталин колхозтарга учуотчук, 1946-48 сс. сылгы ферматын сэбиэдиссэйэ, 1954-56 сс. радист-оператор, 1960-64 сс. биригэдьиир, 1967-76 сс. Илбэҥэ отделениетын управляющайа, 1982-84 сс. Орто-Бүлүү рапкообун бэрэссэдээтэлэ, 1984-87 сс. Баппаҕаайытааҕы эргиэн куста дириэктэрэ, 1986-90 сс. Тылгыныга РТП бэрэссэдээтэлэ.

1976 сыллахха ССРС Верховнай Советын уурааҕынан «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн, 1981 сыллахха «Ветеран труда», 9-с пятилетка ударнига, үс төгүл  «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа» бэлиэлэринэн, оройуон, улуус, нэһилиэк Бочуотунай Грамоталарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаламмыта.

Егор Васильевич үтүөкэннээх киһи, үлэлээн-хамсаан, дьиэ-уот тэринэн, оҕо төрөтөн, иитэн-харайан, үөрэттэрэн, үлэ араас эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлээн, улахан олоҕу олорбут ытык киһи. Дьыллар-күннэр ааспыттарын иһин Егор Васильевич олорбут олоҕунан кини оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, уруулара-аймахтара киэн тутта, санаан-ахтан ааһыахтара, кини олоҕун холобур туттуохтара.

Егор Васильевич нэһилиэгин олохтоохторо, тэрийсибит совхоһа бигэ туруктаах буоларыгар күүһүн харыстаммакка үлэлээбитэ. Кини дьиҥнээх коммунист, олус эппиэтинэстээх, дьону кытта сатаан кэпсэтэр, аһыныгас дууһалаах сатабыллаах салайааччы этэ.

Совхозка салайар үлэҕэ үлэлээбиттэр

Алексеев Николай Егорович

 1958 с. Баппа5аайыга төрөөбүтэ. Үрдүк үөрэхтээх прораб. Үөһээ Бүлүүтээ5и физмат оскуоланы бүтэрэн, Томскай куоракка тутуу институтугар үөрэххэ киирбитэ. Эдэр специалист 1986 с.. «Баппаҕаайы» совхозка кылаабынай прорабынан анаммыта. Николай Егорович прорабынан үлэлээбит сылларыгар спортзал, сүөһү үлэһиттэригэр аналлаах уопсай дьиэлэр, хас сайылык аайы типовой ньирэй сарайдара, уопсай дьиэлэр тутуулара тэтимнээхтик ыытыллыбыттара.

Үүнэн иһэр эдэр үлэһити таба көрөн, өрө таһааран 1988 сыллаахха «Баппаҕаайы» сопхуоска дириэктэринэн быыбарданан үлэлээбитэ. Николай Егорович ис хаһаайыстыбаннай ахсааны, аренднай бэдэрээти киллэрбит дириэктэрдэртэн биирдэстэрэ. Николай Егоровиһы кытта биир санаанан салайтаран үлэлээбиттэрэ: кылаабынай зоотехнигынан Семенов А.А., кылаабынай ветвраһынан Харлампьев В.А., старшай ветвраһынан Гаврильев И.С., кылаабынай экономиһынан Алексеева Е.Г., мелиораторынан Николаев А.И., кылаабынай инженеринэн Тарасов И.Н., кылаабынай бухгалтерынан Чабыев В.Я.

”Баппа5аайы” совхоз директорын Алексеев Н.Е. ахтыыта.

Мин, Алексеев Николай Егорович, 1958 с. кулун тутар 25 кунугэр Илбэҥэ бөһүөлэгэр төрөөбүтүм. 1965 с. 1 кылааска Баппа5аайы 8 кылаастаах оскуолатыгар киирбитим. 1972-1975 сылларга Үөһээ-Бүлүү 2 №-дээх оскуолатыгар физмат кылааска үөрэммитим. Оскуола кэннэ 1 сыл ”Орто-Бүлүү” совхоз Илбэҥэтээ5и отделениятыгар маҥнай саһыл ферматыгар, онтон субай сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитим. 1976-1981 сылларга Томскайдааҕы тутуу институтугар үөрэнэн тутуу инженерин дипломун ылбытым. Үөрэҕи бүтэрэн кэлээт 1981-1988 сылларга ”Баппабаайы” совхозка тутууга старшай прорабынан үлэлээбитим.1988-1992 сылларга ”Баппаҕаайы” совхоз директорынан үлэлээбитим. Оччолорго Илбэҥэ уонна Лөкөчөөн холбоһон биир совхоз буолан олорбуппут. Мин иннибэр ”Баппаҕаайы” совхоз тэриллиэбиттэн 3 директор олоро сылдьыбыттара:Капитонов Ефим Николаевич, Николаев Федор Федорович, Афанасьев Владимир Григорьевич. 1992 сылга совхоз саҥа ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн акционернай общество (АО) буолбута. Онно правление председателинэн 1995 сылга диэри үлэлээбитим.

Баппаҕаайыга үлэлиир сылларбар совхозка, онтон АО-ба миигин кытта бииргэ үлэлээбиттэрэ: партком секретардарынан  Дмитриев Петр Васильевич, Шамаев Николай Петрович, Васильев Егор Егорович, профком председателлэринэн Шамаев Николай Михайлович, Алексеев Алексей Григорьевич, комсомольскай тэрилтэ секретардарынан Акимов Александр Яковлевич, Алексеева Августина Егоровна, Алексеев Павел Афанасьевич, главнай бухгалтердарынан Николаев Егор Алексеевич, Чабыев Владимир Яковлевич, Антонова Мария Федоровна, Поскачина Наталья Гаврильевна, главнай инженердэринэн Андреев Василий Филиппович, Тарасов Иван Николаевич, Михайлов Григорий Петрович, мелиоратордарынан Николаев Афанасий Иванович, Поскачин Валентин Захарович, экономистарынан Попова Мария Дмитриевна, Николаева Светлана Константиновна, Алексеева Екатерина Романовна, главнай зоотехниктарынан Петров Анатолий Прокопьевич, Васильев Егор Егорович, Семенов Анатолий Алексеевич, главнай ветврачтарынан Гаврильев Иван Семенович, Николаева Александра Алексеевна, Харлампьев Виталий Афанасьевич, осеменатордарынан Алексеева Елена Павловна, Харлампьева Нина Петровна, охотоведтарынан Яковлев Михаил Маркович, Николаев Егор Афанасьевич, электриктэринэн Алексеев Марк Кононович, Николаев Николай Алексеевич. Тутууга прорабынан уонна маастарынан Михайлов Юрий Петрович, Васильев Василий Егорович, Антонов Артур Гаврильевич, Антонов Павел Гаврильевич, Алексеев Николай Николаевич, Петров Петр Егорович, Новиков Иван Петрович үлэлээбиттэрэ.

Илбэҥэ отделениятыгар управляющайдарынан Гаврильев Иван Семенович, Петров Анатолий Прокопьевич, Акимов Яков Николаевич, Алексеев Алексей Кузьмич, Харлампьев Виталий Афанасьевич үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ.

Икки отделениянан ол сылларга син балай эмэ тутуу барбыта. Ол курдук Илбэҥэ5э 4 ферма хотоно, Арыылаахха уонна Соболооххо сайылыктар,  иккилии уонна түөртүү квартиралаах дьон олорор уопсай дьиэлэрэ, спортзал, шестилетка, амбулатория, детсад, аптека, электростанция дьиэлэрэ уонна да атын тутуулар тутуллан улэҕэ киирбиттэрэ.

Оччолорго икки отделениянан быһа холоон 1800 төбө ынах сүөһү, ол иһигэр 600 төбө ыанар ынах, 700 төбө сылгы, ол иһигэр 400-чэ биэ баар буола сылдьыбыта. Илбэҥэҕэ 1200 ынах сүөһү, онтон 400-һэ ыанар ынах, 450-ча төбө сылгы, онтон 250-ч төбө төрүүр биэ баар буола сылдьыбыта. Икки отделенянан сылга 3600 тн. от, 600 тн. сиилэс, ол иһигэр Илбэҥэҕэ 2500 тн. от, 600 тн. сиилэс бэлэмнэнэр этэ. 1990-1994 сылларга хаһаайыстыба оройуоҥҥа бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта. Ити сылларга хаһаайыстыбаҕа үлэ бары көрүҥнэригэр аренднай подряд, семейнай подряд киллэриллэн күүстээх үлэ барбыта. Ыаллар чааһынай дьиэлэрин тутталларыгар коллективнай договорга олоҕуран тутуу маһын бэлэмнээһинигэр чэпчэтиилэр оҥоһуллубуттара, тутуу материалларын Нерюнгриттан аҕалан босхо бэриллибиттэрэ. Итиннэ биһиги землякпыт Федоров Петр Семенович, оччолорго Нерюнгри райисполкомун председателя, көмөтө улахан.

1993 сыллаахха Илбэҥэ уонна Лөкөчөөн тус туспа хаһаайыстыбаларга арахсыбыттара. 1995 сыллаахха Баппаҕаайы АО уопсай мунньаҕын быһаарыытынан АО баайын ким төһө паайдааҕынан суоттаан 17 бааһынай хаһаайыстыбалара тэриллибиттэрэ. Бу хаһаайыстыбалар паайдарыгар сөп түбэһиннэрэн техника, ынах-сылгы сүөһү, мал-сал, уматык ылбыттара. АО государствоҕа 180 тыһыынча иэстээх этэ. Ол иэһи 3-4 сылынан төлөнүллүбүтэ. Бааһынай хаһаайыстыбалары сүрүннүүргэ анаан Баппаҕаайытааҕы бааһынай хаһаайыстыбаларын холбоһуга тэриллибитэ. Онно салайааччынан Алексеев Николай Николаевич талыллан үлэлээбитэ. Мин санаабар, өскөтүн баайы-дуолу дьон чааһынай бас билиитигэр бириэмэтигэр биэрбэккэ салгыы тутан олорбуппут буоллар, аныгы рынок ыгыытыгар хаһаайыстыба сыллата улам-улам мөлтөөн, баай-дуол дьон бас билиитигэр тиксибэккэ симэлийиэ этэ. Оннук холобурдар биһиги да оройуоммутугар элбэхтэр. Ити быһаарыныыны АО үлэһиттэрин уопсай мунньаҕынан элбэхтэ ырытыһан баран ылыныллыбыта. Салааларынан комиссиялар тэриллэннэр баайы-дуолу кинилэр киллэрбит этиилэригэр олоҕуран аукцион систематынан үллэһиллибитэ.

1995-1998 сылларга Илбэҥэҕэ 6 ыал кыттыһан ”Луҥха” бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн үлэлээбиппит.

1998-2000 сылларга Бүлүү үп-харчы агропромышленнай-финансовай компаниятыгар специалиһинэн, генеральнай директоры солбуйааччынан үлэлээбитим.

2000-2004 сылларга Бүлүүтээҕи суолу тутар, эксплуатациялыыр уонна өрөмүөннүүр тэрилтэҕэ главнай инженеринэн үлэлээбитим. Бүлүү суолун тутуутугар 20-чэ км. суолу үлэҕэ киллэрсибитим.

2004-2006 сылларга СУ-888 суолу тутар тэрилтэҕэ оройуонтан тутулуктаах документацияларын толорууга маастарынан үлэлээбитим.

2006 сылтан чааһынай предприниматель быһыытынан үлэлиибин, общепит хайысхатынан үлэлэһэбин уонна дьону таһыынан дьарыктанабын.

Кэргэним Екатерина Чолобоновна Бүлүү киин балыыһатыгар женскай консультацияҕа акушеркалыыр, улахан кыыспыт Диана Якутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын Академиятыгар 3-с курска бухгалтер идэтигэр үөрэнэр, уолбут Степа Бүлүү куорат Чиряев аатынан школа 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, кыра кыыс Сааскылаана 3-с кылааска үөрэнэр.

Андреев Василий Филиппович

Андреев Василий Филиппович 1932 с. Лөкөчөөҥҥө төрөөбүтэ, 1948 с. Андреевскай начальнай оскуоланы, 1952 с. Баппаҕаайы оскуолатын, 1962 с. Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбитэ. 1954-58 сс. экспедицияҕа бурильщик, 1962-87 сс. холкуоска, сопхуоска механигынан, солб. бэрэссэдээтэлинэн, кыл. инженер-механигынан үлэлээбитэ. 1990-92 сс. Баппаҕаайы орто оскуолатыгар трактороведение учуутала. «Үлэ ветерана», «Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кэмигэр Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, Советскай Армия кэккэтигэр сулууспалаабыта. 1954-58 сс. геологическай экспедицияҕа бурильщик көмөлөһөөччүтэ. Василий Филиппович үөрэҕин бүтэрэн 1962-64 сс. «Октябрь» колкуоска механигынан үлэтин саҕалаабыта. Эдэр эрчимнээх үлэһити таба көрөннөр, 1964-67 сс. Октябрь колхуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан аныыллар. 1980-87 сс. «Баппаҕаайы» сопхуоска кылаабынай инженер-механигынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Төһө да пенсияҕа таҕыстар, орто оскуолаҕа «трактороведение» учууталынан үлэлээн, эдэр механизатордары ииппитэ. Василий Филиппович эдэр сааһыттан үлэ ымпыгын-чымпыгын билэрэ, илии үлэтин техника күүһүнэн солбуйарга билиитин-көрүүтүн ууран үлэлээбитэ. Кини РСФСР тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, 1977, 1975, 1978 сс. Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, «Ветеран труда», «Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн на5араадаламмыта.

Василий Филиппович уус тыллаах, нэһилиэккэ биллэр тамада. Кини алгыһынан элбэх эдэр дьон дьоллорун холбообуттара.

Васильев Егор Васильевич

Васильев Егор Васильевич, 1926 с. Илбэҥэҕэ төрөөбүтэ.  Баппабаайы оскуолатын 7 кылааһын бүтэрбитэ. 1947 с. Ворошилов, Сталин, Октябрь холкуостарга учуотчут, сүөһү биригэдьиирэ, 1946-48 сс. сылгы ферматын сэбиэдиссэйэ, 1948-50 сс. холкуостаах, 1951-54 сс. болуотунньук, 1954-56 сс. радист-оператор, 1956-60 сс. атыыһыт, 1960-64 сс. биригэдьиир, 1967-76 сс. Илбэҥэ отделениетын управляющайа, 1982-84 сс. Орто-Бүлүү сельпотун бэрэссэдээтэлэ, 1984-87 сс. Баппа5аайытаа5ы эргиэн кустатын дириэктэрэ, 1987-90 сс. булчут.

«Үлэҕэ килбиэнин иһин», «Ветеран труда», «А5а Дойду сэриитин кэмигэр Килбиэннээх үлэтин иһин», «Кыайыы 50 сыла», мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина, сэрии кыттыылааҕа.

 
Гаврильев Иван Семенович.

1934 сыллаахха Бапgаҕаайыга төрөөбүтэ. 1953 с. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун ветеринарнай салаатын бүтэрбитэ. 1956-57 сс. Баппаҕаайытааҕы ветпункт сэбиэдиссэйэ. 1967-68 сс. «Орто-Бүлүү» сопхуос Лөкөчөөннөөҕү отделениетын управляющайа. 1972-80 сс. ветучаастак кылаабынай ветвраһа. 1980-82 сс. «Баппаҕаайы» сопхуос Илбэҥэ отделениетын управляющайа. Иван Семенович үлэлээбит 50-ча сыл устата сыламтата суох сопхуостар учаастактарын, отделениеларын салайан, үлэлээбит бириэмэтигэр үтүмэн үгүс үчүгэй көрдөрүүлэри ситиспитэ. Илбэҥэ отделениетын управляющайынан үлэлиир кэмигэр 1982 сыллаахха ”Арыылаахха” ньирэй ЛТО-та диэн аан бастаан бачыым көтөҕөн тэрийбитэ. Бу улахан хамсааһын, тэрээһин, управляющай, биригэдьиир (Николаев А.С.) элбэхтик сүүрэн-көтөн түбүгүрэн тэрийбиттэрэ. Иван Семенович ханна да үлэлээтин, туох эмит суолу-ииһи хаалларар, кэскиллээ5и өтө көрөн үлэлээбит дьоннортон биирдэстэрэ.

Никифоров Николай Филиппович

Ахтыы

Николай Филиппович Никифоров 1931 сыллаахха Баппаҕаайы нэһилиэгэр, «Баай Эбэ» чугаһыгар баар Силээн Тоһоҕолооҕор колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр этэ. Аҕалара Силип Никифоров  оҕолоро кыра эрдэҕинэ өлөн, ийэлэрэ Мотуруона оҕолорун аччыктаабат – сутаабат эрэ икки ардынан иитэлээн атахтарыгар туруорбута. Сталин колхозка кыра сааһыттан хара улэҕэ миккиллибитэ. Сортуол бааһынатыгар бурдук ыһаллара.  Миэлиҥсэни  оҕуһунан эрийтэрэн, быспыт бурдуктарын суорунаҕа тартараллара. Онно кини күнү- күннүктээн оҕус сиэтээччинэн сылдьара, тартарбыт бурдуктарын ыскылаакка эмиэ оҕуһунан төттөрү илдьэллэрэ. Бугул тугэҕин харбааччынан, мунньааччынан аччык кэриэтэ улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлэһэллэрэ, хара үлэҕэ элбэхтик эриллибитэ, мускуллубута. Бурдук атаҕын биэрдэхтэринэ ууга – хаарга буккуйан хааһы оҥостон сииллэрэ.

Сортуол бөдөҥ уолаттара Ыылаах диэн күөлгэ туулаан балык ыллахтарына, бары үллэстэн буһаран сииллэрэ. Онно Ньукулай балтын Ылдьаананы батыһыннара сылдьан, балта атаҕын маска хайа үктээн, өргө диэри атаҕынан эрэй бөҕөтүн көрбүтүн куруук саныыра.

Аҕа Дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии буоларыгар кини  баара – суоҕа 10 саастааҕа, Улуу Кыайыы буоларыгар 14 саастааҕа. Ол да буоллар, сэрии ыар сылларын этинэн-хаанынан, сүрэҕинэн -быарынан билбитэ.

1949 сылтан Октябрь колхозка чилиэнинэн киирбитэ. Араас үлэҕэ үлэлээбитэ.

1951 сылтан, үс сыл табаҕа үлэлээбит таһаҕасчытынан. Туора үрэххэ араас таһаҕаһы, Иванов Дьөгүөрдүүн элбэх туркунан  тиэрдибиттэр. Манна дьаам тохтоон ааһар сирэ эбит. Кыһын куһаҕан таҥастаах-саптаах буолан, тоҥон-хатан, аччыктаан,  айан араас моһоллорун син туораан, таһаҕастарын этэҥҥэ тиэрдэллэрэ. Кэлин таба биригэдьииринэн, Никифоров Куонаан Никифоровичтыын элбэхтик эриһэн үлэлээбиттэр.

           1952 сыллаахха Арыылаах ферма5а ыанньыксытынан үлэлиир Варвара Петровнаны көрсөн ыал буолбута. Варвара Петровна уонна  Николай Филиппович   уон оҕону төрөтөн, иитэн  атахтарыгар туруортаан олох киэҥ аартыгар таһаартаан, ыал – улэһит оҥорбуттара.

       1954 сылтан Николай Филиппович уонча сыл ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Манна эти – арыыны, сүөһү ис буотарактарын, төбөтүн, туйаҕын барытын ааҕан – суоттаан учуот оҥорон иһэрэ. Кытаанах хонтуруол буолара.

1964 сылтан хонуу, сүөһү биригэдьииринэн  эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Бу үлэлиир сылыгар бастыҥ хаачыстыбалаах оту совхозка туттарыы күүскэ турара. Ол курдук Баай эбэнэн, Силээнинэн, Сортуолунан илиинэн оттооһун, кэлин механизированнай звенонан оттооһун тэриллибитэ. Манна оттоммут оту быалааһын, учуоттаан  оройуоҥҥа сводканы биэрэн учуоттаан иһэллэрэ, дьон күннээҕи көлөһүнүн ааҕан -суоттаан киллэрии – таһаарыы элбэх үлэни эрэйэрэ.

Николай Филиппович салайбыт звенота 1981 сыллаахха, хас биирдии киһитигэр 52, 3 т оту оттоон XX үйэ  механизация аҥардаах бастыҥ звенота ааты ылбыта.  Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕынан буолбута. Кыһыҥҥы кэмҥэ сүөһүгэ эбии аһылыгы бэлэмнээһин сиилэс угуута, дулҕа-талах  кырбааһына элбэх мындыр үлэни ирдиирэ.

1981 сыллаахха сылгы биригэдьииринэн анаммыта. Кырдьыга да, сылгыһыт диэн бэйэтэ эмиэ туспа айылҕаттан айдарыылаах идэ буолар, сылгыһыттаабыт дьоно бары да кыайыгас, тулуурдаах, ханнык баҕарар хаҥыл сылгыны сыһытар этилэр. Хайдахтаах да ыарахан кыстыгы этэҥҥэ туораан, элбэх кулун ылыытын ситиспиттэрэ. Ол үлэтин түмүгэр «Чемпион сылгыһыт – 1981 с» аалай лиэнтэтин кэппитэ.

Бу сылларга үчүгэй түмүктээх үлэтин иһин олохтоох нэһилиэк депутатынан иккитэ талыллан араас улэҕэ, мунньахтарга кыттыбыта.

       Кэлин совхоз ыһыллан, паайдарын үллэстэн, нэһилиэк дьоно бааһынай хаһаайыстыба тэринэн туһунан барбыттара. Николай Филиппович оҕолорун кытта паайын холбоон «Үөт Көлүйэ» диэн сиргэ сылгы базата тэринэн, сыспай сиэллээхтэрин кытта арахсыспат аргыстара оҥостон, сылгыларын көрөрө -истэрэ.

          Тыыл, үлэ ветерана. 1987 с. Ветеран труда, 1993 с. 1941-45 сс. Аҕа Дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин медалларынан, элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыттара. Соц. куоталаһыы кыайыылааҕа. Николай Филиппович «XX уйэ чулуу үлэһитэ» диэн бэлиэлээх.

Ахтыыны суруйда кыыһа Жиркова Ирина Николаевна

Поскачин Валентин Захарович

Бүлүү улууһун Тыымпытыгар төрөөбүтэ. 1977-1980 сс. «Орто-Бүлүү» сопхуоска гидромелиораторынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 1986-92 сс. «Баппаҕаайы» сопхуоска мелиораторынан анаммыта. Кини «Тураҥнаах» толоонун солотторон, от сиэмэтин ыстаран, оттуур ходуһа онорторбута. Бу сиргэ нэһилиэнньэ улахан аҥаара күн бүгүнүгэр диэри оттуур. Валентин Захарович «Баппаҕаайы» сопхуоска аан бастаан оту силэстээһини уонна престээһини олоххо киллэрбитэ. Кини сири кытта үлэни тупсарыыга, ходуһа сирдэрин төрдүттэн тупсаран оҥорууга сыралаһан, дьаныһан туран үлэлээбит специалист буолар.

Уһуннук суот-учуот дьыалатыгар үлэлээбит дьоннор

Олох, үлэ үөһүгэр уһаарыллан…

Мин Баппаҕаайы нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Оскуола кэнниттэн 1954 сыллаахха колхозка чилиэнинэн киирэн ”Сталин” аатынан, онтон ”Октябрь” колхозтарга араас үлэлэргэ производствоҕа үлэлээбитим.

Икки сыл Лөкөчөөҥҥө почта таһааччынан сылдьан сурутааччылар хаһыаттарын, сурунаалларын, суруктарын бандеролларын, посылкаларын, ону тэҥэ тэрилтэлэр переводунан кэлбит хамнастарын нэдиэлэҕэ иккитэ тиэрдэр этим, онтон эмиэ колхозка араас үлэлэргэ сылдьыбытым.

1962-1965 сылларга нэһилиэк Советын секретарынан быыбарданан үлэлээбитим. Совет председателинэн Ксенофонтов Иван Алексеевич үлэлиирэ. 1963 сыллаахха кинини райком бюротун рекомендациятынан колхоз Лөкөчөөн учаастагар сэбиэдиссэйинэн быыбардаабыттара. Кини оннугар председателинэн Антонов Николай Николаевич быыбардаммыта.

Нэһилиэк территорията сүрдээх киэҥ этэ. Баай Эбэттэн Куба Саарбыт учаастагар дылы тайаан сытара. Ити бириэмэҕэ сибээс олус мөлтөх этэ. Учаастактарга, фермаларга атынан эрэ сылдьыллара. Нэһилиэнньэ ортотугар тэрийэр, агитационнай үлэ культурнай -маассабай үлэлэри ыытарга ыарахаттардаах этэ. Ол да буоллар ити ыарахаттартан чаҕыйбакка совет тэрийэр маассабай үлэтин, депутааттары, нэһилиэк активын кытта үлэни тупсарыыга кыанарбытынан үлэлии сатыыр этибит.

Оччолорго совет секретара аҥаардас тэрийэр үлэнэн эрэ дьарыктаммат этэ. Маны таһынан совет бюджетыгар турар тэрилтэлэр үлэлэрин бэрийэр этэ. Тэрилтэлэр сүрүн средстволарын, товарнай-материальнай сыаннастарын учуоттарын, отчуоттарын дьаһайара. Ыйдааҕы, кварталлааҕы, сыллааҕы отчуоттары оҥорон туһааннаах оройуон тэрилтэлэригэр бириэмэтигэр түһэрэн иһэрэ.

Аны санаатахха Совет секретара билиҥҥи кэмҥэ холоотоххо үс ылэһит толорор функциятын үлэлээн кэлбит эбиппит диэн саныыбын.

Ити кэмҥэ оройуон киинэ Үөһээ-Бүлүүгэ этэ. Онон оройуону кытта сибээстэ»ии, оройуон тэрилтэлэригэр отчеттары түһэрии уустуктардаах этэ. Мин Антонов Н.Н. кытта икки сыл бииргэ үлэлээбиппин умнубаппын. Олус тапсан үлэлиирбит, ону баара оччотооҕу система икки аҥыы араарбыта. Совет председателинэн, секретарынан атын табаарыстар талыллыбыттара.

1965 сыллаахха Илбэҥэ маҕаһыыныгар Алексеев Гаврил Алексеевиһы кытта атыылааччынан үлэлээбитим. Ити кэмҥэ килиэп оҥоһуллубат этэ (бэкээринэ тутулла илигэ), ол и»ин нэһилиэнньэҕэ бурдугунан атыыланара. Атыы-эргиэн үлэтигэр Алекссев Гаврил Алексеевич бэриниилээх үлэ»ит этэ, кинини кытта олус тапсан үлэлиир этибит. Былаан бары көрүҥүн толорор уонна аһары толорор этибит.

1966 сыллаахха колхоз Лөкөчөөннөөҕү учаастагар бухгалтерынан анаммытым. Учаастак сэбиэдиссэйинэн Ксенофонтов И.А., биригэдьиирдэринэн Яковлев И.А., Тарасов Е.Н., ыскылаат сэбиэдиссэйинэн Андреев Д.Н. үлэлииллэрэ. Онон кинилэри кытта тапсан үлэлиирим.

1965 сыллаахха ССКП КК уонна ССРС министердэрин Совета Колхозтаахтарга, колхоз салайар үлэһиттэригэр уонна специалистарыгар үлэ төлөбүрүн харчынан олохтуур туһунан уураахтара тахсыбыта. Урукку өттыгэр үлэ төлөбүрэ натуранан ааҕыллар буоллаҕына, аны харчынан үлэ төлөбүрэ ааҕыллар буолбута. Бу уурааҕы колхозтаахтар, колхоз салайар үлэ»иттэрэ уонна специалистара биһирии көрсүбүттэрэ.

Колхозка саҥа расценка оҥоһуллубута, салайааччыларга уонна специалистарга оклад хамнас олохтоммута.

Колхозка учуот отчуотунас боростуой ньыманан ыытыллара. Подотчеттаах алын сүһүөх үлэһиттэр ый аайы отчуот оҥорон бухгалтерияҕа түһэрэллэрэ.

1967 сыллаахха кулун тутар 1 күнүттэн ”Правда” уонна ”Октябрь” колхозтар базаларыгар Орто –Бүлүү улахан совхоз тэриллибитэ.

Мин Хампаҕа саҥа совхоз киин бухгатериятыгар үлэлиир буолбутум. Киин бухгалтерияҕа 6 бухгалтер үлэлээбитэ. Совхоз кылаабынай бухгалтерынан Семенов Илья Софронеевич, солбуйааччытынан Капитонова Вера Спиридоновна анаммыттара, оттон отделенияларга көмөлөһөөччүлээх бухгалтердар анаммытара. Мин совхозка материальнай сыаннас учуотун отчетунаһын тэрийбитим. Отделениялар бухгалтердара олохтоммут график быһыытынан отчуоттууллара. Маны таһынан совхоз киин ыскылаатын сэбиэдиссэйэ отчеттуура.

Ыйдааҕы, кварталлааҕы отчуоттар түмүктэринэн баланса, сыллааҕы отчуот оҥоһуллара.

1968 сыллаахха балаҕан ыйыгар партия райкомун рекомендациятынан Чита куоракка Советскай-партийнай оскуолаҕа үөрэнэ барбытым. Бу оскуоланы 1971 сыллаахха экономист-тэрийээччи специальностаах бүтэрбитим.

Үөрэхпин бүтэрбитим кэннэ Баппаҕаайы нэһилиэгин Советын председателинэн быыбарданан үлэлиир буолбутум. Совет секретарынан баай опыттаах, өр сылларга секретарынан үлэлээбит Михайлов Петр Григорьевич үлэлиирэ.

Мин урут секретардаабыт буолан Совет тэрийэр маассабай үлэтин, постояннай комиссиялара үлэлэрин сүрүннээһин уонна салайыыны, депутааттары кытта үлэлэри постояннай комиссияларга, депутаттарга тирэҕирэн тэрийэр-маассабай үлэни ыыта сатыыр этибит. Маны таһынан обществоннаһы, тэрилтэлэр салайааччыларын нэһилиэк сайдыытыгар эппиэтинэстэрин уонна оруолларын үрдэтиигэ туһаайарбыт.

Совет сессияларын, исполком мунньахтарын бириэмэтигэр ыытан тэрийэр үлэ, постояннай комиссиялар үлэлэрин, депутаттар уокуруктарга үлэлэрин, тэрилтэлэр отчуоттарын истэри практикалыырбыт.

Совет территориятыгар кииннээһин ыытыллыбыт буолан, фермалар Илбэҥэҕэ, Лөкөчөөҥҥө Килэмэнтиккэ уонна Арыылаахха бааллара. Кинилэри кытта Лөкөчөөнтөн ураты телефоннай сибээс суох этэ. Килэмэнтик, Арыылаах фермаларыгар атынан сылдьарбыт. Сороҕор тракторынан, водовоз массыынанан сылдьар этибит.

Совхоһу, оройуону кытары коммутаторынан чиэрэстээн сибээстэһэр этибит.

Лөкөчөөн отделениятыгар постояннай үлэлиир киноустановка олохтоммута. Киномеханиктарынан Илбэҥэ олохтооҕо Никифоров Иван Кононович, Дьөккөнтөн төрүттээх Гоголев Тимофей Данилович, оттон Илбэҥэҕэ Васильев Сергей Николаевич, Томскай Владимир Иванович үлэлииллэрэ. Кинилэр фермаларга киинэ көрдөрөллөрө.

Нэһилиэк тэрилтэлэрэ, кинилэр үлэһиттэрэ нэһилиэк общественнай олоҕор активнайдык кытталлара. Совет исполкома сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ былаан тиэрдэрэ, субботниктарга сылдьалларын тэрийэрэ.

1972 сыллаахха райсовет исполкомун быһаарыытынан Баппабаайы, Лөкөчөөн оскуолалара орто уонна аҕыс кылаастаах оскуолаҕа кубулуйбуттара.

Илбэҥэҕэ оскуола дьиэтэ кыараҕаһынан общественность уонна төрөппүттэр күүстэринэн тутуу маһа соботуопкаламмыта. Учууталлар, рабочайдар күүстэринэн физзаллаах начальнай оскуолатын корпуһа туспа тутуллан үлэҕэ киирбитэ, ол түм¼гэр 9-10 кылаас оҕолоро үөрэнэр усулуобуйалара баар буолбута. Онуһу бүтэрбит оҕолор Орто оскуола-производство-үрдүк үөрэх девизтээх икки сылтан итэбэһэ суох производствоҕа үлэлээн баран үрдүк үөрэххэ киирэр буолбуттара.

1974 сыллаахха Баппаҕаайы орто оскуолатын ситии-хотуу аттестатын отутча оҕо ылбыта.

1972 сыллаахха кулун тутарга Совет административнай дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. Ититиитин Якутскай Жатайыттан сылдьар нууччалар монтажтаабыттара, кинилэр Илбэҥэҕэ нефтебаза оҥороллоро.

1972 сыллаахха Дьокуускайга республика нэһилиэктэрин Советтарын председателлэрин биир ыйдаах курстарыгар үөрэнэ сылдьан СовМин председателин солбуйааччы Кунев Иван Яковлевич приемугар сылдьыбытым. СовМинтан учаастактааҕы балыһаҕа санитарнай массыына биэрэригэр көрдөспүтүм, көрдөһүү сурук туттарбытым. Бу көрдөһүүнү СовМин ылынан толорбута. Күһүнүгэр балыһаба саҥа массыына кэлбитэ. Итинтэн ыла балыыһа санитарнай массыыналанар  буолбута.

Ити сыллартан саҕалаан Совет аатыттан Лөкөчөөҥҥө туспа Советы тэрийэр туһунан республика, оройуон салалтатыттан туруорсубуппут. Лөкөчөөн З00-кэ эрэ нэһилиэнньэлээх, 400-тэн итэҕэһэ суох нэһилиэнньэлээх пууҥҥа туспа Советы тэрийэр сөп диэн аккаастаабыттара.

Нэһилиэккэ икки авиаплощадка баара, нэдиэлэҕэ үстэн итэҕэһэ суох самолет көтөрө. Ол эрээри Илбэҥэ авиаплощадката ирдэбилгэ ситэ эппиэттээбэтинэн порду кэҥэтэргэ боппуруос көтөҕүллүбүтэ онтон боппуруос быһаарыллыбыта. Самолет регулярно көтөрө олохтоммута. Маҕа»ыыҥҥа таһаҕас таһыллар буолбута, Дьокуускай Маҕаныттан самолет түһэр буолбута.

1972 сайыныгар Совет исполкомун көҕүлээһининэн А5а дойду сэриитин буойуннарыгар анаан обелиск оҥорторбуппут.

Оройуон, совхоз салалталара нэһилиэккэ ханнык да капитальнай тутууну биэрбэт этилэр. Отделенияларга хотон тутуутуттан ураты тутуу барбат, чаа»ынай ыаллар эрэ олорор дьиэлэрин тутталлар этэ.

Ити сылларга сэлиэнньэлэргэ уһаайбалар бэрээдэктэниилэрэ саҕаламмыта Уһаайбаны Федоров Петр Спиридонович салайааччылаах Совет комиссията үтүө суобастаахтык үлэлээбитин ахтан ааһар наадалаах.

Оччолорго оройуоҥҥа нэһилиэктэр Советтарын куоталаһыыларыгар нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран оҥорууга, элбэх штакетнигы оҥорбут, элбэх маһы тиэргэҥҥэ үүннэрбит Советтар бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэрин курдук балаһыанньа баара. Бириистээх миэстэҕэ куорат таһынааҕы Советтар ылар этилэр. Оттон үүтү эти оҥорууга үчүгэй соҕус көрдөрүүлээх Советтар бириистээх миэстэҕэ тиксибэт этилэр.

Бу сылларга нэһилиэк Советтара бухгалтердаах этилэр. Совет бухгалтерынан бу кэмҥэ Самсонов Прокопий Николаевич үлэлиир этэ. Кини урукку өттүгэр үп салаатыгар, Совекка үлэлээбит буолан Совет бюджетыгар турар тэрилтэлэр үптэрин бэрийэрэ. Учуоту-отчуотунаһы бириэмэтигэр оҥорон оройуон үбүн салаатыгар түһэрэрэ.

Совхозтааҕы партийнай комитет рекомендациятынан 1973 сыллаахха Лөкөчөөн отделениятыгар управляющайынан 1976 сылга дылы үлэлээбитим. Миигин кытта салайар-тэрийэр үлэҕэ баай опыттаах Яковлев Иван Андреевич хонуу биригэдьииринэн, анал үөрэхтээх Тарасов Егор Николаевич зоотехник-биригэдьииринэн, бухгалтерынан бастаан Алексеева Федора Кирилловна, онтон Николаева Анна Трофимовна, кладовщик-кассирынан Тимофеев Семен Игнатьевич, ветеринардарынан Николаева Софья Прокопьевна, Алексеев Василий Алексеевич, Семенова Октябрина Васильевна үлэлээбиттэрэ. Бары да эбээһинэстэрин билэр, үлэҕэ-хамнаска эппиэтинэстэрин өйдүүр табаарыстар этилэр.

Ити сылларга отделенияҕа типовой кормоцех үлэҕэ киирбитэ, үрэхтэн насоһунан ууну хачайдаан эбии аһылыкка туттуллара, сүөһүнү сылаас уунан хааччыллара. Уу баһыытыгар водовоз массыынаны үлэлэтэллэрэ.

1973-1976 сылларга отделение үүтү, эти оҥорууга, государствоҕа үүтү-эти туттарыыга, түүлээхтээһиҥҥэ совхозка ку»аһана суох көрдөрүүнү ситиһэр этэ.

Урукку өттүгэр бу отделенияҕа сир оҥо»уллубат буоллаҕына 1974 сыллаахха сири кытта үлэ саҕаламмыта. Совхоз салалтатын кытары кэпсэтэн Горнайдааҕы лугомелиоративнай станцияны (начальник Агеев) кытта дуогабардаһыннаран Холболооххо, кини бэрэтигэр, Айах үрэҕэр дулбалаах сирдэри, от үрэхтэри, талах былдьаабыт маардарын пресстээһин ыытыллыбыта, 200-кэ гектар саҕа сир оҥоһуллубута. 1975 сыллаахха балабан ыйыгар оройуон мелиоратора Егоров Руф Иванович Нымсах территориятыгар саҥа сири презтэтэргэ бырайыак оҥорорго көрөн барбыта. Кэнники Нымсах системата диэн ааттаах бүтүн нэһилиэги хааччыйар оттонор ходуһа оҥоһуллубута.

1974 сыллаахха отделенияҕа 1966 сылга оҥоһуллубут авиаплощадка кэҥэтиллибитэ.

Отделенияба тимир көлөнү муҥутуурдук туһаныыга, үлэлэтиигэ Федот Петров. Афанасий Яковлев, Петр Новиков, Дмитрий Андреев, сүөһү иитиитин үлэһиттэринэн Мария Григорьева, Татьяна Николаева, Екатерина, Федора, Мотрена Алексеевалар, Евдокия, Мария, Христина Леонтьевалар, Гаврил Алексеев, Татьяна Новикова, Евдокия Никифорова, Евдокия Максимова уонна да атыттары бородууксуйаны улаатыннарыыга, түүлээхтээ»иҥҥэ Семен Евсеев, Афанасий Максимов, араас улэҕэ Спиридон Ксенофонтов, Егор Петров, Дмитрий Иванов, Василий Тимофеев онтон да атын рабочайдар чэрдээх илиилэринэн отделение производствота тупсарыгар сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрин ахтан аһарар сөптөөх.

1976 сыллаахха дьиэ кэргэним балаһыанньатынан үлэлии ”Аржаков” аатынан совхозка көспүтүм. Ити совхозка араас үлэлэргэ сырыттахпына райком бюротун уурааҕынан Баппаҕаайы совхоз тэриллибитигэр кылаабынай бухгалтерынан үлэлииргэ мэктиэлэммитим.

Саҥа совхоз тэриллэригэр Орто-Булуу совхохтан сүрүн средстволары, товарнай-материальнай сыаннастары тыырсыбыппыт. Итиннэ икки отделение балансатыгар баар ынах сүөһүнү, сылгыны, саһылы, техниканы, Орто –Бүлүү совхоз киин ыскылааттан техниканы, сельхозмассыыналары, запчаастары, атын материальнай сыаннастары ылбыппыт.

Саҥа совхоз директорынан, кылаабынай специалистарынан анал үөрэхтээх табаарыстар анаммыттара.

Совхоз бухгалтериятыгар учуот-отчуотунас үлэтигэр сыһыаннаах, эдэр специальнай үөрэхтээх үлэ»иттэри сүүмэрдээбиппит. Бухгалтердарынан Алексеева Федора Кирилловна, Гаврильева Ульяна Афанасьевна, Алексеева Альбина Кузьминична, Харлампьсва Зоя Михайловна анаммыттара. Кылаабынай бухгалтеры солбуйаачынан Алексеева Федора Кирилловна үлэлээбитэ.

Совхозка учуот-отчуотунас үлэтэ саҥалыы тэриллибитэ. Оччолорго плановай экономика саҕана төһө да хааччахтардааҕын иһин, саҥаны олоххо киллэрэн совхоз материальнай базатын бөҕөргөтүүгэ үбү хамсатыыга сүрүн оруолу ылар иһин соруктаммыппыт.

Учуоту-отчуотунаһы алын сүһүөх подотчуоттаахтартан саҕалаан график олохтоон бухгалтерияҕа балансовай методынан салайыыга киирбиппит. Совхоз экономическай- финансовай көрдөрүүлэрэ олоххо киириитигэр ааҕан-суоттаан үлэлээһин хас биирдии салайааччы, специалист, үлэ»ит өйүн-санаатын түмүүгэ туһаайбыппыт.

Сүрүн болҕомтону совхозка техника атыылаһыытыгар капитальнай тутууну үбүлээ»иҥҥэ уурбуппут. Ол курдук таһаҕас тиэйэр автомашиналары, ДТ-75, МТЗ-80 маркалаах трактордары, прицептэри, саппаас чаастары атыыласпыппыт.

Таһаҕас тиэйэр автомашиналар прицептээх сылдьалларын ситиһэ сатыырбыт. Уотурба, от, горючай тиэллиитэ кылгас кэмҥэ быһаарыллара.

Ыйдааҕы, квартааллааҕы уонна сыллааҕы отчуоттар, баланса бириэмэтигэр туттарыллара. Совхозка учуот-отчуотунас, үбү туһаныыга, ордук чуолаан государствоттан ылыллыбыт кредиты, ссуданы сыалыгар туһаныыга, соцстрах суотугар ааҕыллар пособияны төлөөһүҥҥэ ревизиялар чаастатык барар этилэр.

Мин кылаабынай бухгалтер быһыытынан тыа хаһаайыстыбатын Министерствотыгар сыллааҕы отчуот көмүскүү биир төгүл бара сылдьыбытым.

Совхозка учуот-отчуотунас тупсуутугар, үбү туһаныыга бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрбит бииргэ үлэлээбит биир идэлээхтэрбэр улахан махталлаахпын.

Ити курдук мин 1982 сыллаах сыллааҕы отчуоту оҥорон, түмүктээн баран, олоҕум илгэтинэн ”Степан Аржаков” аатынан совхозка үлэлии барбытым. Онно сүөһү  иитиитин биригэдьииринэн, совхозка кадрга инспекторынан үлэлээн баран анал идэбинэн совхозка, онтон совхозтар ыһыллыбыттарын кэннэ рыночнай реформа усулуобуйатыгар экономиһынан үлэлээн баран 1997 сылтан пенсияҕа олоробун.

Үс оҕолоохпун, үс сиэннээхпин. Оҕолор үөрэхтэнэн билигин үлэлииллэр. Кэргэним Николаева-Трофимова Фекла Филипповна 1969-1975 сылларга Лөкөчөөн дьааһыла-саадыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээн Баппаҕаайы нэһилиэгин сайдыытыгар кырата суох өҥөлөөх..

Билигин сааһыран дойдубуттан ыраах да буолларбын төрөөбүт нэһилиэгим чэчирии сайдарын туһугар  туох баар кыахпын, билиибин, дьоҕурбун барытын ууран туран, олоххо, үлэҕэ  уһаарыллан үлэлээбиппинэн киэн туттабын.

Николаев Егор Алексеевич — үлэ ветерана

2007 сыл, бэс ыйын 5 күнэ.

Алексеева Федора Кирилловна – «Баппаҕаайы» сопхуоска бастакы старшай бухгалтер. Кини 25 сыл устата талан ылбыт идэтигэр үтүө суобастаахтык, дьон убаастабылын ылан үлэлээбитэ. Билигин Лөкөчөөҥҥө олорор. Пенсионерка.

Алексеева Альбина Кузьминична – Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун (1969-1974 сс.) бүтэрэн «Орто-Бүлүү» сопхуоска Илбэҥэ отделениетыгар зоотехнигынан, онтон 1980-1999 сс. бухгалтерынан үлэлээбитэ. Альбина Кузьминична «Баппаҕаайы» сопхуос тэриллэригэр, Харлампьева З.М. кытта бастакы бухгалтердар. Альбина Кузьминична аҕатыттан уһуллан, олоҕун суот-учуот дьыалатыгар анаабыта.

Гаврильева Ульяна Афанасьевна

Үлэ ветерана, «Баппаҕаайы» сопхуоска бухгалтерынан үлэлээбитэ. Ульяна Афанасьевна суот-учуот дьыалатыгар эҥкилэ суох чуолкай, принципиальнай. Аҕа табаарыс быһыытынан куруук сүбэ-ама биэрэр, үөрэтэр, такайар. Кини олоххо хаһан баҕарар активнай. Ульяна Афанасьевна сэмэй үлэтинэн үлэһит дьон олоҕун уйгута тупсарыгар кылаатын, билиитин киллэрсибитэ.

Николаева Мария Никитична Баппаҕаайы ситэтэ суох орто оскуолатын бүтэрэн баран, колхуоска араас үлэҕэ сылдьыбыта. Онно Кузьма Алексеевичка көмөлөһөөччүнэн киирэн салгыы «Орто-Бүлүү», «Баппаҕаайы» сопхуостарга учуоччугунан, бухгалтерынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Мария Никитична тыыл, үлэ ветерана.

Васильева Валентина  Ивановна

 1978 Питертан кэлбитэ, агыйах ый пекарняга Евдокия Николаевнаҕа улэлэспит онтон бытовойга сапожнигынан икки сыл үлэлээбитэ.1980-1990с.с. совхозка кассиирынан үлэлээбитэ ыарахан ыарыыттан олохтон туоруор  диэри.

Харлампьева Нина Петровна

 СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетын бүтэрэн, ученай-зоотехник идэтин ылбыта. Орто-Бүлүү сопхуос Лөкөчөөннөөҕү отделениетыгар зоотехнигынан үлэтин саҕалаабыта. 1980 сылтан «Баппаҕаайы» сопхуос Илбэҥэ отделениетын зоотехнигынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Нина Петровна 30-ча сыл устата төрөөбүт Лөкөчөөнүгэр, Илбэҥэҕэ зоотехниктаабыта. Бэйэтин идэтин лаппа баһылаабыт специалист быһыытынан сыаналанара.

Ахтыы

Күндү Ийэм Харлампьева Нина Петровна сэтинньи ый 13 күнүгэр 1944 сыллаахха Лөкөчөөн нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ.

Лөкөчөөн аҕыйах кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран 1967 сыллаахха “Орто Бүлүүгэ” Хампа нэһилиэгин совхоһугар рабочай доярканнан үлэтин саҕалаабыта. Биир сыл үлэлээн баран 1968 сыллаахха Дьокуускайдааҕы Государственнай Университетка тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар зоотехник отделениятыгар киирбитэ. 1973 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн баран Лөкөчөөҥҥө совхозка зоотехнигынан анаммыта (Баппагаинский совхоз Лекеченского отделения). 1987 сыллаахха Илбэҥэ нэһилиэгэр көһөн кэлэн Баппаҕаайы совхоһугар зоотехнигынан 1995 сылга дылы үлэлээбитэ. Онтон 1996 сылтан 2005 сылга диэри Баппаҕаайы участковай балыыһатыгар завхоһунан үлэлээбитэ. 2006 сылга Бүлүү куоратыгар көһөн кэлбитэ, 2007 сылтан 2020 сылга дылы “Бүлүү куората” муниципальнай тэриллии дьаһалтатыгар вахтер-охранник дуоһунаһыгар үлэлээбитэ. Ийэбит Нина Петровна үлэтин таһынан араас таҥаһы баайарын сөбүлүүрэ. Кэһии гынан аймахтарыгар, чугас дьонугар биэрэн ыытара. Ийэбит тыыл, үлэ бэтэрээнэ, элбэх грамоталардаах, наҕараадалардаах, мэдээллэрдээх үчүгэй үтүө үлэһит этэ.

                                Ахтыыны суруйда уола Виталий Харлампьев.

Алексеев Алексей Григорьевич

1935 с. Баппаҕаайы ситэтэ суох орто оскуолатын бүтэрэр, онтон салгыы үөрэнэр кыаҕа суох буолан, 3 сыл библиотека сэбиэдиссэйин солбуйар. 1958 сыллаахха дьоҕурдаах уолу Ньурбаҕа электромонтер үөрэҕэр ыыталлар. 1959 с. үөрэҕин бүтэрэн кэлэн, аан бастакынан Ильич лаампатын Илбэҥэҕэ киллэрбит үтүөлээх. Оччотооҕуга бу улахан ситиһии этэ. Эдэр эрчимнээх үлэһит 1960-66 сс. хонуу биригэдьииринэн ананар. Алексей Григорьевич олохтоох партийнай тэрилтэ мэктиэтинэн 1967 с. Дьокуускай куорат советскай-пратийнай оскуолаҕа үөрэттэрбиттэрэ. Мантан ыла Алексей Григорьевич буһуу-хатыы оскуолатын ааспыта. Кини «Баппаҕаайы» совхозка профком бэрэссэдээтэлинэн уһуннук таһаарылаахтык үлэлээбитэ. Алексей Григорьевич советскай-партийнай үлэһит, өр сылларга ССКП чилиэнэ этэ, хас да төгүл нэһилиэк депутатынан талыллыбыта. Үлэлээбит кэмнэригэр төрөөбүт нэһилиэгэ сайдарыгар күүһүн-уоҕун биэрэн үлэлээбит салайааччылартан биирдэстэрэ.

Ахтыы.

Мин, Алексеев Алексей Григорьевич 60 тахса сыл, ийэм үчүгэй чэгиэн кэмигэр, эдэр сааспыттан эмэх буолуохпар диэри олорон, үлэлээн-хамсаан баран, пенсияҕа тахсан дьоллоох Дьокуускай куоракка дьол көрдүү, олохпун салгыы, оҕолорбун үөрэттэрээри, үлэ-хамнас булан олохторун тэрийээри 1995 сыллаахха көһөн кэлбиппит.

Билигин 73 саастаах кырдьаҕас киһибин. Төрөөбүт сирим билиҥҥинэн Илбэҥэ нэһилиэгэ. Оҕо сааспыттан оҕонньор буолуохпар диэри колхуос, совхоз, нэһилиэк араас үлэтигэр эриллэн олох мускуурун эт санныбынан сүгэн улааппытым. Ол курдук колхуоска 14 сыл кэриҥэ, совхозка 20-чэ сыл, нэһилиэк Сэбиэтигэр 12 сыл сэбиэт председателинэн үлэлээбитим. Ол иһигэр нэһилиэк библиотекатыгар, нэһилиэк икки бөһүөлэгин аан маҥнай электричество уотун монтажтаһан электричество уотун биэриигэ, урут ким да үлэлэппэтэх уу паарынан үлэлиир локомобилы үлэлэтиигэ кыттыбытым. Оччолорго Баппаҕаайы нэһилиэгэ биир нэһилиэк этэ, билиҥҥи курдук икки нэһилиэк буолбатаҕа, онон үлэлииргэ уустуктардаах, лаппа ыарахаттардаах этэ. Суол-иис да өттүнэн ким да оҥорботох, солооботох суоллаах-иистээх этибит. Оччолорго техника диэн массыына, трактор, мотоцикл эҥин диэн суоҕа. Аҥаардас ыраах сирдэргэ атынан, табанан чугас учаастактарга көһүүгэ, ону-маны тиэйэн илдьиигэ-таһыыга оҕуһунан, үксүн сатыы сылдьарбыт.

Мин бу ахтыыбын нэһилиэккэ сэбиэт председателинэн үлэлээбит кэмнэрим туһунан суруйуом. 1973 сыллаахха бэс ыйыгар Лөкөчөөн отделениятыгар оччотооҕу Орто-Бүлүү совхоз управляющайынан үлэлии олордохпуна нэһилиэк сэбиэтигэр быыбар буолбута, онно сэбиэт депутатынан талыллыбытым уонна Орто-Бүлүү совхоз парткомун рекомендациятынан нэһилиэк Сэбиэтин сессиятыгар Сэбиэт председателинэн быыбардаабыттара.

Нэһилиэк оччолорго Орто-Бүлүү совхоз икки отделениятын холбоон биир нэһилиэгинэн олорор этэ. Үөһээ этэн аһарбытым курдук улахан туох да сайдыы суоҕа, совхоз кииниттэн ыраахпыт бэрдинэн оччотооҕу оройуон да совхоз да салалтата нэһилиэги сайыннарыыга, хаалыыттан таһаарыыга улахан болҕомтолорун уурбат этилэр. Нэһилиэк 25 депутаттаах буоллаҕына онтон 7-тэ Лөкөчөөнтөн талыллара. Биллэн турар ханна да буоларын курдук бастаан утаа үлэбитин туохтан саҕалыырбытын киһиргээбэккэ эттэххэ билбэт этим. Нэһилиэк сэбиэтигэр бииргэ үлэлээбит сэкирэтээрим улахан опыттаах Михайлов Петр Григорьевич көмөтүнэн үлэбитин куһаҕана суох саҕалаабыппыт. Совхоз отделенияларын бөһүөлэктэри сайыннарыыга оройуон сэбиэтинэн бигэргэммит биэстии сыллаах норуот хаһаайыстыбатыгар перспективнай былаан бэриллэрэ, онон салаттаран нэһилиэк сайдыытын сессияларынан уонна  государственнай тэрилтэлэр салайааччыларын кытта бииргэ сүбэнэн үлэлээн, үөһэттэн бэриллэр госзаданиялары толорууга күүспүтүн түммүппүт. Нэһилиэк оччотооҕу кэмҥэ оройуоҥҥа да совхозка да бастыҥтан бастыҥ үлэлээх, киэн туттар чахчы, хоһуун-хоодуот дьоннордоох, чахчы үлэлээн баран төннөөрүҥ диэбит курдук төһүү, үтүө санаалаах дьону кытта үлэлээбиппит. Ол туоһутунан бу 2007 сылга  “Лөкөчөөн нэһилиэгэ” диэн учуутал Яковлев Афанасий Нифонтович суруйбут кинигэтин презентациятыгар Якутскай куораттан кэлэ сылдьар оскуола оҕото маннык эппит: „Мин Саха сирин Президенэ эбитим буоллар аан маҥнай Баппаҕаайы үлэһит, чахчы үлэҕэ бэриниилээх дьоннорун барыларын Улэ геройдара оҥортуом этэ,“ – диэбитэ улаханы этэр. Бу чахчы 21-с үйэ талааннаах-өйдөөх ыччата дьиҥнээх ис дууһатыттан таба көрөн эппит этиитэ диэхпин баҕарабын. Сааһыран олорон санаан-ахтан аһардахпына кырдьык да Баппаҕаайы үлэһит дьонун кытта тэҥнэһэр, хорсун-хоодуот дьонноох нэһилиэк, оройуон тарбахха баттанар буолуохтаах.

Ол курдук, биир-биир ахтан санаан аастахпына. Кырдьаҕастарын аҕыннахпына колхоз-совхоз аан маҥнайгы стахановецтара сүүстүү саастарын ааһан баран орто дойдуларыттан арахсыбыт Василий, Кузьма Дмитриевич Григорьевтар, тимир, мас ууһа Сидор Иванович Алексеев, Саха Республикатын үтүөлээх булчута Ленин орденнаах Николаев Егор Егорович /Дьөгүөркэ/, төрөппүт уолаттара Үлэ Кыһыл Знамята орденнаах Иван Егорович, чулуу булчуттар Спиридон, Афанасий Николаевтар, убайдара, өр сылларга эргиэҥҥэ үлэлээн кооперация туйгуна ааты ылбыт, сэрии, үлэ ветерана Николаев Николай Егорович, Лөкөчөөнтөн Саха Республикатын үтүөлээх булчута, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Семен Александрович Евсеев, республика хас да төгүллээх чемпион булчута Афанасий Лукич ааттарынан нэһилиэк, оройуон дьоно-сэргэтэ киэн туттуохтарын тутталлар. Нэһилиэк дьонун олоҕун-дьаһаҕын тупсарарга, атыынан, аһылыгынан, табаарынан хааччыйыыга ананан төрөөбүт, нэһилиэк активнай депутата Гаврил Алексеевич Алексеев аата-суола оройуоҥҥа, ону ааһан республикаҕа биллэрэ, кини сыралаах үлэтэ Үлэ Кыһыл Знамята орденынан бэлиэтэммитэ. Маны сэргэ Баппаҕаайы бастыҥ дьоно ханнык баҕарар үлэ салаатыгар, оһуоба техника күүһүн муҥутуурдук туһаныыга үрдүк көрдөрүүлэри ситиспиттэрэ. Ол курдук колхоз, совхоз бастакы механизатордара: бастакы тракторист Иванов Егор Алексеевич, бастакы шофер Огудов Семен Алексеевич, биир ийэттэн аҕаттан төрөөбүт бырааттыы Степан, Егор, Дмитрий Гаврильевич Алексеевтары киэн туттан биир дойдулаахтара ахталлар. Кинилэр курдук кыайыылаах, дьулуурдаах, анаммыт үлэлэригэр чахчы бэриниилээх дьон аҕыйаҕа буолуо. Кинилэр туохтан да тохтоон толлон, ириэнэхтэн иҥнэн турбат тоҥ иҥиирдээх, чэрдээх илиилээх дьоннор. Маны сэргэ төһө даҕаны куһаҕан дулҕа, аппа, үрэх сирдээх нэһилиэк буоллар тыа хаһаайыстыбатыгар үрдүк көрдөрүүлээх үлэһиттэри, ыанньыксыттар, ыччат сүөһү көрөөччүлэр Марфа  Егоровна Федорова, кэргэнэ Иванов Семен Кириллович, ыччат сүөһүттэн үрдүк эбиллиини ылыы маастардара кэргэннии Марк Никифорович, Мария Кирилловна Петровтар, оччотооҕуга бастыҥ үлэтинэн оройуон сэбиэтин депутата Спиридонова Люция Никитична, бастыҥ дояр Петров Николай Никифорович ааттарын ахтыталаабат буолар табыллыбат. Сылгы иитиитигэр үйэтигэр үлэлээбит, Бочуот знага орденнаах Алексеев Егор Алексеевич бэйэтин кэмигэр үрдүк көрдөрүүтүнэн оройуоҥҥа хас да сылларга чемпион сылгыһыт аатын ылыан ылбыта.

Нэһилиэк сайдыытыгар сүдү кылааттарын киллэрбит дэгиттэр бары өттүнэн дьон-сэргэ убаастабылын ылыан ылбыт Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин аатын ылбыт, тугунан да кэмнэммэт үтүөлээх ветеринарнай врач Гаврильев Иван Семеновичка, отделение управляющайынан өр сылларга уһуннук үлэлээн отделенияны атаҕар туруорбут, үрдүк кэрдиискэ үктэннэрбит Егор Васильевич Васильевка, отделенияҕа өр сылларга бригадирынан үлэлээбит Николай Филиппович Никифоровка нэһилиэк олохтоохторо махталлара улахан.

Нэһилиэкпитигэр 1980 сылтан Орто-Бүлүү совхозтан арахсан туспа „Баппаҕаайы” совхоз тэриллибитэ. Дьэ онтон ыла сайдыы саҕаламмыта. Нэһилиэккэ тутуу барар, техника туспа ананан кэлэр буолта, үлэ-хамнас күөстүү оргуйбута. Урут санаан да көрүллүбэтэх сир оҥоһуута, күөллэрин хорон ууларын түһэрии, дулҕа былдьаан сытар, устата туората биллибэт от үрэхтэри ууларын түһэрэн, сирдэрин пресстээн оҥоруу курдук кэскиллээх үлэлэр саҕаламмыттара. Совхоз бастакы директорынан Капитонов Ефим Николаевич, онтон Федор Федорович анал үрдүк үөрэхтээх дьоннор кэлитэлээбиттэрэ. Кинилэр кэннилэриттэн инженер үөрэхтээх  Афанасьев Владимир Григорьевич, онтон нэһилиэк бэйэтин олохтооҕо, тутуу үөрэхтээх Алексеев Николай Егорович үлэлээбиттэрэ. Бу дьоннору кытта бииргэ, биир өйүнэн-санаанан үлэлээбиппит. Директордар бары да эдэр, чэгиэн тус-туспа толкуйдаах, үөрэхтээх, билиилээх дьоннор этилэр. Кинилэри кытта араас идэлээх специалистар кэлэн үлэлээбиттэрэ. Партком секретардарынан Дмитриев Петр Васильевич, Васильев Егор Егорович, Шамаев Николай Петрович үлэлээбиттэрэ.

Туспа совхоз тэриллиэҕиттэн Баппаҕаайы дьоно-сэргэтэ сэргэхсийэн, настарыанньалара өрө көтөҕүллэн дьон үлэҕэ-хамнаска турунуута лаппа күүһүрбүтэ. Онно улахан оруолу оччолорго үтүө суобастаахтык, нэһилиэкпит, совхозпут туһа диэн үлэлээбит тэрилтэ салайааччылара орто оскуола директордара Шамаев Николай Петрович, Андреев Афанасий Николаевич буолаллар. Баппаҕаайы эдэр ыччата математикаҕа, точнай наукаҕа, суот-учуот үлэтигэр талаанын сайыннарыыга сүдү улахан кылаатын киллэрбит, үрдүк үөрэҕи бүтэриэҕиттэн пенсияҕа тахсан уурайыар дылы үлэлээбит, үтүө-мааны учууталбыт Степан Николаевич Романов буоларын билэбит. Эдэр ыччаты бары өттүнэн иитиигэ-үөрэтиигэ сүдү кылааттарын киллэрбит аҕа табаарыстарбыт, Аҕа дойду сэриитин ветераннара Харлампьев Афанасий Гаврильевиһинэн, Томскай Федор Семеновиһинэн, Алексеев Егор Сидоровиһынан ама ханнык ыччат киэн туттубат буолуой, кинилэргэ үөрэммит, такаллыбыт ыччаттар.

Нэһилиэккэ врач үрдүк аатын ылан дойдутугар кэлэн участковай балыыһаҕа сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, нэһилиэк активнай позициялаах депутата, дьонун-сэргэтин доруобуйатын тупсарыыга элбэхтик сүүрбүт-көппүт Татьяна Алексеевна Петрова чахчы да сыралаахтык үлэлээбитин билэбит.

Нэһилиэк биир бастыҥ үлэлээх тэрилтэтинэн оҕо аймаҕы ииппит-аһаппыт ясли-сад коллектива, сэбиэдиссэй Елена Гаврильевна Харлампьева өр сылларга солбуллубат салайааччынан үлэлээбитэ. Нэһилиэккэ сайдыы ханна баҕар буоларын курдук культураттан тутулуктаах. Баппаҕаайы эдэр ыччата культура да эйгэтигэр мөлтөөн охтон биэрбэтэҕэ. Биир дойдулаахпыт, эргиччи дэгиттэр талааннаах Платонов Николай Семенович Илбэҥэ сельскэй кулуубугар бэйэтин айар талаанын хаалларбыта. Кини ырыаһыт, баянист, культураҕа туспа суоллаах-иистээх киһи этэ. Биир саамай кэскиллээх, үйэлээх дьыаланан дьарыктаммыт, нэһилиэк исторятын сылын ахсын мунньан, түмэн билиҥҥи 21-с үйэ эдэр көлүөнэтигэр суруйан хаалларбыт сельскэй библиотекаҕа өр сылларга сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, нэһилиэк убаастанар киһитэ Антонов Николай Николаевич буолар. Үөрэх билии Саха сиригэр балачча эрдэ тарҕаммыт буоллаҕына, биһиги нэһилиэкпитигэр сайдыы хойутаан кэлбитэ. Илбэҥэҕэ оскуола 1929 сыллаахха, Лөкөчөөҥҥө 1947 сыллаахха арыллыбыттара. Ол түмүгэр үөрэхтээх дьоммут хойут үөскээннэр нэһилиэкпит уруккута сурукка бичиккэ кыайан киирбэтэх буолан, нэһилиэк дьонун түҥ былыргы төрүттэрэ хаһан, хантан кэлэн олохсуйбуттарын билигин да билбэппит. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, билигин үөрэхтэнэн да баран тыыннаах биир эмэ хаалбыт кырдьаҕас дьоннорбутуттан тыыннаахтарын баттаһа, кинилэр ахтыыларын, төрдүлэрин уустарын ыйыталаһан хаалыахха баар этэ. Үксүлэрэ букатыннаахтык орто дойдуттан барбыттарын кэннэ кэнэҕэс кэмсинэн да туһа суох буолуоҕа.

Баппаҕаайы дьоно барыга бары дьоҕурдаах, талааннаах тарбахтаах, көмүс илиилээх, мас оҥоһукка маһы эрэ хаамтарбатах, тимир курдук кытаанах ыстаалы ыас курдук ыпсарар дьоннордоохпутунан киэн туттуохпутун сөп. Ол курдук, мин биир саастыылаахтарым, бокуонньуктар Алексеев Петр Афанасьевич, Алексеев Иван Сидорович чахчы да көмүс тарбахтаах дьон этилэр. Билигин оскуола үөрэнээччилэрин үлэҕэ уһуйар, талааннаах учуутал Николаев Афанасий Дмитриевич, орто дойдуга айыы киһитигэр бэриллибит бары өттүнэн дэгиттэр талаана, нэһилиэккэ эрэ буолбокка оройуоҥҥа, оройуону ааһан республикаҕа кытта биллибитэ. Афанасий Дмитриевич ходуһаҕа киирдэҕинэ хоһуун хоннохтоох отчут,  соҕотох бэйэтэ биир сайын 50 тн. оту оттоон республикаба аатыран, чемпион үрдүк аатын сүкпүтэ.

Нэһилиэк Лөкөчөөннөөҕү отделениятыгар улэ-хамнас син биир Илбэҥэҕэ ыытыллар үлэ сиэринэн тутуу, сир оҥоһуута лаппа тэрээһиннээхтик барбыта. Сэбиэт депутатскай группата тэриллэн, тэрийэр маассабай үлэ кинилэринэн сүрүннэнэрэ. Лөкөчөөн дьоно-сэргэтэ ордук активнай позициялаах курдук этилэр, ханнык баҕарар үлэҕэ маассабайдарынан, толоругастарынан кинилэри чорбото саныыбын. Онно биллэн турар салайар, иилиир, саҕалыыр төһүү дьоннордоох этилэр. Кинилэртэн ураты чорботон Лөкөчөөн оскуолатын директорынан үлэлээбит Афанасий Иванович Леонтьевы этиэххэ сөп. Кини чахчы патриот этэ. Директордыыр кэмигэр нэһилиэк онус кылааһын бүтэрбит эдэр уолаттары мунньан Лөкөчөөн 8 кылаастаах оскуолатын бэйэтэ салайан туттарбыта. Кини үлэлиир сылларыгар оскуола оройуоҥҥа инники кэккэбэ сылдьара, ол туоһутунан Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун бочуотунай Грамотатынан наҕараадаламмыта буолар.

Нэһилиэккэ оччолорго общественнай тэрилтэлэр дьоҥҥо норуокка биллэр-көстөр гына үлэлииллэрэ. Ол курдук нэһилиэк киинигэр народнай добровольнай дружина сүрдээх үчүгэйдик үлэлиир этэ. Тэрилтэни өр кэмҥэ Дьячковскай Василий Степанович үтүө суобастаахтык ылсыһан, хас бырааһынньык аайы дьуһуурустуба олохтоон, бэрээдэги утумнаахтык көрөр этэ. Кини салалтатынан нэһилиэккэ оччолорго бэрээдэги кэһии наһаа чаастатык тахсыбат этэ. Бэрээдэги кэспит дьону кытта биирдиилээн сэрэтэр үлэ ыытыллара. Оччотооҕуга суол-иис да куһаҕанынан суолга араас быһылааннар чаастатык тахсаллара, оһуоба куһаҕан, саас суол тура илигинэ, суол куһаҕаныттан айан шофердара мунан-тэнэн, онно эбии ардыгар аһаан-сиэн киһи өлүүлээх араас быһылааннар тахсаллара, элбэх киһи тоҥон-хатан моһуокка ыллараллара, үлүйэллэрэ. Онно барытыгар билиҥҥи курдук милиция кыайан кэлбэт этэ, ону барытын олохтоох Сэбиэккэ сорудахтаан, соҥноон кэбиһэллэрэ. Онон биһиги территориябытыгар буолбут быһылааны быһааран, үгүс бириэмэбит, сырабыт-сылбабыт онно баранара. Хайыахпытый, олохтоох дьон миэстэтигэр суһал дьаһалы ыларбыт.

Биһиги үлэлээбит кэмнэрбитигэр бириэмэ биллибэккэ түргэнник да ааспыт эбит. Саамай умнуллубат түгэнинэн нэһилиэккэ Улуу Кыайыы 30 сылын туолуутун уонна онно холбуу үөрэммит, билии-көрүү ылбыт оскуолабыт  50 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк тэрээһиннээхтик ыыппыппыт буолар. Ити 1975 сыллаахха этэ. Оччолорго дьиҥнээх саа-саадах тутан сэрии уотугар охсуспут 17 сэрии ветерана тыыннаах этилэр. Кинилэр ортолоругар ыраах Калининград куораттан, Якутскай, Ньурба, Бүлүү куораттарыттан, Горнай оройуонуттан ветераннар кэлэн кыттыбыттара. Бары төрөөбүт дойдуларыгар астына күүлэйдээн, бырааһынньыктаан барбыттара. Ити бириэмэҕэ сэбиэскэй былаас өҥөтө диэххэ сөп, салгынынан сырыы баар этэ, өҥөтө буор босхо буолан нэһилиэктэр, куораттар икки ардыларыгар көҥүл сылдьарбыт. Бу үбүлүөйгэ ыраах сиртэн Нерюнгри куорат баһылыга, биир дойдулаахпыт Петр Семенович Федоров, биир дойдулаахпыт, убайдаатар убайбыт ССРС народнай учуутала, Аҕа дойду сэриитин ветерана, үйэтин-сааһын тухары эрэйи эҥэринэн тэлбит Михаил Андреевич Алексеев кыттан күндү ыалдьыт буолтара. Кини төһө да кырыйдар, доруобуйата мөлтөөтөр, сайын аайы дойдутугар кэлэн, дьонун-сэргэтин көрсөн, дойдутун салгынынан тыынан, настарыанньата тупсан бараахтыыра, олох-дьаһах, үөрэх сайдыытын, үлэ-хамнас туһунан билсэн оройуон, өрөспүүбүлүкэ, союз араас хаһыаттарыгар ыстатыйа суруйтаан сырдатара. Кини баара буоллар быйыл 90 сааһын туолуохтаах этэ. Төрөөбүт нэһилиэгэ  төрүттэммитэ эмиэ 90 сылын туолан төһөлөөх үөрүү-көтүү буолуох этэй. Баппаҕаайы нэһилиэгэ туспа совхоз буолуутугар государственнай тэрилтэлэргэ элбэх көмөнү Петр Семенович оҥорбута. Кини саҥа тутуллар дьиэлэргэ отопление материалынан, ону сэргэ совхоз оччолорго тиэйэр-таһар массыыната аҕыйах бириэмэтигэр Нерюнгри куораттан 200 тонна комбикорманы босхо тиэйтэрбитэ, онон улахан көмөнү оҥорбута.  

Петров Анатолий Прокопьевич

Баппаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. СГУ т/х факультетын бүтэрэн, ученай-зоотехник буолбута 80-с., 90-с. сопхуостарга тыа хаһаайыстыбатын призводствотыгар салайар кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ элбэх өрүттээх үлэлэр ыытылланнар, сопхуостарга анал үөрэхтээх кадрдар араас салааларга үлэлээбиттэрэ. Анатолий Прокопьевич Баппаҕаайы сопхуоска кыл. зоотехнигынан, отделение управляющайынан үлэлээбитэ. Салайар үлэҕэ ылыннарыылаах тыллаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ боростуой, сылайары аахсыбакка үлэлиир, сүөһүттэн ылыллар бородууксуйа үрдүүрүгэр бары билиитин уурара.  Анатолий Прокопьевич аҕата, Петров П.С., 60-с. сылларга комсомол райкомугар үлэлии олорон, төрөөбүт Лөкөчөөнүгэр биригэдьииринэн үлэлии бачыым көтөҕөн тахсыбыта. Кэнники «Октябрь» холкуос бэрэссэдээтэлинэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Онон Анатолий Прокопьевич төрөөбүт нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар кылаатын киллэрбитэ.

Дойдубар эргиллии

Мин, Петров Анатолий Прокопьевич “Баппаҕаайы” сопхуос аан бастаан тэриллэригэр үлэлээбитим туһунан ахтыыбын суруйабын.

Совхоз тэриллиэн иннинэ, 1967 сыл кулун тутар ый 1 күнүгэр “Октябрь” холхуос “Правда” холхуоһы кытары холбоһон, “Орто Бүлүү”- диэн бөдөҥсүйбүт сопхуос тэриллибитэ. “Орто Бүлүү” сопхуос сэттэ отделениялаах буолбута. Ол иннинэ “Октябрь” холхуоска мин аҕам Петров Прокопий Сидорович бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирэ.

Оҕо сылдьан  Лөкөчөөн начальнай оскуолатыгар үөрэммитим, онтон киирэн Илбэҥэҕэ Баппаҕаайы аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим.

Икки колхоз холбоһуутун түмүгэр аҕам саҥа совхозка партком сэкиритээринэн ананан үлэлээбитэ. Онон биһиги Илбэҥэттэн дьиэнэн аны Хампаҕа көспүппүт.

Мин университекка тыа хаһаайыстыбатын факультетын 1979 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитим. 

Алтынньы ыйтан “Орто Бүлүү” сопхуос киин аппаратыгар сүөһүлэр хааннарын тупсарарга аналлаах племенной дьыалаҕа специалиһынан ананан үлэбин саҕалаабытым. Кэлин Москваҕа тиийэн Бизнес акдемияны туйгуннук үөрэнэн кыһыл дипломунан бүтэрбитим.

“Орто Бүлүү” сопхуос саҥа дьыл кэнниттэн, 1980 сыл тохсунньу ый 31 күнүгэр икки аҥыы тус туһунан сопхуостарга арахсыбыта. Ол курдук төттөрү Лөкөчөөн уонна Илбэҥэ отделениелара холбоһоннор, сылгы иитиитинэн (коневодческий) дьарыктанар “Баппаҕаайы” сопхуос диэн тэриллибитэ.

Мин “Орто-Бүлүү” сопхоска бииргэ үлэлээбит, кылаабынай зоотехнигым, Капитонов Ефим Николаевич “Баппаҕаайы” сопхуос бастакы директорынан анаммыта. Мин сопхуос кылаабынай зоотехнига буола түспүтүм.

Миигин кытары “Орто Бүлүүттэн” Николаева Александра Алексеевна сопхуос кылаабынай ветеринарнай бырааһынан ананан кэлсибитэ. Ол иннинэ кини “Орто Бүлүү” сопхуоска киин аппаракка ветеринарнай бырааһынан үлэлиирэ.

“Баппаҕаайы” сопхуос 1980 сыллаахха олунньу ый 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта. Дьиҥинэн мин Илбэҥэҕэ төрөөбүтүм. Онон Төрөөбүт нэһилиэкпэр улаатан, үөрэҕи ылан баран 12 сылынан төннүбүтүм.

Ол сыл сүөһү кыстыгар  сүрдээх ыарахан кыстык этэ. Сайын, уу дьыл буолан, от кыайан үүммэтэҕэ. Сопхуос уолаттара Дьокуускай Тулагытыгар быһыылааҕа, сүөһүгэ анаан от пресстыы сылдьаллара.

Баппаҕаайы совхозка тиийээт сарсыныгар, Тулагыга оту престээһин төһө тэтимнээхтик бара турарын билсэ командировкаҕа тиийэ сылдьыбытым. Онно көрдөхпүнэ от хаачыстыбата мөлтөҕө, соломо курдуга.

Билигин санаатахпына аҕам “Орто Бүлүүгэ” холбуур, онтон “Орто Бүлүү” сопхуостан араарыы кэмигэр мин үлэлээбит эбиппин. Ону билигин санаатахпына, олохпор дьылҕа хаан хатыламмыт  курдук.

Илбэҥэҕэ уруккута культура эргэ дьиэтэ аҥаара баарыгар, билиҥҥитэ Кыайыы болуоссатын оннугар турбут эргэ дьиэҕэ Баппаҕаайы совхоз хонтуораланан үлэтин саҕалаабыта.Онон дойдубар кэлэн саҥа “Баппаҕаайы” сопхуоһу тэрийсэбин.

Саҥа совхоз кылаабынай бухгалтерынан Николаев Егор Алексеевич, кылаабынай ветеринарнай бырааһынан Николаева Александра Алексеевна, бухгалтердарынан Николаева Федора Кирилловна, Гаврильева Ульяна Афанасьевна Гаврильева, отдел кадр инспекторынан Капитонова Розалия Марковна, мелиораторынан Николаев Афанасий Иванович, партком секретарынан Шамаев Николай Петрович, кылаабынай инженерынан Василий Филиппович Анреев, кассирынан Гаврильев Роман Семенович, машинистканан Алексеева Альбина Кузьминична буоланнар ситиһиилээхтик үлэлэрин саҕалаабыттара.

Оччолорго Илбэҥэ отделениетын управляющайынан Гаврильев Иван Семенович, Лөкөчөөн отделениетыгар Тарасов Егор Николаевич  салайан үлэлииллэрэ. Мин кэргэним Петрова Любовь Никифоровна Илбэҥэ отделениетыгар ветеринарнай бырааһынан ананан үлэтин саҕалаабыта. Кинини кытары ветерынаарынан Антонов Гаврил Моисеевич үлэлээбитэ.

Илбэҥэ отделениета Арыылаах уонна Сортуол диэн икки учаастактааҕа.

Урут Орто Бүлүү сопхуоска киирэр эрдэхтэринэ Баппааҕаайыга күттүөннээх тутуулар, сир оҥоһуулара ситэ барбакка тураллара. Хотоннор эргэлэрэ, Механизация төрүт да суоҕа.

Саҥа тэриллибит “Баппаҕаайы”совхуоска үлэ күөстүү оргуйбута.

Сүөһү сииригэр аналлаах комбикорм сайын баржанан Кыһыл Сыыр биэрэгэр сүөккэнэрэ. Кыһын онтон тиэнэргэ Кыһыл Сыыр биэрэгэ аара федеральнай суолтан туора сытара биһиги совхозпутугар тиэйэргэ табыгаһа суоҕа. Ол иһин сүбэлэһэн баран комбикорманы Бүлүү биэрэгэр баазаланан сүөккүүргэ быһаарыммыппыт. Тиэйэр,таһар массыыналарбыт үксүн Бүлүүгэ киирэ-тахса сылдьаллара. Онон ордук табыгастааҕа.

1980 сыл кыһын, ахсынньыга эмискэ сүөккэммит комбикормабын умайан хаалбыта. Киһи уоттаабыта дуу, бэйэтэ умайбыта дуу чуолкайдамматаҕа. Күһүн комбикормабытын үксүн тиэммит буолан, кыстыкпытын этэҥҥэ туораабыппыт. Арай район народнай комиссията, онно совхозка ночоот тахсыбытыгар, миигиттэн ыйдааҕы хамнаспын, соҕотох кэтэх ыанар ынахпын совхоз туһатыгар тутан ылбытара.

Саҥа кулууп, уопсай дьиэлэр, саҥа тииптээх хотоннор тутуллубуттара. Элбэх сири туһаҕа таһаарыы, таҥастааһын саҕаламмыта. Очолорго суол иис мөлтөҕө. Сопхуос специалистара, салалтата отделениеларга, усчаастарга командировкаҕа сылдьалларыгар анаан Илбэҥэ Харыйалааҕар анал далга мииниллэр аттары мунньан тутарбыт. Күһүнүн ахсын Горнай, Ньурба улуустарыттан 100-н тахса убаһалары тиэйэн аҕаларбыт. Суол нэксиэтигэр убаһаларбыт масыыналарбыт кузовын үрдүгэр сылбах курдук охтоллоро. Ол ахсын мин убаһаларга тэптэрэ тэптэрэ кузовка ыттан бэрт эрэйинэн туруортаан иһэрим. Ону таһынан оройуоҥҥа боруода оҕустар, тиҥэһэлэр кэлэллэрин тиэйэн аҕаларбыт. Олор сыдьааннара билигин да биир эмит баара буолуон сөп.

Мин “Баппаҕаайы” совхуоска 1980 сылтан 1985 сылга дылы үлэлээбитим. ол иһигэр Илбэҥэ отделениетын управляющайыннан ананан 19984, 1985 сылларга үлэлээбитим. Онон сохуос салгыы сайдарыгар сэмэй кылааппын киллэрсибитим. Элбэх совхуос үлэһиттэрин, специалистарын кытары алтыспытым диэн киэн тутта ахтабын. Идэм быһыытынан үлэ оскуолатын ааспытым.

Онтон салгыы 2005 сыл сэтинньи ый бүтэһигиттэн Таатта улууһун “Сайдыы” сопхоһун Дмитрий Петров аатынан отделениетыгар дьиэнэн көһөн үлэлээбитим. Кэргэним Тааттаттан төрүттээх этэ. Чэ, эдэрбин сири дойдуну көрүөххэ, атын хаһаайыстыбалар хайдах тэринэн олороллор эбит диэн. Онно Баппаҕаайыга специалист быһыытынан үлэлээбит опытым миэхэ улаханнык көмө, олук буолбута. Хаста да Таатта улууһун специалистарын ортотугар, сыллааҕы социалистическэй куоталаһыыларыгар, бастаан одинарка мотоциклалынан, онтон коляскалаах Урал мотоцикларынан бириэмийэлэммитим. Онно Тааттаҕа барыта 15 сыл үлэлээбитим. Уонна хаһаайыстыба кылаабынай экономиһынан, Таатта улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигар, Таатта улууһун Баһылыгын собуйааччытыгар дылы үүммүтүм.

Баппаҕаайы үлэһит дьоннорун билигин да сүрдээҕин ахтабын. Үлэҕэ туруоруларын, бэриниилээхтэрин сөҕө саныыбын.

Элбэх дьону аатталыахпын сөп.  Илбэҥэ нэһилиэгин сэбиэтигэр үлэлээбит Алексеев Марк Игнатьевыһы, Алексеев Алексей Григорьевыһы, совхоз паркомун сэкиритээринэн үлэлээбит Шамаев Николай Петровиһы, сопхуос бэриниилээх үлэһиттэрин Петр Семенович Федоровы, Никифоров Николай Филипповиһы, Самсонов Прокопий Николаевыһы, булчуттар Иван Егорович, Афанасий Егорович Николаевтары, Иван Семенович , Роман Семенович Гаврильевтары, Акимов Яков Николаевыһы, Тарасов Егор Николаевыһы, Федора Кирилловнаны, Митрофанов Виктор Николаевиһы, Николаев Марк Игнатьевиһы Николаев Николай Алексеевыһы, Николаев Афанасий Сергеевыһы, Платонов Афанасий Семеновыһы, ыччат сүөһүнү төлөһүтээччини Петров Марк Никифовыһы, механизатордары Дмитирий Гаврильевич Алексеевы, Федот Прокопьевич Петровы,суоппардары Егор Гаврильевич Алексеевы, Лыткин Анатолий Алексеевыһы, Архип Кузьмич Алексеевы, Спиридонова Люция Никитичнаны, Степанов Виталий Семеновыһы,  дизелист  Спиридонов Реворий Никитыһы, электрик Марк Конович Алексеевы, рабочайы Алексеев Николай Алексеевыһы, Илбэҥэ отделениетын тутаах отчутун Николаев Спиридон Егоровиһы уонна да атыттары.

 Ыанньыксыттары Лыткина Татьяна Нифонтовнаны, Федорова Марфа Егоровнаны, Мария Кононовна Никифорованы, Лөкөчөөн отделениетыттан ыанньыксыттары Петрова Мария Сидоровнаны, Петрова Федора Сидоровнаны, суоппарын Степан Гаврильевич Алексеевы, отделение тутаах үлэһитин, отчутун, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕун Петров Егор Сидоровиһы.

Суоппар Гоша түүн  2-гэ туран дэриэбинэҕэ, кэтэх хотоннорго, отдение хотонооругар уу баһара, Лыткин Анатолий Бүлүү куоратыттан күҥҥэ 3-тэ комбикорм тиэйэн аҕалара. Хаһан да кинилэр массыыналара алдьанан ремоҥҥа турарын истибэтэҕим

Мин Баппаҕаайы  сопхуоска үлэлиир кэммэр сопхуос директорынан Капитонов Ефим Николаевич, Николаев Федор Федорович, Афанасьев Владимир Григорьевич ананан үлэлээбиттэрэ.

2004 сыллаахтан Республика тыатын хаһаайыстыбатын министра Борисов анааһынынан министерствоҕа пенсияҕа тахсыахпар дылы, ол министерство экономика отделын начальнигынан үлэлээбитим.

Ол үлэлиир сылларбар Республика Президенын Ыйааҕынан тыа сирэ социальнай, экономическэй сайдыытыгар анааллах Программаны сурайан таҥар рабочай комиссиятын салайааччытынан иккитэ 2002, 2006 сылларга анаан үлэлэппиттэрэ. Республика араас идэлээх специалистарын түмэн үлээбиппит. Программаҕа үөрэхтээһин, доруобуйа, ЖКХ, Айылҕа харыстабылын, Спорду сайыннырыы тутуу эйгэлэрэ уонна бюжеттан үбүлээһин,  барыта киирбитэ, Ол түмүгэр Программа Республика Правительствотыгар Ил Түмэн Государственнай мунньаҕынан, Президенынэн бигэргэммитэ. Ону оҥорууга салайааччынан миигин итэҕэйэн анаабыттарынан киэн туттабын. 90-н сыллардаахха Дойду ыһыллан, совхозтар эһиллэн, эрдиитэ суох тыыга айанаан иһэр кэриэтэ этэ. Ханна да хамнас кэмигэр хастыы да ый кэлбэтэ. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары, саҥа үөскээбит бааһынай хаһаайыстыбары хайдах государствоттан өйөөһүнэ биллибэт этэ. Ылыллыбыт бородууксуйаны таҥастааһыны тилиннэрии, эт-үүт астыыр тэрилтэлэр эстибит кэмнэрэ этэ. Хайдах саҥалыы тэринэргэ ыарахаттардааҕа. Ити кэмҥэ тыа сирэ салгыы ханнык хайысханы ылан сайдыахтааҕа биллибэт курдуга. Тыа хаһаайыстыбаларын өйөөһүнэ бюджеттан 7 бырыһыҥҥа дылы түспүтэ. Ону биһиги ааҕан, суоттаан 14 бырыһыаҥҥа таһаарыахха сөп диэн дакаастаабыппыт. Хомойуох иһин бюджет кырыымчыгынан куоһурданан, программа туолуутун кэмигэр сылга бюджеттан 8 эрэ бырыһыан бэриллибитэ. Биллэн турар тыа сирин бюджеттан үбүлээһинэ улахан тутулуктаах буоллаҕа, ордук ыһыллыы кэмин кэнниттэн саҥалыы сайыннырыыга. Ол эрэн Программа тыа сирин салгыы сайыннарыыга кэм системаны, хайысханы олохтообута мэлдьэҕэ суох.

Ону таһынан Уусуйаана, Бүлүү, Орто Халыма тыатын сирдэрэ сайдарыгар аналлаах программалары суруйсан турабын.

Россия үлэ бэтэрээнэбин, Россия Президенын Дальнай Востоктааҕы Бэрэстэбиитэлин Махтал суругун наҕараадаланан турабын, тыа хаһаайстыбатын туйгунабын, Республика тыатын хаһаайыстыбатын 90 сыллаах үбүлүөйүн, Туймаада үп-харчы хампаанньатын знактарын хаһаайынабын.

Элбэх хоһооннордоохпун, ол иһигэр кыра оҕоҕо аналлаахтар эмиэ баар. Хоһооннорбун, ыстатыйаларбын “Чолбон”, “Чуораанчык”, “Саха сирэ”, “Олох суола”, Сунтаардааҕы, Мирнэйдээҕи сурунааллар, хаһыаттар, Таатта улууһун типографията  бэчээттээн тураллар.

Баппаҕаайы сопхуоска бииргэ үлэлээбит специлистарбын, рабочайдарын үбүлүөйүнэн сибээстээн истиҥник эҕэрдэлиибин!

Петров Анатолий Прокопьевич

Россия үлэтин бэтэрээнэ,

Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна.

Тохсунньу ый 30 күнэ, 2019 сыл, Дьокуускай куорат.

Митрофанов Виктор Алексеевич.

Мин дьонум: аҕам Митрофанов Алексей Васильевич төрүт Арыылаах олохтооҕо. Ийэм Митрофанова Мария Дмитриевна Силээҥҥэ олохтоох элбэх оҕолоох Бүтээс Миитэрэй диэн киһи кыыһа.

Мин Бэрдьигэстээххэ бэлэмнэнии курсу ааһан СГУга нуучча тылын отделениетыгар киирбитим ол гынан баран, харахпынан оһолго түбэһэн, врачтар үөрэхпин быраҕарбар сүбэлээбиттэрэ, онон салгыы үөрэммэтэҕим. Бүлүүтээҕи үөрэх салаатын бирикээһинэн Лөкөчөөн начальнай оскуолатыгар 2 сыл нуучча тылын учууталынан, онтон Баппаҕаайы оскуолатыгар 2 сыл учууталынан, 3 сыл интернат сэбиэдиссэйинэн үлэлээн баран уурайан Орто-Бүлүү сопхуоска биригэдьииринэн үлэлээбитим.

Онтон 1 сыл үлэлээбитим кэннэ сопхуос салалтата Дьокуускайга холкуостар, сопхуостар салайар кадрдарын бэлэмниир сельхоз техникумҥа үөрэнэ  киирбитим. 1978 с. кыһыл дипломунан агрономическай отделениетын бүтэрэн кэлбиппин Лөкөчөөн отделениетыгар управляющайынан анаан ыыппыттара, икки сыл үлэлээн дьонун- сэргэтин, сирин- уотун үчүгэйдик билэн үлэлиэм, олоруом диэн сырыттахпына Баппаҕаайы сопхуос тэриллэн, рабочком бэрэссэдээтэлинэн анаммытым. Икки сыл рабочкомҥа үлэлээн уопутуран истэхпинэ аны сүөһү биригэдьииринэн анаан кэбиһэллэр. Ол курдук араас үлэлэргэ уларыйан- тэлэрийэн үлэлээбитим онон туох дьоҕурдаахпын билбэккэ хаалбыт хомолтолоохпун. Оччолорго партия чилиэнэ этим, онон партия сорудаҕынан сылдьарбыт. Билигин санаатахпына үлэм түмүгүн кыайан оҥостубатах эбиппин.

Олох олорон кэргэннэнэр дьолун билбитим. Кэргэмминээн Сусанна Афанасьевналыын ыал буолан, 2 оҕоломмуппут. Уолбут Гавриил Бүлүүтээҕи педколледжы бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар тренеринэн үлэлээбитэ. Билигин тутууга үлэлиир, биригээдэ тэринэн улахан объектары ис өттүттэн евроматырыйаалынан эпсиэйдиир. Кини  сүүрүүнэн дьарыктана сылдьыбыта, республикаҕа биллэр сүүрүк буола сылдьыбыта. СР спордун маастара, элбэх кубок, медаль хаһаайына. Дьокуускайга олорор ыал, 3 оҕолоох.

Кыыспыт Виктория Викторовна Бүлүү улууһун ыччат дьыалатын сүрүннүүр специалиһа. Икки оҕолоох. Быйыл саҥа дьиэ туттан киирдэ.

Мин билигин нэһилиэккэ ветераннар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиибин. Нэһилиэккэ олорор кырдьаҕастарга араас тэрээһиннэри ыытабыт.Ол курдук Кырдьаҕастар декадаларын, Улуу Кыайыыга аналлаах нэдиэлэлэри, юбилейдаах ветераннары чиэстээһин,улуус иһинэн ыытыллар мероприятиеларга актыыбынайдык кыттабыт. Ветераннартан киирбит сайабылыанньалары тустаах тэрилтэлэргэ тиэрдии уонна сөптөөх ыйытык оҥоһуллар.

Билиҥҥи чөл олоҕу пропагандалыыр сыаллаах күрэхтэһиилэри ыытабыт, арыгыта суох чэй иһиитэ, санаа атастаһыыта курдук биэчэрдэри ыытабыт. Сылын аайы үгэскэ кубулуйбут кырдьаҕастар ыһыахтарын, сайыны көрсүүнү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытабыт, араас күрэхтэри тэрийэбит. Онон нэһилиэк олоҕо сэргэхсийэригэр кырдьаҕастар актыыбынайдык кытталлар.

Ахтыыны суруйда Митрофанов В.А.

 ТАРАСОВ ЕГОР НИКОЛАЕВИЧ

          Аҕабыт Тарасов Егор Николаевич ыам ыйын 15 күнүгэр 1935 сыллаахха Илбэҥэ «Эмис» диэн сиригэр Тарасовтар диэн ыалга үhүс оҕонон төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр үhүөйэхтэр. Эбээбит, Тарасова (Николаева) Анна Егоровна (1895-1942 с.с.) Горнай улууhун Маалтаанытыттан төрүттээх Тарасов Николай Ивановичка кэргэн тахсан, Эмискэ олохсуйбуттара. Эбээбит Анна Егоровна биhиги аҕабыт 7 сааhын туоларыгар туберкулезтаан өлбүт. Эhээбит Николай Иванович аҕабыт 14 саастааҕар иhинэн ыалдьан өлөр.

         Биhиги аҕабыт 1947 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ киирэр. Сөбүлүүр предметэ – география. Сэттэ кылаас үөрэхтээх киhи оскуоланы 1954 сыллаахха бүтэрэр уонна Дьокуускайга Тыа хаhаайыстыбатын техникумугар зоотехническай салаатыгар үөрэнэ киирэр.Үөрэнэ сылдьан, 1956 с. комсомол чилиэнэ буолар. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, Владивосток куоракка онтон Камчаткаҕа Петропавловск куоракка Тихоокеанскай морской флотка сулууспалыыр. Этэҥҥэ эргэиллэн кэлэн, 1959 с. үөрэҕин салгыыр.

        Аҕабыт 1960 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, дойдутугар, Октябрь холкуоска Лөкөчөөн учаастагар зоотехнигынан ананан үлэлиир. Комсомольскай тэрилтэҕэ сэкэрэтээрдиир. Онтон биригэдьииринэн, сэбиэдиссэйинэн ананар.

1967 с. кулун тутар 1 күнүгэр Орто Бүлүү сопхуос тэриллэр. Манна аҕабыт Егор Николаевич Лөкөчөөн отделениетын управляющайынан үлэлиир.1970 с. партия5а турар. Агитбригаданы иилээн үлэлэппитэ.

            Биhиги дьоммут олус кинигэни, сурунаалы, хаhыаты ааҕар дьоннор этилэр. Аҕабыт Егор Николаевич комсомолец, партиец буолан, үксүн онно сыhыаннааҕы: “Агитатор”, “Политический агитатор” диэннэри о д.а суруттаран ааҕара.

1980 с. олунньу 1 күнүттэн Баппаҕаайы сопхуос тэриллэр. Манна да син биир Лөкөчөөн отделениетын управляющайынан улэлиир.

Управляющайдыыр кэмигэр элбэх кэлии дьон кэлэн үлэлээбиттэрэ, ыал буолааччыта ыал буолан, олохсуйан хаалбыттара. Ол кинилэргэ үлэ миэстэтэ булуналларыгар, олох-дьаhах оҥостоллоругар улахан төhүү буолбут өҥөлөөх.

    Отой күн хайа баҕарар кэмигэр олох – дьаhах боппуруоhугар олохтоох дьоннор дьиэбитигэр кытта кэлэ турааччылар этэ. Онон биhиги аҕабыт куруук үлэ чааhын таhынан үлэлээччи. Аны эдэр үлэлии кэлбит да, олохтоох да дьону барыларын, эдэриттэн – кырдьаҕаhыттан тутулуга суох, ааттарынан уонна аҕаларын ааттарын этэн туран, үөрэ-көтө көрсөөччү. Оннук үрдүк култууралаах, дьону барыларын убаастыыр киhи этэ. Уопсайынан, биһиги аҕабыт барахсан, хаhан да кыыhырбат, сытыары сымнаҕас киhи этэ. 1984 с. Баппаҕаайы сэбиэтин депутатынан талыллар.

           Аҕабыт кэлин кыhыннары – сайыннары учаастактарынан сылдьар сылгыhыттар биригэдьиирдэрэ этэ. Айылҕаны кэтээн көрөн, халандаар оҥостооччу. Ол халандаардара сүтэн хаалбыттара хомолтолоох. Оту – маhы кэтээн көрөрүн, туох үүнээйи туохха туhалаа5ын иҥин билэр этэ. Биирдэ миэхэ сайылыырыгар, этэн турардаах: “Тэлгэhэҥ иhигэр араас эмтээх оту тэпсэ сылдьар эбиккит ди”, – диэн. Кырдьык, ыт тиҥилэ5ин, хатыҥ сэбирдэ5ин, дөлүhүөнү, уйбаан-чайы, кэлин моонньо5он, малина сэбирдэҕин хатаран, чай оҥостооччубут. Ньээм – ньээмтэн – барыанньа оҥорон, подорожнигы – бааска туттан, саас саҥа тыллан эрэр ытырыык оту салааттаан сиэн, син туhаланан эрдэхпит.

1991 с. пенсияҕа тахсан баран, детсадка охраннигынан 1994 с. диэри үлэлээбитэ.

1994 сылтан «Артыал» крестьянскай хаhаайыстыбаҕа үлэлээбитэ.

1997 сылтан кэтэх хаhаайыстыба тэринэн, ынах сүөhү, сылгы иитиитинэн дьарыктаммытта.

Аҕабыт Егор Николаевич сүөhү боруодатын тупсарыыга, саҥа технологияны олохтооhуҥҥа үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, бэйэтин кылаатын киллэрбитэ.

Биhиги аҕабыт өр сыл үтүө суобастаахтык үлэлээн, “Ветеран труда”, “Ветеран тыла” бэлиэлэринэн, “За доблестный труд в Великой Отечественной войне”, “Маршал Советского союза Жуков” мэдээллэринэн наҕараадаламмыта.

Акимов Яков Николаевич

Аҕабыт, эһээбит – Акимов Яков Николаевич туһунан ахтыы

Тапталлаах аҕабыт, эһээбит – Акимов Яков Николаевич  Баппаҕаайы  нэһилиэгэр  1956 сыллаахха төрөөбүтэ.

Уонна манна оскуолатын бүтэрбитэ. Аҕата – Платонов Николай Семенович, ийэтэ – Вера Семеновна. Тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ. Холкуоска үлэ бөҕөтүн үлэлээбит дьоннор.

   Яков Николаевич кыра эрдэҕиттэн, тыа үлэтигэр эриллэн, буһан – хатан улааппыта. Оҕо эрдэҕиттэн төрөөбүт дойдутун олус таптыыра.

 Улаатан баран Мэҥэ-Хаҥалас кыыһын, Акимова Александра Пектровнаны, кэргэн ылан Илбэҥэҕэ аҕалбыта.  Дьоннорун үөрдүбүтэ.

   Кини анал тыа хаһаайыстыбатын үөрэнэн бүтэриэҕиттэн Орто–Бүлүү совхоз Илбэҥэтээҕи отделениетыгар бригадирынан үлэлээбитэ.

   1980 сыл олунньу ыйга Илбэҥэ, Лөкөчөөн отделениелара холбоһон Баппаҕаайы совхоһун тэрийбиттэрэ. Баппаҕаайы совхоз сүрүннээн саха сылгытын иитэр совхоз буолбута. Ол да буоллар сүөһүнү көрүүтүн эспэтэҕэ.

   Биһиги аҕабыт 1982 сылтан ыла Илбэҥэ отделениетыгар управляющайынан ананан үлэлээбитэ.

1983 сылтан Илбэҥэ отделениетыгар, аҕабытын кытары зоотехнигынан Петров Анатолий Прокопьевич үлэлээбитэ.

   Кинилэр үлэлэригэр наһаа бэриниилээх специалистар этилэр. Биир да суббота, өрөбүл диэни билбэттэрэ. Ону таһынан дьиэнэн хардарыта доҕордуу этилэр. Күнүһүн дьиэлэригэр көстүбэттэрэ. Иллэҥэ суох буолан дэлэҕэ даҕаны күһүн мууска түүнүн киирэн чүмэчини уматтан кыстыыр муустарын күөлтэн бииргэ ылаллара, сааһын мас саһааннарын бииргэ кэрдинэллэрэ. Ханнык да үлэттэн толлон турбаттара.

Отделение сүөһүтүн ортотугар, хааннарын тупсарар сыалтан, племенной үлэни күүскэ ыытыллара. Соҕурууттан уонна оройуон иһиттэн элбэх племенной оҕустары, тиҥэһэлэри тиэйэн аҕалалара. Онтон сылгыны элбэтэр сыалтан Горнай, Ньурба оройуонун хаһаайыстыбаларыттан күһүнүн эмиэ элбэх убаһалары тиэйэн аҕалаллара. Уонна Баай күөлгэ, Силээҥҥэ баар сылгы көрөр базаларга илдьэллэрэ.

   Ол кэми санаан көрүҥ. Билиҥҥи курдук суол-иис суоҕа. Айан суола мөлтөҕө сүрдээҕэ, нэксиэлээх этэ. Биирдии массыынаҕа 8-тыы сүөһүнү, эбэтэр убаһаны эрэ тиэйэллэрэ.

Илбэҥэ отделениета икки учаастактааҕа Сортуол, Арыылаах. Сайынын ыанар ынахтар, ньирэйдэр сайылыыллара. Сааһын олорго көһөрүү, күһүнүн төттөрү аҕалыы үлэлэрэ барара. Ону таһынан субай сүөһүлэр кыһынын Сортуол учаастагар кыстыыллара. Олорго тэрээһин үлэ күүскэ барара.

Сүөһү кыстыыр усулуобуйатын тупсарар сыалтан, Илбэҥэҕэ саҥалыы тииптээх улахан хотон тутуллубута, сылгы баазалара тупсарыллыбыттара.

Күһүнүн Кыһыл Сыыр геологтара сииллэригэр анаан, шефтэһэн, сүөһү өлөрүллэрэ. Эти вертолетунан таһаллара.

1983-1984 сүөһү кыстыгын тэрээһиннээхтик тэрийбиттэригэр, Илбэҥэ отделениетыгар республика аатыттан көһөрүллэ сылдьар кыһыл знамя туттарыллыбыта уонна Яков Николаевич республика тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын анал бириэмийэтинэн наҕараадаламмыта.

   Кини ийэбитинээн биһигитини киһи гынан, улаатыннаран, үөрэхтээх дьон гыммыттарыгар дириҥник, истиҥник махтанабыт!

Яков Николаевич, аҕабыт, Александра Петровна, ийэбит, билигин элбэх сиэннэннилэр.

Оҕолоро.

Добавить комментарий