2024 сыл Арассыыйаҕа “Дьиэ кэргэн сыла”, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Оҕо саас сыла” , Баппаҕаайы нэһилиэгэр “Эдэр ыччат сыла” биллэриллибитинэн олунньу 2 күнүгэр “Алаһа” СК үөрүүлээх арыллыы тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааста.
“Хас биирдии оҕо дьоллоох оҕо сааска , сылааска уонна тапталга улаатыахтаах. Хас биирдии оҕо сайдарыгар, талаанын арыйарыгар, кыаҕын туһанарыгар усулуобуйа баар буоулуохтаах, оҕоҕо харыстабыллаах сыһыан күүһүрүөхтээх, оҕо болҕомтото суох хаалыа суохтаах “- бу сыаннастары этэн туран Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев – “Оҕо саас ” сылын биллэрбитэ.
М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатын оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр-үөрэтэр уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоро ырыаларын бэлэхтээтилэр
Баппаҕаайы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ фольклор нүөмэрдэрин, бөлөҕүнэн ырыа. үҥкүү көрдөрдүлэр
Баппаҕаайы нэһилиэгин баһылыга Егор Николаев тохсунньу 9 күнүгэр 2024 с. 2 нүөмэрдээх уурааҕынан “Баппаҕаайы нэһилиэгэр 2024 сыл-Ыччат сылынан” биллэриллибитэ.
ССРС Норуодунай учуутала М.А.Алексеев : “Олоҕум устатын тухары үчүгэйи баҕарбыт тапталлаах сахам норуотун ыччатыгар манныгы этиэхпин баҕарабын- Ыччат баһыйар үксэ бары өттүнэн билиҥҥи биһиги сайдыылаах олохпутугар сөп түбэһэр. Кининэн биһиги аҕа көлүөнэ астынабыт уонна киэн туттабыт.”
Эдэр ыччаттар дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥас муодатын көрдөрдүлэр, үҥкүүлээтилэр, ыллаатылар сылларын бэрт сэргэхтик арыйдылар
Дьиэ кэргэҥҥит дьол уйата буоллун, өрүүтүн оҕолорбут тула үрүҥ күн күлүмнүү тыгыахтын, кэлэр ыччат кэскилэ кэҥээтин, саргыта салалыннын!