Өйдүүбүт.Сүгүрүйэбит.Махтанабыт

Кыайыыны уһансыбыт Ытык дьоммутугар, сүгүрүйэн туран,  Баппаҕаайы нэһилиэгин туонатыгар «Өйдүүбүт, Сүгүрүйэбит. Махтанабыт» Улуу Кыайыы сэттэ уон тоҕус өрөгөйдөөх сылын көрсөр  тэрээһиннэр ыытылыннылар.

“Өйдөбүнньүк чүмэчи ” акция сэрии толоонуттан эргиллибэтэх биир дойдулаахтарбытыгар аналлаах пааматынньыкка ыытылынна.

Нэһилиэкпитигэр Кыайыы болуоссатыгар ыам ыйын 9 күнүгэр миитин ыытылынна

Биир дойдулаахтарбыт сэрии кыттыылааахтара М.А.Алексеев, Н.В. Федоров , тыыл бэтэрээнэ Е.Е.Николаев, Хорсун быһыытынын иһин ис дьыала министиэристибэтин мэтээлинэн наҕараадаламмыт(посмертно) К.Н.Никифоров өйдөбүнньүк бэлиэлэригэр сибэкки уурдулар.

“Веселые нотки” алын кылаас оҕолорун хора (сал.М.Е.Кириллина)
“Эһээлэр – Геройдар”
“Молодая гвардия ” этэрээт байыастара

Баппаҕаайы нэһилиэгэр 6 тыыл бэтэрээнэ, 9 сэрии кэмин оҕолоро Кыайыы күнүн көрсүбүттэрэ. Кинилэри нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга, нэһилиэк актыыбыстара дьиэлэригэр тиийэн бука барыларын эҕэрдэлээтилэр, бэлэхтэри туттартаатылар.

Үйэ саас бэлиэлээх тыыл бэтэрээнэ Прокопьева Мария Алексеевна
Тыыл бэтэрээнэ Степанова Мария Филипповна
Тыыл бэтэрээнэ Васильев Егор Васильевич
Сэрии кэмин оҕолоро Кириллина Тамара Алексеевна, Дьячковский Василий Степанович
Сэрии кэмин оҕото Васильева Елизавета Алексеевна
Сэрии Федорова Марфа Егоровна
Сэрии кэмин оҕото Алексеева Дария Кузьминична

Дьоллоох олохпут туһугар хорсуннук охсуспут сэрии, тыыл ветераннарыгар, оҕо саас диэни билбэтэх сэрии кэмин оҕолоругар ис сүрэхтэн махтанабыт. Баҕарабыт эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, өссө да уһуннук чугас дьоҥҥут тапталларыгар угуттанан олороргутугар баҕарабыт.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырааһынньыга, сыл ахсын муус устар 27 күнүгэр бэлиэтэнэр.

Бу күн 1922 сыллаахха РСФСР иһинэн Саха АССР тэриллибит. Ону таһынан, 1992 сыллаахха, бу күн, демократия бириинсиптэригэр олоҕурбут өрөспүүбүлүкэ саҥа Төрүт Сокуона (Конституцията) ылыллыбыт.

Нэһилиэкпитигэр бу бырааһынньыгы сыл аайы үөрэ көтө бэлиэтиибит

Оһуокайдаан ойдубут, эһиэкэйдээн тэйдибит
“Куобахтааһын”

Түөлбэ олохтоохторо сахалыы көрүҥнэргэ хамаанданнан күрэххэ көхтөөхтүк кытыннылар.

“Уҥуох быраҕыы”
“Бэһирик сүүрдүү”
“Кириэс тэбии”
Күрэхтэһии кыттыылаахтара

6 түһүмэхтээх күрэх түмүгүнэн 1 миэстэ – “Айыына” түөлбэ, 2 миэстэ – “Кэскил” түөлбэ, 3 миэстэ – “Эбэ” түөлбэ.